ЭРЭЛ САНАА (СЭҺЭН)

Ааптар: 
21.05.2021
Бөлөххө киир:

I чааһа

Күһүн. Ылааҥҥы күннэр үүнэннэр, оҕо-аймах таһырдьаттан киирбэт үлүгэрэ. Уолаттар үөрэх бүттэр эрэ, футболлаан, күнү-дьылы барыыллар. Төттөрү-таары сырсан, спортивнай бэргэһэлэрин кэтэхтэригэр тиийэ өрө анньан, тиритии-хорутуу бөҕө буолаллар.

Коля футболлаан, уолаттарын кытта төһөлөөх оонньуон, сүүрүөн-көтөн баҕарара буолуой да, оонньуур кыаҕа суох. Атаҕа көнтөс. Саатар, кылгас эрэ эбитэ буоллар, син тобуга хамсыа этэ буоллаҕа. Онтон киниэнэ олох хамсаабат. Көбүс-көнө. Олох кыра эрдэҕинэ, үс саастааҕар, аһыыр төгүрүк остуол, тоҕо эбитэ буолла, түөрэ ыстанан, түҥнэстэн, сууллан түспүт. Төрөппүттэрэ олохтоох балыыһаҕа көрдөрбүттэрин «быраас» Сэмэн, иһэ-аһыы сылдьан, улаханнык аахайбатах. Улуус киинигэр ыыппыта буоллар, баҕар, атаҕа маннык көнтөс буолан, көнөччү туттан хаамыа суоҕа этэ. Киһи кыһыйыах, ол киһи күн бүгүнүгэр диэри биэссэрдии сылдьар. Өссө «быраас» диэн хос ааттаах. Коля ол киһини олох сөбүлээбэт, көрдөҕүнэ иһэ «буһар». Өссө сураҕын иһиттэххэ, аймах аатырар. Биирдэ эмэ кэллэҕинэ, сөбүлээбэтин биллэрэн тэйэр. Ол иһин кэлин сылдьыбат буолан абыраата.

Уол мээчиги эккирэтэн сүүрэн тиритэ-хорута сылдьар уолаттар аттыларынан ааһан истэҕинэ, табаарыһа Кирилл элэстэнэн ситэн кэллэ.

-Коля, бүгүн субуота буоларын умнубатыҥ ини. Киэһээ Лиза төрөөбүт күнүгэр барыахтаахпыт,- табаарыһа киэҥ хара кылдьыылаах хараҕа эбии кэҥээбиккэ дылы буолбут. Кирилл Лизаны өссө алын кылаастан саҕалаан сөбүлүүрүн киһи барыта билэр. Табаарыстара кыра кылаастан саҕалаан араастаан усулуобуйа тэрийэн аҕай биэрэллэрэ, киинэҕэ кэккэлэһиннэрэ олордо сатыыллар, эмиэ да биэчэргэ үҥкүүлэтэ, кылааска иккиэннэрин эрэ хааллартыы сатыыр түгэннэрэ элбэх. Онтон Лизалара иннэ-кэннэ биллибэт. Уол суоҕар эмиэ да тэһийбэт курдук туттар, эмиэ да баарыгар аны дьээбэлииртэн ордубат.

-Ээ, суох ини. Ол кэриэтин туһахтарбын көрө тыаҕа тахсыам. Дискотекаҕа тиийэн да диэн. Оскуола истиэнэтин өйөөрү дуо? Миигинэ да суох үҥкүүлүөхтэрэ, — Коля саҥардыбаттыы кытаанахтык быһа-бааччы этээт, хаамыытын түргэтэтэн биэрдэ.

ххх

Ийэтэ алаадьы астаабыт, остуолун тарда көрүстэ. Аҕата көстүбэт.

— Хайа, аһаабакка олороҕут дуо? –уол соһуйар.

— Суох. Аҕаҥ от тиэйэ барбыта. Хойутуу кэлэрэ буолуо. Онон эйиигин күүтэн олоробун,- ийэтэ Өкүлүүнэ холкутук хардарар. — Хата, кэл, аһаа. Бүгүн маҕаһыыҥҥа килиэп кэлбэт үһү. Онон алаадьы астаатым.

— Алаадьы сиэбэтэх ыраатта.

-Арба Светлана Александровна эрийбитэ. Бээтинсэҕэ үһүс оскуола занятиетыгар майаҕастар кэлэн ыалдьыттыыллар үһү. Кэнсиэр кэнниттэн кыракый чаепитие буолар. Онно дьахталлар үҥкүүлээри гыналлар. Эйигин биллэрдэхпитинэ кэлэ сылдьыа дуо дииллэр.

-Эрийдэҕинэ, тиийэ сылдьыа диэр. Мин билигин туһахтарбын көрө барыаҕым. Бүгүн кэрийбэтэхпинэ, куобах иҥнибит буоллаҕына, биир эмэ адьырҕа сиир ини,- уол борщ миинин иһэн бурулата олорон, ийэтин диэки сүр дьоһуннаахтык көрөн кэбиһэр.

— Куобах ол иҥнэр үһү дуо? Дьон олох суох дииллэр дии,- Өкүлүүнэ ыйытардыы көрөр.

— Дэриэбинэҕэ эн саҕа элбэхтик куобах сиэбит суох ини. Итини этэн эрдэхтэрэ, биэрэр илии билэр, ылар илии билбэт диэн.

— Оо, дьэ этэр эттэҕинэ эмиэ да сөп ээ? Хата, оҕом дьарыга элбэх буолан бириэмэни билбэккэ хаалар,- диэн саҥаран баран, сыыһа эттим дии санаан, айаҕын саба туттар.

— Һы, ийээ, инбэлиит да буоллар, дьонтон итэҕэс сылдьыбат диэри гынаҕын дуо? – уол ийэтин сүөргүлээбиттии көрөр. — Мин да оҕолор курдук сааланы биир гына сүүрүөхпүн-көтүөхпүн баҕарабын. Ону эн, күннээҕи иирбэ-таарба санааҕа куустараҥҥын, арыгыһыт «быраас» Сэмэнниин сарбыйбыккыт,- Коля ыраатар киһи быһыытынан халыҥнык таҥнан, уһун, халыҥ кууркатын солдатскай курунан ыга тардынан, бэргэһэтин сыҥааҕын түһэрэн, халыҥ соппуоскатын кэтэн, аанын ыга сабан тахсан барда.

Өкүлүүнэ уһун сылларга баттаабыт ыар санаатын киэр кыйдыырдыы өрө тыыммахтыырын быыһыгар, «Мечта» оһоҕор сылыта уурбут миискэлээх уутун арааран, тэрээһэтиттэн тоҥ эти киллэрэн ириэрэ уурда. Тыастаах соҕустук хааман телевизорын холбоон тыс гыннарда. Кириэһилэтин тэлэбиисэрин иннигэр чугаһата ыга анньан баран ыгыччы олорунан кэбистэ. Оҕото сирэйгэ-харахха анньарыттан хом да санаатар, эмиэ да сөп ээ. Кырдьык бэйэм буруйдаахпын, тугу да аанньа ахтыбатахпыттан оҕом итинник көнтөс буолан хаалла. «Быраас» Сэмэни итэҕэйэн, дьаабы киһи. Балыыһалар улууска ыыппатылар диэн, онно уоскуйан, олорон хаалбытым. Дьиҥинэн, куораттан чугас олороллор, направлениета суох бэйэ да күүһүнэн барыахха баар этэ. Куоракка тиийээт, травматологияҕа тиийбит буоллар, үүрүө суоҕа этилэр. Ити «быраас» диэн ааттанааччыбыт бэрэбээскилээн эрэ кэбиспитэ. Аҕыйах күн сыттын, оһуо диэн буолбута. Онон бүппүтэ. «Уолуҥ атаҕа сыыһа оһон эрэр. Куоракка киллэрэн көрдөр»,- диэн аҕалара этэ сатаабытын истибэтэх буруйдаах. «Уолбун бэйэм кыбынан барбаккабын. Кэнэним, муҥкугум тарда сыттаҕа»,- диэн ааһар ааспытын кэннэ муҥатыйар. Улахан уолаттара иккиэн биллэр спортсменнар, өрөспүүбүлүкэни ааһан Арассыыйа куораттарыгар тиийэ тусталлар, спорт маастардара. «Колям спортка убайдарыттан ордук буолуохтаах этэ, ону эн эппиэтинэһэ суоххуттан, дьалаҕайгыттан итинник буолан хаалла. Атаҕар, илиитигэр күүстээх, үчүгэй баскетболист, волейболист буолуохтаах киһи хааллаҕа»,- диэн аҕалара наар хомуруйар. Быйыл улууска хары баттаһыытыгар чөмпүйүөннээн аҕалара, бэйэтэ бастаабыт курдук, көтүөр кыната эрэ суоҕа. Ааспыкка куораттан убайдара кэлэ сылдьан хары баттаһыыга бырааттарыгар кыайтаран кыһыйан барбыта. Оскуола физкультураҕа учуутала: «Илиитигэр күүстээх, оскуолаҕа хары баттаһыыга уонна тарбах күлүүстэһиитигэр кимҥэ да иннин биэрбэт. Атаҕа мэһэйдээбэтэ буоллар, мас тардыһыытыгар кими да тутуһуннарыа суоҕа эбит»,- диэн аҕаларыгар хайгыыр аҕай үһү.

Быйыл манна үрдүк үөрэхтээх эдэркээн быраас кэлбитэ. Наина Николаевнаны төһө да эдэр буоллар, билиилээх, билэр диэн хайгыыллар аҕай. Сураҕа төрөппүттэрэ иккиэн медиктэр үһү, онон маҥан оппуохалаах балыыһа дьиэҕэ оҕо сааһа ааспыт буолан, олох кыратыттан эмп-том ортотугар үөскээбит. Кыра сылдьан куукулаларын укуоллаан, эппэрээссийэлээн сордуур эбит. Уолун атаҕын кэпсээбитигэр сэҥээрбитэ эрээри, мин кыаҕым иһинэн буолбатах диэн туруору эппитэ. Соҕуруу Кореяҕа барыан, куоракка киирэн рентгеҥҥэ түһэн хирурдарга сүбэлэттэриэн наада диэбитэ. Аҕабар этиэм диэн эрэл санааны үөскэппитэ. Аҕалара сөбүлээбэтэҕэ. Аны кэлэн чөлүгэр түһэн баскетболлаан, волейболлаан имитэн киирэн барыа суоҕа. Инбэлииттэр уопсастыбаларын иһинэн чөмпүйүөн буолан, тас дойду таһымыгар тахсыа диэн саҥарбатах оҥорбута. Онтон Коля сэҥээрэ истибитэ. «Хаһан барабыт?» — бэҕэһээҥҥэ диэри ыйыппыта. Кыһыҥҥы каникулга диэбитигэр «аата ырааппытын»,- диэн саҥа аллайбыта. Оҕом барахсан тэҥнээхтэринээн тэҥҥэ сылдьыан, сүүрүөн-көтүөн баҕарара кэмнээх буолуо дуо? Бука, үөмэр-чүөмэр үктэммит, лыах курдук үҥкүүлээн тэйэр кэрэ кыргыттары сөбүлүү да көрөрө кэмнээх буолуо дуо? Ону барытын, эдэр сааһын кистэлин, сүрэҕин хайа эрэ муннугар кистии сылдьаахтаатаҕа.

“Оо дьэ, чаас ырааппыт дии”,- истиэнэҕэ ыйанан турар чаһыны көрөн саҥа аллайда. Дьонум кэлэллэрэ чугаһаабыт, онтон мин күөспүн да оһоххо уурбакка олоробун. Дьахтар араас иирбэ-таарба санааларыттан босхолонордуу баттаҕын күүскэ силэйэн, илгистэн ылла.

II чааһа

Култуура дьиэтэ. Саҥа өрөмүөннэнэн бүтэн, сибиэһэй лаах сытынан аҥкылыйар муосталара килбэчийэн олорор. Курустаал люстралара сандааран, кулуубу эбии сырдатан, тупсаран биэрэр. Фойеҕа күлбүт-үөрбүт дьон толору. Бүгүн атын нэһилиэктэн “Үһүс саас оскуола”чилиэннэрэ, саастаах дьон кэлэн, сэргэхсийии буолбута тастан көстөр, киирии-тахсыы бөҕө. Бастаан дьиэлээхтэр, онтон ыалдьыттар кэнсиэрдээн сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт дьон аны эдэр саастарын эргитэн таансылаары оҥоһуннулар. Светлана Александровна этиитинэн бастаан «шахталаан» бардылар. Сааһырбыт дьон күлэ-үөрэ сэбиэскэй саҕанааҕы  ырыалары тыыннара тахсыар диэри кулуубу биир гына ыллаан ньиргиттилэр. Онтон Коля вальсы тардан кэбиспитигэр эдэрдиин-эмэнниин сааланы биир гына үҥкүүлээн эргичийдилэр. Дьахталлар былааччыйалара тэлээрэн олордо.

Уол байаанын тардарын быыһыгар ис-иһиттэн мичилийэ сырдаабыт, уһун, көнө дьылыгыр уҥуохтаах кыыһы бэйэтэ да билбэтинэн, кыраҕытык кэтии олордо. Эдэр исписэлиис кыргыттар үһүс көлүөнэ оскуолатыгар, ыытар тэрээһиҥҥэ көмөлөһө таарыйа, сэргэхсийээри даҕаны, сылдьан эрдэхтэрэ. Быраас кыыс, Наина Николаевна, инньэ диэн ааттыыллар быһыылааҕа. Туналыйа сырдаан, эчи, үчүгэйин. Саһархай суһуоҕун мөлбөччү өрүнэн кэннигэр түһэрбитэ синньигэс биилигэр охсуллара хайдахтаах кэрэний? Сүрдээх истиҥник мичээрдии-мичээрдии кини аттынан эргичийэн аастаҕына, Коля сүрэҕэ «мөҕүл» гынарын бэйэтэ да дьиктиргии санаата. Уолаттартан итэҕэстээх курдук сананан, кыргыттар диэки хайыһан да көрбөт бэйэтэ хайдах итинник истиҥ иэйиигэ оҕустарбытай? Быраас кыыһы өссө сайын сөбүлүү көрбүтэ. Кимҥэ да быктарбакка, истиҥ иэйиитин дууһатын түгэҕэр хаатыйалаан, илдьэ сылдьан, кыыс туһунан дьон иһирэх тылынан кэпсэтэллэрин сэргии-маныы истэ сылдьар. Ити кэмҥэ Светлана Александровна тоһугураан кэлэн, ыалдьыттары чэй иһэллэригэр ыҥырда, уол аттынан ааһан иһэн, «итии чэйдэ иһис» диэн сибис гынна. Бары хоско суугунаһан киирбиттэрин көрөн туран, Коля байаанын уус-уран салайааччы хоһугар уураат, тахсан барда. Оскуолаҕа бүгүн киэһэ сэттэ чааска биэчэр буолуохтааҕын төһө да биллэр, дьиэтин диэки суолу тутта.

Коля кирилиэһи санаатыгар чэпчэки баҕайытык түстэ. Кулууптан балачча тэйэ түһээт, кэннигэр кыыс күлэр саҥатын истэн, эргиллэн көрөөт, курус гынна. Быраас кыыс Никита Алексеевичтыын кэккэлэһэ хааман иһэллэр. Сүрдээх истиҥник кэпсэтэллэрин быыһыгар кыыс саҥа таһааран күлэр. Учуутал көрүдьүөстээҕи кэпсии истэҕэ. Санаатыгар сибилигин сылааһынан угуттуу испит халлаан курас, тымныы тыынынан кууһан, дьагдьайан кумуччу туттан, кууркатын тимэхтэрин сүөрэ-сүөрэ хос тимэхтэннэ. Санаата түһэн, уку-суку айаннаата, атаҕа ыараан хаалла. Таах-сибиэ ити үһүс оскуолаҕа баран, итиннэ сылдьыбатаҕа буоллар. Быраас кыыс учууталлыын кэккэлэһэ хаампыттарын билиэ суоҕа этэ. Ити аата кинилэр билсэр буоллахтара. Дьиэтигэр киирээт, саҥата-иҥэтэ суох хоһугар ааста. Оронугар умса түһэн сытта.

— Хайа, Коля, тоҕо сыттыҥ? Аһаабаккын дуо? –ийэтэ ааны тэлэйэ аһан киирэн кэллэ.- Ыарыйдыҥ дуо?

— Суох, ыалдьыбаппын. Билигин туран аһыам,- уол хардарарын быыһыгар хостон тахсан остуолга кэлэн олордо. Ийэтэ борщтаах миин буһарбыт. Сыпсырыйан иһэ олорон, хараҕа тэлэбиисэргэ холбонно. Олег Колесов “Талбан” биэриитэ буолан, уол кэпсии-ипсии олорор. Үчүгэй биэрии, үчүгэй ыытааччы. Талбан тиэмэтэ бүппэт, бииртэн-биир интэриэһинэй тиэмэни булан, дьону интэриэһиргэтэр быһыылаах. Аҕалаах ийэтэ сөбүлүүллэр аххан.

— Хайа, кулуупка сырыттыҥ дуо?- ийэтэ тэлэбиисэр көрөрүн быыһыгар ыйытар.-Светлана Александровна долгуйар этэ.

— Сылдьан.

— Үҥкүүлээтилэр дуо?

— Ханна барыахтарай, үҥкүүлээтэхтэрэ дии, — уол сөбүлээбэтэхтии хардарар.

— Сөбүлээбэт эрээри тоҕо барбыккыный?- аҕата кыттыһар.- Ол кэриэтин эрчиллиэххин. Сотору улууска хары баттаһыытын күрэхтэһиитэ буолар дииллэр. Онно кыттыаҥ этэ.

— Тренерим Максим Николаевич кыттыаҥ диэбитэ,- Коля олоппоһун тыастаахтык сыҕарытан остуолтан турар.

— Оскуолаҕа биэчэргэ барбаккын дуо? – ийэтэ амаҕаччылаан ыйытар.

— Суох диэтим буолбат дуо,- уол ийэтин кыыһырбыттыы көрөр. Кини үһүс оскуоланан иирэн, быйыл күһүнү быһа ыра санаа оҥостубут кэрэ иэйиитэ биир мүнүүтэ иһигэр күдэҥҥэ көттө. Наина Николаевнаны инники олоҕун ырата, ымыыта оҥостубута симэлийдэҕэ. Никита Алексеевич былырыыҥҥыттан история учууталынан үлэлиир. Маннааҕы бөһүөлэк уола. Холостуой, эдэр киһи үчүгэй кыыһы таба көрдөҕө. Бэйэтиттэн балыс, көнтөс атахтаах уолу хайа кыыс таба көрүөй? Оттон кыыс, буолан баран киһи хараҕар быраҕыллар. Бэйэм да булан-булан Туйаарыма Куо курдук туналыйбыт ньуурдаах, кыталык курдук кынталдьыйбыт кыыһы сөбүлээн, эрэйи көрдөхпүнүй? Биирбит таҥара маһа, иккиспит күрдьэх маһа буоллахтара. Ол эрээри, тыыннаах киһи тапталтан ханна да куоппат. Мин да киһи буоллаҕым. Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар дииллэр, мин да күнүм үүнэр ини? Наина Николаевна, Найыына… Аата да үчүгэй. Хантан итинник киһи сүрэҕин иһинэн киирэр ааты төрөппүттэрэ булан ааттаабыттарай? Итинник ааты ханна да истибэтэҕэ, билбэт даҕаны. Чэ, ол эрээри, хаһан тэҥнэһээри, тапталынан оонньоомуохха. Ол кэриэтин биир кэлим эксээмэммин уонна күрэхтэһиилэрбин толкуйдаабытым ордук буолуо.

Коля дьоно ботур-ботур кэпсэтэллэрин кулгааҕын уһугунан истэ сытан, Наина Николаевна аатын истэн, санаатын ситимэ быстан чөрбөс гынна.

— Наина Николаевна биһиги нэһилиэкпит дьолугар кэлбит үчүгэй быраас буолла. Дьэкимнэр оскуолаҕа үөрэнэр орто уоллара иһим ыалдьар диэн сыппыта 3-4 хоммутун кэннэ, аҕата ыксаан балыыһаҕа көтөҕөн киллэрбитин, сатаан айанныыр кыаҕа суох диэн эппэрээссийэлээбит. Муҥурдааҕа үһү. Ол тухары ийэтэ ис эмэ иһэрдэ сылдьыбыт, оҕотун өлөрө сыспыт. Аҕата балыыһаҕа илпэтэҕэ буоллар, туох алдьархайа буолуо эбитэ буолла? Бүппүтүн кэннэ улуустан хирург кэлэн, сөпкө эппэрээссийэлээбиккин диэн хайҕаабыт. Уолу илдьэ барбыт. Хата, уол билигин тэп курдук үчүгэй үһү.

— Хаһан ол буолбутуй? – аҕата ыйытар.

— Ааспыт нэдиэлэҕэ, өрөбүлгэ үһү. Хирург атын нэһилиэккэ барбытын истэн уонна тэстэр кыахха тиийбит диэн ыксаан күүппэккэ саҕалаабыт. Дьиҥинэн, бэйэтэ исписээлинэһинэн хирург эбит. Миэстэ суох буолан кэлбит. Улууска ылаллара буолуо дииллэр.

— Тииһи хамсаппакка да ылар дииллэр,- аҕата ытаһалаан биэрэр.

— Кэргэнэ суох. Хайа дьоллоох уол түбэһэр кыыһа эбитэ буолла? Биһиги улахан уолаттарбыт иккиэн кэргэннэрэ суох. Биирдэрэ эмэ Наина Николаевнаны кэргэн ылара буоллар, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй? Эчи, суһуоҕа намылыйан, саһарчы көрөн, ханнык баҕарар уол сүрэҕин хамсатыах кыыс. Хаарыан үчүгэй оҕо,- ийэтэ уолаттардаах киһи быһыытынан өрө тыынар.

— Баҕа санааҥ улаханын. Эн эрэ уолаттардаах курдук. Оччо үчүгэй кыыс буоллаҕына, ымсыыра көрөөччүлэр элбэхтэр ини,- аҕата буоларын курдук биир-икки этиинэн судургутук этэн кэпсэтиини түмүктүүр. Ийэтэ саҥарбат. Иһитин сууйан талыгыратар тыаһа иһиллэр.

Коля быраас кыыс туһунан хайҕал тыллары истэн, бэйэтин хайҕаппыт курдук сананан сирэйигэр мичээр толбоно түһэн, уоскуйа быһыытынан, суорҕанын бүрүнэ тардынан, улам халтаһата ыараан утуйан барда.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Татьяна Находкина,

Уус Алдан.

Хаартыска, уруһуй: soundtimes.ru, school8-vologda.ru, shutniki.club ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0