Эрэлим сүтэн эрэр… өлөн эрэбин… 37 сааспар…

04.02.2021
Бөлөххө киир:

2002 сыллаахха 16 нүөмэрдээх ПТУ-ну бүтэрэн ювелир-монтировщик идэтин баһылаабыт эдэркээн Семен Находкиҥҥа барыта иннигэр этэ. Үөрэҕин бүтэрэн, ыал буолан, уол оҕолонон, дьон тэҥинэн олоҕун саҕалаабыта. Дьокуускай куоракка араас үлэҕэ сылдьан, дьиэ кэргэнин иитэн олорбута. 2009 cыл Семен Находкин олоҕун тосту уларыппыт, өскөтүн бу олоҕун киһи олох диэн ааттыан сөп эбит буоллаҕына…

2009 сыл итии сайыҥҥы күн Дьокуускайга Семен доҕотторун кытта сөтүөлүү сылдьыбыт. Билигин төһө да кэмсиммитин иннигэр, туох да төннүбэт. Тоҕо ол күн кини ум­­саары ууга киирбитэ буолуой? Ол быстах кыл түгэн кини киһи, чөл киһи быһыытынан тиһэх күнүн былдьаабыта. Бу туһунан маннык ахтар:

Эдэрим бэрдиттэн эбитэ буолуо, ууга киирбитим уонна умсубутум. Уу тымныытыттан эбитэ дуу, эмискэ этим-сииним тити­рэстээн барбыта, моонньубун сатаан хамсаппат ынырык ыарыы буолбута. Моонньум эриллибит курдук ­буолбута, бастаан тоһуттум дии санаабытым. Табаарыһым ууттан таһаарбыта. Өр кэм устата тыыммын ылбатах үһүбүн. Онтон дьэ, тыын ылбыппын, сөтөллөн барбыппын. “Суһал көмөнү” ыҥырбыттар. Эмчиттэр көрө да барбатахтар, миигин арыгы испит дии санаабыттар. Массыынаҕа уган баран дьиэбэр аҕалан хаалларан кэбиспиттэр. Оннооҕор моонньубун да өлөрбүтүм туһунан туох да доку­муону толорботохтор.

Түүн ынырык ыарыыттан уһуктубутум. Кэтэҕим, моонньум барыта ыалдьара. Илиим үлэлээбэт ­буолбут этэ. Токуруйан баран сылдьара. Сатаан хамсатар кыаҕым суоҕа. Кэлин доҕотторум кэпсээбиттэринэн, кэргэним тута кэлбит, атын “суһал көмөнү” ыҥырбыттар. Олор кэлэн моонньубун көрөн баран тута Дьокуускайдааҕы иккис нүөмэрдээх балыыһаҕа илдьибиттэрэ. Эрэнгиэн оҥорбуттара. Моонньум тостубутун туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Оччолорго эпэрээссийэ 50 тыһыынча этэ. Кэргэним харчы көрдүү сүүрээхтээбит. Ол кэмҥэ кэтэхпин барытын хору­йан баран эпэрээссийэ оҥорон барбыттар. Моонньум икки уҥуоҕа тостубут. Иккис уҥуох олох да бытарыйан хаалбытын ылан бырахпыттар. Тааһым уҥуоҕуттан быһаннар, атын уҥуоҕу олордубуттар. Онтон атыныгар тимир имплант олордубуттар. Онно бы­­раастар эппиттэринэн, арай миигин тута балыыһаҕа аҕалбыттара буоллар, дьылҕам атыннык салаллыахтааҕа буолуо дии саныыбын. Инникитин маннык ыарахан, муҥнаах олоҕу ама олоруом этэ дуо?

НОВОКУЗНЕЦКАЙГА НАҺАА ДА ЭРЭММИТИМ

Түөһүм алларааттан барыта билигин үлэлээбэт. Дьокуускайга сатаан көмөлөспөтүлэр. Диагноһым биллибэтинэн, неврологическай фантомнай ыарыы диэн суру­йаллар. 2018 сыл муус устарыгар дьэ кубуотаҕа тиксэн куоракка эмтэнэ кэлбитим. Тохсунньу 25 күнүгэр эмтэниини ааһарбар моонньубар искэн баарын булбуттара. Кэриэйэҕэ Пучон куоракка Сунчонхян мэдиссиинискэй киинигэр эмтэнэ барарга 2,5 мөлү­йүөн наада буолбута. Эһиилигэр сылы быһа күүтэн Новокузнецкай куоракка чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ барар буолбутум. Ол эрээри, миэхэ эмтэнии наада этэ. Ол да буоллар, манна наһаа да эрэммитим. Эпэрээссийэ оҥорбуттара эрээри, ыарыым өссө бэргээбитэ. Аны сөмөлүөтүнэн көтөрбүтүгэр сытан айанныыр буоламмын, хас да билиэти бэйэбит үппүтүнэн атыыласпыппыт. Онтон дойдубар айанныырбар биир оннук эрэйи-муҥу көрсүбүппүт. Итиннэ барытыгар ийэм барахсан биир түүн хараҕын симпэккэ, аттыбар куруук баара.

МАТАРААС ЫЫППЫТ ДЬОҤҤО МАХТАНАБЫН

— 2012 сыллаахха миигин инбэлиит диэн хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ уочаракка туруорбуттара. Аҕыс сыл күүттүбүт. Күн бүгүнүгэр диэри икки этээстээх мас эргэ дьиэҕэ олоробут. Онтон биир күн Дьокуускайтан эрийэн, сэртипикээти миэхэ сыыһа суруйбуттарын эппиттэрэ, онон уочараттан төрүт да сотуллан хаалбытым. Бастакы эпэрээсси­йэм кэннэ син олорор этим, оннооҕор массыына ыытарым. Биир күн шуруптардаах моонньум пластината айахпынан тахсан кэлбитэ. Хас да шуруп тиийбэт этэ. Шланчигы эпэрээссийэ оҥороллоругар хабахпыттан булан бырахпыттара. Бэйэм туспар бэйэм уонна ийэм эрэ кыһаллар.

2020 сыллаахха оптоволокно киирэн, интэриниэт сибээһэ баар. Онон, дьон көмөлөһөн киһилии матараастанным. Хас эмит сыл устата сытаммын, поролон мата­рааһым ыдьырыйан, киһи сатаан сыппат үлүгэрэ буолбута. Үтүө санаалаах дьон көмөлөһөн, Дьокуускайтан “Матрасон” маҕаһыын матараас бэлэх ыыппыта. Ол кэннэ тута Тина Куприянова диэн үтүө санаалаах киһиттэн эмиэ матараас бэлэх туппутум.

Тоҕо бу олоххо барыта наһаа уустугуй? Мин бастакы группа­лаах инбэлиит ийэбэр иитиллэн, кини бүтэһик харчытыгар эмп-томп ылларан олорорбуттан буруйданабын. Билигин сааһым 37. Ама бачча сааспар олоҕум бүтэр дуо дии санаатахпына, санаам оонньуур. Саатар бу ынырык ыарыыны үмүрүтэр туһуттан күн ахсын хастыы эмит эми иһэбин, кэлин этим-сииним онно үөрэннэ ­даҕаны…

ИЙЭБИН ИЛ ДАРХАННЫЫН КӨРҮҺҮННЭРБЭТЭХТЭРЭ

— Бу соторутааҕыта оро­йуоммутугар Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев кэлбитин истэн ийэм көмө көрдөһө тиийбит. Ил Дархан биһиэхэ кэлбитэ кини норуокка чугаһын көрдөрөр, ол эрээри, кыһалҕалаах киһини көрүһүннэрбэтэхтэриттэн ийэм хомойбут этэ. Ханнык баҕарар ийэ, оҕото төһө да сааһырдын, тыыннааҕын тухары оҕотун дьылҕатыгар долгуйар. Билигин миигин ийэм эрэ ыарыылыыр. Уолум Сережка куораттан кэлэн барбыта. Кэргэмминиин бииргэ олорбоппут, ол эрээри сыһыаммыт үчүгэй. Доруобуйа харыстабылын ми­­нистиэристибэтэ кыһалҕабын ылыммакка, миигин Уус Маайа балыыһатыгар эмтэнэрбэр сүбэлиир, туох-­баар барыта өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа быһаарыллар, онно эмтии даҕаны ылбаттар, Арассыыйа куоратыгар ыытар туһунан тыл да суох. Оччотугар биһиги улууска олорооччулар маннык чуумпутук өлөр анал­лаах ­буоллахпыт буолуо…

Мин элбэх сиргэ көрдөһөн суруйдум, бу кыһын Ил Дархан быһа эпииргэ тахсыбытыгар көрдөһөн суруйбутум, кини ылынан, өрөспүүбүлүкэ дьаһалтатыттан сурук туппутум. Онно кинилэр миигин федеральнай килииникэҕэ эмтэтэ ыытар туһунан суруйбуттар этэ. Билигин ханнык килииникэ ыҥырарын кэтэһэбин, эмиэ дьонтон айаммар, эмтэниим төлөбүрүгэр көрдөһөрбүттэн са­­наарҕыыбын. Ыҥырдахтарына, арай айаммын, эмтэниибин уйуннахтарына, ийэм санныттан төһөлөөх кыһалҕа түһүө этэй… маны ааҕан баран, баҕар, Доруобуйа харыстабылын ми­нистиэристибэтэ кыһанаарай, тас дойдуга эбэтэр Арассыыйа куоратыгар эмтэнэ, эпэрээссийэлэнэ барарбар көмөлөһөөрөй?

АЙЫЫ КИҺИТЭ АҺЫНЫГАС

Семен Павлович Находкин

Сбер МИР 2202 2009 1672 2422

Моб баан 8964 4242908

Ийэтэ Ирина Афанасьевна Находкина

8984 118 6470 (моб баан)

Семен Находкиҥҥа көмөлөһүөн баҕалаахтар бу нүөмэрдэргэ эрийэн билсиҥ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0