ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт, прозаик С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 125 сыла
01.01.2017
Семен Степанович Яковлев 1892 сыллаахха Боотур Уус улууһугар (билиҥҥитэ Чурапчы улууһа) төрөөбүтэ. 1924 сылтан ССКП чилиэнэ, 1938 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. 1928 сыллаахха «Чолбон» сурунаалга «Соһуччу үөрүү» диэн бастакы сэһэнэ тахсыбыта. 1931-1942 с.с. «Бассабыык Тиихээн», «Тулаайах Уйбаанчык» поэмалары суруйбута. 1942 сыллаахха көрбөт буолан баран, «Маарыкчаан ыччаттара» романын бүтэрэр. Бу роман кэнники хас да төгүллээн сахалыы, нууччалыы бэчээттэммитэ.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1