Сарсыарда аайы оптуобуһунан үлэбэр айаннаан иһэн, мин кинини көрөбүн. Өйбөр кинини «тыыннааҕымсытабын» уонна харахпар кини туох баар олоҕо көстөн ылар курдук…
Бу баар кини олоҕун устуоруйата мин тылбынан:
Кини олбуор аттыгар турара, сорох сирдэрэ биллэ хомуруйан, имиллэн-хомуллан уонна собус-соҕотох. Кырааската хоҥнон, ойоҕосторо иһирдьэ кимистэн, бүтүннүү, омуна суох эттэххэ, «өлүктүйбүт», дьэбин быһа сиэбит көрүҥнээх, кырыыһата хомуруйан, түннүктэрин ааһан иһэр бэдиктэр тааһынан үлтү тамнаан, сорох сирдэринэн эрэ ордубут таастара ардьайан көстөллөр этэ. Чэ, быһата биир тылынан эттэххэ, «өлүк» буолан тураахтыыр этэ.
«Саҥата-иҥэтэ суох» тугу да сэҥээрбэт буолбут соҕотох хаалбыт “олчоойус хараҕынан” көрөөхтүүр этэ кини, ааһан эрэр туох да күн кыһалҕата суох дьону, сабыс-саҥа килэйбит-халайбыт массыыналары. Оттон дьоннор быстала суох ааһаллара, бэл ыттар кытта, кини көлүөһэлэригэр күлүү гыммыт курдук наадаларын холлоот сүүрэ тураллара, килэйбит –халайбыт массыыналар бадараанынан ыһан бу сордоох онтон да суох мөлтөх көрүҥэ өссө куһаҕан буолара.
Оттон кини ардах анныгар илийиэҕинэн-илийэн, чороҥ соҕотох, кимиэхэ да наадата суох буолан тураахтыыр… Кини Эргэ Лимузин, ус сэттэ нүөмэрдээх.
Баҕар ити туран «эдэркээн сааһын» санаахтыы турара дуу…
Хайдах курдук бу куоракка, оччолорго уларыйыы-тэлэрийии буола турар дьулусханнаах сылларыгар, сытыы-хотуу, киириилээх-тахсыылаах уола-хаан хаһаайына кинини омук сириттэн аҕалбытын. Эдэркээн бэйэтэ «чороойкоттон тахсыбыт” муус маҥан кырааскатынан кылбааран, киэмсийэ, киэн тутта, олус диэн өрөгөйдөөн бу куорат хараҥа уулуссаларынан ааһарын. Хайдах аара көрсүбүт дьоннор, сөҕө-махтайа айахтарын атан суолга туран хаалалларын, оттон оҕолор өргө диэри күлэ-үөрэ, ыһыытыы-ыһыытыы батыһа сүүрэллэрин…
Лимузины иһин-таһын күнҥэ хаста сууйалларын киһи ааҕа да барбат этэ, сууйан-сотон баран аны туран кундүттэн-күндү сыттаах омук одьукулуонунан, күндү баархатынан бүрүллүбүт сымнаҕас олбохторун ыстараллара. Ол кэннэ эдэркээн уолаттар кини аанын сэрэнэн-сэрэнэн арыйан, нарын -намчы бэйэлээх, кылбаа маҥан былааччыйалаах кэрэчээн кэргэттэрин киллэрэллэрэ…
Оо, оччоҕо Лимузин үөрэр да этэ, симэниэҕинэн-симэнэн, киэргэниэҕинэн-киэргэнэн, ис-иһиттэн долгуйан, өрөгөйдөөн туран нарын бэйэлээх кэргэн сүктэр кэрэ кыргыттары, хорсун-хоодуот уоланнары күнү да быһа тиэйиэх курдуга.
Оттон хаһаайына хайдах курдук киэн туттар этэ кининнэн. Хаһаайына маҥан тиистэрэ кылбаҥныы-кылбаҥныы, күлэн-үөрэн мичилийэн, имэрийэ-томоруйа турара бу баар курдук.
Ардыгар суон да суон, улахан истээх тойоттор ааҥҥа аат эрэ харата кыбыллан киирэллэрэ, киэмсийбит утүөмсүйбүт хотун ойохторун илдьэ, баархат олбохторго лах гына олорон, кимнээҕэр да табыллыбыт олохтоох курдук сананан, үөһэ хантаарыҥнаһан хас сыл көрбүт уулуссаларынан, хоруоллартан, сарыыссалартан итэҕэ суох курдук сананан айанныылар этэ.
Оттон ыкса киэһэ ардыгар, бу тойооскуларбыт, тыкаарыҥнаспыт, чыппаҕар ыстааннаах эдэркээн «дамочкалары» тиэйэр түгэннэрин Лимузин өйдүүр дьэ..
Биһи дьоруойбут улахан да улахан иһигэр көрдөөх, айдааннаах бэҕэһээҥҥи оскуола оҕолорун хампаанньалара ыкса симиллэччилэр. Оччоҕо Лимузин арҕааҥҥы муусукаттан дөйө сыһара, солуона кэпмиэт суутунан туолара, олбохторугар шампанскай бырдаҥалыыра, Лимузин бу оҕолорго олох атын арҕааҥҥы олох бэлиэтинэн буолара, ол олоҕу кинилэр киинэҕэ уонна сурунаалларга эрэ көрөллөрө. Кинилэр омук «сулустарын» үтүктэн, баархат олбохторго киэмсийэ сытан, атахтарын өрө тэбэн, көстүүмнэриттэн биллибэт быылы тэбии-тэбии тарбахтарыгар курустаал бакааллары эргитэ сылдьан, шампанскай иһэн сыпсырыйаллар этэ.
Бу курдук быһыы-майгы сылтан сыл ахсын, Лимузин санаатыгар үйэ да саас тухары буолуох курдуга. Сылтан сыл ахсын бырааһынньыктар, бэчэриинкэлэр, ахсаана бүппэт сыбаайбалар, үбүлүөйдэр. Сылтан сыл ахсын Лимузины сууйаллар-сотоллор, сылаас гарааска туруораллар, биһи дьоруойбут гарааска турар массыыналары сэниирэ маа бэйэтигэр тэҥнээбэккэ, үрдүктүк көрөрө элбээн испитэ.
Арай биирдэ киэһэлик, идэтинэн суунан-тараанан, киэргэниэҕинэн-киэргэнэн Лимузиммыт айаннатан истэҕинэ, эмискэ сүр хатан сигнал тыаһаата, сып-сырдык баара уота утары быһыта тыкта, арай доҕоор, Лимузин көрдөҕүнэ, хаһан да көрбөтөх, биир уустаах, «аймаҕа» айаннатан иһэр эбит, биир уустаах, ол гынан баран олох атын этэ: кип-килэбэчигэс, ыас-хара, уонна киһи хараҕа утары көрбөт үтүөкээннээх, бэртээхэй да бэртээхэй, сабыс-саҥа эмиэ лимузин этэ. Хара лимузин улаатымсыйбыттыы, халбарый диэбиттии аат эрэ харата сигналлаат ааһа турда, кырыыһатын үөлэһиттэн быкпыт соннук хара көстүүмнээх, хара ачыкылаах, наһаа үөрбүт, омуннаахтык ыһытыыр уолаттар саҥалара ыраата турда. Уолаттар ааһан иһэр дьону уруйдууллар-айхаллыылар да, утары хардаран ким да айхаллыыра иһиллибэт.
Онтон эмиэ хас ды сылынан, аны уулуссаҕа оруосабай өҥнөөх аймаҕын көрөн соһуйда, биир уустаах оруосабай лимузин үөлэһиттэн, тэтэркэй бары биир өннөөх былааччыйалаах, кэрэчээн кыргыттар быган тураллар, күлсэн-салсан сибэккинэн ааһар дьону ыһыахтыыллар, бу оруосабай кавалькада эдэр саас, үөрүү-көтүү арыаллаах, санаатыгар сибэкки сыта кытта дыргыйан ааһан, биһи дьоруойбутун өйүттэн таһаара өмүтүннэрэн, соһутан турардаах.
Ити курдук сыллар аастылар, биһиги кыра куораппыт оҕотугар аны ким да арҕаа омук күндү, эриэккэс Лимузин массыынатыттан соһуйбат буолбута.
Биир үтүө күн хаһаайына гарааска Лимузин аһары элбэх миэстэни ылар диэн, быһаарыныы ылбыта, уонна аҕыйах күнүнэн биһиги дьоруойбутун күһүҥҥү суһуктуйан эрэр халлааҥҥа, биир силбик инчэҕэй күҥҥэ таһырдьа сүүрдэн таһаардылар. Лимузин саҥата суох ытыыр курдуга, суох кини таһырдьа тахсыан баҕарбат, кэбис, ычча, тымныы дии, кини мааны, күндү массыына. Сааһын тухары сылаас гарааска турбут, тымныы, силбик таһырдьаҕа хайдах туруой. Лимузиммыт муҥнаахха араас санаа киирдэ: «Кэбис, бу быстах кэмҥэ, кэбис, хаһаайына тугу эрэ толкуйдуура буолуо, тугу эрэ былаанныыр, сотору төттөрү киллэриэхтэрэ…»
Сити күнтэн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри төһөлөөх күн ааспытын киһи ааҕан сиппэт. Лимузины ол курдук ким да гарааска киллэрбэтэҕэ. Онтон ыла Лимузин олоҕор туох да уларыйбатаҕа. Күнтэн күн бэйэ-бэйэлэригэр майгынныыр утуу-субуу күннэр. Сааскы курус тыал анныгар супту үрдэрэн, сайын сырылас куйаас күннэргэ күҥҥэ быһыта сиэтэн, күһүн бүппэт уһун ардахтар анныларыгар дьэбиҥҥэ сиэтэн, кыһын бытархан тымныыларга хачыгырыар диэри хам тоҥон…
Эдэр сылдьан сэнии көрбүт эргэ “уазиктара”, “газиктара” билигин да сүүрэллэрин Лимузин сайыһа, көрөөхтүүрэ.
Эргэ Лимузин ити курдук өр тураахтаабыта, сайын сыралҕан куйаас күннэргэ анныгар бэйдиэ сылдьар ыттар, куоскалар итииттэн куотан саһаллара, ол бэйэтин курдук быраҕыллыбыт сордоохтор күһүн эмиэ, аны ардахтан куотан эмиэ кини аннын булаахтыыллар этэ. Быһатын эттэххэ, олох муҥутуур түгэҕэр Лимузин бэйэтин курдук биир сордоохторун булбута.
Урукку киэмсийиитин, улахамсыйыытын, үрдүктүк сананыытын күһүҥҥү курас тыаллар, кыһыҥҥы дохсун буурҕалар супту үрэн, ыраастаан, уҕарытан бэйэтин маннык олоҕун толору ылынан, үөрэнэн да хаалан, Лимузин эрэйдээх мэхээньикэ олоҕун тиһэх күннэрин түмүктүү турара.
Арай биирдэ идэтинэн үдүк-бадык туран, уутун быыһыгар иһиттэҕинэ, арай ханна эрэ илдьэн эрэр курдуктар дуу, бээ эрэ, тугун дьиктитэй… Лимузин арай уһуктубута, мотуор тыаһа иһиллэр, кини аттыгар умнуллубут сүпсүлгэни истибитэ, ким эрэ сүүрэр-көтөр, ааннарын арыйар-сабар. Арай иһиттэҕинэ, хаһан да истибэтэх дьикти тыллара иһиллэллэр:
— Реставрация, музей, ретро…
Дьиктитин баҕаһын. Лимузин бу олоҕор буолан эрэр дьикти уларыйыылары ситэ өйдөөбөккө турар. Кини ону саныан да куттанар бакаа, кэбис. Ол да буоллар бээ эрэ, бу тугун дьиктитэй.. Бу туох күнэ үүннэ бүгүн?
Ити курдук Эргэ Лимузин олоҕун саҥа кэрдииһэ саҕаламмыта…
Ааптар арпагыраапыйата.