Эрилик Эристиин рукопистарын дьылҕата быһаарылла илик…

24.01.2017
Бөлөххө киир:

Быйыл саха биллиилээх суруйааччыта, бастакы романиһа Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 125 сылын өрөспүүбүлүкэ киэҥник бэлиэтиир. Хаһан эрэ Эрилик Эристиин аан бастакы сэһэнин бэчээттээбит “Чолбон” сурунаал быйыл, 2017 сыл бастакы нүөмэригэр суруйааччы үбүлүөйдээх сылыгар анаан, “Кэриэс туолуута” диэн техническэй наука кандидата Иоган Максимов уонна “Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин кимнээх үөрэппиттэрэй?” диэн Сэмэн Тумат ыстатыйаларын таһаарда. Онон сиэттэрэн саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Туматы кытта кэпсэттибит.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

— Тоҕо диэ?.. Мин Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин үөрэтэр, чинчийэр кэлиҥҥи үлэлэри, ыстатыйалары, манна туох эмэ саҥа, сонун этилиннэ дуо, диэн сирийэн, кэтээн көрөбүн. Ол көрдөхпүнэ, урут суруллубуту хатылаан баран, Эрилик Эристиин айар үлэтин анаан-минээн үөрэппит учуонайдар, ааптардар ааттарыгар сигэммэт буолуу, ааттарын ааттаабат буолуу түгэнэ, хомойуох иһин, үгүс. Ол иһин бу тиэмэҕэ суруйдум, — диир Сэмэн Андреевич.

Кини бу ыстатыйатыгар, бастатан туран, саха бастакы лингвист-учуонайа Семен Новгородов кыыһын Елена Новгородованы ааттыыр.  Елена Семеновна 1954 сыллаахха “Творчество якутского писателя Эрилик Эристина: дисс. на соискание ученой степени кандидата филологических наук” суруйбут. Бу дьоһуннаах үлэтин хайысхатынан хас да бөдөҥ кээмэйдээх ыстатыйалары бэчээттэппитэ биллэр эбит. Кандидатскай үлэтин ситиһиилээхтик көмүскээбит.

“Елена Новгородова саха литературатын биир дьоһуннаах суруйааччытын Эрилик Эристиини аан бастакынан киэҥ эйгэлээхтик, научнай диссертация таһымынан чинчийбит учуонайдартан биирдэстэрэ буолар”, — диир норуодунай суруйааччы.

Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин өр сылларга ситиһиилээхтик чинчийбит киһинэн литературовед, филологическай наука доктора, профессор Николай Николаевич Тобуроков буолар. Кини “Эрилик Эристиин” кинигэтэ 1963 с. тахсыбыт. Оттон Тобуроков “Писатель корчагинской закалки” кинигэтин Тумат Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин чинчийии кылаан чыпчаалынан ааҕар.

Сэмэн Тумат маны таһынан, саха литературатын биллиилээх кириитигэ Егор Петрович Шестаков-Эрчимэн, учуонай Петр Алексеевич Слепцов, Чакырдааҕы мусуой дириэктэринэн өр сыл үлэлээбит Николай Васильевич Филиппов, суруйааччы Николай Николаевич Павлов-Тыаһыт, фронтовик-учуутал, Чурапчы улууһун историятын үөрэппит Гаврил Дмитриевич Ефимов, саха норуодунай суруйааччыта Василий Семенович Яковлев-Далан, Эрилик Эристииннээх сиэннэрэ Иоган Максимов уонна суруйааччы Николай Уус, араас кэмнэргэ Эрилик Эристиин туһунан суруйууларыгар туох саҥаны-сонуну эппиттэрин, урут ахтыллыбатах чахчылары киллэрбиттэрин тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Оттон Сэмэн Тумат бэйэтэ өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар Эрилик Эристииҥҥэ элбэх ыстатыйалардаах, итиэннэ,  “Кэриэс туолуута” (2011),“Кэм кэхтибэт кырдьыга” (2014) диэн Эрилик Эристиин айымньыларынан икки кинигэни таһаартарда. Итиэннэ “Саха суруйааччылара —оҕолорго” диэн сериянан дойдутун дьоно таһаартарбыт Эрилик Эристиин кэпсээннэрин кинигэтигэр киирии тылы суруйбута.

— Эрилик Эристиин Аҕа дойду Улуу сэриитин тиэмэтигэр, арааһа, “Михалевтар үөрүүлэрэ” диэн этэ дуу, сэһэн суруйбутун туһунан этиилэрэ бааллар эбит. Ол туһунан Николай Тобуроков ахтан аһарар. Ол рукопись дьылҕата биллибэт… Аны туран, “Маарыкчаан ыччаттара” романын илиинэн суруллуутун киллэрбитин, Эллэй сэриигэ бараары туран Алексей Бэрияккэ биэрбитэ биллэр. Бэрияк оччолорго, издательствоҕа соҕотох эрэдээктэр этэ. Кини, холобур, “бу уобараскын маннык өссө чуолкайдаа, маны хайдах эрэ түмүктээ… ” игин диэн, Эрилиги кытта үгүстүк суруйсубут, сүбэлээбит-амалаабыт эбит. Эрилик Эристиин оччолорго хараҕа суох, көрбөт киһи буолаахтаатаҕа, ону суруксута, ыксаан буолуо, хаттаан көннөрбөккө, устубакка хаалан, ханан эрэ туох эрэ чочуллубакка хаалбыт буолуон сөп ээ… Бэрияк Эриликкэ ол суруктара баччааҥҥа диэри көстө иликтэр. Ити, дьиҥэр, олус наадалаах түгэн. Аны туран, массыыҥканан охсуллубатах дьыала. Рукописьтан быһалыы бысуокай бэчээккэ, шириипкэ түһэрии буолар.

— Оттон түөрт олоҥхотуттан биирэ эрэ бэчээккэ таҕыста дии…

Оннук. Ол гынан баран, Доосолоох таһаартарбыт “Буура Дохсун” олоҥхото Эрилик Эристиини хайдах олоҥхоһутун ааҕааччыга тиэрдэр, балачча толору бэлиэтиир дии саныыбын. Уонна атын да олоҥхолоро кэлин сыыйа күн сирин көрөн иһиэхтэрэ диэн эрэнэбин, — диир Сэмэн Андреевич.

Онон, бу кэпсэтии түмүгэр мин этиэхпин баҕарабын: саха бастакы романиһа, уран тыллаах суруйааччыта, көрбөт да буолан баран айар үлэтин хорсуннук салҕаабыт, ол иһин «Саха Корчагина» диэн сүрэхтэммит  Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин чинчийиэн,  үлэлэһиэн баҕалаахха интэриэһинэй тиэмэ, үлэ хайысхата билигин даҕаны үгүс, элбэх уонна киэҥ.

Манна даҕатан эттэххэ, дойдутугар, Чурапчы улууһугар уонна өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Дьокуускайга араас өрүттээх литературнай тэрээһиннэр, быыстапкалар  буолуталыыллар. Соторутааҕыта филологическай наука доктордара Варвара Окорокова уонна Николай Тобуроков “Эрилик Эристиин олоҕо уонна айар үлэтэ” диэн научнай монографиялара күн сирин көрдө.  Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин сыдьааннара, аймах-билэ дьоно альбом бэлэмнээбиттэрин билэбит.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

Ыспыраапка

Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин (24.01.1892 с. — 06.10.1942 с.).

Биллиилээх судаарыстыбаннай деятель, суруйааччы, икки көрөрүттэн мэлийэн баран, кинигэтин дьоҥҥо этэн биэрэн суруйтарбыт, онон Николай Островскай хорсун быһыытын хатылаабыт саха бастакы чулуу романиһа. Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ.

Гражданскай сэрии сылларыгар – кыһыл партизан. Үрүҥ бандьыыттар ону иэстэһэннэр, чугас дьонун, кырдьаҕас ийэтин холотуусканан кырбаан өлөрбүттэрэ. Ол суостаах түгэн “Чурапчы холотууската” диэн аатынан историяҕа киирбитэ.

1924 сыллаахха ССКП кэккэтигэр ылыллыбыта. 1938 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

1923 сылтан бэчээттэнэр. 1928 с. “Чолбон” сурунаалга кини “Соһуччу үөрүү” диэн бастакы сэһэнэ тахсыбыта. Манна революция иннинээҕи саха тыатыгар тулаайах оҕо курус дьылҕата, саха интеллигенциятыгар политсыылынайдар дьайыылара көрдөрүллүбүтэ.

1931-1942 сс. — Эрилик Эристиин талаана арыллан, күүскэ, таһаарыылаахтык үлэлээбит кэмэ. Аатырбыт “Маарыкчаан ыччаттара” романын хараҕынан көрбөт буолан баран ситэрбитэ. Айымньы сахалыы, нууччалыы тылларынан хаста даҕаны хаттаан бэчээттэммитэ. Саха сиригэр гражданскай сэрии бу ромаҥҥа дириҥник, кырдьыктаахтык сырдатыллар.

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа уонна Эрилик Эристиин аатынан сопхуос, тыа сирин олоҕун тиэмэтигэр бастыҥ айымньы иһин литературнай бириэмийэни олохтоон, кэккэ сылларга туттарбыттара. Бу, Эрилик Эристиин аатынан дьоһуннаах литературнай бириэмийэ бастакы лауреаттарынан  литературнай кириитик, учуонай Николай Тобуроков, саха норуодунай суруйааччылара Андрей Кривошапкин, Семен Руфов, поэт, прозаик И.Е.Федосеев-Доосо, уонна да атыттар буолаллар.

Төрөөбүт  түөлбэтигэр, Чурапчы улууһун Чакыр сэлиэнньэтигэр суруйааччы Эрилик Эристиин Мусуой-дьиэтэ аһыллыбыта.

Эрилик Эристиин айымньылара:

“Талыллыбыт айымньылар” —1948 с.

“Талыллыбыт айымньылар” — 1954 с.

“Айымньылар” 2 томнаах. – 1969 с.

“Суорума соруктаммыт”. Пьеса –1931 с.

“Бассабыык Тиихээн”. Поэма – 1934 с.

“Уйбаан Дууһа”. Кэпсээн – 1934 с.

“Тулаайах Уйбаанчык”. Поэма – 1935 с.

“Революция уолаттара”. Сэһэн – 1936 с.

“Аймалҕан”. Сэһэн – 1937 с.

“Кэриэс туолуута”. Сэһэн – 1939 с.

“Маарыкчаан ыччаттара”. Роман – 1942 с.

“Кэпсээннэр уонна пьесалар” – 1963 с.

“Буура Дохсун”. Олоҥхо – 1993 с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0