Кэтириис, бэйэтэ да нэһиилэ сылдьыбыт киһи, тыраамбатын кэнниттэн олох даҕаны буорайда. Урут эбитэ буоллар, дьыалата суох быар куустан олоруо, тиэрэ түһэн сытыа баара дуо.
Билигин кыһалҕаттан сытар. Аһыырыгар олоро түһэр да, тостубут өттүгэ оһон биэрбэккэ, олох сүгүннээбэт. Маайыһын аһынан, сүрэҕин-быарын үлтү ытыйар ыарыыны тулуйа сатыыр, ынчыктаан көбүөхтүү сытар сүрэ бэрт. Кыыс куттаныа. «Хайдах эмэ гынан Тэрэппиин кэлэригэр тиийдэрбин» өрүү эргитэ саныыр санаата эмиэ охсулунна. Бу сарсыарда арыый сэргэх курдук. Ыарыыта мүлүрүйбүккэ дылы. Күн сырдык сардаҥаларынан дьиэни бүтүннүү ыһыахтыы оонньоон күлэн ахан турар. «Үчүгэйиэн! Бу орто туруу дойдуга күн сылаас сырдыгар сыламныы сытар бэрт даҕаны. Өрүү да маннык буолбат». Кэтириис оронугар саайыллыбыт туорай мастан тардыһан нэһиилэ олордо. Тохтоон тыын ылан баран атахтарын сөрүүн муостаҕа уурда. Этинэн тымныы салгын биирдэ үөһэ сүүрэн тахсарга дылы гынна. «Бөх курдук сытан да биэрбиппин. Атахтарым букатын бокоороору гыммыттар. Маайыс котоку имэрийэ сатаан сордоноохтуур. Хата, кыыстаах буолан бу ыал тэҥинэн олордохпут». Тайаҕар өйөнөн нэһиилэ турда. Тура түһэн баран, атахтарын биир-биир соһон, аа-дьуо улахан хос диэки барда. Дьиэ иһэ сып-сырдык, уу чуумпу, ып-ыраас. Кэтириис, иһигэр Маайыһын хайгыы саныы-саныы, дьиэтин эргим-ургум көрдө. Улахан хоско киирэн дьыбааҥҥа олордо. Хараҥа сундуукка хатанна. Кини итиннэ сананан турбута. Оһуордаах хара тимир сундуук муннукка боруоран турар. Эмээхсин, нэһиилэ соһон, сундуук таһыгар олоппоһу илдьэн уурда. Олоппоһо да тос курдук ыйааһыннаах, уҥа санна бу тостуохтуу аһый гынна. «Айуу-айа! Маны да кыайбат бөөхүллэ буолбуппун дии. Аата сүрэ!» Аны олорбутугар тобуктарын ыарыытыттан, бэл, харахтарыгар уот чаҕылыс гынна. Мэктиэтигэр саҥа аллайда. Кини хаһыытыттан Маайыс уһуктан сүүрэн кэллэ.
— Кэтириис, хайа, тоҕо турдуҥ?
— Эс, букатын суорҕаннаах тэллэххэ сытыам дуо? Арыый да курдук буолан турдум. Сатана тобуктара баара! Үчүгэйбин да, бу тобуктар уонна сиһим буораталлар. Оҕобун, өрүүр күнүгэр утута түспэккэбин, айдааран уһугуннардахпын көр! — эмээхсин, тыын ыла түһэн баран, Маайыһы аттыгар ыҥырда. — Мин бу сундуукка туох баарын эйиэхэ көрдөрөөрү гыммытым.
Халаатын сиэбиттэн обургу күлүүс тылын ылан улахан тэскэйбит күлүүскэ уган эрийбитигэр улгумнук аппас гынна. Кэтириис, улахан суолталаах дьыаланы оҥорор киһилии сэрэнэн, сундуук хаппаҕын аста. Сундуук иһигэр ол-бу таҥастар кичэллээхтик дьаарыстаммыттар.
— Маайыс, манна мин үйэм тухары муспут миэтэрэлээх утуйар таҥастарым уурулла сыталлар. Саҥа соттордор бааллар. Эһиги Тэрэппиинниин хаһаайыстыбаҕытыгар наада буолуоҕа, — дии-дии, араас өҥнөөх сиитэс, солко, сукуна таҥастары хостоон остуолга кыстаата. Онтон чээлэй күөх өҥнөөх таҥаһы илиитин иминэн имэрийбэхтээтэ. — Дьэ бу баар, тукаам, хаһаайкам, эдьиийим курдук саныыр Бороскуо барахсан мааныга кэтэр хаарыс солко оноолоох соно. Оттон бу сон иһинэн кэтиллэр эмиэ хаарыс солкоттон тигиллибит былаачыйата.
Кэтириис таҥаһы кыыска туттарда.
— Кэтэн көр эрэ. Бороскуо бу эн курдук хатыҥыр бэйэлээх этэ. Уһун хара суһуоҕун биир гына өрүнэн, бу таҥаһын кэтэн, төбөтүгэр сэлээппэ уурунан баран ыһыахха киирэн иһэрин көрүөҥ этэ. Кини курдук кэрэ дьахтары өссө көрө иликпин.
— Ээ, суох, кэппэт инибин. Хайдах эрэ буолуо. Уонна билигин маннык таҥаһы музейга эрэ көрүөххэ сөп. Миэхэ наадата суох, — диэн баран, Маайыс мааны таҥаһы төттөрү уунна.
— Бу да кыыс тылын! Тэрэппиин ийэтин таҥаһа, киниттэн хаалбыты кэриэстэбил курдук ууруна сырыттыннар диэн биэрэр дьүһүнүм. Кэтэн да көрдөххө туох баарый? — Кэтириис хомойон куолаһа титирээн ылла.
— Чэ, сөп. Кэтиим даҕаны, эн хомойума эрэ.
Сотору буолан баран Маайыс былыргы мааны дьахталларга эрэ баар таҥастары кэтэн, солконон суугунаан, чэпчэкитик үктэнэн хостон тахсан кэллэ. Кэтириис мэктиэтигэр Бороскуону көрөр курдук гынна. Кыыс маннык таҥныбытыгар олус да киниэхэ маарынныыр эбит. Быһыыта-таһаата оруобуна, арай баттаҕа чачархай соҕус.
— Тукаам, ыл, кэл, бу ытарҕаны ылан кулгааххар кэт эрэ.
Эмээхсин үрүҥ көмүс кутуу ытарҕаны туттаран кэбистэ.
— Бачча улахан ытарҕаны көрө да илигим! Ыйааһыннаах баҕайы эбит дии! — Кыыс истиэнэ эркинигэр ыйанан турар сиэркилэ иннигэр сүүрэн тиийэн ытарҕаны кэттэ. — Хайа, хайдаҕый?
— Олус бэрт! Илиигин аҕал эрэ, — диэн баран Кэтириис кыыс харытыгар араас өҥнөөх таастарынан күлүмүрдүүр кэтит киэргэли ииллэ.
— Уой, бу тугуй, браслет дуо? Эчи, үчүгэйиэн! — Кыыс астынан эргичиҥнээн, үҥкүүлээн ылла.
— Мааны таҥас, киэргэл дьахтар аймаҕы хайдах курдук киэргэтэрий! Маайыс, иһит эрэ, бу баайы кимиэхэ да көрдөрө иликпин. Тэрэппиин кэргэннэннэҕинэ биэриэҕим диэн ууруна сытыарабын. Бу таҥас көрөрүҥ курдук чугаһынан суох үчүгэй оҥоһуулаах, кэм-кэрдии өҥүн-түүтүн сиэбэт, төттөрүтүн өссө кэрэтийэн иһэргэ дылы. Барахсаанаптар баайдарын-дуолларын бүтүннүү былдьаабыттара, бу сундуук мин хоспор турбутун иһин 60 дьэҥдьийбэккэ хаалбыттара, онон аҕыйах көмүс ордон хаалбыта. Тоойуом, өйдөө, бу малы хараҕыҥ харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьаар. Кыыстаннаххына кыыскар, онтон кыыһыҥ кыыһыгар, ол курдук баран иһиэхтээх.
Кэтириис хараҕар ааспыт күннэр-дьыллар бу тиллэн кэлэн, элбэҕи санаан долгуйан, улаханнык илиһиннэ. Маайыс кинини өйөөн-убаан хоһугар илдьэн сытыарда. Онтон күнүскү күөһүн өрөөрү сылдьан түннүгүнэн көрбүтэ, Арыппыана почтатын суумкатын кырыыбалыы сүкпүтүнэн кинилэр диэки хааман иһэр. Кыыс сүрэҕэ биирдэ толугуруу түстэ. Таһырдьа ойон тахсыбытын өйдөөбөккө да хаалла.
— Арыппыана, хайа, сурук баар дуо? — күрүөтүн аанын тэлэччи аһан туран тулуйбакка ыйытта.
— Бэйи, киһини тыыннара түс! Бачча куйааска мин курдук бөһүөлэги биир гына хаамп эрэ. Буу, куолайым хам хатта, ыл, уута кут эрэ, — Арыппыана идэтинэн айгыһынна, ыараханнык тыынан ыскамыайкаҕа олордо.
— Эн дьиэҕэ, сөрүүҥҥэ киирэн чэйдии түспэккин дуо?
— Суох-суох, өссө да сылдьар ыалым баһаам. Хас дьиэ аайы чэйдии олордохпуна, мин үлэбин ким толорор?
Маайыс бэрт тиэтэлинэн улахан чааскыга уу кутан таһаарда. Арыппыана, соруйан гынар курдук, ууну бэрт уһуннук, тохтуу-тохтуу истэ.
— Чэйиий!
— Бу да кыыс ыксалын! Мэ, суруккун тутан кэбис. Эһиги суруйсаргытыгар да сөп буоллум, кырдьаҕас киһини сүүрдэҥҥит!
— Сурук баарын билтим буоллар, бэйэм да почтаҕа сүүрэн тиийиэм этэ!
— Аны киһини үлэтэ суох хааллараары гыммыккын дии! Суруктар, хаһыаттар баалларын тухары почтальоннар баар буолуохпут.
— Оннук-оннук… — Маайыс, суругун тутаат, санаата ыраатта, аат эрэ харата хоруйдаат, дьиэҕэ дьылыс гынан хаалла.
Арыппыана, мөҕүттэ-мөҕүттэ, туран аа-дьуо түөрэҥэлии турда.
Маайыс суругун туппутунан хоһугар киирэн, оронугар олорон кэмбиэри алдьата охсон, үөрэнээччи тэтэрээтин икки сирэйигэр Тэрэппиин адаархай буочарынан толору суруйбутун имэрийэрдии көрдө. Кыыс, уол илиитин эрчимин бигиирдии, лиискэ ытыһын даҕайда, хас биирдии буукубата, соппутуойа киниэхэ күндү. Онтон дьэ уоскуйан баран суругун аахта.
«Күндү дьонум, ыраах Борзяттан итии-истин эҕэрдэтэ тутун! Мин этэҥҥэ сулууспалыы сылдьабын. Дьиэбэр барарым аҕыйах ый хаалла, итэҕэйиэ да суох курдукпун. Барар күммүн ааҕабын. Диэмбэллэр бары уочаратынан миэхэ альбом уруһуйдаталлар, онон олох бокуой да булбаппын, ол оннугар тугу да гыннарбаттар, аһыы-аһыы уруһуйдуубун эрэ. Эһиги хайдах-туох олордугут? Кэтириис доруобуйата ама дуо? Тугу аһаан-сиэн олороргут буолла? Мин манна сылдьан элбэҕи эргитэ саныыбын. Тиийдэхпинэ хайаан да хаһаайыстыба тэриниэххэ наада. Суөһутэ суох табыллыахпыт суоҕа. Маҥнай утаа холкуоска үлэлии киириэм, сыыйа сүөһү иитэ ылыахпыт. Маайыс, эйигин сүөһү үлэтигэр чугаһатыам суоҕа, бэйэм көрүөм. Сибиэһэй ас-үөл баар буоллаҕына, доруобуйабытыгар да үчүгэй буолуо. Дойдубун аҕынным ахан. Билигин сайын төһө эрэ киэркэйэн, симэнэн турдаҕа. Өрүү түһээн көрөбүн. Эн биһикки били бэйэбит алааспытыгар дьаарбайа сылдьарбытын онорон көрөбүн. Хатыҥчааннарбыт күөххэ сууланан лаглаһан турдахтара. Дэриэбинэҕэ киэһэ түптэ буруотун сыта дыргыйан минньигэс да буолара. Түргэнник тиийэ оҕустарбын. Маайыс, бу кэннэ суруйбатым буолуо, сотору син биир тиийиэм дии. Күүтэр күммүн ааҕа хаалабын. Эһиги Тэрэппииҥҥит. Сурукпун Кэтириискэ ааҕан иһитиннэрээр. Сыллыыбын. Пока».
Айталина Никифорова
«Эргиллиэм мохсоҕол буолан» (“Бичик”, 2013) кинигэтиттэн ылылынна.