Төһө ууну туттубуппутун учуоттуур тэрили туруортарбатахпытына, ыйдааҕы төлөбүрбүт үрдүүр буолла. Онон бу күннэргэ учуотчуга суох ыаллар ити тэрили туруортарар түбүккэ түстүлэр. Манан дьарыктанар тэрилтэлэр элбэх биригээдэни тэрийэн үлэлэтэллэрэ иһиллэр. Бэккэ тэриммиттэр. Ол эрээри, учуотчугу туруортарыы бэрт чэпчэкитэ суох дьыала эбит.
Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Холобур, урукку өттүгэр «Ресурс-контроль» эҥин курдук тэрилтэлэр уу учуотчугун кыбартыыраҕа туруоран баран, өссө пломбалаан, барытын оҥорон биэрэллэр этэ. Аны ол быраабыла уларыйбыт курдук буолбут. Салайар хампаанньалар эмиэ үпкэ тиксээри, аны итинник өҥөнү оҥорор тэрилтэлэр пломбаны туруоралларын көҥүллээбэт буолбуттар. Онон учуотчук туруортарыы күнү-дьылы барыыһы. Ол курдук, бастаан «Ресурс-контроль» тэрилтэ маастара кэлэн учуотчугу туруорар, онтон аны кыбартыыра хаһаайына салайар хампаанньатыгар тиийэн пломбатын иһин төлүүр. Ол кэннэ салайар хампаанньаттан аны сантехникта ыытыҥ диэн сайаапкалыыр. Дьэ, онтон ол үлэһитиҥ кэлэрин кэтэһэҕин. Аны туран, салайар хампаанньа учуотчугу бэйэтэ эмиэ туруоруон сөп дииллэр. Оччотугар «Строительнай» ырыынактан эбэтэр маҕаһыынтан ол итии, тымныы ууну ааҕар прибордары баран атыылаһыаххын наада. Сэрэйдэххэ, сыаналара да ботуччу буолуон сөп. Ол прибор оҥоһуллубут болдьоҕун эмиэ көрөн ылыахтааххын. Дьэ, эрэйэ-эгэлгэтэ элбэх буолсу. Сантехник кэлэн төһө кээмэйдээх пластиковай турбаны эҥин атыылаһаргын этэн биэриэхтээх. Ол аайы ырыынагынан эҥин сэттэтэ тиэстиэххин наада буолар. Кырдьаҕастарга, кыамматтарга эрэйдээх соҕус дьаһаныы буолбут.
Онон сыра-сылба баранан, баҕалаах учуотчукпутун туруортарыыһыбыт. Тоҕо табыллыбата буолла, өскөтүн ол салайар хампаанньа бэйэтэ ити наадалаах тэриллэрин атыылаһан аҕалан туруорара. Сатаан дьаһаммаппыт сүрдээх.
Билигин итинник бытархайдартан иҥнэн үгүс киһи туруортарбакка хаалар кутталлаах.
Бу учуотчугу туруортарыыны болҕомтоҕо ылыахха. Интэриэстээх тэрилтэлэр, салайар хампаанньалар маны толкуйдуохтаахтар. Хонтуруоллуур уорганнар да көрөн олорботторо буоллар бэрт буолуо этэ. Билиҥҥитэ куба, сордоҥ, араак курдук үс аҥы тардан, туһанааччы эрэйдээх хармаанын тэбии охсор, сыратын эһэр эрэ курдуктар. Сатаан тэрийдэххэ, тоҕо кыаллыа суоҕай?
Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru