Үрүҥ түүҥҥү халлаан өҥө түннүк сабыытын быыһынан ууллубут сибиньиэс курдук өлбөөдүйэн көстөр. Хос иһэ бүдүк-бадык курдук. Мин кыайан утуйбакка, харахпын быһа симэн, таһырдьаны иһиллии сыттым. Сир-дойду иһийэ түһэн ылар кэмигэр, хамсыыр харамай симэлийбиккэ дылы буолар. Салгын тымныы курус тыыннанар. Арай, дьиэ үрдүнэн соҕотох тыыраахы ытаан эрэрдии аймана көтөрүн истэммин, кутталбыттан, этим сааһынан тымныы сүүрэр. Эмискэ, түгэх хоско эбэм түүлүгэр баттатан дуу, соһуйан дуу сүр улаханнык хаһыытаан, ынчыктаан мэҥэрийэн барар… Мин куттанарым улам күүһүрэн, сыттык аннын харбыалаһабын уонна халыҥ суорҕаммын ыга бүрүнэн, бүк түһэн бүгэн сытабын. Ол сытан, сүрэҕим битигирэс тыаһыгар уйдаран, утуйан хаалабын…
Киһи улаатан истэҕин аайы, уруккута кыралаан умнуллан, түүл-бит курдук буолан хаалар эбит. Ол эрэн, син биир сорох түгэҥҥэ киһи өйүгэр бэҕэһээ эрэ буолбутун курдук эмискэ ойон тахсар дьиктилээх.
Мин бэйэбин үс сааспыттан өйдүүбүн. Бу диэн этэххэ, ийэм сүмэһиннээх үүтүн үспэр диэри эмпитим. Бу дьыаланы хаһан даҕаны дьонтон кистээччим суоҕа. Ийэм сымнаҕас хоойун хойукка диэри билбиппин улахан тапталга улааппыт кэрэһитим туоһутунан ааҕабын.
Ийэбин бүтэй сиргэ бүгүтэн олордубакка, халаатын уолугун хасыһан барарбын баччааҥҥа диэри өйдүүбүн. Онтон дьиэҕэ ыалдьыттар кэллэхтэринэ, син бэйэбин туттуна сатааччыбын. Ыалдьыттар хаһан баралларын кэтэһэн, ыксаан, ытыспын быһа ыстыыбын. Тулуйарбын аастахпына, ийэбэр үөмэн тиийэн, саҥата суох илиититтэн түгэх хоско сиэтэн киллэрээччибин.
Онтон кэлин “Сүрэ бэрт, эмиий быраҕар кэм кэллэ” диэннэр, сайын тастыҥ эдьиийдээхпэр “сыылкаҕа” ыыппыттара. Биир ый кэриҥэ кинилэргэ олорбутум. Хаста даҕаны дьиэбэр дэриэбинэ биир түгэҕиттэн күрээн кэлбитим. Өр-өтөр гыммакка, отунан-маһынан албыннаан төттөрү эдьиийдээхпэр аҕалбыттара. Тастыҥ эдьиийим улаатыы оскуолатын күүстээхтик ыыппыта.
“Сэмэнчик, эмиий эмтэххинэ, уоһуҥ туллан түһүө… Хара тураах кэлэн уоскун быһа ытырыа…“ – диирин билиҥҥээҥҥэ диэри саныыбын. Ый кэриҥэ кытаанах иитии-такайыы кэнниттэн, дьиэбэр үөрүүнү кытта барбытым. Ол кэннэ этэҥҥэ эмиий көрдөөбөт буолбутум. Бу өйдүүрбүнэн, өргө диэри эдьиийдээҕим олбуордарын эргийэ хаамар этим.
Аммаҕа сайыҥҥы айылҕа кыһын утуйбут кытаанах уутуттан уһуктан, хампа күөх симэҕин күн уотугар бүөбэйдээн, намылыйан, дыргыйа мичээрдии турбута. Тэлгэһэ нэлэгэр иэнэ араас өҥнөөх сибэккилэринэн киэркэйэн, илигирэс салгын сүүрээнигэр киһиргээбиттии, дьиэрэҥкэйдии, дьикти араас өҥүнэн суһумтуйан, долгулдьуйа хамсыы турбута. Дьиэбит иннигэр аҕам аҕатынаан туппут кыра ампаара турара. Ампаар биир эркинигэр сыһыары кыра баанньык дуомуската тутуллубута. Кыһынын ампаарбытыгар эт тоҥорооччубут уонна сүөһү сиир бурдугун хаһаанааччыбыт. Ампаар тула өттүгэр сайын аайы эрбэһин от сарбайа үүнэрэ. Мин эбэбинээн эрбэһин оту сыппах кыптыыйынан кырыйарбын өйдүүбүн.
Ол сайын өҥүрүк куйаас күн турбута. Мин күөх окко күөлэһийэ сылдьан үөнү-көйүүрү тутан, таас иһиккэ мунньа оонньуурум. Ийэм тиэргэҥҥэ ньаалбаан бааннайга таҥас сууйар. Сууйбут бырастыыналарын тэлгэһэ иһигэр ыйаан кэчигирэтэр. Маҥан бырастыыналар сылаас тыалга бэрт түргэнник кууран, тэлибирииллэр.
— Нохоо, кирдээх илиигинэн сууйбут таҥаспын тыытыма! – диэтэҕинэ, мин от быыһыгар дьылыс гынан, саһан хаалабын.
Эбэм дьиэ айаҕар иһитин-хомуоһун кытта астаһар. Сайыҥҥы маҥан былаатын төбөтүгэр хороччу бааннаҕына, ыраахтан көрдөххө, үүт-үкчү балык туутун курдук быһыыланар. Санна суптугур, алын өттө кэтит эмээхсин этэ. Мин, кини үмүрүччү үктээн, иэдьэҥэлээн хаамарын, көрбөтүгэр үтүктээччибин. Намыһах олоппоһун ылан ампаар күлүгэр олорон суорат ытыйара. Иһитэ-хомуоһа да элбэҕэ бэрт. Эриэн ытым, Моойтом тиийэн миискэлэрин тиҥсирийдэҕинэ: “Дьээт! Сутаакы ыта, бар! Сэмээн, ыккын ыҥыр эрэ, ыл!” – диэн дорҕоонноохтук хаһыытыыр уонна ааранан миигин мөҕөн ылар.
Ампаарбыт эркиннэрэ сайыҥҥы сырылас күн уота быһа сиэбит, күһүҥҥү ардах-самыыр курдары ибиирбит, күүстээх тыал куурдубут-хатардыбыт эриэн кубархай өҥнөөҕө. Ону ааһан, ханньары барбыт үрдүгэр дьэбин буолбут ньаалбаан бүрүллүүлээҕэ, ытыс саҕа икки түннүктээҕэ, ынах тириититтэн тиириллибит кыра хаптаһын ааннааҕа. Бу ампаар иһигэр аан дойду мала барыта хараллан, хатанан турар дии саныырым. Аҕабыттан көҥүл ылан, мин ампаар иһигэр оонньуурбун сөбүлүүрүм. Ол сахха, туох даҕаны оонньуурум суох этэ. Хата, бу ампаарга туох эрэ улахан кистэлэҥ миигиттэн саһан сытара буолуо диэн, испэр бүк эрэллээҕим. Бөх хасыһан, мал бэрийэн чинчийэрим – туспа оонньуу курдуга.
Ампаарга киирээти кытары, кытыыга таҥастаах ыскаап, уҥа эркиҥҥэ долбуурга хопполор, мөһөөччүктэр чөкө дьаарыстанан туралларын өйдүүбүн. Үс атахтаах эргэ, дьоҕус сандалы түннүк аттыгар баара. Истиэнэҕэ ииппэрэй-тааппарай курдук араас көнтөс быалар, аҕам үлэлиир сэптэрэ-сэбиргэллэрэ иилиллэн тураллара. Түгэх ат ыҥыыра ыйанан турара, оттон хаҥас муннукка туттуллубат маллар өрөҕөлөнөн сытар этилэр: эргэ матассыыкыл элэмээтэ, тэстибит уонна дьэбин буолбут иһиттэр-хомуостар, кыһын иһигэр мунньуллубут куулунан бөхтөр…
Күн уота аһаҕас ампаар аанынан түөрт муннуктуу туһэн сылыппыт сиригэр, мин уһанар тэрилинэн оонньуу олорбутум. Ол олордохпуна, хаҥас муннукка бөх иһигэр туох эрэ сууллубун курдук “тилир-талыр” тыас иһилиннэ. Мин кутталбыттан часкыйа түһээт, таһырдьа ойон таҕыстым. Эбэм таһырдьа хаптаҕас ыраастыы олорон, миигин көрөн:
— Хайа, туох буоллуҥ? – диэтэ.
— Кутуйах быһыылаах… – диэтим. Кырдьык, бу ампаар элбэх кутуйахтааҕа. Эбиэс, сэлиэһинэй бурдуга сайыннары-кыһыннары баар буолан, ампаар иһигэр кутуйах аймах кыймаҥнас буолааччы. Мин тохтуу түһэн баран, төттөрү кирдим. Киирэммин, оонньуу олорбут сирбэр төттөрү олордум. “Кутуйах баҕас бурдугуттан ордон, миигин тутан сиэбэт ини” диэн, испэр бэйэбин уоскутуна санаатым. Ол олордохпуна, арай, бөх быыһыттан оҕо чачыгырыы күллэ. Мин этим сааһа аһылынна, куйахам күүрэн “дыр” гынна. Уолуйарга дылы буоллум. Ол эрээри, бу сырыыга хоһуун санаам баһыйда:
— Кимҥиний?! – диэн күүскэ ыйыттым. Им-дьим, ким да хоруйдаабата. Мин харахтарым сүүрэкэлээн олороллор. Онтон, эмискэ, эмиэ оҕо күлэн чачыгыраата. “Миигин ким эрэ күлүү гынар” диэн испэр санаатым. Куттаммытым ааста. Бөх аттыгар уллуҥаҕа тэстибит эргэ хаатыҥкаттан икки кутуйах тахсан, бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэ оонньоотулар. Биирэ бөх быыһыгар сүтэн хаалла. Чочумча буолаат, хаҥас муннуктан матассыыкыл элэмээтин быыһынан былтайан, кыра оҕо миигин одуулаан турарын эмискэ көрө биэрдим. Кутталбыттан уолуйан олорон хааллым. Илиим-атаҕым халыр-босхо барда. Куотан тахсыахпын, атаҕым кыаһыламмыкка дылы буолла. Саҥабыттан маттым. Оҕо миигиттэн хараҕын араарбакка, бөх кэниттэн тахсан кэллэ. Мин саҥата суох кинини көрөн олордум. Итинник төһө өр олорбуппун өйдөөбөппүн.
Бу санаатахха, уола да кыыһа да биллибэт, бэйэм саастыы үстээх-түөртээх оҕо быһыылааҕа. Быыллыйбыт дулҕа курдук күкээркэй өҥнөөх өрөҕөлөммүт баттахтааҕа. Эбэм буһарар лэппиэскэтин курдук төп-төкүнүк сирэйдээҕэ. Сирэйин ортотунан чугас-чугас сылдьар туой өҥнөөх тимэх курдук хааһа суох харахтара киһини тобулу көрөллөрө. Дьиибэтэ диэн, кутуйахтар киниттэн куттамматтар этэ. Биир кутуйаҕы ытыһыгар ылан, мин диэки уунна. Мин этим сааһынан сылаас сүүрбүтүн курдук буолан ылла, уолуйбутум улам ааһан барда, куттаммытым сүтэн хаалла.
Бастаан утаа, биһиги бэйэ-бэйэбитин хардарыта көрсөн кэбиһэ-кэбиһэ, саҥата суох олорбуппут. Онтон түөрт атах буолан, мин аргыый оҕоҕо чугаһаатым.
— Кимҥиний? – диэн ыйыппыппар, оҕо эмиэ күлэн чачыгыратта уонна сөмүйэтинэн миигин ыйда. Кини эргэ куул таҥаһыттан тигиллибит тимэҕэ суох сиэхтээх ырбаахылаах, тобугуттан арыый аллараа сылдьар кыччаабыт курдук ыстааннаах этэ. Таҥаһын иннин өттө киртийэн, килэрийэ сылдьар лаҕыар курдуга. Оннук саҥата суох тугу эрэ быһаарса олордубут. Кини сатаан саҥарбат этэ. “Ыыы… Ааа… Ммм…” эрэ диэн саҥа таһаарара. Балык курдук, тииһэ суох айахтааҕа. Ытыһа, сирэйигэр холоотоххо, кып-кыракый курдуга. Кылгас, ол эрээри имигэс тарбахчааннарынан тохтоло суох тугу эрэ салгыҥҥа ойуулаан көрдөрөр курдук гынара. Оҕоттон ураты быһыылаах эрээри, сэмэй майгылаах, киһини умсугутар, уоскутар дьикти дьүһүннээх этэ. Түөһүгэр киэргэл курдук ситии быаҕа халыҥ, үүттээх хатырык иилиллэ сылдьара. Мин ону ымсыыра көрбүтүм. Ол киэргэлин ылан, тыытаары илиибин ууммуппун, көҥөммүт дуу, сиргэммит дуу курдук туттан, киэр хайыспыта.
Оннук төһө өр ол оҕону кытары оонньообуппун өйдөөбөппүн. Сотору буолаат, эбэм дьиэ айаҕыттан миигин хаһыытаан ыҥырда. Оҕо соһуйа түстэ. Миэстэтигэр туран эрэ чохчоҥолоото уонна миэхэ сөмүйэтинэн этимэ диэх курдук көрдөрдө. Мин эбэбэр таҕыстым. Оҕо хаҥас муннукка бөх быыһыгар киирэн хаалла.
Ол түүн сэниэтэ суохтук, тохтообокко ардах түспүтэ. Боруҥуй түүн этэ. Халлаан илин саҕатыгар, ыаһырбыт хараҥа былыкка чаҕылҕан күлүмнүүрэ түннүк быыһынан көстөрө. Мин ороммор суорҕаным анныгар бүгүн көрбүппүн саныы, сыымайдыы сатаан утуйбакка сыппытым. Хантан кэлбит, кимнээх оҕолоро буоларын кыайан быһаарбатаҕым. Түүнү быһа ол оҕо төбөбүттэн тахсыбатаҕа.
Сарсыныгар, куолубунан аҕабыттан көҥүл ылан, ампаарбар оонньуу таҕыстым. Хаптаһын ааны төлө арыйа биэрбиппэр, кутуйахтар чычыгырыы-чычыгырыы түөрт аҥы ыстаннылар. Мин били оҕоҕо бэрсээри, дьиэбиттэн биир быһыы арыылаах лэппиэскэ тутан таһаарбытым. Ампаар ортотугар эргэ тоһоҕолору тэҥнээн, сөп түбэһиннэрэ, дьаарыстыы, оонньуу олорбутум. Испэр оҕону кэтэһэрим. Чочумча буолаат, хаҥас муннукка оҕо дьэ, күлэн чачыгыраата. Мин кэтэспитим бэрдиттэн: “Кэл, кэл, таҕыс! Маны сиэ…” – диэн оҕону хаҥас муннуктан ыҥырдым.
Түөрт атах буолан, хааһа суох үрдүк сүүһүн аннынан көрөн, ымайа-ымайа тахсан кэллэ. Хап-сабар, ууммут лэппиэскэбин хаба тардан ылан, сытырҕалаан баран, сиэн кимириттэ. Оннук олорон, тугу эрэ букунайа оонньоотубут. Онтон мин, били түөһүгэр сылдьар хатырык киэргэлин эмиэ ымсыыра санаатым. Көрдөр диэн көрдөһөн көрдүм да, оҕом илгистэн кэбистэ. Былдьастым. Ааранан, охсуһан бардыбыт. Тарапачыһыы бөҕө буолла. Онтон кини ампаар ортотунан баҕа курдук ыстаҥалаата уонна эркининэн миигиттэн куотан, сүүрэкэлии оонньоото. Туруору истиэнэнэн кини муостанан сүүрэр курдук сүүрэкэлээтэ. Сыгынньах атахтарынан табыгыратан тиийэн, ыйанан турар ат ыҥыырын мэҥэһиннэ. Мин кини диэки мөҕүттүбүтэ буолан, саҥаран баллыгыраатым. Ол олордохпуна, эбэм эмискэ аһаҕас ампаар аанынан өҥөйө биэрдэ. Сирэйэ-хараҕа турбут көрүҥнээҕэ. Ампаар иһэ доргуйуор дылы хаһыытыы түстэ.
— Кими кытта кэпсэтэҕиний? – диэтэ уонна мин диэки уорбалаабыт, тугу эрэ сэрэйбит курдук кынчарыйа көрдө. Онтон:
— Ким баарый? Туохха кэллиҥ?! – диэн эбэм улаханнык хаҥас муннук диэки хаһыытаата.
— Кэл, дьиэҕэ киирэ охсуохха… – диэт, илиибиттэн таһырдьа сиэттэ. Кэнниттэн ампаар аанын “тилир” гына күүскэ сапта уонна дьэбиннээх күрдьэҕинэн баттатан кэбистэ.
Киэһэ чэйдии олордубут. Эбэм өрүү куолулуур бэйэтэ, бу киэһэ олох саҥата-иҥэтэ суоҕа. Чэйдээн бүтэн эрдэхпитинэ, дьэ, уоһун хоҥнордо:
— Куосаа, сарсын ити ампаар бөҕүн хомуйан кулу эрэ. Сууйан-сотон, сайынын ас-астыыр дьиэ оҥостуохпут этэ буоллаҕа дии… Уоппутун мантан инньэ араараллар үһү, ол иһин ампаар оһоҕун оттон, күөспүтүн онно өрүнүөхпүт… – диэн аҕабын көрдөстө.
Сарсыныгар аҕам бырыссыаптаах тыраахтарынан ампаар бөҕүн барытын тиэйэн сыбаалкаҕа таһаарда. Эбэм ийэбинээн, икки күнү быһа ампаар муостатын, түннүктэрин, истиэнэтин сууйдулар. Намыһах кирпииччэ оһоҕу маҥан кыраасканан соттулар. Ийэм эргэ бырастыынаттан түннүк сабыытын тигэн ыйаата. Миигиттэн улахан көмө тахсыбат киһитэ буоларым быһыытынан, иннилэригэр-кэннилэригэр түсүһэ сырыттым. Ампаар иһэ сып-сырдык буола түстэ. Аҕам ампаар оһоҕун оттон, буруотун үөһэ унаарытта.
Ийэм лэппиэскэ тиэстэтин мэһийдэ, эбэм алаадьы астаан сырдьыгынатта. Алаадьытын сыта аһаҕас ампаар аанынан тахсан, арҕаа дэриэбинэни тунуйарга дылы гынна. Алаадьы сытыттан, ыаллыы турар дьиэ оҕолорун төбөлөрө күрүө быыһынан бытыгырастылар. Алаадьы сиэри үмүөрүһүү буолла. Эбэм: “Ыл, оҕолорго илдьэн кулу, бэрис,” – диэн туспа миискэҕэ биэрдэ. Мин алаадьыны илдьэн, күрүө быыһынан оҕолорго түҥэтээччи буоллум.
Эбэм чабычахха хоточчу алаадьытын буһаран бүтэрдэ. Оһох аанын арыйан, кыһыл чоҕу одууласта.
Олоро түһэн баран, арыылаах алаадьынан оһоҕун күндүлээтэ, муннун анныгар киҥинэйэн тугу эрэ ботугураата. Күө-дьаа туран, алаадьы буспут сойон эрэр арыылаах хобордооҕун ылан, ампаар түөрт муннугар арыытын тобоҕун муостаҕа күн эргииринэн кутта. Мин ампаар айаҕыттан көрөн турдум. Ол икки ардыгар, тыа саҕатыттан най-хара былыттар халлааҥҥа өрө үтэн таҕыстылар. Эмискэ, хара былыт хайа барар тыаһа ампаары дьигиһитэргэ дылы гынна, этиҥ этэн барчаланан барда, самыыр ыаҕастаах уунан кутан курулатта. Мин эбэбинээн ампаар иһигэр ардах тохтуурун кэтэһэн, хаайтаран олордубут. Аһаҕас ампаар ааныттан сөрүүн, сииктээх салгын сайа үрэр. Биһиги ардах түһэр тыаһыгар уйдаран, саҥата суох олордубут…
Өр-өтөр буолбата, ардах тохтоон, халлаан куба кынатын курдук кылбайан, халлан хаалла. Ханан да былыт сыстыбатаҕын курдук, күн мэлдьэһэрдии саба көрөн сандаарда. Салгын күөх от, иирэ талах сытынан дыргыйа түстэ. Тиэргэн улаҕатыттан саҕаланар хатыҥ чараҥ быыһыгар чыычаахтар чыбыгыраһан бардылар. Күн көрбүт үөрүүтүгэр, арҕаа дэриэбинэ бөтүүктэрэ кытта чугдаардылар. Мин таас иһиппин ылан, сииктээх окко үөнү-көйүүрү хомуйа ампаарым ааныттан ыстанан таҕыстым…
Ол кэннэ били оҕо көстүбэт буолбута. Киҥкиниир киэҥ халлаан киэбин анныгар турар бу намыһах ампаар, кэлин даҕаны, миэхэ элбэх кистэлэҥи арыйбыта… Чэ, ону кэлин, бириэмэтэ кэллэҕинэ кэпсиэм…
Семен Луканси,
2020 сыл бэс ыйа, Москва.
Хаартыска: ykt.ru