Эргэ өтөххө (КЭПСЭЭН)

31.01.2017
Бөлөххө киир:

90-с сыллар ортолорун диэки этэ, уоппуска ыламмын, убайым аах оттуулларыгар көмөлөһүөм, таарыйа бултаах-алтаах сиргэ тиийэн бултаһыам диэн Үлэгир үрэҕэр тахсыстым.
Күһүн оттоон бүтэн баран, дьиэбитигэр эт кэһиилээх тиийээри, тайахха хааман көрүөххэ диэн буолла. Мин уһун-киэҥ сатыы хаамыыларга үөрүйэҕэ суох куорат киһитэ, бастакы күммүтүгэр букатын быстаран хааллым. Киэһэлик чэйдии олорон дьонум миэхэ сүбэлээтилэр: «Эн салгыы хаамар кыаҕыҥ суох буолла. Мантан чугас, үрэх устун быһа баран истэххинэ булчут үүтээнэ кэлиэҕэ, биһиги онно киэһэ тиийиэхпит. Күн-дьыл күндү. Сарсыҥҥы күнү харыстаан, биһиги бүгүн өссө хас да толоону сыыйан көрүөхпүт. Биир эмэ тайах сайылаабыта буолуо. Чэйгин эҥин оргутан бэлэмнээр», — диэн буолла. Ити курдук кэпсэтэн, чэйдээн баран, уолаттарым бэрт түргэнник хомуна охсон, сүүрэр-хаамар икки ардынан тыа быыһынан аҕыйахтык күлүгүлдьүһэн хааллылар.
Дьонум барбыттарын кэннэ миигин кытта хаалсыбыт маҥан ыты батыһыннаран ыйбыт туһаайыыларын хоту баран истим. Ол икки ардыгар халлааным хараҥаран барда. Үүтээним кэлиэхчэ кэлбэтэ. Сөпкө кэлбиппин саарбахтаан хаста да төттөрү төннө эҥин сырыттым. Кэнникинэн муммуппун өйдөөн, сылайбыппын эҥин барытын таһы-быһа умнан бокуойа суох сүүрүүнэн айаннаатым. Ханнык эрэ кыыл-сүөл ыллыгын батыһан туох эрэ ырааһыйа оҕотугар таҕыстым. Ити кэмҥэ халлаан ытыс таһынар ыас хараҥа буолла. Ырааһыйам саҕатыгар туран сиэппэр укта сылдьар быыкаа бараарбынан сырдатан көрбүтүм, дьиэ барыйан турар эбит. Нэһиилэ дьиэ аанын булан киирдим.
Көмүлүөк оһохтоох син кэҥэс дьиэ эбит. Үрүсээкпиттэн чохорооммун ылан им балай хараҥаҕа таһырдьа балайданан тахсан хаһааҥҥы эрэ күрүө баҕаната турарын тоҕута сынньан мастанным. Дьиэ таһыгар кылайан көстөр кыракый дүөдэттэн уу баһан таһаардым. Ити курдук уот оттунан, чэйдэнэн, киһи тэҥэ сананан баран, дьоммун кэтэһэ сытан утуйан хаалбыппын. Ол да сыттарбын ытым дьиэ иһигэр, оһох иннигэр сытарын, уотум кылайан умуллан эрэрин көрө сытарга дылыбын…
Сотору оһох иннигэр сытар ытым киҥинэйэн ырдьыгынаан барда. Мин утуйар-утуйбат туруктаах сытан көрдөхпүнэ, оһох кэнниттэн муус маҥан баттахтаах, кырдьаҕас оҕонньор сорунуулаах аҕайдык миигин тобулу көрбүтүнэн хааман иһэр эбит. Оҕонньорум тиийэн кэллэ да, туох да үгүс айдаана-куйдаана суох, бэрт өрдөөҥҥүттэн сонордоспут өстөөҕүн курдук туттан-хаптан миигин миинэ түстэ да, үөс батааска биэрбэккэ, хабарҕалаан хачыгыратан киирэн барда. Омос көрдөххө кырдьаҕас курдук этэ да, хам хатан хаалбыт илиитэ адьас тимир кытаҕас курдук. Мин да ыт оҕотун курдук муомахтанан өлөр былааным суох — баччыктаһыы кытаанаҕа саҕаланна. Өлөн эрэр киһи тугу харыстыамый, күүһүм-кыаҕым баарынан хаһыытыы сатыыбын да, баттата сытар киһи сиэринэн, саҥам айахпыттан тахсыбат, илиим-атаҕым кыаһыламмыт курдук. Уһукта сатаан эрэй бөҕөтүн көрөбүн да – уһуктан бэрт. Аны туран, ытым ырдьыгыныы-ырдьыгыныы дугдуҥнуу турарын субу көрө сытабын. Оҕонньор муомахтыы сатаан баран, «чэ бэйэ, тоһун ылла ини» диэбиттии кыайыылаахтык сэксэс гына туттан-хаптан оһох кэннин диэки баран сүппүтүн эрэ кэннэ уһугуннум. Дэлби тириппиппин, сүрэҕим айахпынан тахсыах курдук. Куттаныы киэнэ кытаанаҕа. Үрүсээкпиттэн чүмэчи тоһоҕоһо ылан уматынным, уоппун эбэн биэрдим, килиэп тобоҕо хаалбытын оһоххо бэрсэн аһаппыта буолан албыннастым. Утуйуохпун баҕарабын да, сыттым да били хара сордоох оҕонньоро эмиэ тиийэн кэлэрин курдаттыы сэрэйэбин. Адьас хойукка диэри утуйумаары хойуу барбыт чэйи иһэ-иһэ олордум. Оннук олорбохтоон баран ыппын кууһан баран эмиэ утуйан хаалбыппын.
Төһө да утуйдарбын, ытым туран оһох таһыгар тиийэн сыппытын көрө сытабын. «Дьиэлээх хаһаайын» өр күүттэрбэтэ. Эмиэ тиийэн кэлэн хабарҕалаан барда. Дэммитин билсибит дьон сиэринэн, туох да соһуйуута-өмүрүүтэ, этиһиитэ-мөккүһүүтэ суох салгыы тиниктэһэн бардыбыт. Бу сытан ыппын ыҥыра, уһукта сатаан араастаан бары сордонобун да, туох да туһа суох. Дьэ, киһи уһуктубат буолар эбит этэ. Өр да өр оннук тиниктэстибит. Ытым көрө, ырдьыгыныы сатаан баран сүүрэн кэлэн атаҕынан тайаныталаабытыгар, үрбүтүгэр эрэ оҕонньорум туран барда. Мин эмиэ уһуктан кэллим. Түүнү быһа өлөр-тиллэр хапсыһыыга сылдьыбыт киһи, этим-сииним барыта быһыта сынньыллыбыт курдук көһүйэн, сылайан, отуорум-уйулҕам барыта хамсаан, төбөм ыаҕастаах уулуу дьалкыҥнаан турбутум.
Уһуктан көрбүтүм, ханнык да булчут үүтэээнигэр буолбакка, былыр үйэҕэ өтөхсүйбүт эргэ балаҕаҥҥа хонон сытар эбиппин. Таһырдьа тахсан баран көрбүтүм, били түүн күрүө баҕаната диэн сэргэни тоҕута-хайыта сынньыбыппын биллим. Бу абааһы дойдутуттан ыраата эрэ охсор баҕалаах түһүнэн кэбистим. Бэрт сотору миигин сүтэрэн көрдүү аймалаһан кэлэн иһэр убайым ааҕы көрсөн үөрүү бөҕөтүн үөрдүм. Ханна хоммуппун кэпсээбиппэр олус соһуйдулар: «Хайа, Куһаҕан Ураһалаах өтөҕөр хоммуккун дии. Абааһылаах диэччилэр ээ. Хайа, түүн туох да биллибэтэ дуо?», — диэн ыйытыыларынан саба тибэн кэбистилэр. Тоҕо эбитэ буолла, «суох, туох да биллибэтэ» диэн кэбиспиппин билиҥҥэ диэри сөҕө саныыбын.

“ВКонтакте” социальнай ситим  “Абааһылаах, иччилээх үһүйээннэр” бөлөҕүттэн туһанылынна. Ааптар арпагыраапыйата уларыйбата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0