Кэлиҥҥи кэмҥэ олох тэтимэ атыы-эргиэн, оҥорон таһаарыы хайысхатынан баран иһэр буолан, тыа сирин оскуолаларыгар оҕолор урбааны сайыннарыыга олохтоохтук ылыстылар.
Маныаха оҕолорго аналлаах «Эргиэн» бырайыак ааптара уопсастыбанньык Семен Посельскай эмиэ улахан өҥөлөөҕүн бэлиэтиир тоҕоостоох. Эдэр педагог өссө оскуолаҕа үлэлии сылдьан, оҕо бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлииригэр улахан болҕомтотун уурбута. Кини урбаан эйгэтигэр үлэлиир уопуттаах дьону түмэн улуустарынан сылдьан, оскуолаларга дьыалабыай оонньуулары, сүлүөттэри тэрийэрэ. Семен Посельскай түөрт сыл устата сүүрбүт-көппүт үлэтин түмэн, иитиэхтии сылдьыбыт санаатын быйыл сайын олоххо киллэрбитэ. Ол – “Эргиэн кэскилэ” диэн “Кэскил” Оҕо бэчээтин иһинэн таһаарбыт өҥнөөх сурунаала буолар. Кини дьоруойдарынан, биллэн турар, хас да сылы быһа бииргэ айымньылаахтык үлэлэспит оскуолаларын урбаанньыттара буолаллар.
Семен Посельскайы кытта көрсөн, оҕо урбаан хайысхатыгар ылсыытын туһунан кэпсэттибит.
— Эн урбаан үлэтигэр оскуола оҕолорун сыһыарыыга ханнык оскуолалары кытта үлэлэһэҕиний?
— Оҕону урбаан эйгэтигэр сыһыарар үлэни саҕалыырбар Мэҥэ Хаҥалас улууһун В.П. Ларионов аатынан Майа 1 №-дээх, Чурапчытааҕы И.Е. Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ агротехническай хайысхалаах, Хаҥалас улууһун II Дьөппөн, Бүлүү улууһун П.А. Павлов аатынан I Күүлэт, Дьааҥы улууһун Боруулаах орто оскуолаларыгар тирэҕирбитим.
— Оскуола оҕолоро урбаан ханнык көрүҥүн ордук талаллар эбитий?
— Кэрэхсэбиллээҕэ, оҕолор ылсыбыт ыырдара киэҥ. Ол курдук, мэҥэлэр киэргэли, типографскай үлэни, мүөтү оҥорон таһаарыынан дьарыктаналлар. Чурапчылар уус, иис, үүнээйини көрүү-харайыы хайысхаларыгар табыллан үлэлииллэр.
Хаҥаластар биология өттүгэр сыстаҕастар. Холобура, калифорнийскай чиэрбэлэртэн биогумус оҥорор бырайыактаахтар. Саахардаах баатаны оҥорор тэрили атыылаһан, бу көрүҥүнэн дьарыктанааччылар эмиэ бааллар. Дьааҥылар дьиэ тээбириннэрин, дэйбиир угун оҥорон атыылыыллар. Эбээн Бытантайга таба этиттэн бэлимиэн уонна кэтилиэт оҥорон, эмтээх оттору хомуйан атыылыыллар.
— Эн “Эргиэн кэскилэ” сурунаалгар эппиэттээх үлэһиттэртэн урбаанньыт оҕолорго туһуламмыт араас ыйытыыларга хоруй ылар эбиккин дии?
— Оскуолалары кытта үлэлэһэр кэммэр оҕолор олус элбэх мунаарар ыйытыыларын биэрэллэр этэ. Ол боппуруостары түмэн, эппиэттээх исписэлиистэртэн сурунаалбар хоруй ылабын. Холобура, “Налоговай лайфхак” рубрикаҕа улуустар икки ардыларынааҕы 5 №-дээх Федеральнай нолуок сулууспатын иниспиэксийэтин нолуок төлөөччүлэри кытта үлэлиир отдел салайааччыта Лилия Егорова оҕолорго хаасса аппараатын, “налоговай каникул”, “нолуок вычетын” туһунан оҕо өйүгэр тиийэр гына бэрт судургутук кэпсээбитэ. Маны таһынан, сурунаалбытыгар дьоҕус биисинэскэ эрэллээхтик хардыылаан киирбит өрөспүүбүлүкэ ситиһиилээх урбаанньыттара бэйэлэрин санааларын атастаһыылара – эмиэ урбаан дьыалатыгар ылсыбыт оҕоҕо өйөбүл буолара чахчы.
— Сурунаалга “Кейс сорудах” диэн интэрэһинэй рубрика баар эбит.
— “Эһигиттэн өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тахсар кыахтаах биисинэс-идиэйэни күүтэбин. Бастыҥ идеяны үбүлүүргэ бэлэммин” курдук “кейс-сорудахтары урбаанньыт оҕолор олуһун сөбүлээтилэр.
Ити курдук, оскуолалар биисинэс-инкубатордарыгар өйөбүл буоларга анаммыт бэртээхэй санаатын олоххо киллэрбит эдэр педагог Семен Посельскай кэскиллээх былаана өссө да киэҥ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ уонна Семен Посельскай архыыбыттан.