Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр орто үөрэхтээх мэдиссиинэ үлэһиттэрэ өрүү ирдэнэллэр. Ол иһин эбитэ дуу, итиэннэ биир үксүн медиктэр хамнастара үрдээн, ыччат болҕомтотун тардар. Орто үөрэхтээх исписэлиистэринэн сүрүннээн Дьокуускайдааҕы медицинскэй кэллиэс хааччыйар. Куонкурус даҕаны улахан.
Биэс филиаллаах
Саха сирэ тайаан сытар иэнэ киэҥ. Сорох дьон улуустан кэлэн үөрэнэллэрэ, атыттар мантан баран үлэлииллэрэ даҕаны уустуктардаах. Ол иһин, кыһалҕаны быһаарар инниттэн, кэллиэс улуустарга филиаллары аһан үлэлээбитэ быданнаата. Күн бүгүн Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Удачнайга, Ньурбаҕа, Хаандыгаҕа уонна быйылгыттан Сангаарга аһыллан үлэһиттэри бэлэмнииллэр. Бастатан туран, устудьуоннар дьиэлэриттэн тэйбэккэ, үгүс үбү-харчыны тэбээбэккэ, төрөөбүт улуустарыгар миэстэтигэр идэ ылар кыахтара үөскээтэ. Иккиһинэн, улуус үлэһитинэн хааччыллар.
“Былырыын Ньурбатааҕы филиалга улуус суотугар 34 исписэлииһи бэлэмнээн таһаардыбыт. Кэлэр сылга Хаандыгатааҕы филиалы 14 киһи бүтэриэхтээх. Онон тустаах улуустар баһылыктара мэдиссиинэ үлэһиттэрэ ирдэнэллэрин сөпкө өйдөөн, үп-харчы тыыран, оскуола уонна балыыһа дьиэлэрин-уоттарын туһанан үөрэттэрдилэр”, — диэн дириэктэр Дмитрий Алексеев кэпсиир. Кырдьыгын эттэххэ, биир улууска итиччэ элбэх исписэлиис баран үлэлиирэ саарбах. Тиийдэхтэринэ даҕаны дьиэнэн-уотунан хааччыйыы кыһалҕата тириир. Онон бэйэ дьонун, ыччаттарын миэстэтигэр үөрэттэрбиттэрэ бары өттүнэн барыстаах. Бары үлэнэн хааччыллаллар, ханна даҕаны атын сиргэ бара сорумматтар. Хаачыстыба даҕаны үчүгэй эбит. Улуустар бэйэлэригэр анаан бэлэмниир буолан, ити өттүгэр болҕомтону уураллар. Мантан биригээдэ тиийэн анаан-минээн үөрэтэр.
Баай базалаах кэллиэс
Аҕыйах хонуктааҕыта тустаах кэллиэскэ пресс-тур тэрийдилэр, иһирдьэ киирэн баран, улаханнык соһуйдум эбээт. Урукку киэбэ ханан даҕаны суох. Киирээти кытта сыгынньахтанар хараҥа хос оннугар мас сибэккилэр, маҥан кириэһилэлэр, люстра, купе-ыскаап турбут… Ити саҕаланыыта эрэ эбит.
Биир үчүгэйэ диэн, медицинскэй кэллиэскэ симуляционнай киин баар буолбут. Оҕолор урукку курдук паартаҕа олорон эрэн үөрэммэккэ, хара ааныттан ыарыһаҕы кытта үлэлииллэр. Оннооҕор, оҕону төрөтөллөр, итэҕэс төрөөбүт оҕону бэрийэллэр, зондунан аһаталлар, суулуу үөрэнэллэр, сытар ыарыһаҕы көрөллөр, хаан барыытын тохтотоллор, сүрэҕэ тохтообуту өрүһүйэллэр, лабораторияҕа анаалыс оҥороллор, тиис оҥороллор… Балыыһаҕа ыарыһахха тиийиэх иннинэ, кэллиэстэригэр үрдүттэн манекеннарга эрчиллэллэр. Маны барытын дириэктэр улахан экран нөҥүө ытыска уурбуттуу көрөн олорор. Быһатын, устудьуоннарга балыыһаҕа үлэлии сылдьар курдук усулуобуйа олохтоммут.
Тыын боппуруостар
Ол эрээри, барыта эриэ-дэхси буолбатах. Сүрүн кыһалҕаларыттан биирдэстэринэн уопсайга миэстэ тиийбэтэ буолар. Ол курдук, күн бүгүн устудьуон 45 бырыһыанын эрэ хааччыйан олороллор. Кэллиэс уонна билиҥҥи уопсай икки ардыгар баар учаастакка саҥа уопсай тутуутун туруорсубуттара хаһыс даҕаны сылыгар барбыт. Күн бүгүн устудьуоннар уопсай иһин ыйдааҕы төлөбүрдэрэ 500 солкуобайга тэҥнэһэр. “Тыа сирин дьоно хамнастара кыра эбэтэр букатын даҕаны үлэтэ суохтар, онон оҕотун үөрэттэрэригэр үгүс кыһалҕаны көрсөр. Төлөөн үөрэттэрэр, эбиитин олорор сирин төлүүр. Төрөппүт кыһалҕатын өйдөөн, бүддьүөт миэстэтин эбэри туруорсабыт”, — диэн дириэктэр салгыы кэпсиир.
Биир миэстэҕэ — 14 киһи
Дьокуускайдааҕы медицинскэй кэллиэскэ куонкурус хаһан баҕарар баар. Холобур, быйыл “лечебнэй дьыала” үөрэҕэр биир миэстэҕэ 14 киһи куонкурустаспыт. Ортотунан ыллахха, 8 киһи күрэстэһэр. Быйылгы үөрэх дьылыгар туттарсыы балаһыанньатын уларыппыттар. Ол курдук, сыанаҕа дэһээтэйи аахпат буолбуттар. Холобур, оҕо орто сыаната 4,9 диэн эбит буоллаҕына, 4 сыананан ааҕаллар. Тоҕо? Маныаха аттестат сыанатын таһынан, кэккэ ирдэбиллэри олохтообуттар. Бу сокуонунан көҥүллэнэр.
— Бастатан туран, оҕо ханнык эрэ балыыһаны дуу, улууһун дуу кытта тус сыаллаах дуогабар оҥорсоро ордук. Оччотугар кини испииһэккэ үөһэ тахсар. Иккиһинэн, олимпиадаларга уонна научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, күрэхтэһиилэргэ кыайбыт, миэстэлэспит түгэнигэр эмиэ биир харыс үрдүү түһэр. Маныаха хайаан даҕаны биология дуу, химия дуу олимпиадата буолуохтаах диэн ирдэммэт. Үсүһүнэн, WorldSkills, JuniorSkills пааспардаах, кыттыбытын туоһулуур сэртипикээттээх түгэнигэр уопсай испииһэккэ эмиэ үөһэ дагдас гына түһэр. Төрдүһүнэн, норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэргэ ситиһиилээх оҕо эмиэ учуоттанар. Тоҕо маннык оҥордубут? Аттестат сыанатыгар тэҥнэһиини олохтоон, ситиһиилээх, үөрэххэ талаһар оҕону ыларга дьулуһабыт, — диэн иһитиннэрэр.
Итини таһынан, биллэрин курдук, абитуриеннар тургутууну (тестированиены) ааһаллар, сорох хайысхаҕа туттарсар оҕолору уруһуйдатан көрөллөр. Маныаха Дмитрий Афанасьевич, оҕолор эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ, эрчиллэллэрэ наадатын ыйар.
9-с кылаас кэнниттэн ылаллар дуо?
Үгүс төрөппүт тустаах үөрэх кыһата 9-с кылаас кэнниттэн ылар дуо, диэн ыйытар. Ылбат. Тоҕотун дириэктэр маннык быһаарар: “Бастатан туран, 11-с кылаас кэнниттэн куонкуруспут үрдүк. Иккиһинэн, оҕолор үөрэх бастакы күнүттэн балыыһаҕа бараллар. Инфекциялаах да балыыһаҕа сылдьаллар, быыһыгар санитар үлэтин даҕаны толороллор. Тохсус кылаас кэнниттэн оҕону ылар буоллахпытына, итиннэ барытыгар төрөппүт көҥүлэ ирдэнэр. Аны муоргаҕа эҥин сылдьаллар. Улаата илик оҕо уйулҕата маны барытын уйумуон эмиэ сөп. Ол иһин төрөппүт сөпкө өйдүүрэ ирдэнэр. Оҕолорун харыстыыр сыалтан, 9-с кылаас кэнниттэн медицинскэй үөрэххэ ыыта сатаабат ордук. Араас дьон баар буолуон сөп. Улахан ыарыһахтар, араас эчэйии кэнниттэн сытар ыарыһахтар бааллар. Үсүһүнэн, 18 саастарын туолуохтарыгар диэри уопсайга ылбаппыт”, — диир.
Уруккулуу “распределение” баар
Тустаах кэллиэскэ сэбиэскэй кэм эрдэҕинээҕи курдук, үөрэҕин бүтэрбит эдэр дьону ханна миэстэ баарынан аныыллар. Олунньуттан саҕалаан барыллаан анааһын саҕаланар эбит. Манна улуус кылаабынай быраастара кытталлар. Инньэ гынан, үөрэхтэрин бүтэрээри сылдьар оҕолор тустаах улууска услуобуйата хайдаҕын, хамнаһын, дьиэнэн-уотунан хааччыллыытын барытын туоһулаһаллар. Онтон кулун тутар ыйга бүтэһиктээх аттарыы буолар. Маныаха тус дуогабардаахтар ханна илии баттаспыт сирдэригэр бараллар, атыттар ханна миэстэ баарынан улууска аттаналлар, сорохтор үрдэтинэллэр. Холобур, быйыл 45 киһи ХИФУ-га киирбит. Университет кэллиэһи бүтэрбит дьону ыларга интэриэстээх. “Арай, улууска үлэлии барбаппыт диэтиннэр”, — диэн Дмитрий Афанасьевичтан ыйыппыппар – барбаппын диир оҕо суох, “уулуссаҕа тахсан” хааллахтарына букатын да илии соттон хаалар кыахтаахтарын билэллэр, – диэн этэр.
Дьиҥэр, үчүгэй холобур эбээт. Оччотугар улууска учуутал, быраас тиийбэт кыһалҕата олоччу да буолбатар, улахан аҥаара быһаарыллыа этэ.
Нэһилиэнньэни эмиэ үөрэтэллэр
Аҕыйах сылтан бэттэх, “Земскэй быраас” бырагыраама курдук, орто анал үөрэхтээх дьоҥҥо “Земскэй биэлсэр” бырагыраама киирбитэ. Бүгүҥҥүтэ – 500 тыһыынча солкуобай. Оттон орто үөрэхтээх маҥан халааттаах аанньаллар ортотунан ыйга 50 тыһыынча солкуобайы аахсаллар.
Ити курдук, Саха сирин биир кырдьаҕас кэллиэһэ күн-түүн сайдар, тупсар. Күнүскү үөрэҕи таһынан, оскуола оҕолоро идэлэрин сөпкө талалларыгар сирдииллэр. Аҕыйах ыйтан бэттэх бүддьүөт суотугар биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаах 60 киһи үөрэҕин түмүктээн эрэр. Ону тэҥэ, ким баҕарар косметолог, маникюр маастара, уо.д.а. куурустарга үөрэниэн сөп. Үөрэнэргэ, үлэлииргэ — усулуобуйа барыта баар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru