Арассыыйа эрэгийиэннэрэ нэһилиэнньэҕэ босхо мэдиссиинэ көмөтүн оҥорор ороскуоттарын толуйарга эбии 35,1 миллиартан тахса солкуобайы ылыахтара. Бу туһунан муус устар 7 күнүнээҕи дьаһалга РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.
edersaas.ru
Үп-харчы Булгуччулаах мэдиссиинискэй страховка федеральнай пуондатын страховкаҕа саппааһытан 74 эрэгийиэҥҥэ бэриллиэҕэ.
Михаил Мишустин бэлиэтээбитинэн, ааспыт уонна быйылгы сыл саҕаланыыта доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр судургута суох. Ыалдьар дьон ахсаана элбээн мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр үп-харчы ороскуота эмиэ улаатта. Ол эбэтэр кинилэр элбэх ыарыһахха көмөлөстүлэр. Элбэх тустаах эми0 атыыластылар уонна араас чинчийиини ыыттылар.
«Федеральнай үбүлээһин улааппыт ороскуоту толуйуоҕа. Нэһилиэнньэ мэдиссиинэ көмөтүн босхо туһанарын туһугар балыыһалар уонна поликлиникалар салҕыы туруктаахтык үлэлиэхтэрэ», -– диэтэ РФ бырабыыталыстыбатын баһылыга.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru