Бэс ыйын 28 күнэ — Аан дойдуга айылҕа харыстабылын күнэ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ, чуолаан ыччакка, айылҕаҕа сиэрдээх сыһыаны, үөрүйэххэ кубулутууну, экология кыһалҕаларын таба көрүүнү, быһаарыыны эркин сыал оҥостор — Д.Г. Макаров аатынан «Зеленый пояс Вилюя» экологическай пуонда.
2013 сыллаахха Бүлүү улууһун чулуу киһитин, улуус лесхоһун салайбыт Дмитрий Гаврильевич Макаров сырдык кэриэһигэр аймахтарын, доҕотторун көҕүлээһиннэринэн пуонда төрүттэммит.
Пуонда салайааччытынан ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлиир-хамныыр Прасковья Гаврильевна Макарова этэ. Хомойуох иһин, икки сыллааҕыта ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Билигин эдьиийэ Ксения Гаврильевна Поскачина, саҥаһа Пелагея Семеновна салайаллар. «Балтым суох буолбутун кэннэ бастаан, биллэн турар, олус ыарахан этэ. Ол гынан баран, күүстээх санаа ылынаммыт, үлэбитин салгыырга быһаарыммыппыт», — диир Ксения Гаврильевна.
Пуонда үлэтэ-хамнаһа, былаана элбэх. Биир бастыҥ бырайыактарынан буолаллар: «День реки Вилюй», «Кымыс — Дьөһөгөй бэлэҕэ» бэстибээллэр, Наталья Водянова пуондатыттан оҕо былассааккатын туруоруу, «Ыра санаам — ыраас Бүлүү», «Школьные лесничества Вилюя — наследники Героя Советского Союза, воина-лесника Степанова Николая Саввича».
2018 сыллаахха АЛРОСА хампаанньа даамбата тоҕо баран, Бүлүү өрүс киртийбитэ. Онуоха пуонда көҕүлээн, Бүлүү бөлөх улуустарын оҕолоро курутуйуу бэлиэтэ — 4000 кумааҕы кыталыгы оҥорон, Ил Дархан Айсен Николаевка туттарбыттара.
«Оҕо айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыана тутта-хапта сылдьарыгар, күннээҕи олоҕор көстүөхтээх. Маннык иитиилээх оҕо соҕотоҕун да сылдьан айылҕалыын алтыһыы быраабылаларын тутуһарын таһынан, атын дьону эмиэ оннукка көҕүлүөҕэ, холобур буолуоҕа», — дииллэр Ксения Гаврильевна уонна Пелагея Семеновна.
Кыра питомниктары оҥоруу — пуонда эмиэ биир бастыҥ үлэтэ. Ол курдук, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун Н.С. Степанов аатынан Бүлүү 3 нүөмэрдээх, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун А.А. Миронов аатынан Мастаах орто, Социалистическай Үлэ Дьоруойун В.П. Трофимова аатынан Өкүндү орто оскуолаларыгар кыыллары ууһатар сирдэр аһыллыбыттара.
Ону таһынан, «Хомустаах» диэн экология тропата дьон кэрэхсэбилин тардар. Манна быраабылалар, олус элбэх үүнээйилэр, кыыллар тустарынан истиэндэлэр бааллар. Бу Бэрэсидьиэн Гранын өйөөһүнүнүэн тутуллубут.
«Зеленый пояс Вилюя» экологическай пуонда онус сылын үлэлиир. Манна өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан элбэх дьон сылдьан ааһар, сэҥээрэр. Туһалаах, дириҥ ис хоһоонноох үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабыт!