Ырыаһыт Эрхаан

Ааптар: 
11.02.2017
Бөлөххө киир:

Саха эстрадатын ырыаһыттара кэлиҥҥи кэмҥэ үтүктүспүт курдук лотереялаах кэнсиэркэ кыттар үгэстэннилэр. Кыбартыыраны, массыынаны да оонньотооччулар бааллар. Арааһа, ким төһө кыахтааҕынан көрөн эбитэ дуу. Көрөөччүлэр тугу эрэ сүүйэр туһуттан кэнсиэркэ бараллар. Ким эрэ саҕынньах сүүйээри, биитэр сыаналаах бытовой тиэхиньикэ ылаары. Хомойуох иһин, кэнсиэртэр сүүйүүлээх оонньууга кубулуйдулар… Лотереяны утарар, Эстрада тыйаатырын артыыһа Эрхаан Дьокуускай куоракка олунньу 14 – 17 күннэригэр «Тапталтан тыллыбыт ырыаларым» диэн ааттаах айар киэһэтин көрөөччүлэргэ бэлэхтээри сылдьар. Кэнсиэркэ киирии билиэтинэн тугу да оонньоппот. Аны Эрхаан, бу күннэргэ 45 сааһын бэлиэтээтэ. Бүгүн «Итии чэй» рубрикаҕа Аркадий Николаев-Эрхаан ыалдьыттыыр.

edersaas.ru Анивера АКИМОВА.

«Норуот тыйаатырын артыыһа» корочкалаахпын

– Эрхаан, арааһа, эн дьиҥнээх ааккын үгүс киһи билбэтэ буолуо. Бүлүү Чочутун уола Аркадий Николаев хочуолунайга, фермаҕа үлэлээбитин билэбин. Кыратык бэйэҥ тускунан кэпсээ эрэ.

– Эбээлээх эһээбэр иитиллибитим. Ийэлээх аҕам биир сааспын туолбутум кэннэ арахсыбыттара. Оскуола кэнниттэн икки сыл ытык иэспин толорон аармыйаҕа сулууспалаабытым. Онтон сопхуоска үлэлии сылдьан, учуутал буолар баҕа санааттан, Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбитим. Бөлөхпүтүгэр отучча кыыс үөрэнэрэ. Оҕо саадыгар баран оҕолору ыллыырга, уруһуйдуурга үөрэтэрбит. Сыл курдук үөрэнэн баран, «бу миэнэ буолбатах, мин уһуйааччы буолар кыаҕым суох эбит» диэн, училищебын бырахпытым. 90-с сыллардааҕы уолаттар өйдөрө-санаалара атын этэ. Үөрэхпин быраҕаат, хочуолунайга, сибиинньэ ферматыгар, куруусчутунан үлэлээбитим. Ол быыһыгар кулууппар сылдьарым. Оҕо эрдэхпиттэн ыллыыбын. Арай биир кэмҥэ, улаханнык хомойон-хоргутан, кэлэйэн, ыллаабат буола сылдьыбытым. Олоххо араас буолар. Ол эрээри ырыаһыт буолар дьылҕам быататардан, биирдойдулааҕым, табаарыһым, мелодист Дьлустаан Иванову кытары бастакы кассетабытын таһаарбыппыт. Хомойуох иһин, билигин Дьулустаан биһиги кэккэбитигэр суох. Сүрдээх чаҕылхай уол олорон ааспыта. Кини ырыалара 90-с сылларга хит буола сылдьыбыттара. Элбэх ырыалардаах этэ. Ырыаларын сөргүтэн, киэҥ эйгэҕэ таһаарыахпын баҕарабын да, бастакы ырыаларын кыайан булбакка сылдьабын. Дьэ, ол кассетабытын Бүлүүгэ «Алгыс» Култуура дьиэтигэр хас да күнү быһа түүннэри олорон устубуппут. Билиҥҥи курдук буолуо дуо, көмпүүтэр суох буоллаҕа дии. Ол да буоллар, тыыннаах доҕуһуоллаах ырыаларбытын устубуппут. Бу биһиэхэ улахан ситиһии курдуга. Хаһааҥҥы эрэ ыра санаам туоллаҕа дии. Дьулустаанныын бииргэ үлэлиир этибит, кини Култуура дьиэтин дириэктэрэ этэ. Аҕата Семен Иванов диэн норуокка биллэр-көстөр тойуксут, кулуупка народнай тыйаатыры салайара. Онно оҕо эрдэхпиттэн испэктээктэргэ оонньуур этим. Өссө «норуот тыйаатырын артыыһа» диэн корочкалаахпын ээ. Урут Андрей Саввич Борисов илиититтэн туппутум.

Көрдөһөрбүн сөбүлээбэппин

– Оттон куоракка хаһан кэлбиккиний? Соһуччу саха эстрадатыгар киирбитиҥ дии.

– Сааһым ыраатта диэн толкуйга түһэ сырыттахпына, Кэбээйи Мукучутугар ырыаһыттар күрэхтэригэр кыттан, бастакы истиэпэннээх лауреат буолбутум. Степан Васильев дьүүллүүр сүбэҕэ баара уонна куоракка кэлэрбэр сүбэлээбитэ, эрэл кыыма үөскээбитэ. Галина Шахурдина эмиэ бэлиэтии көрбүтэ. Оччолорго, Дьокуускай куораты миэхэ улахан, сөбө суох дии саныырым.

– Биир дойдулаахтарыҥ эстрада бас- көс ырыаһыттара. Кинилэр көмөлөспөтөх- төрө дуо?

– Суох. Билсибэт этим. Мин кимтэн эрэ көрдөһөрбүн, ааттаһарбын сөбүлээбэппин. Баһаалыста, миигин ырыаһыт гыныҥ диэбэтэҕим. Суолбун бэйэм тэлэн, эстрадаҕа киирэн барбытым. Барытын бэйэм оҥорорбун, ситиһэрбин сөбүлүүбүн. Ким эрэ кэлэн ытыспар ууран биэрэрин, сыанаҕа сиэтэн таһаарарын күүппэтэҕим, эрэйбэтэҕим даҕаны. Мин кэмим хаһан эбит кэлиэ диэн билэрим. Биир дойдулаахтарым, табаарыстарым, тоҕо ырыаһыт буолбаккын диэн ыйыттахтарына, кэмим кэлэ илик диирим. Хас биирдии киһи үөһэттэн бу олоххо ананан кэлэр. Онон ыйаах баарыгар итэҕэйэбин. Олох очурдарын күүстээх санаабынан туораан, дьэ кэмим кэллэҕэ. 2000 сыллар саҥаларыгар колледжка кэтэхтэн үөрэнэ кэлбитим. Онтубун эмиэ бүтэрбэтэҕим. Икки сыл үөрэнээт, үһүс сылбар улуустарынан гостуруолга баран хаалбытым.

– Ол аата, ырыаһыт киһи сыанаҕа ыллаан-туойан айаҕын ииттиниэн сөп дуо?

– Үөрэҕэ да суох ырыаһыт буолуохха сөп диэн этиини утарабын. Эдэр ыччакка куһаҕан холобуру биэриэхпин баҕарбаппын. Ыччаттар үөрэниэхтэрин наада. Ырыа айыан баҕалаахтар нотаны букубаар курдук ааҕыахтаахтар. Вокалларын сайыннарыахтаахтар. Мин үөрэммэтэхпиттэн билигин кэмсинэбин.

– Кырдьык, саха эстрадатыгар ырыаһыт ахсаана күн-түүн элбии турар. Үгүс өттүгэр фонограмманан ыллыыллар. Ырыаларын тыла-өһө мөлтөх, омук ырыаһыттарын муусукаларын «уоран» ыллыыллар диэни киһи үгүстүк истэр.

– Итинник баар. Сорохтор ырыаларын ис хоһоонун кыайан арыйбаттар, ноталарын табан ыллаабаттар. Холобур, төрөөбүт дойдуҥ туһунан ыллыыр буоллаххына, истээччилэр харахтарыгар дойдулара көстөн кэлиэхтээх. Киһи итэҕэйэр гына ыллыахтааххын. Хомойуох иһин, үксүбүтүгэр ол кыаллыбат быһыылаах. Оттон ону чочуйан үөрэппиттэргэ ол баар, кыаллар. Мин эмиэ урут мээнэ ыллыыр этим. Билигин даҕаны сорох ырыаларбын истээччилэрбэр кыайан тириэрдибэппин дии саныыбын. Урукку уонна билиҥҥи ырыаларбын тэҥнээн көрдөхпүнэ, чыҥха атын. Урут тэтимнээх ырыалары ыллыырым. Билигин арыый даҕаны дириҥ ис хоһоонноох, дьону толкуйдатар ырыалары суруйабын. Ордук дьиэ кэргэҥҥэ, тапталга, төрөөбүт дойдуга сыһыаннаах ырыалары айабын. Киһи сааһырдаҕына, төрөөбүт дойдутугар ахтылҕана күүһүрэн иһэр эбит. Ол ахтылҕаммын ырыаларбынан таһаарабын, дьоҥҥо тириэрдэбин.

– Бу сыл саҥата Дьокуускай куоракка «Триумф» Спорт дыбарыаһыгар Ороһуоспа күнүгэр ыытыллыбыт лотереялаах кэнсиэркэ хас даҕаны тыһыынча киһи сылдьыбыта. Ботуччу соҕус сыанатын да кэрэйбэккэ туран. Эн, лотереялаах кэнсиэр туһунан туох дии саныыгын? Бу аата, ырыаһыт барыһа хара баһаам буолан, харчытын төттөрү-таары ыһыахтанар дуу, биитэр дьон кэлиэ суоҕа дии саныыр дуу?

– Бу күннэргэ тыйаатыр артыыстара мунньахтаан, уопсай сүбэнэн лотереялаах кэнсиэри ыытартан аккаастанныбыт. Оттон лотереялаах кэнсиэркэ кыттарбытын салайааччыбыт Алексей Егоров, бобор кыаҕым суох диир. Биир бэйэм лотереяны утарабын. Кыбартыыра сүүйэ кэлбит киһи, биһиги ырыабытын истибэт буоллаҕа дии. Ыгылла-түүрүллэ, ньиэрбинэйдии, хаһан оонньотоллорун күүтэ олорор киһи онно эрэ наадыйбат. Санаата-оноото атыҥҥа сытар. Дьиҥэр, айар киэһэ тэрийэргэ артыыс үксүн «минуска» барар. Ночоокко тэбиллэр. Түгэнинэн туһанан, олунньу 14- 17 күннэригэр Чайковскай уулуссатыгар баар «VERSAILLES» музыкальнай салоҥҥа лотереята суох кэнсиэрбэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ыҥырабын. Былаан быһыытынан, бу салоҥҥа Эстрада тыйаатырын артыыстара ыйга биирдэ-иккитэ маннык кэнсиэртэритэрийэн ыытыахтаахпыт.

Соняттан сааспын кистиир этим…

– Эһиги сыанаҕа сыбаайбалаан, дьону соһуппуккут. Үгүс киһи итини «пиар», «шоу» быһыытынан ылыммыта эрээри, эһиги тапталгыт күүһүрэн иһэрэ көстөр.

– Сэттэ сыл анараа өттүгэр эстрада тыйаатырыгар билсибиппит. Кини куолаһын истээт, тута таптаабытым. Дьүһүнүн көрбөккө. Соня миигиннээҕэр ордук муударай, өйө-санаата, олоҕу көрүүтэ дириҥ. Мин ыал буолар санаам суох этэ. Ол туһунан Соняны сэрэппитим. Икки оҕолоох, арахсыбыт киһиэхэ ким кэргэн тахсыай, өссө оҕолорбун бэйэлэрин оҕолорун курдук ылыныа, чугаһатыа, таптыа суохтара дии саныырым. Уолбар Айталга даҕаны наар этэр этим. Биһиги бэйэбит туспа ыалбыт диэн. Уолбун кытары Дьокуускайга куорат үгүс муннугун кэрийэн кыбартыыра, хос куортамнаан олорбуппут. Араас усулуобуйаҕа. Эрэйдээх этэ. Соҕотох аҕа икки оҕону сатаан көрүө суоҕа диэн, кыыспын Кэрэчээнэни эдьиийим аах иитэ ылбыттара. Аммаҕа олороллор. Айтал онно баран сайын ахсын оттуур, көмөлөһөр. Санитаны күүскэ таптыыр этим эрээри, оҕолорбун таптыа дуу, суоҕа дуу диэн санаа үүйэ-хаайа тутара. Аны Соняттан сааспын кистиир этим… Сааспын биллэҕинэ, куотара буолуо дии саныырым. Кини саастыы дьиэлээх-уоттаах, үөрэхтээх, үчүгэй уолаттар элбэхтэр буоллаҕа дии. Аны мин бас билэр дьиэм даҕаны суох, эбиитин икки оҕолоохпун. Онон икки сылы быһа тапталбытын, сыһыаммытын тургутан, бэрэбиэркэлээн баран, Северная уулууссаҕа куортамнаан олорбут хоспор сүгүннэрэн аҕалбытым (күлэр). Уруу тэрийэр дьоро киэһэбитин уратытык уонна умнуллубаттык ыытар санааттан, чугас дьоммутун, табаарыстарбытын кытары үөрүүбүтүн-көтүүбүтүн тэҥҥэ үллэстээри, кэнсиэр тэрийбиппит. Ити эн сөпкө эттиҥ, дьон бары «шоу» курдук ылыммыта. Дьиҥэр, оннук буолбатах этэ. Сыана – биһиги иккис дьиэбит. Онон, сыана дьоно мантан атын тэрээһини толкуйдуур кыахпыт суох. Улахан эппиэтинэстээх этэ. Туораттан дьон кэтиирэ. Бу дьон хаһан арахсалларый дииллэрин истэрбит. Ол эрээри онтон өрө баран, эр ылан, төттөрүтүн тапталбыт күүһүрэн иһэр.

Оҕолорбутун сэбиэскэйдии иитэбит…

– Үс уоллааххыт. Гостуруол, кэлии-барыы, кэнсиэр, эрэпэтииссийэ кэмигэр оҕолоргутун кимнээх көрөллөр?

– Биһиги оҕолорбутун сэбиэскэйдии, былыргылыы иитэбит. Эбээлээх-эһээбит хайдах ииппиттэрин курдук. Соняны эмиэ эбээлээҕэ көрбүттэрэ. Олоххо бэлэм буолалларын курдук, тугу барытын сатыырга, эйэҕэс, култууралаах буоларга үөрэтэбит. Дьиэ ис-тас үлэтин барытын сатыыллар. Уопсайынан, бу олоххо дэгиттэр буолуллуохтаах. Биһиги, сахалар, дэгиттэр талааннаахпыт. Ону таба тайанан, туһаныахха наада. Биһиги – кытаанах, ирдэбиллээх төрөппүттэрбит. Солуута суох уолаттарбытын атаахтаппаппыт. Улахан уолбун Айталы кытары табаарыстыы курдук сыһыаннаахпыт. Кини — мин эрэлим. Кыра эрдэҕиттэн аһаҕастык кэпсэтэбит. Миигиттэн тугу да кистээбэт. Орто уолбут Чаҕыл олох кыра эрдэҕиттэн — тылланыаҕыттан ыллыыр. Сыана киһитэ.

– Бу ыал оҕолорунан бизнес оҥостон, аны кэнсиэртэргэ, араас тэрээһиннэргэ кытыннараллар диэн үгүстүк истэбин. Эн бу туһунан тугу этиэххиний?

– Ити баар. Үгүстүк истэбин. Ол эрээри, бэйэм оҕобун хайдах иитэрбин бэйэм билэбин. Ким да орооһуо суохтаах. Чаҕыл ыллыан баҕарар. Куоластаах. Аан бастаан кэнсиэркэ ыллаабытыгар, биһиги улаханнык соһуйбуппут. Хамсанан-имсэнэн, сүүрэн-көтөн, сүрдээх холкутук сыанаҕа туттара-хаптара. «Сулус ыарыытынан» ыалдьаары гыннаҕына, тохтотобут. «Куһаҕан», атаах оҕолор курдук буолаары гынаҕын дуо диэн үөрэтэбит, сүбэлиибит. Кыра уолбут Эрсан биир сааһын туолла (Эрхаан уонна Санита ааттарын холбоон Эрсан диэн ааттаабыттар – ааптар). Оҕолорбор ийэҕит курдук өйдөөх, үөрэхтээх, аҕаҕыт курдук сүрэхтээх буолуҥ диибин. Соня Сунтаардааҕы гимназияны мэтээлинэн бүтэрбитэ.

– Эрхаан, дьэ буолаары турар кэнсиэриҥ табылыннын! Дьиэ кэргэҥҥэр дьолу, үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын!

Анивера АКИМОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0