Эрилик Эристиин айымньыларын умнубаппын

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн тапталлаах суруйааччым Эрилик Эристиин төрөөбүт күнэ.

Мин кыра эрдэхпиттэн кини айымньыларын олус сөбүлээн ааҕабын.  “Хачыгыр”, “Аймалҕан”, “Кэриэс туолуута”, “Революция уолаттара”, “Маарыкчаан ыччаттара” — бу айымньылар биһиги көлүөнэ киһи быһыытынан буһан-хатан,  уһаарыллан тахсарбытыгар улахан суолталаахтар.

Биһиги ыраах фермаҕа олорорбут, оскуолабыт 3- 4 биэрэстэлээх сиргэ баара. Элэктэриичэстибэ уота биһиэхэ кэлэ илигэ, кыраһыын лаампатынан сырдатынарбыт. Аҕам, үөрэҕэ суох буолан, кинигэ аахтаран истэрин сөбүлүүрэ. Балаҕаҥҥа үс ыал буолан дьукаахтаһан олорбуппут. Ааҕыы саҕаланнаҕына, дьиэҕэ баар дьон бары остуол аттыгар кэлэн, ким ороҥҥо, ким олоппоско олорон истэллэрэ. Аҕабыт чэй көмүһүнэн абажур оҥорон, лаампаҕа кэтэрдэрэ уонна :» Чэ, аах!» — диэн хамаанда биэрэрэ.

Үксүгэр улахан саҥалаах диэн миигин аахтараллара. Мин дьоһумсуйан олорон, умсулҕаннаах айымньыларбын дорҕоонноохтук ааҕарым. Балаҕан иһинээҕи дьон “ньим” баран, миигин истэллэрэ. Ол миэхэ наһаа долгутуулаах буолара! Эрилик Эристиин айымньылара, дьиҥ олохтон суруллубут буоланнар, киһини абылыыр, курдаттыы тардар күүстээхтэрэ. Хачыгыр барахсан эрэйдээх-буруйдаах олоҕо миигин куруук уйадытара, сороҕор, ааҕа олорон, ытыырым…

Абдуркулла,  Мундербек хорсун сырыылара, модун санаалара сөхтөрөр этэ. Бэл, оннооҕор кинилэр тустарынан оҕо сааһым доҕорунаан Лиза Романовалыын ырыа айан турабыт. Ол ырыабытын, оскуолаттан төннөн иһэн , бэлэспит хайдарынан ыллыырбыт. Ол ырыа тылларын сорҕото билигин да мин өйбөр баар:

Абдуркулла, Мундербек

Орунбаевтар

Оренбург куоракка

Аултан кэлбиттэр.

Аул тойоно Муссерен

Олох илдьи таһыйан,

Онтон күрэнэн

куоппуттар…

Ити курдук классик суруйааччы Эрилик Эристиин айымньылара биһиги оҕо сүрэхпитин өрүкүтэллэрэ, сырдыкка-кэрэҕэ сирдииллэрэ. Кини дьоруойдарын курдук хорсун, чиэһинэй, Ийэ дойдуга норуокка бэриниилээх буолуохпутун баҕарарбыт.

Елена Прокопьева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0