Лилиана Альбертовна бу сотору кэминэн олоҕун орто омурҕанын бэлиэтээри дүөгэлэрин кытта көрсүһүөх буолла. Кини олоҕун устата Аанчык, Галя уонна Рита диэн үс истиҥ дьүөгэлээх. Этэргэ дылы ууну-уоту барытын бииргэ ааспыттара.
Кыргыттар муста түстүлэр да, уруккуну-хойуккуну «ыстаабытынан» бараллар. Ол эрээри бүгүн кинилэр Галя минньигэс алаадьытын кытта үүттээх чэй иһэ-иһэ Лилианалара-Лиликтэрэ олоҕун орто омурҕанын чугаһыгар буолбут дьылҕа соһуччу бэлэҕин туһунан кэпсэттилэр.
Кыра нэһилиэктэн оскуоланы саҥа бүтэрбит Лилик уонна Галикка иккиэн тутуспутунан дьоллоох Дьокуускай куоракка үөрэх туттарса барбыттара. Тыа оҕолоро куорат сиригэр аан бастаан үктэммит буоланнар, барыта сонун, дьикти, кэрэ. Куйаас сайыны кытта эксээмэннэргэ бэлэмнэнии тыҥааһыннаах күннэрэ улам уҕараан, иккиэн баҕарбыт үөрэхтэригэр киирбиттэрэ. Үөрэнэр кэмнэригэр Аанчыгы уонна Ританы кытта билсэн, дьүөгэлии буолбуттара. Үөрэххэ умса түспүттэрэ, ол эрээри, эдэр кыргыттар, уолаттар бэйэ-бэйэлэрин сөбүлүү көрөн, сырдык-ыраас иэйии үөскүүр кэмнэрэ үүммүттэрэ. Ол сылдьан Лилик сытыы-хотуу Амма уолун бэлиэтии көрбүтэ. Уола даҕаны, Лилик ааһан истэҕинэ кэпсэтэ турар уолаттарыттан хараҕын арааран, кыыһы батыһыннара көрөр буолбута. Лилик Айааллыын оптуобус тохтобулугар туран билсибиттэрэ. Мантан ыла наар бииргэ сылдьаллара.
Айаал соҕотох аҕатыгар иитиллибитэ. Ийэтэ ыарахан ыарыыга ылларан, күн сириттэн эрдэ күрэммитэ. Уол Лилиги кытары билсиэҕиттэн элбэх кыыс сүрэҕин туппута. Кинилэр тапталга уйдаран көтө-дайа сылдьалларын оҕолор ымсыыра көрөллөрө. Үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ ыал буолар былааннаахтара.
Биирдэ Айаал төрөөбүт күннүү уолаттарын кытта айылҕаҕа сылдьыбыттара. Ол сылдьан мээнэ, баламат саҥалаах Илья Айаалга: «Тоҕо биир кыыһы тутан баран сылдьаҕын, кыыс эрэ элбэх дии. Биирдэ бэриллэр олоххо барытын билиэххин наада. Эн Лилигыҥ төһө эрэллээҕин сакалааттаһыахха», – диэтэ. Айаал бэйэтэ билбэтинэн: «Чэ, дабаай, Лилик оннук буолбатах, хайаан эйиэхэ болҕомтотун ууруой?!», – диэн күлүү-элэк оҥоһунна.
Ол күнтэн Илья үөрэҕэр кыһаллыбыта буолан, Лилиги көмөлөһүннэрэригэр араастаан албаһырара. Кыыс үтүө санаалаах буолан, уолу үөрэҕэр кыһаллар диэн, төһө кыалларынан, сүбэ-ама буола сатыыра. Ол иһин Айаал көрдөҕүн аайы Илья Лилигин аттыгар тугу эрэ суруна олоророр, тула көтө сылдьар буолара. Ол сылдьан Илья Лилиги: «Чугас убайым эмискэ өлөн хаалла, аралдьыйа таарыйа киинэҕэ барса сылдьыаҥ дуо?», – диэн көрдөһөн-ааттаһан кыыһы сөбүлэһиннэрбитэ. Лилик бүгүн хайаан да Айаалы көрсөн кэпсэтиэхтээхпин диэн лекция кэннэ кэтэһэн турда. Паара бүтээт, чуумпу көрүдүөргэ аудитория аана аһылла биэрээт, устудьуоннар тоҕо кутуллан таҕыстылар. Айаал кыыһынаан бирибиэттэһээт, уолаттары кытта ыксаабыт киһи быһыытынан, элэс гынан хаалла.
Лилик Ильяҕа сөбүлэҥин биэрбит буолан, киинэҕэ барар буолла. Киинэ тухары наар Айаалын санаан таҕыста. Сарсыныгар Лилик Айаалын көрсөөрү ыксаан, кини уопсайын диэки сүүрдэ. Утары Айааллаах Ильяны көрсө түстэ. Илья күлүү-элэк курдук өссө киинэҕэ барыахха диэн саайда. Ону истээт уол туора хайыһаат: «Барыта бүттэ», – диэн баран ааһа турда.
Кыыс уопсайыгар тиийэн оронугар саҥата-иҥэтэ суох сытта. Кимниин да кэпсэппэтэ. Сарсыныгар дьүөгэлэрэ токкоолоһон, туох буолбутун ыйыталастылар. Айаалы кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтэргэ быһаарыннылар. Онуоха уоллара кинилэри истэ барбата. Илья ыһа-тоҕо сымыйалаан кэпсээбитигэр итэҕэйдэҕэ.
Ити түгэнтэн икки нэдиэлэ ааспытын кэннэ, Айаал аармыйаҕа барбытын туһунан кыыс соһуйа истибитэ. Били Илья киинэҕэ ыҥырбыт күнүгэр Айаалга ыарахан буолбутун этиэхтээх этэ. Ону уола ыксаан, ол туһунан эппэккэ хаалбыта.
Лилик оҕотун биир сааһыгар диэри академическай уоппуска ылан олорбута. Ол кэннэ үөрэҕин салҕаан, дипломун көмүскээбитэ.
Билигин дьүөгэлэринээн биир нэһилиэккэ олороллор. Бары утуу-субуу ыал буолан оҕоломмуттара. Арай Рита кэргэнигэр табыллыбатаҕа. Оттон Лилиана кэрэ сэбэрэтинэн хайа эр бэрдин сүрэҕин уулларбатаҕай? Кини сүрэҕин туһугар турууласпыт элбэх, олортон кыайыылаах-хотуулаах буолбут Битээлий. Кини Лилиана уолун бэйэтин оҕотун курдук ылынан батыһыннара сылдьара, кэлин өссө икки оҕоломмуттара. Дьоллоох ыал аатын ылан ньир-бааччы олорбуттара. Битээлий Лилиана баҕарбытын барытын хайаан да баар гына, була-тала сатыыра. Оҕолор улааппыттарын кэннэ, Битээлий уһуннук ыалдьан күн сириттэн күрэммитэ.
Дьыл – хонук. Оҕолор улаатаннар, Лилик-Лилиана Альбертовна дьоҕус тэрилтэни салайбыта ыраатта. Биирдэ бастакы кууруска үөрэнэр устудьуон кыыһа каникулугар кэлэ сылдьан: «Маам, эн таптал чахчы баар диэн итэҕэйэҕин дуо, кими эмит күүскэ да күүскэ таптаабытыҥ дуо?», – диэн соһуччу ыйытан, күлэн мичилийэ олорбут ийэтин саҥата суох ыытта. Кыыһа эппиэти кэтэһэ сатаан баран: «Ыал буолан эрэбин, уолбун сотору билиһиннэриэм», – диэн эмиэ улахан сонуннаах буолла. Кэпсээниттэн өйдөөтөххө, ол уола соҕотох оҕо. Дьоно куоракка олороллор. Уруу тэрээһинин быһаарса уонна күтүөт дьонун кытта билсэ Лилиана куораттыыр буолла.
Кыыһынаан уол дьонун дьиэтигэр кэллилэр. Чугаһаабыттарыгар Лилиана сүрэҕэ хайдах эрэ хам тутан, кылгас кэмҥэ тыына хаайтаран ылла. Дьиэлээхтэр утары көрүстүлэр. Уол ийэтэ туспа олорор буолан, кийиити көрсөөрү эрэ кэлбит. Арай хостон уол аҕата, Лилик били урукку таптала Айаал тахсан кэллэ. Лилиана соһуйан, сүрэҕэ ытырбахтаан ылла…
Ити көрсүһүү кэнниттэн Айаал эр санаатын ылан, Лилианаҕа төлөпүөннээн көрсүөххэ диэтэ…
2012 сыл.
Юлия Алексеева, Сунтаар.