Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар “Суһал көмө” массыыналара бэриллиэхтэрэ

Ааптар: 
28.09.2022
Бөлөххө киир:
“2021-2025 сылларга СӨ доруобуйатын харыстабылын бастакы сүһүөҕүн модернизациялааһын” эрэгийиэннээҕи бырагыраама чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ 22 УАЗ массыынаны атыыласта. Бастакы мэдиссиинискэй көмөнү оҥорор тэрилтэлэргэ анаммыт массыыналар уопсай суумалара 35 285 000 солкуобайга тэҥнэстэ. Бу күннэргэ куораттар уонна улуустар балыыһалара саҥа массыыналары ылыахтара. Дьокуускай куорат 2 уонна 3 нүөмэрдээх балыыһалара, Айхал куорат балыыһата, Амма, Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Бүлүү,

“2021-2025 сылларга СӨ доруобуйатын харыстабылын бастакы сүһүөҕүн модернизациялааһын” эрэгийиэннээҕи бырагыраама чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ 22 УАЗ массыынаны атыыласта.

Бастакы мэдиссиинискэй көмөнү оҥорор тэрилтэлэргэ анаммыт массыыналар уопсай суумалара 35 285 000 солкуобайга тэҥнэстэ.

Бу күннэргэ куораттар уонна улуустар балыыһалара саҥа массыыналары ылыахтара. Дьокуускай куорат 2 уонна 3 нүөмэрдээх балыыһалара, Айхал куорат балыыһата, Амма, Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Бүлүү, Кэбээйи, Ленскэй, Мииринэй, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Таатта, Уус Маайа, Усуйаана, Чурапчы, Эбээн Бытантай уонна Горнай оройуоннааҕы киин балыыһалара “Суһал көмө” массыыналаныахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0