“Сайсары” бааһынай ырыынагар дьыл хайа баҕарар кэмигэр бэйэ сиригэр оҥоһуллубут ас-үөл дэлэччи атыыланар. Кэбээйи собото, Аллайыаха чыыра, Таатта эмис этэ, чугастааҕы улуустартан аҕалыллыбыт үүт-эт аһылык хара баһаам. Ол гынан баран, сыаната “тос” курдук буолан, киһи элбэҕи атыылаһыан кэрэйэр. Дьиҥэр, олохтоох оҥорон таһаарааччылар, ол иһигэр Нам улууһун биир бөдөҥ хаһаайыстыбата «Эрэл» кэпэрэтиип аһын-үөлүн бэйэтин сыанатынан нэдиэлэ ахсын атыыга аҕалан туттараллар. Ааспыт ый бүтүүтэ Нам улууһугар бара сылдьан, номнуо 2000 сыллар саҕаланыыларыттан таһаарыылаахтык үлэлии олорор “Эрэл” тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин үлэтин билистибит.
Ньургун Гуляев салайааччылаах “Эрэл” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибэ 97 үлэһиттээх, 19 производственнай эбийиэктээх. Нэһилиэк аайы үүтү тутар пууннар, арыы сыахтара үлэлиир буоланнар, улуус олохтоохторо миэстэтигэр үүттэрин туттара олороллор. Нам сэлиэнньэтигэр үүтү астыыр сүрүн собуот үлэлиирин таһынан, оҕуруот аһын уурар улахан ыскылааттаахтар уонна буойуналаахтар.
– Бакыаттаах үүт, сүөгэй, кефир, суорат, иэдьэгэй, арыы, йогурт курдук үрүҥ астары астааммыт улууспутугар эрэ буолбакка, Дьокуускай куоракка эмиэ батарабыт. Маны таһынан, сылга ортотунан 13-14 туонна эти нэһилиэнньэттэн тутан, бэлимиэн, эриллибит эт оҥоробут. Намҥа билигин үс “туочукалаахпыт”. Итиэннэ бородууксуйабытын чааһынай маҕаһыыннарга туттаран атыылаттарабыт. Куоракка сайыҥҥы кэмҥэ үс-түөрт сиргэ дьоҕус маҕаһыыннары аһан үлэлэтэбит, – диэн Ньургун Феофанович кэпсээнин саҕалаата.
Куоракка хас да маҕаһыыны аһыахтара
“Эрэллэр” бородууксуйаларын киин куорат олохтоохторо былдьаһыгынан ылаллар диэн эттэхпинэ алҕаһаабатым буолуо. Биирдэ эбит маҕаһыынтан атыылаһаары ыйыталастахха, номнуо бүппүт буолааччы. Чааһынай маҕаһыыннар дохуот аахсаары сыананы төһө да балтараа бүк үрдэтэн атыылаабыттарын үрдүнэн, куорат олохтоохторо туох да эбилигэ суох, экологическай өттүнэн ыраас аһылыгы хото ылаллар.
– Билигин кыһыҥҥы сыананан аспытын атыылыыбыт. Ыам ыйыттан сайыҥҥы сыанаҕа көһөн, арыый намтаан барыаҕа. Холобур, билигин биир лиитирэлээх бакыакка кутуллубут үүтү 80 солкуобайга илдьэн туттарабыт. Кефир эмиэ оччо сыаналаах. Маҕаһыыннар бэйэлэрэ көрөн сыаналарын бигэргэтэллэр. Фирменнэй маҕаһыыннарбытыгар бэйэбит сыанабытынан атыылыыбыт, – диэн Ньургун Феофанович бородууксуйатын сыанатын туһунан кэпсиир.
Маҕаһыыннар уонна ырыынакка турааччы “перекупщиктар” оҥорон таһаарааччылартан чэпчэки сыанаҕа табаары атыылаһан баран, сыаналарын үрдэтэн атыылыыллар. Дьиҥэр, манна хонтуруол күүһүрэрэ буоллар, бэйэ сиригэр оҥоһуллубут бородууксуйа сыаната сиэри таһынан үрдүө суох этэ. “Эрэллэр” куорат олохтоохторугар бэйэлэрин сыаналарынан астарын-үөллэрин атыылыыр санааттан, быйыл эмиэ Киров уулуссатын 13-гэр, “Сайсары” бааһынай ырыынакка, “Лакомка” маҕаһыыҥҥа уонна Мархаҕа “Больше-меньше” маҕаһыын таһыгар дьоҕус “туочукалары” аһан үлэлэтэр былааннаахтар.
60–65 солкуобайга үүтү туталлар
Былырыын “Эрэл” кэпэрэтиип 2402 туонна үүтү тэрээһиннээх хаһаайыстыбалартан туппута. Быйыл эмиэ итиччэ туоннаны тутар былааннаахтар. “Кэтэх хаһаайыстыбалартан биир лиитирэтин 20 солкуобайга 153 туонна үүтү туппуппут. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар сайын 60, оттон кыһыҥҥы өттүгэр 65 солкуобайга туттараллар. Кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон үүттэрин харчытын сороҕун арыынан ылар. Билигин эмиэ арыынан ылаары хас да киһи сайабылыанньа суруйда. Арыы быйыл кыһын олох дэписсиит буолла. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн арыыны оҥоруу ортотунан отут бырыһыан кыччаабытын этэллэр. Биһиэхэ эмиэ оҥорон таһаарыыга арыыбыт кыччаабыта. Арыы сыаната куоракка тыһыынчаттан тахса сылдьыбыта. Быйыл биһиги сыананы тутан олоробут. 700 солкуобайга билигин атыылыы олоробут. “Эрэл” ТХПК чилиэннэрэ арыыны арыый чэпчэки сыанаҕа атыылаһаллар”, – диэн бэрэссэдээтэл үүтү тутуу, арыы сыанатын туһунан этэр.
Үүтү астыыр сыахха
“Эрэл” ТХПК үүтү астыыр сүрүн собуота Нам улууһун киинигэр баар. Билигин собуокка маастар, оператор, лабараан, наладчик уонна оробуочайдар үлэлииллэр. “Кыһынын үүт туттарааччы ахсаана лаппа аҕыйаан, оҥорон таһаарыы кээмэйэ биллэ намтыыр”, – диэн кэпэрэтиип уопуттаах үлэһитэ, маастар Наталья Оконешникова кэпсиир. Наталья Михайловна Улан-Удэ куораттааҕы механико-технологическай тиэхиньикумҥа “үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарыы маастара” диэн идэни баһылаан, 1976 сыллаахха Саха сиригэр ананан үлэлии кэлбитэ. Үлэтин Намҥа 1-кы Хомустаахха үүт сыаҕар саҕалаабыта, 2003 сыллаахха “Эрэл” ТХПК маастарынан киирбитэ.
“Собуот үлэтэ сарсыарда эрдэттэн саҕаланар. Үүтү бастаан лабораторияҕа анаалыстаан баран, салгыы үүтү астыыр сыахха киллэрэбит. Хас да сыллааҕыта үүт сыаҕар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыта. Арассыыйаҕа оҥоһуллубут “Таурас Феникс” саҥа оборудованиены аҕалан туруорбуппут. Үүтү анал хордуон иһиккэ кутар аппараакка биир киһи үлэлиир”, – диэн Наталья Михайловна үлэтин туһунан кэпсиир.
Оҥорон таһаарааччылар астарын-үөллэрин барытын анал иһиккэ кутан, суулаан баран атыылыыллар. Билигин сааҥсыйанан сибээстээн, ханна да буоларын курдук, “таара” боппуруоһугар ыарахаттар үөскээтилэр. “Сыана лаппа үрдээтэ. Биһиги былырыын арыый элбэҕи атыылаһаммыт, сайын ортотугар диэри тиийэр саппаастаахпыт. Билигин хордуон иһитинэн хааччыйар тэрилтэлэри кытары кэпсэтэ олоробут. Кинилэр урут “еврокартон” диэнинэн оҥороллоро. Билигин онтулара Арассыыйаҕа киирбэт. Онон Арассыыйатааҕы хордуоҥкаҕа көһөбүт. Онтубут дьүһүнэ маҕан буолбатах. Аны поставщиктар сыаналара 20-25 бырыһыан үрдээтэ”, – диэн Ньургун Феофанович этэр.
Кириисиһи утары дьаһаллар
Урут сэбиэскэй кэм саҕана “фляжнай атыы”, ол эбэтэр бэйэ иһитигэр кута атыы диэн баара. Ону сөргүтэргэ билигин өрөспүүбүлүкэ оҥорон таһаарааччылара толкуйдууллар. “Эрэллэр” эмиэ ити суолу тутуһан үлэлиир санаалаахтар. Нам сэлиэнньэтигэр саҥа аһыллыахтаахтаах маҕаһыыннарыгар “фляжнай атыыны” киллэриэхтээхтэр. Холобур, олохтоохтор бэйэлэрин иһиттэригэр үүтү, кефири, сүөгэйи куттаран атыылаһыахтарын сөп. Мантыҥ сыаната арыый чэпчэки.
“Эрэл” кэпэрэтиип Нам улууһун уонна Дьокуускай куораты үүт аһылыгынан хото хааччыйа олорор, бигэ туруктаах тэрилтэҕэ кубулуйбута быданнаата. Кэпэрэтиип саҥа үүт собуотун тутан үлэҕэ киллэрдэҕинэ, үүт аһылыгы оҥоруу кээмэйин лаппа элбэтэр былааннаах.
Ааптар хаартыскаҕа
түһэриилэрэ.