V
Өкүлүүнэ Арамаанынаан үс атахтаах төгүрүк сахалыы остуолларыгар киэһээҥҥи күөстэрин аһыы олороллор. Кинилэр оҥоһуу лапсалаах, кырбаһынан буһарыллыбыт эттээх миини иһэллэрин сөбүлүүллэр. Сылаас, хойуу эттээх миини сүөгэйдээн баран астына иһэрин, этин сааһынан ип-итии сүүрээн илгийэ сүүрэрэ, эбиитин оһох тигинэччи оттуллан, дьиэни сылааһынан угуттуура, хайа саха ыалын үөрдүө суоҕай? Апросимовтар эмиэ оннук дуоһуйууга киирэн олорон, күннээҕи иирбэ-таарба дьиэ иһинээҕи сонуннарын оргууй наллаан кэпсэтэ олордулар.
— Бүгүн Колябыт эбиэттэн киэһэ балыыһаҕа бара сылдьан өрө көтөҕүллэн аҕай кэллэ. Хоһугар киирэн сыппахтыы түһээт, оскуолаҕа барардаахпын диэн ыстаммыта. Хаһан да киэһэтин оскуолаҕа барбат буолар этэ,- Өкүлүүнэ аҕаларыгар чэй кута олорон кэпсиир.
— Уолаттара кучуйан барда ини. Ол балыыһаҕа туохха бара сырытта?- Арамаан соһуйбуттуу көрөр.
— Оскуола оҕолоро прививка ылаллар быһыылаах.
— Ээ, сөп. Улахан дьоҥҥо биэрэллэрэ дуу? Былырыын прививка ылан, хайдах эрэ кириипкэ ылларбатах курдук саныыбын ээ,- Арамаан сэҥээрэ түһэр.
— Ээ, мин итэҕэйбэппин. Сыл ахсын ылар курдукпун да, хас кириип кэллэҕин ахсын ыалдьабын. Биир ыйдааҕы пенсиям эмкэ бүтэр,- Өкүлүүнэ күлэн, үрүҥ тииһэ кэчигириир. – Оо, хата, оҕом кэллэ. Коля, кэл, мииҥҥин тымныйа илигинэ иһэ оҕус.
Уол элбэх ыҥыттарыыта суох остуолга олорон, миини кытта арыылаах килиэби харса суох мотуйбутунан барар.
-Хайа, Коля, туох сонуннааххын? – имири-хомуру аһыы олорор уолун аҕата таптаабыттыы көрөн олордо.
— Балыыһаҕа бара сырыттым. Найыына Николаевна атахпын тутан-хабан көрөн баран, Соҕуруу Кореяҕа маны кыайаллар диэтэ. Биһиэхэ да оҥоруохтарын сөп үһү. Кини аҕата, ийэтэ уонна Наина Николаевна бэйэтэ хирурдар эбит. Сарсын, ийээ, эйигин көрсүөх буолла,- Коля төрөппүттэрин үөрбүт хараҕынан иккиэннэрин хардары-таары көрдө.
— Оо, куттала бэрт буолбатах дуо? Улахан, сиппит киһи уҥуоҕун хаттаан тоһутан сөпкө тутар ыарахан буолуо ээ, — ийэтэ куттана түһэр.
— Ол «бырааспыт» киһи карточкабар тугу да суруйбатах эбит. Ону күнүн-дьылын ыйан туран, атаҕым историятын толороору гынар, — уол ийэтин диэки куһаҕан баҕайытык көрөр.
— Сөп, сөп. Ыйыттаҕына, кэпсиэм буоллаҕа. Иккиэн дьэ, Апросимовтарын хаанын киллэрэн өргөс курдук көрөн олордулар дии. Харчылаах дьоҥҥо Соҕуруу Корея эрэллээх буолуо эбит. Манна Дьокуускай куоракка оҥорторор сэрэхтээх. Олох атаҕа суох оҥоруохтарын сөп. Хас сыл ааста?
— Бүт эрэ. Кыһытар буоллаххына, суолу-ииһи, ханна тиийэри барытын ыйар киһи баар буоллаҕына, Соҕуруу Кореяҕа барбыта ордук. Дьиҥинэн, эрдэттэн да толкуйдуохха баар этэ. Ону биһиги ийэбит олох туохха да кыһаммат, ыйыталаспат. Биир үөр сылгыны атыылаатахха, Соҕуруу Кореяҕа, саатар, суол аҥарыгар тиийэр ини?
— Чэ, мин уолаттарга бардым. Сотору кэлиэм. Онтон эппэрээссийэлэннэхпинэ, атаҕым чахчы көнөр буоллаҕына, туохтан да тутуллубаппын. Үйэм тухары дьонтон итэҕэстийэн, инбэлиит аатын ылыахпын баҕарбаппын, — Коля олоппоһун тыастаахтык анньан, куукунаттан тахсан барар.
— Ити уол кыыһырдаҕына, хараҕын түҥнэри көрөн, баттаҕа өрө туран, тыастаахтык хааман үүт-үкчү эн аҕаҥ, эһэтин курдук буола түһэр, — ийэлэрэ аҕатын диэки хомуруйардыы көрөр. – Бары миигин өстөөх курдук көрөҕүт да, оччолорго эн да баарыҥ дии, тоҕо кыһамматаххыный? Мин эрэ ыйыыбынан олох олорбут киһиэхэ дылы хообургуу олороҕун.
— Эһэтин баппакка кими батыай? Уолаттартан саамай биһиги аймаҕы баппыт кини эрэ, — аҕалара санаатын этэ олордо.
— Бар, сыспай сиэллээххин аһата тахсыбакка, киһи хараҕын аала олорума. Таһырдьа таҕыс дуу, хайаа дуу?- ийэлэрэ кыйахаммыттыы сирэйэ-хараҕа дьэс кытарбыт.
— Олус да кыыһыран түһэҥҥин. Буруйдааххын буруйдаах диэбэккэ, туох баарый? Эн тута улууска хирурга барыахтаах этиҥ. Мин да бэйэбин буруйдааҕынан ааҕыммат буолбатахпын.
— Онтон хас сырыы ахсын киһини хомпуустаабакка, былыр үйэтээҕи буолбут суолу эйэ-дэмнээхтик кэпсэтэр табыллыбат дуо? Дьылҕа хаан ыйааҕа диэн эмиэ баар.
-Дьылҕата диэри гынаҕын дуо? Оһоллонон атаҕа көнтөс буолбута эмиэ дьылҕа диэн ааттанар муҥа буоллаҕай? Медиктэр, төрөппүттэр өртүлэриттэн дьалаҕай быһыы ини?
— Чэ, бүт. Уолум туһугар мин эмиэ кыһаллыбат үһүбүн дуо? Чахчы кыайар буоллахтарына, тэбэнэн да туран эмтэтиэхпит буоллаҕа, — Өкүлүүнэ Арамаанын диэки сымнаҕастык көрөрүн быыһыгар эйэ-дэмнээхтик саҥарар.
— Хата, инньэ диэ. Наина Николаевнаны көрсөн кэпсэтиэҥ этэ. Ити киһи ситэ ыйыппатаҕа да, истибэтэҕэ да буолуо. Кредит да ылан ыытыахпыт. Оҕом кырдьар-сорсуйар сааһыгар диэри наар инбэлиит аатыран, биһигиттэн хомойо сылдьыан баҕарбаппын.
— Билигин иһиппин хомуйан баран, маҕаһыыҥҥа бара таарыйа балыыһаҕа охсуллан ааһыам. Сирэй көрсөн кэпсэтэн көрүллүө этэ.
— Сөп, чэ. Мин Уйбааммар бардым. Тугу эмэ көмөлөһүөм. Хаарыан киһи… куһаҕан ыарыыга ыалдьан олус эрдэ бараахтаата. Дьиҥинэн оҕо сааһыттан алдьархай тэтиэнэх, чэгиэн киһи этэ. Ыһыахтарга тустан, хапсаҕайдаһан, мас тардыһан, сүүрэн тэҥнээҕин булбата, иннин кимиэхэ да биэрбэтэҕэ. Маастар буолуох киһи эрдэ кэргэннэнэн, үөрэммэккэ-дьарыктаммакка хаалан хаалбыта.
— Ыһыахтарга күлүмэх курдук сүүрэн, дьон-сэргэ астынар аҕай этэ. Нэһилиэккэ үчүгэй физкультура учуутала, тириэньэр суоҕа тэптэ быһыылаах. Оҕо сырыттаҕына, эккирэтэ сылдьан дьарыктыыр тириэньэрдээҕэ эбитэ буоллар, кырата маастар буолуохтааҕа хааллаҕа,- Өкүлүүнэ сэргиир.
Дьиэлээхтэр эйэ-дэмнээхтик кэпсэтэллэр, дьиэттэн тахсан бараллар.
VI
Наина Николаевна, бүтэһик ыарыһаҕы көрөн бүтэн, тыыллаҥнаамахтаан ылла. Көһүйбүт эбит. Ити эдэр ийэ оҕотун аанньа ахтан көрбөт дуу? Дьүдэҕэ сүр, улуус киинигэр көрдөрө киир диэтэххэ буолуммат, аҕыс-тоҕус ыйдаах оҕо курдук. Олох аһаабат диир. Хаана олох суох, эбиитин анемиялаах. Социальнай үлэһиттэргэ этэн, туох эрэ быһаарыныыны ылыммыт киһи. Улуустааҕы реабилитационнай кииҥҥэ бииртэн алта ыйыгар диэри көрүүтэ-истиитэ суох оҕолору ылаллар эбит. Онно бэрдэрбит киһи. Кэм, үчүгэй усулуобуйаҕа, аһаан-сиэн, арыый да өрүттүө этэ. Чэ, бээ, барыахха, — кыыс түргэн соҕустук ойон туран, халаатын уһула охсон, таҥнан таһырдьа таҕыста. Сааскы сибиэһэй салгын сайа оҕуста. Саас барахсан кэлэ оҕустаҕа түргэнин. Хаар чарааһаан, көмүрүө хаар тахсан, сири-дойдуну күн уотуттан араас өҥүнэн күлүмүрдэтэ оонньотон, киһи хараҕа саатар чаҕылхай күнэ буолбут. Сотору халлаан сылыйан, бадараан бөҕө тахсара буолуо. Өрүс суола сабыллан, сырыы тохтуо дииллэр да, “Ирбис” диэн абыраллаах айан тэрилэ баар. Куоракка хайа да кэмҥэ сырыы тохтообот. Өссө сотору илин эҥэргэ муоста тутуохтара диэн үөрдэллэр. Чэ, тутулуннун. Дьон олоҕун уйгута тупсуо этэ.
Кыыс төбөтүн кыҥначчы туттан аргыый наскылдьыйа хааман иһэн, иннигэр суолун бүөлүү уолаттар дьирэс гыммыттарыгар соһуйан, өрө чинэккэлии түстэ.
— Наиначаан, ханна бардыҥ? Үлэҥ чааһа бүттэ дуо?
— Бүтэн, онно туох баарый? – кыыс уолаттар ыган кэлбиттэригэр кэннинэн тэйэн биэрдэ.
— Бачча үчүгэй кыыс соҕотоҕун олороҕун? Чуҥкуйбаккын дуо? Кулуупка тоҕо сылдьыбаккын, куорат кыыһабын диэн улахымсыйаҕын дуу? “Тиэтэйбит” киинэ кэлбит. Киэһээ 7 чаастан буолар, кэлээр, ыҥырабыт,- “Бөһүөлэк бастыҥ уолабын” дэнээччи Миисэ уол кыыс иннин күөйэ сырытта. Сибилигин охтуох курдук тэмтэриҥниир, айаҕыттан арыгы дьаардаах сыта аҥкылыйар уолу тумна сатаата.
— Ээ, чэ барыаҕыҥ. Билигин баһылыкка тыллаатахтарына, участковайга биллэрэн, улууска төттөрү-таары тиэһиннэхпитинэ, дьыалабыт хаахтыйар буоллаҕа. Буруйдаах син-биир биһиги, куһаҕан дьон, буолуохпут, — уһун акылдьыйбыт уол табаарыһын тута сатаата.
— Ээ, суох. Быраас, мааны да кыыс буоллун. Биһиги да дьоннорбут ээ. Кини биһигиттэн туох ордуктааҕый? Хата, ааҕыстахха, биһиги ордуктаах инибит,- Миисэ табаарыһын илиитин киэр садьыйаат, илиитинэн тиэрэ-маары дайбаан, өрөһөөхтөнөн барда.- Дьэ, бэйиккэй, иннигин тымтыктанан көрбүт суох, сааппакка, сотору биир муостаҕа туруохпут.
— Быраас кыыстан ордоору гынныҥ дуо? Бардыбыт, — Өстүөпэ табаарыһын тардыалаһарын тохтоппот.
— Ээ, бар,- Миисэ табаарыһын тиэрэ саайан түһэрдэ.
— Хайа, бу тугуй?- кытаанах соҕус саҥа иһиллибитигэр Миисэ соһуйан хонос гына түстэ.
— Ээ, илиитигэр баабый күүстээх Коля уолгун дуу, дьэ, киирсэн көрүөх эрэ, хайабыт буолар. Мин да эдэр эрдэхпинэ, иҥиирдээх уол этим. Сиртэн сэрбэйбэккэ сылдьан, убайдаргар куоласкын сонотоҕун дуу? Кэл эрэ,- диэт, туох баар күөнүнэн уолга саба түстэ. Коля сымса баҕайытык халбарыс гынаат, уолу аҥар илиитин эрийэ тутан баран, умса аспытыгар, тоҥуу хаарга сирэйинэн баран түстэ. Уолаттар мочоолоһор кэмнэригэр Найыына сорунуулаахтык түргэн хаамыынан дьиэтигэр барда. Аҕылаан-мэҥилээн, дьиэтин аанын күлүүһүн титирэс илиитинэн нэһиилэ аһан киирээт, иһиттэн түргэн үлүгэрдик хатаан кэбистэ. Төттөрү-таары хаамарын быыһыгар тас таҥаһын уһулан, халаатын кэтэ охсон, электрическэй билииткэҕэ чаанньыктаах чэйин сылыта уурда, телевизорын холбоон тыс гыннарда. Үүттээх хойуу чэй иһэн уоскуйуо. Онтон сонуннары истэн, “Күдээринэ күүрээн” сериалын көрөн баран, вызов суох буоллаҕына, эрдэ да буоллар утуйуо этэ. Дэлби сылайда. Сатахха, ити уолаттар туругун ыһан кэбистилэр. Бүгүн кулуупка баран “Тиэтэйбит” киинэни көрөр былааннааҕа. Кини оҕо эрдэҕиттэн да классик суруйааччылар айымньыларын сөбүлээн ааҕар этэ. Ол бука ийэтин эдьиийэ Марина Тарасовна, саха тылын уонна литературатын учуутала, батыһыннара сылдьан ааҕарга үөрэппититтэн буолуо. Бэл, эдьиийин курдук саха тылын учуутала буолара буолуо дииллэрэ да, ийэлээх аҕатын көрө улаатан медик буолар баҕата баһыйбыта. Дьиктитэ баар, эмп сытынан аҥкылыйбыт балыыһа сытын күн бүгүнүгэр диэри сөбүлүүр. Ити эмискэ Коля хантан күөрэс гыммыта буолла? Атаҕа үчүгэйэ буоллар, спортка ыраатыа эбит. Күннээх халлааны бүтүннүү сабардыах көрүҥнээх киппэ уолу начаас оннун булларда буолбат дуо? Хап-харанан дьоһуннаахтык, ол эрээри эмиэ да таайтарыылаахтык көрбүт уол тоҕо эрэ кини суолугар олус элбэхтэ көстөр буолла. Икки өттүттэн бэйэ-бэйэни сөбүлэһэ көрсөр чуубустуба үөскээбитэ буолуо дуо? Кэбис, оҕо буоллаҕа, 18-таах уолга уонна 23 саастаах кыыска туох интэриэс, сибээс баар буолуон сөбүй? Биэс сыл разница улахана бэрт. Өссө кини оскуолаҕа алта сааһыгар эрдэлээн киирэн, наһаа сааһырбакка, үлэһит буоллаҕа. Бииргэ үөрэммит кыргыттара: “Саамай кырабыт, оҕобут, аччыы-аччыы, өйө бэрт ээ”,- диэн күлээччилэр. Оскуолаҕа, университекка уолга олох наадыйбатаҕа. Дьэ, билигин кэлэн, сиртэн халлаан ырааҕын кэриэтэ, эдэр оҕону саныыр буоллаҕа үһү. Киһи кыбыстыах. Никита Алексеевич эйигин сөбүлүүр, көрдө да хараҕа чаҕылыйа түһэр дииллэр да, тоҕо эрэ сүрэҕэ тэппэт, төһө да табаарыстыы истиҥник кэпсэттэллэр, хата, Нината сөбүлүүр курдук. Уолу көрсө түстэҕинэ, иэдэһэ тэтэрэ түһэр, тылынан кынаттаммыт бэйэтэ чуумпуран хаалар. Кинилэри холбооттообут киһи, бэйэ-бэйэлэригэр барсар, үчүгэй пааралар. Бэҕэһээ Нината этэн эрэрэ: “Наһаа оскуола үөрэнээччитэ диэн уолу сэнээмэ. Уол дьиҥнээхтик сөбүлүү көрбүт быһыылаах, тоҕо эрэ биһиги харахпытыгар быраҕыллара элбээтэ. Дьылҕа-хаан диэн баар ээ. Ону хайдах да тумнар, куота көтөр кыах кимиэхэ да суох. Уол, чуолкай, интэриэһиргиир. Ыалдьартан илии арахпат, таптыыртан харах арахпат диэн итини этэн эрдэхтэрэ.”
Эмискэ иннигэр сытар сотовай телефона тырылаабытыгар көрбүтэ, ийэтин нүөмэрэ тахсан кэллэ.
— Алуо…- кыыс телефонун илиитигэр ылла.
— Найыына, хайа, үлэлээн бүттүҥ дуо? – ийэтин саҥата аттыгар баардыы чаҕаарда.
— Сибилигин аҕай кэллим. Туох сонун?
— Аҕаҥ үлэтиттэн кэлэ илик. Ыарахан эппэрээссийэлээх. Хойутуу бүтэбин диэбитэ. Тугу астанан аһаары олороҕун?
— Аата, ийээ, кыра оҕоҕо дылы ыйыттаххын. Аһаан сырыттаҕым дии. Маарын күнүс Ниналаахха аһаабытым. Ийэтэ наһаа үчүгэй эттээх миин буһарбыт этэ. Онон олох нүөл олоробун.
— Ээ, чэ, бэрт. Аҕаҥ били уолу понедельникка көрдөрө кэлиэ этэ диэбитэ. Рентгеҥҥэ түһэриэхпит, консультациялаһыахпыт, медицинскэй консилиум оҥоруохпут диэбитэ.
— Аҕам дуо? Сөп. Мин бэйэм барсан эмиэ рентген түмүгүн көрүөм этэ.
— Сөп, этиэҕим. Тугуй, ити уолга тоҕо наһаа кыһанныҥ? – ийэтэ токоолоһор.
— Эс, ыарыһаҕым буоллаҕа. Оскуола оҕото.
— Ээ,- ийэтэ күлэр саҥата иһиллэр.- Эн аҕаҥ миигиттэн оруобуна биэс сыл балыс да, кимнээҕэр өйдөһөн отутус сылбытын олоробут.
— Чэ, бүттүбүт, ийээ. Эмиэ үөннүрэн эрэр. Мин сөбүлүүр аспын мантыны уонна фаршированнай собону буһараар эрэ,- диэн кыыс атаахтаабыт куолаһынан саҥарар. Сотовай телефонун саба тутарын кытта, өрө тырылыы түһэр.
— Найыына, түргэнник кэл. Киинэҕэ билиэт ыллым. Саҕаланара чугаһаата,- дьүөгэтин Нина куолаһа өрө умайыктана түстэ.
Татьяна Находкина.
Хаартыска: ru.freepir.com