Эрийимэ анараа дойдуттан…

Ааптар: 
05.04.2018
Бөлөххө киир:

Бу орто туруу дойдуга киһи үөйбэтэх-ахтыбатах, ардыгар киһи этин сааһын арыйан дьиксиннэрэрда түгэннэр бааллар. Итилэр үксүн атын эйгэни кытта ыкса ситимнээхтэр.

edersaas.ru

Алдьаммыт төлөпүөн

Суотабай төлөпүөн үөдүйүөҕүттэн, бу олохтон барбыт киһиэхэ хоруобугар төлөпүөн уган ыытар үгэс баар буолбут. Ол эрээри төлөпүөн батареятын ороон ылаллар эбэтэр төлөпүөнү алдьатан кэбиһэллэр. Анараа дойдуттан эрийбэтин диэн дьаһанан эрдэхтэрэ.

Биирдэ дьиктини истэн турардаахпын, биир дьахтар эрэ өлбүтүн кэннэ, кэргэнин төлөпүөнүн хоруобугар уган ыыппатах. Түүн ахсын түүлүгэр эрэ кэлэн анараа дойдуга сибээһэ суох сылдьара куһаҕанын кэпсиир эбит. Дьахтар аймахтарын кытта эрин уҥуоҕар тиийэн төлөпүөнү хаалларбыт. Түүл уонна анараа дойду туох эрэ биллибэт ситимнээхтэригэр дылы, кэргэнэ түүлүгэр көстүбэт, төлөпүөнүн ирдэспэт буолбут.

Биир маныаха майгынныыр дьикти түбэлтэ Алдаҥҥа буолбут. Уопсай дьиэҕэ вахтерунан үлэлиир эмээхсин дьуһуурустубатыгар олордоҕуна, түүн үөһэ истиэнэҕэ ыйанан турбут автомат төлөпүөн өрө тырылыы түспүт. Урукку өттүгэр бу төлөпүөҥҥэ ким даҕаны эрийбэт, арай дьон жетон уган бэйэлэрэ эрийэн кэпсэтэр эбиттэр. Эмээхсин туох эрэ суһал иэдээн буоллаҕа диэн туруупканы ылбыта, арай үс сыллааҕыта өлбүт кэргэнин куолаһа: «Хаһан кэлэҕин эн?» диэн суоһурҕаммыт саҥата иһиллибит. Эмээхсин сонно тута сүрэҕэ тохтоон хаалбыт.

Летаргическай уу уонна өлүү

Летаргия – саамай кистэлэҥ, биллибэт ыарыы быһыытынан библейскай кэмтэн биллэр. Дьон бу ыарыыттан тоҕо куттанар этилэрий? Ким да тыыннаахтыы көмүллүөн, буор анныгар кистэниэн баҕарбат этэ.

14-с уйэҕэ олоро сылдьыбыт Италия биллиилээх поэта Франческо Петрарка 40 хонук устата улаханнык ыалдьыбыт. Өйүн сүтэрэ сыппытын өлбүт дии санаабыттар. Көмөөрү аҕай сырыттахтарына, Петрарка уһуктан кэлбит. Кини бу тыыннаахтыы көмүллэ сыспытын кэнниттэн, өссө отучча сыл олох олорбут.

Биир дьикти, таайыллыбат түгэн нуучча литературатын биллиилээх суруйааччыта Николай Гогольы кытта ситимнээх. Кини летаргическай утуйар ууттан олус куттанар эбит. Хаста даҕаны бу туһунан чугас доҕотторугар кэпсээбиттээх. Оннооҕор өлүөн иннинэ кэриэс сурук хаалларбыт. Ол суругар этиллэринэн, миигин өлбүт диэн тута көмө охсумаарыҥ, этим-сииним сытыйаары гыннаҕына эрэ көмөөрүҥ диэн ис хоһоонноох эбит.

Николай Гоголь олоҕун тиһэх сылларыгар ньиэрбэтэ мөлтөөн, билиҥҥи термининэн стреһирэр, аанньа утуйбат, аһаабат буолбут. Кини бэйэтин тус олоҕунан, айар үлэтинэн астыммат буолуута барыта доруобуйатыгар охсубут. 1852 сыллаахха кини чугас доҕоро Екатерина Хомякова тиф ыарыытыгар хаптаран өлөр. Чугас киһитин сүтэрэн муор-туор буола сылдьар суруйааччыга протоирей Матфей Константиновскай «Мертвые души» айымньыны кириитикэлээһинэ, кинини улахан анньыылаах-харалаах киһи быһыытынан этиитэ суруйааччыга улахан охсууну оҥорор. Гоголь ыраастанаары, бу анньыыттан-хараттан босхолоноору үс нэдиэлэ устата аһаабакка сытар. Быраастар кинини менингит диэн ыарыынан ыалдьыбыт диэн сыыһа эмтээһиннэрин түмүгэр, 1852 сыллаахха олунньу ый 21 күнүгэр Николай Гоголь өлөр.

Кинини Москва куорат Данилов аатынан манастыыр таһыгар кистииллэр. 1930 сыллаахха бу манастыыр сабыллар. Онон сибээстээн улуу суруйааччы көмүс уҥуоҕун сүргэйэн «Новодевичье» кылабыыһатыгар көһөрөргө быһаараллар. Эксгумация кэмигэр уонча киһи баар эбит. Бу уонча киһи Гоголь уҥуоҕун көһөрүүгэ тугу көрбүттэрэ-истибиттэрэ үһү-тамах курдук сурах буолан тарҕанар. Хоруобун иһигэр хамсаан төбөтө кыҥнары барбыт, хоруобун иһин хайыта тыыппыт диэн сурахтар, улуу суруйааччы летаргическай ууга ылларбытын тыыннаахтыы көмпүттэр диэн кэпсиир буолуохтарын сөп.

1839 сыллаахха Николай Гоголь малярийнай энцефалитынан ыалдьар. Сотору-сотору уҥан хаалар үгэстэнэр. Уҥан баран устунан утуйан хаалар дьикти туругун үгүстүк летаргическай утуйууга балыйаллар. Ол да иһин суруйааччы бу биллибэт, оччолорго медицина мөлтөх үйэтигэр куттанан, дьаарханан кэриэс сурук хаалларбыта буолуо. edersaas.ru

Гиннес рекордугар киирбит

Былыр маннык утуйбут дьону тымныы сиэркилэҕэ уоһунан даҕайтаран тыынарын дуу тыымматын дуу бэрэбиэркэлииллэрэ үһү.

Германияҕа 1773 сыллаахха оҕо күүтэр дьахтар өлбүт. Көмөр күннэригэр хоруобу буорга түһэриилэригэр хаһыы иһиллибит. Хаһыыны истибит кылабыыһа үлэһиттэрэ киһи уҥуоҕун сүргэйэн хоруобу хостообуттар. Хоруопка уһуктубут хат дьахтар ыксаан оҕолонон кэбиспит уонна иккиэн салгыннара тиийбэккэ кылгас да кэм иһигэр тыыннара быстыбыт. Былыр үгүс киһини тыыннаахтыы көмүү түмүгэр, дьон сэрэххэ диэн кэлин склептары толкуйдаатахтара.

С.Рязанцев «Танатология наука о смерти» диэн кинигэтигэр 1963 сыллаахха буолбут түгэн туһунан суруллар. Өлбүт киһини скальпелинан быһан эрдэхтэринэ, уһуктан кэлбит да паталог анатом быраас хабарҕатыгар түспүт. Анарааҥҥыта соһуйан, куттанан сүрэҕэ тохтоон хаалбыт.

Англияҕа билигин даҕаны өлбүт киһи уһуктар түгэнигэр диэн морг дьиэтигэр быалаах куолакал баар эбит. 60-с сыллар бүтүүлэригэр, киһи сүрэҕин кыратык даҕаны тэбиитин быһаарар бастакы аппарат айыллыбыт.

Летаргия ыарыы киһини аҕыйах чаастан саҕалаан уон сылга тиийэ утутуон сөп. Медицинэ быһаарарынан, угаардаабыт, улахан стресскэ киирбит, уҥар ыарыылаах киһи ыалдьыан сөп. Маны сэргэ, летаргическай ууга утуйбут киһи кырдьара бытаан. 20 сыл устата утуйбут киһи уһуктан баран 20 сыл аннараа өттүнээҕитин курдук эдэр буолар эбит. Ол эрээри икки-үс сыл иһигэр начаас кырдьан, бэйэтин сааһыгар дьүөрэ буолара соһутар.

1954 сыллаахха Надежда Лебедина диэн 1920 сыллаах төрүөх дьахтар эрин кытта кыыһырсан баран улаханнык стреһирбит. Дьахтар утуйан баран 20 сыл буолан баран 1974 сыллаахха уһуктубут. Гиннес рекордун кинигэтигэр бу түгэн киирбитэ. edersaas.ru

Холбонон кэлбит көмпүүтэр

Төһө да аныгы үйэ буоллар, тиэхиникэҕэ сыһыаннаах араас түбэлтэ олоххо элбэх. Биир улахан тэрилтэҕэ түүн ахсын көмпүүтэр холбонон кэлэрин харабыл дьиктиргии саныыр эбит. Ол маннык эбит. Биирдэ киэһэ дьуһуурустубатын кэмигэр тэлэбиисэрин көрө олорон, видеокамера нөҥүө кабинет иһигэр лампа уота сандаарыс гыммыт. Харабыл дьиктиргээн болҕойон көрбүтэ, аны биир үлэһиттэрин көмпүүтэрэ холбонон кэлбит да тугу эрэ бэчээттээн барбыт. Харабыл төһө да этэ саластар, банаарын ылан үөһээ этээскэ тахсыбыта, кабинет уота сабыылаах, ханнык даҕаны көмпүүтэр холбоммотох эбит. Итинник хаста даҕаны хатыламмыт. Харабыл кэлин куттанан дириэктэригэр түүн ахсын буолар быһыыны-майгыны кэпсээбитигэр, киһитэ ити миэстэҕэ урут олорон үлэлии сылдьыбыт киһи хас да сыллааҕыта куһаҕаннык анараа дойдуга барбытын эппит. Ол киһи үлэтин ситэ бүтэрбэккэ оһолго түбэһээхтээбит эбит. Ол да иһин ситэ бүтэрбэтэх дьыалатын ситэрээри, түүн ахсын кэлэн бэчээттиир эбит диэн сылыктаабыт харабыл.

Таайыллыбат таабырын, олох кистэлэҥэ үгүс. Түүл, анараа дойду уонна аныгы тиэхиникэ туох ситимнээхтэрэ эбитэ буолла…

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0