Эриэккэс Огдо

11.04.2022
Бөлөххө киир:

Айар-суруйар эйгэҕэ олус таһаарыылаахтык үлэлиир, уопсастыбаннай үлэлэргэ көхтөөхтүк кыттар суруйааччылартан биирдэстэринэн Евдокия Иринцеева-Огдо буолар. Евдокия Семеновна кинигэлэрэ өрөспүүбүлүкэбит эрэ буолбакка, атын дойду ааҕааччыларыгар сэҥээриллэр. Кини кинигэлэринэн өрөспүүбүлүкэбит олоҕун, саха үгэстэрин, култууратын, менталитетын билсэллэр.

Евдокия Иринцеева үбүлүөйдээх сааһынан, кинини кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэстибит.

—Евдокия Семеновна, эйигин айар, суруйар үлэҕэ туох көҕүлүүрүй?
— Турук. Холку, налыччы турук. Эргиччи талбыт курдук нуурал, этэҥҥэ буоллаҕына, киһи айыах, тутуох санаата кэлэр. Холобур, ардыгар оннук түгэҥҥэ мин иистэнэбин. Илиинэн тугу эмэ оҥоробун. Хаһааҥҥыттан эрэ испэр “бэйи, иллэҥсийдэхпинэ холоммут киһи” диэн хаһаана сылдьар уустук ирдэбиллээх аһылыгы бэлэмниэхпин сөп. Ол курдук, таарыччы суруйан кэбиһиэхпин, тылбаастыахпын эмиэ сөп. Оттон улахан үлэҕэ, холобур, киэптээх соҕус сэһэн буоллаҕына, оччоҕуна эрдэттэн дьиэлээхтэрбин сэрэтэн баран, “хатанабын”. “Мин суохпун, аскыт-таҥаскыт итиннэ-манна” диэн баран, уруулу аҕабытыгар салайабын, төлөпүөнү араарабын. Онуоха дьонум үөрүйэхтэр, туох да ый-хай суох.

— Эн санааҕар, суруналыыс уонна суруйааччы уратылара?
— Сэттэ харчы курдук судургу. Суруналыыс “Ким? Туох? Ханна?” буолбутун баарынан суруйар соруктаах. Бэрди гыннар, “хаһан”, “хайдах”, “тоҕо” диэн ыйытыкка харда биэрэрдии эбиэҕэ. Онтон ордук уҥа-хаҥас ойбот, атыны үөтэлээбэт ирдэбиллээх.

Оттон суруйааччы санаабытын толору этэр кыахтаах. Кини сэһэргиирин тухары төһөнөн уста-туора ойуоккалатар, итиигэ-буһууга түһэрэн таһаарар, ааҕааччытан соччонон кэрэхсиир, ыыра кэҥиирин сөбүлүүр уонна бэйэтин санаатыгар тэҥнээн мөккүһүөн да, сөбүлэһиэн-сөҕүөн да сөп. Онуоха суруйар киһи тус билиитэ-көрүүтэ айымньыны байытар уратылаах.

— Олоҕуҥ кэрдиис кэмнэриттэн саамай күндү кэм? Тоҕо?
— Мин кэрдиистэрим араас сиргэ, үлэҕэ арахсыбаттар. Арыый да атын. Бу 2020 сылга диэри биир эрэ хаһыакка, “Кэскил” “Бэлэм буол” эрдэҕиттэн үлэлээн кэллэҕим. Ол иһин, ити кэрчик кэмҥэ тахсыбыт сүҥкэн уларыйыылары булгуччу айымньыга оҕуруолуу тиһиэм дии саныыбын.

Оттон кэрдиистээтэххэ, аан бастакым, биллэн турар, норуот таптыыр улууканнаах суруйааччыта Н.Е.Мординовы-Амма Аччыгыйын кытта бииргэ үлэлээһиним дьылҕам бэлэҕэ этэ. Салгыы суруналыыс буолан тахсарбар уһаарбыт киһим, суруйарга икки тылынан дэгиттэр, сэбиэдиссэйим Марина Андреевна Дьячковская. Үһүс кэрдиис 90-с сылларга тиксэр. “Учуутал аргыһа”, “Учительский вестник” хаһыаттар тахсыылара. Ол туспа ураты кэм этэ. Төрдүс кэрдиис—уолаттар. Тоҕо эрэ мин отделбар наар саҥа саҕалыыр… уолаттары сыһыартыыр кылаабынай эрэдээктэрбит Нина Иннокентьевна Протопопова: “Киһини үөрэтэр уустук. Ону сатыыр аҕыйах”, —диэн этэн турар. Инньэ гынан, 7 уоллаахпын диэн хаһан эрэ аахпыттаахпын. Бары бэркэ үлэлии, айа-тута сылдьалларыттан үөрэбин. Бэһис — бырайыактардаах кэм. Тыаҕа лааҕырдаах да этибит, киэҥ тэрээһиннэри улуустарга тэрийэрбит. Оннооҕор харчы киллэринээри ыраах-чугас кэнсиэрдии ыстанарбыт… Алтыс — кинигэлэри суруйуу кэмэ. Араас: ахтыы, ахтылҕан, анабыл… Сэттис — санаа хоту ыччат үксээһинэ. Олус да дьоҕурдаах буолуохтаах, кылбар талааннаах оҕолор суруналыыстыкаҕа киирэн испиттэрэ баара да… Ахсыс — аанньата суох, уруккуну атарахсытыы,, ыһыы, үтүрүйүү кэмэ. Сайдыы суолунан испити сабыллыыга чугаһаппыт да диэн… Ону устуоруйа урууллуоҕа. Мин күндүргэтэрим — “Кэскил” силигилии сиппит кыһыл көмүс кэмигэр үлэлээбит сылларым.

— Хаһыат ааҕааччыта төһө уларыйда? Эбэтэр ааҕааччыны биһиги иитэн таһаарабыт дуу?
— Уларыйыахтаах да буоллаҕа дии. Эн тылыҥ-өһүҥ ааҕааччыга син биир тиийэр. Оччотугар иитэҕин. Иитии — уһуннук сыралаһыы. Үөрүйэҕэ суох киһи 1-5 сылга тугу да тоҕу көтөр кыаҕа суох. Анал бэлэмнээх салайааччы эрэ кэллэҕинэ кыайыах кэриҥнээх. Оҕо хаһыатыгар ити ураты түгэн. Итиэннэ, ханна баҕарар, суруйуу улахан күүс эбээт. Киһини толкуйдатар, санааҕа түһэрэр, анаарарга күһэйэр матырыйаал хайдахтаах да кыһарҕаннааҕар, модьуйуутааҕар күүстээх. Оттон толкуйдуур ааҕааччы хаһан баҕарар сайдар.

— Эн кинигэлэриҥ атын тылынан тылбаастаналлар. Хаһан эрэ “Бурятияҕа кинигэ сүрэхтэниитин олох атыннык ыыталлар эбит, бары кинигэни аахпыт, ырытарга, дьүүллэһэргэ бэлэмнээх дьон кэлэллэр эбит” диэбиттээҕиҥ. Ол туһунан сэһэргээ эрэ.
— Кинигэ биһирэмэ сир-сир аайы ураты. “Мэник сэлиичээн” остуоруйабыт англиялыы тылбаастаммытыгар Стокгольмҥа сылдьыбыппыт. Бырааһынньык курдук этэ. Саха буоларгынан киэн туттуу, дойдуҥ ааттанара, айылҕабытын уруйдууллара… истиэххэ олус долгутуулаах этэ. Ол түмүгүнэн биһиги дэлэгээссийэ эрэ Арассыыйа Швецияҕа посольствотыгар ыҥырыллыбыта. Онно приемҥа сылдьыбыппыт, тутаах саалаларыгар, мусуойдарыгар тиийэ маанылаан көрдөрбүттэрэ, ыалдьыт кинигэтигэр суруйбуттара умнуллубат түгэн этэ.
Оттон Бурятияҕа нууччалыы уонна бүрээттии тылынан “Санатыма дуу, ааспыты” кинигэм тахсыбытыгар Национальнай бибилэтиэкэҕэ биһирэми тэрийбиттэрэ. Бэрэбиэссэрдэр, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар, учууталлар, көхтөөх ааҕааччылар кэлэн саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ырытыы оҥорбуттара. Онно ааптары арбааһын диэн суох, барыта ийэ тылларын кыаҕын, араас дэгэтин, ханнык эрэ түгэҥҥэ табыгастаахтык дуу, тутахтык дуу туһаныллыбытын туһунан анаан-минээн бэлиэтэнэн кэлэннэр, дириҥ хорутуулаах кэпсэтии тахсыбыта. Тура-тура тылбаасчыппар ыйытык, мөккүөр бөҕө. Отой эксээмэҥҥэ кэлбит курдук. Хата, Надежда Гармаева диэн уран тылы чахчы баһылаабыт, бэйэтэ бэйиэт буолан бэрт этигэн киһи, лоп бааччы уурталаан биэрбит кылбар хардатын истэннэр олус үөрбүттэрэ уонна түмүгэр ытыстарын таһынан: “Биһиги саха айымньытынан литэрэтиирэбитин байыттыбыт!” диэн бэйэ-бэйэлэрин эҕэрдэлэспиттэрэ.

Аһаҕастык эттэххэ, атын омук дьоно саха суруйааччытыгар Огдоҕо туох сыанабылы биэрдилэр? Кинилэр ордук туохтан үөрэллэрий?
— Мин элбэх тылбааһым суох. Онон сыанабыл диир хайдаҕа буолла. Көннөрү айымньыга сыһыаран, Лондон кыһатын эрэдээктэрэ көрөөт да саҥа аллайбыта: “Мэник ийэтэ оруобуна маннык буолуо дии санаабытым. Сэлиичээни тыыннаах курдук ылынабын, дьиҥнээх оҕо курдук. Алҕаһыырыттан куттаммат. Билигин бары наһаа өйдөөҕүмсүйэн, оҕоҕо суруйуубут наһаа “өйдөммүтэ” куһаҕан. Европаҕа гендернэй иитии кыһалҕата улахан. Оттон эн Мэникчээниҥ остуоруйаны быһа ийэтин көрдөөн муҥнанар. Кыыстаах уол бу сэлиичээни биирдэрэ кыыс гына сатыыр, иккиһэ уол. Онон дьиэ кэргэн оруола манна көстөрө наһаа үчүгэй”. Бүрээттэр “Санатыма дуу, ааспыты” нууччалыытын кытта тэҥнээн көрөн баран: “Дьахтары өрө тутуҥ диэн манна биир да түгэҥҥэ тылынан этиллибэтэр даҕаны, сэһэн саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри “кинини харыстааҥ, сэрэниҥ” диэн хаһыы иһиллэргэ дылы. Ити ааптар ис тыына. Сахалар бары киһини итинник курдары көрөҕүт дуо? Тыйыс сир суруйааччыта диэтэххэ, тымныы буолбатах эбиккин”,—диэбиттэрэ миэхэ ураты күндү.

— Онтон англиялыы тылбаастаммыт Сэлиичээниҥ инникитин хайдах көрөҕүн?
— Ким билэр. Дьиҥэр, айымньы суруйуллан таҕыста да, ааптартан тутулуга суох бэйэтин суолун бэйэтэ тыырынар. Син олоххо курдук, онуоха ким эрэ балталыыр, ким эрэ өйөөн үтэн биэрэр. Мэниги “Бичик” кинигэ кыһата элбэх быыстапканан илдьэ сырыттаҕа. Онуоха эбии куонкуруска кыттан сэҥээриллэр. Швейцарияҕа баар Оҕо кинигэтин норуоттар икки ардыларынааҕы Сүбэтэ (IBBY) икки сылга биирдэ аан дойдуга тахсыбыт кинигэлэри көрөн, бастыҥнар диэн сыаналаан, Бочуот испииһэгин оҥорор. Онно 2018 сыллаахха Арассыыйаттан “Мэник сэлиичээн” киирбитэ кини туһугар да, Саха сиригэр да билиҥҥитэ соҕотох дьоһун ситиһии.

— Билигин “Айарга” эмиэ эппиэттээх үлэҕэ сылдьаҕын. Хайдах бириэмэ булан суруйаҕын?
— Онно эмиэ эрэдээктэрбин. Чаһынан суруйбат, айбат буоллаҕыҥ. Кэбиниэккэ олорон айымньыны “төрөппөккүн”. Бүөмчү, бэйэҥ мэлдьи иэйиигэ куустарар сириҥ көмөлөөх даҕаны. Ол иһин, иһийбит кэмҥэ искиттэн тахсары, үөһэттэн кутуллары таба тайанаҕын. Суруйаары гыннахха, үксүгэр ол кэмиҥ бэйэтэ эйигин салайар. Сороҕор сылайбыккын-ыарытыйбыккын, субуотаҕын-сэрэдэҕин аахсыбакка, үкчү оҕо төрүүрүн кэриэтэ, эйигиттэн тутулуга суох… Итини үлэм салалтата өйдүүрэ уонна өйүүрэ — муҥутуур табыллыым.
Мин санаабар, эр киһи суруйааччы үлэтин тыырынар кэмнээх. Үксүгэр, Амма Аччыгыйа эмиэ этээччи, күннэтэ сарсыарда эрдэ туран суруйар үөрүйэхтээх буолаллар. Дьиэ иһинээҕи дьон туруор диэри. Дьахтарга итинник эрэсиим кыаллыа суох курдук. Күнүс үлэлиигин, киэһэ-сарсыарда барыгын дьаһанаҕын, күөс-ас син биир эйиэнэ. Түүн хойукка диэри букунайаҕын. Ол кэнниттэн хайдах да 3-4 чааска турар кыах суох. Ардыгар, ол эргин саҥардыы өттүгэстиигин буоллаҕа.

— Суруйааччы Огдону билбэт дьон, тоҕо эрэ, эр киһи дииллэр. Тоҕо буолуой?
— Ким билэр. Төрүөхпүттэн эр киһи эҥээрдээхпин. Биэс уолу кытта бэстилиэтинэн оонньоон улааппытым. Кэргэн баран икки оҕолоохпун—уолаттар. Онон киҥир-хаҥыр саҥарсыы, кыҥкый-иҥкий суох. Барыта судургу, мас курдук көнө. Хос аатым кытта, кырдьык, эр киһилии диэх айылаах эбит, Огдоо эҥин диэн нарымсыппатахпын дии… Хайдах да гын, Огдо, ол аата төрүкү Евдокия аатым сахалыыта буоллаҕа.

— Эн дьиэҕэ-уокка сыстаҕаскын бары сөҕөллөр, сатаабатыҥ суох киһигин ээ? Хантан итини иҥэриммиккиний?
— Ийэ-аҕа үөрэҕэ олоххор олук уурара диэн баар. Туох барыта: иис-күөс, ыраастык уонна түргэнник дьаһаныы, тылы табан сытыытык туттуу, сатаан дьүһүйүү, саҥаны суһаллык баһылааһын, эриэккэһи-кэрэни кэрэхсээһин — ийэбиттэн. Эр киһи ирээтэ: булт аһын дьаһайыы, эт-балык хасааһын суоттаныы, маһы хайытыы, таҥастааһын да буоллун, муус ылыыта, сүгүү-көтөҕүү сатабыла итиэннэ хоһоону-кинигэни дорҕоонноохтук ааҕыы — аҕабыттан. Уолаттары кытта улааппыт буоламмын, миигин кыыс диэн эр киһи үлэтиттэн туора туппатаҕа. Оннооҕор олоххо ол эмиэ көмөлөөҕө дьикти.
Онтон омук тылын учуутала үөрэхтэннэҕим. Биһиги саҕана үөрэхпит олус да үчүгэй уһуйар соруктардааҕа. Франция этикиэтэ, аһын-үөлүн остуоллааһына, үрүмэ куруһуба киэргэллэр, ыскаатар-салпыакка туттуллуута — барыта онтон. Тылбааска саҥара турар киһилиин тэҥҥэ түсүһүү кистэлэҥэ (синхрон), боротокуолунан туттуу-хаптыы, таҥныы-симэнии уратыта, култуура, ырыа-тойук… барыта сүрүн үөрэхпитин — тылы баһылааһыны кытта тэҥҥэ бэриллибитэ.

— Эйигин билигин да бэрт холкутук французтары кытта быһаарсар дииллэр ээ…
— Оттон баҕаран туран баһылаабыт идэм буоллаҕа. Күннэтэ алтыспатарбын да, киирэн кэлбит омугу кытта хайдах ирэ-хоро сэһэргэспэт буолуомуй. Тылбын ахтабын ээ…

— Кылгастык кэргэниҥ Александр Сократович туһунан, ол эбэтэр уолаттарыҥ Александрдаах Аюр айар үлэҕэр көмөлөрө?
— Омукка кэргэн барыам диэн өйгө да суоҕа. 30-тан тахса сыллааҕыта дьылҕам бэйэтэ кинини эрэдээксийэбэр хаамтаран аҕалбыттаах. Бүрээт кэргэннээх буоламмын, хойут өссө анаан туран саха фольклорун, култууратын хасыһан-дьаныһан үөрэттэҕим. Итиэннэ дьикти ээ, кини, миигиннээҕэр ордук омугу суолталыыр буолан, оҕолорбут сахалыы тылланалларын ситиспит үтүөлээх. Ол миэхэ сыһыана, бэриниитэ туохтааҕар да күндү.

Мин кэргэним да, оҕолорум да үлэни сыаналыыр, билинэр, үлэлээччини өйүүр, хардарыта көмөлөсүһэри сатыыр дьон. Онон кинилэр айар иэйиибэр миэхэ харгыс буолбаттар. Төттөрүтүн, усулуобуйабын оҥорооччу, сынньалаҥмын тэрийээччи, доруобуйабын кэтээччи, кэмигэр дьаарбатааччы, сатаан маанылааччы, туох да төрүөтэ суох биир үтүө күн күндү бэйэлээх соһуччу бэлэхтэри оҥорооччу—кинилэр. Ол мин дьолум. Ону билинэр уонна ылынар сааска тиийбиппиттэн үөрэбин.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0