Бу күннэргэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр бэрт дьикти кинигэ сүрэхтэннэ.
edersaas.ru
Кинигэ ааптара — экономическай наука доктора Эдуард Ефремов-Дэхси. Айымньытын аата — «Эргис ойуун».
Арамааҥҥа Хаҥалас аҕа баһылыга, Тыгын Дархан биир биллэр төрдө-ууһа Эргис ойуун ол кэмҥэ кимнээҕи кытары алтыһан, хайдах-туох олоҕу олорон ааспытын туһунан суруллар.
Экэниэмикэ боппуруостарын быһаарсар учуонай арамаан суруйуута, кырдьык, сонун көстүү. Буолаары буолан, историческай арамааны. Эдуард Иванович бэйэтэ бу туһунан кинигэтин аан тылыгар маннык бэлиэтиир:
— Айымньыны суруйуу уустугун, оллурун-боллурун, сыра-сылба быстар үлэтэ эрэйиллэрин билбэт буолан, бастакы баламат санаабар олордум да суруйуом диэбитим, дьыл-хонук будулҕан туманыгар саспыты арыйар уҥуора-маҥаара биллибэт эриирдээх үлэҕэ иҥнэ түһэн, санааҕа-онооҕо баттатан: «Эмиэ тугум эрэйэй?» диэн хаста да быраҕа сыһан баран, өйүм-санаам, кутум-сүрүм хайдах ылынарынан көрдөрөн, суруйан барбытым.
Кинигэ киирии тылын историческай наука доктора Андриан Борисов уонна Арассыыйа суруйааччыта Николай Винокуров-Урсун суруйан, бу айымньы бэйэтин ааҕааччытын буларыгар «күөх уоту» умаппыттар.
— Хаҥалас сахаларын төрүт уустарын төрүттээччи үрүҥ ойуун Эргис олоҕунан сирэйдээн, Эдуард Ефремов-Дэхси саха биир былыр былыргыттан баай историялаах улууһун дьон бэйэ-бэйэтигэр сыһыаннарынан көрдөрөн арыйбыта, киһи интэриэһин тардар. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, историческай ис хоһоонноох айымньы тустаах идэлээх киһини чинчийэр үлэҕэ көҕүлүүр, — диэн кинигэ киирии тылыгар санаатын үллэстэр историческай наука доктора Андриан Борисов. Оттон суруйааччы Ньукулай Урсун:
— «Хаҥаластан хааннаахпыт» диэн элбэх улуус дьоно этэр кыахтаах. Үгүс улууска Хаҥалас сабыдыала хайаан да баар. Айымньы салҕаннаҕына ити санаа сиһилэниэн, эттэниэн-сииннэниэн сөп, — диэн туран, суруйааччы Урсун кинигэ ааптарын «Ыраах баран иһэр киһи» диэн бэрт бэргэнник бэлиэтээбит.
Дэхси бу историческай арамаанын бастаан биир дойдулаахтарыгар, хаҥаластарга тиийэн сүрэхтээбитэ. Онтон төрөөбүт Бэрдьигэстээҕэр тиийэн кинигэтин билиһиннэрдэ.
— Горнайга өр сыл буолан баран кэллим. 1943 сыллаахха Бэрдьигэстээххэ милиция үлэһитин уонна учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Онтон дьонум кыра эрдэхпинэ мантан көһөн барбыттар. Онон төрөөбүт дойдум ис тыына тарда турар буолан, кинигэбин күн сирин көрбүт дойдубар билиһиннэрэ аҕаллым, — диэн кэпсэтиини саҕалаата Эдуард Ефремов-Дэхси.
— Быйыл Горнай улууһа тэриллибитэ 85 сылынан үгүс былааннаах, араас ис хоһоонноох тэрээһин ыытылла турар. Бу суолталаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, хас биирдии нэһилиэк, тэрилтэ историятын үөрэтэн сурукка тиһэллэригэр ыҥырыы таһаарбыппыт. Биһиги биир дойдулаахтарбыт, Саха сирин бүттүүнэ киэн туттар дьоно, норуот бэйиэтэ Семен Данилов — төрөөбүтэ 100, суруйааччы Софрон Данилов — төрөөбүтэ 95 сыллаах үбүлүөйдэрэ, Варвара Устинова — РФ Үлэ Дьоруойа буолуута, Ала ууһун төрүттэниитин 125 сыла — бу барыта быйылгы сыл бэлиэ түгэннэрэ. Аны «Эргис ойуун» кинигэ суруллан, улуус «Сыккыс» литературнай түмсүүтүгэр сүрэхтэниитэ ордук кэрэхсэбиллээх. Эдуард Ивановичка төрөөбүт сирин буоругар кэлэн, улуустары түмпүт историческай дьоруой — үрүҥ ойуун Эргис туһунан арамаан суруйбутун билиһиннэрбитигэр истиҥ махталбытын тиэрдэбит, — диэн санаатын тиэртэ «Горнай улууһа» МТ баһылыга Никита Андреев.
«Эргис ойуун» кинигэ тахсыытыгар сүбэ-ама буолан өйөөбүт Хаҥалас түмсүүтүн салайааччыта Афанасий Ноев бүгүҥҥү олоххо айымньы сүҥкэн суолтатын арыйда.
— Кинигэни таһаарыыга үгүс киһи үлэлээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, кинигэ таһыгар Эргис ойууну сахаҕа биллэр худуоһунньук Дмитрий Мухин оҥордо. Тылын-өһүн Анна Андросова-Прудецкая көрдө. Сүрүн сорук — кинигэ бэйэтин ааҕааччытын булуон наада. Биллэн турар, историческай ис хоһоонноох кинигэ уус-уран айымньыны ааҕыы курдук судургу буолбатах. Сүрүн идиэйэтэ — саха толерантнай уонна түмсүүлээх омук буоларын көрдөрүү. Айымньы ааптарын тус олоҕо Хаҥалас, Горнай, Таатта улуустарын кытта ситимнээх буолан, Эдуард Ефремов-Дэхси арамаана улуустары сомоҕолуур айылгылаах.
Түгэнинэн туһанан, саха норуота киэн туттар суруйааччылара Семен уонна Софрон Даниловтар төрөөбүт Бор алаастарын горнайдар өрөспүүбүлүкэ биир биллэр-көстөр туристическай эбийиэгин быһыытынан оҥороргутугар этии киллэрэбин. Мин кулун тутар ыйга табаарыстарбын кытта бу алааска анаан тиийэ сырыттым. Баҕарбыт киһи хайдах баҕарар тиийэр эбит. Онон бу маршруту үөрэтэн баран, туристар билиилэригэр таһаардаххытына, бэрт кэскиллээх туристскай эбийиэк буолсу, — диэн санаатын үллэһиннэ «Сахамедиа» холдинг генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Ноев.
— Бу олус дириҥ философиялаах кинигэ буолар диэн мин кинигэ «Төрүт түөлбэ» диэн бастакы түһүмэҕин, «Ыһыах» диэн суруйуутун ааҕан баран, итинник түмүккэ кэллим. Былыргы ыһыах ыытыллыытын киһи бу суруйууну ааҕа олорон олох атыннык ылынар эбит. Онон ыһыах сценарийын оҥорор дьоҥҥо, оҕолорго өбүгэ үгэстэрин үөрэтиигэ бу бэртээхэй практическай сүбэ диэхпин баҕарабын, — диэн бэлиэтээтэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх учуонай Михаил Соломонов.
— «Эргис ойуун» арамаан биһигини илгэ-эйэҕэ, сомоҕолоһууга үөрэтэр. Былыргы сахалары тоҥуу хаарга сүүрэ сылдьар индеецтэр курдук үҥкүүлээн сарайа сылдьар дьонунан ойуулууллар этэ. Оттон бу кинигэҕэ үрүҥ ойуун Эргис дьону түмэр, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга биир тыынныыр улахан сирдьит көстөр. Биһиги хайдах эрэ «ойуун» диэн өйдөбүлтэн сэрэнэр-сэрэхэдийэр курдукпут. Аатын ааттыахпытын да куттанарбыт баар суол. Мин бастаан кинигэни илиибэр ыларбар эмиэ оннук санаалаах этим. Онтон үрүҥ ойуун айылгыта олох атынын билэн баран, бэйэ-бэйэни өйдөһүүгэ тиэрдэр айымньы ураты күүһүн итэҕэйдим, — диэн эттэ суруналыыс Георгий Мандар.
— Ойуун туһунан суруйуу — олус уустук үлэ. Онон бу айымньыны суруйарга Үөһэ Айыылартан көҥүл бэриллибитэ чуолкай. Дэхси арамаанын салгыыр буоллаҕына, алгыс ылан баран суруйарыгар баҕарабын. Бу кинигэ — «сүгэһэрдээх» сурук, — диэн бэлиэтээтэ суруналыыс Муза Скрыбыкина.
— Айар үлэһит быһыытынан сыаналаатахпына, бу айымньы тыла-өһө үчүгэйэ, киһи олоҥхо суруйан таһаарыан сөп кинигэтэ. Аны былыргы ыһыаҕы уустаан-мандардаан суруйуута — бэйэтэ бэлэм сценарий. Дэхси айылҕаттан айдарыылаах суруксут эбит. Горнай улууһа Саха сиригэр үс народнай суруйааччыны бэлэхтээбит дойду. Оттон айар куттаах дьоммут ахсаанын киһи ааҕа да барбат. Онон горнайдар өссө биир суруйар айылгылаах киһилэммиппититтэн киэн туттуохпутун наада, — диэн бэйэтин санаатын эттэ «Үлэ күүһэ» хаһыат эрэдээктэр-дириэктэрэ Василий Алексеев.
Кэпсэтиигэ тыл эппит «Сыккыс» литературнай түмсүү чилиэннэр тыл үөрэҕэ суох, техническэй үөрэхтээх киһитэ мэҥэ өйдөбүл, духуобунас тиэмэтин таба таарыйан дириҥ ис хоһоонноох кинигэни таһаарбытыгар Эдуард Ефремовка-Дэхсигэ истиҥ махталларын тиэртилэр уонна кини киинэ түспүт сирин анаан ааттаан кэлэн, бар дьонун кытта үөрүүтүн үллэстибитигэр барҕа махталларын тиэртилэр.
Мин «Эргис ойуун» кинигэтин “Мэҥэ өйдөбүл” федеральнай партийнай уопсастыбаннай бырайыак салайааччыта Саргылана Неустроеваҕа аахтаран баран, санаатын үллэстэригэр көрдөстүм. Онуоха салайааччы маннык бэлиэтээтэ:
— Хайдахтаах курдук дириҥ ис хоһоонноох этииний: «Төрөөбүт-үөскээбит дьоннорун-сэргэлэрин олохтообут утумнарын ууһаппыт төрүт түөлбэ сирдэригэр саха улуу уустарын аҕа баһылыктара: Хаҥалас — биэс Малдьаҕар төрдө Тыгын Дархан, Нам — Муоҕан Эмээхсин, Байаҕантай — Бахсыгыр оҕонньор, Таатта — Боотур ууһа — Уот Айах Кудаҥса, Боло Күүлэкээн, Мэҥэ ууһа — Быйаҥ Төҥүлгү ойуун, онтон да атын Бүлүү ааттаахтара быысаһар сирдэригэр-уоттарыгар сүбэлэһэн, эйэ дэмнээхтик эркээйи охсоору, ойох-уруу ылсыһаары мустубут үс саха удьуора, түөрт саха төрдө өлбөт-сүппэт оҥоһуулааҕын, сайдар-сатарыыр кэскиллээҕин, саҥа тахсар самныбат күүс өркөн өй өрүһүйэр оҥоһуулааҕын бүгүн көрөн сүргэм көтөҕүлүннэ, өйүм-санаам чөллөрүйдэ, инникигэ эрэлим күүһүрдэ… Төрүттэрбит мындыр өйдөрүнэн олохтоммут, бэрт үгүс үрдүк суолталаах, былыргы ыһыаҕы билигин да ыһан, түмүк оҥостон, олохпутун билэн-биэскэлээн, сөптөөх суолу-ииһи булунан, ону тутуһан, ил-эйэ эҥэрдэнэн баччаҕа этэҥҥэ кэллэхпит…». Бу тыллар биһиги бырайыакпыт ыытар үлэтин ис хоһоонун дьэҥкэтик арыйаллар. Ыччаттарбытын сомоҕолоһуу, ил-эйэ тыыныгар иитэбит. Бу ыйга улуустарга дириҥ ис хоһоонноох ыһыахтар ыытыллаары турдахтарына, «Эргис Ойуун» кинигэ олус кэмигэр таҕыста. Мин билэрбинэн, «Сахамедиа» холдинг биир сүрүн салайааччыта Афанасий Ноев көҕүлээһининэн таһаарбыт саха норуотун сомоҕолуур кинигэни ыһыахха дьонугар-сэргэтигэр тарҕатар быһаарыыны бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Михаил Захаров ылла. Онон нэһилиэктэр, улуустар салалталара бу кинигэни ылан, дьонноругар-сэргэлэригэр бэлэх ууналлара буоллар диэн баҕа санаалаахпын».
Кырдьыга да, оннук. Бэрдьигэстээххэ «Эргис ойуун» кинигэ сүрэхтэниитигэр ыччат оҕолор кэлэн, төрөөбүт түөлбэлэрин, тапталлаах дойдуларын Горнай улууһун анаан айхаллаабыттара.
Оҕолор ааҕар долгутуулаах хоһооннорун истэ олорон, мин «Эргис ойуун» кинигэтиттэн бу тыллары холобурдуохпун баҕарбытым: «Иллиин-эйэлиин сиэттиһэн, тэҥҥэ хаамсан, үүт-сүөгэй үрүлүйэн, саха урааҥхайдара сайда-чэчирии туруохтара. Оннук да буола туруо!».
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.