Эрэллээх доҕортон күндү суох

Ааптар: 
31.01.2017
Бөлөххө киир:

Киһи олорор олоҕун устата араас уустук түгэни көрсөр. Иллэрээ сыл ахсынньы ый 26 күнүгэр Мархаҕа турар саҥа туттубут дьиэбитин баһаарга былдьатан, үс улахан киһи биир кырачаан сиэммитин кытта турар бэйэбит эрэ хаалар кыһалҕатын билбиппит.

«Ойуурдаах куобах охтубат» диэн саха өһүн хоһоонугар олус да мындырдык этэн кэбиспиттэринии, бэрт элбэх доҕордоох, табаарыстаах буолан, олохпут саамай ыарахан кэмин чэпчэкитик аһардыбыт. Ол курдук, өр сыл үлэлээн булуммут малбытыттан, таҥаспытыттан-саппытыттан көрө маппыт дьон, иннибитин-кэннибитин кыайан быһаарбат кэммитигэр өйөөн, илиилэрин утары ууммуттарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Эрэллээх доҕоттордоох буолан, ааспыт сайыны быһа сылайары-эйэлэри умнан, доҕотторбут көмөлөрүнэн элбэх субуотунньугунан өссө улахан дьиэни туттан, бу күннэргэ аны гааспыт киирэн үөрүүбүт икки бүк үксээтэ. Саҥа дьиэбитигэр кырачаан сиэннэнэн, олох дьолун толору билэн, буруо таһааран олорон, сылаас үүттээх чэйи иһэ-иһэ үтүөкэннээх доҕотторбутун махтана ахтабыт.

Биһиги эһигини, күндү доҕотторбутун, хас биирдиигитин үтүө санааҕытынан көмөлөспүккүтүн хаһан да умнуохпут суоҕа. Оҕоттон оҕоҕо, сиэнтэн сиэҥҥэ бэриллэн, сис ыал буола олорон, эһиэхэ барыгытыгар биһиги халыҥ аймах үйэ тухары махтана сылдьыахпыт. Дьиҥнээх доҕор туохха да бэриллибэтин сүрэхпитинэн-быарбытынан биллибит. Эһиги үтүө санааҕыт олоххутугар суолдьут сулус буолан, куруук сырдыгы уонна кэрэни саҕа сырыттын!Соркомовтар дьиэ кэргэттэрэ, Дьокуускай, Марха.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0