Эрэгийиэннээҕи суолталаах ойуурдарга  ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ уларытыллар

Бөлөххө киир:

Саха сирин эрэгийиэннээҕи суолталаах ойуурдарыгар барытыгар ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ уларыталларын туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев атырдьах ыйын 12 күнүгэр ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйа мунньаҕар иһитиннэрдэ.

Олохтоммут быраабыла быһыытынан, эрэгийиэннээҕи суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимин критерийдэрэ иккиттэн элбэх оройуоҥҥа муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыыны-майгыны биллэрии кэнниттэн ылыллаллар.
Кэнники сылларга баһаар балаһыанньата туруктанарынан, маннык эрэһиим сэттэ оройуоҥҥа уларытыллыбыта. Билиҥҥитэ Уус Маайа оройуонугар эрэ салгыы дьайар.
«Бүгүҥҥү туругунан улахан баһаардар Уус Маайа оройуонун ыраах сытар сирдэригэр уонна Алдан оройуонун арҕаа өттүгэр бааллар. Бу баһаардар нэһилиэнньэлээх пууннарга кутталы үөскэппэттэр»,-– диэтэ Айсен Николаев.
Сотору кэминэн федеральнай киин федеральнай суолталаах ойуурдарга ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимиин уларытар туһунан быһаарыы ылыныаҕа (Саха сиригэр уонна Хабаровскай кыраайга от ыйын 19 күнүттэн киллэриллибитэ).
Ол да буоллар, атырдьах ыйын 12 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр 182 964 га уопсай иэннээх сиргэ 23 ойуур баһаара, ону таһынан 23 га иэннээх ландшафтнай баһаар баар. Бу былырыыҥҥытааҕар 7,5 төгүл аҕыйах.
Ойуур баһаарын умулларааччылар сүрүн күүстэрэ Уус Маайа оройуонугар үлэлииллэр, манна 14 баһаар баара бэлиэтэнэр. Ону умулларарга 553 киһи (95 парашютист-десантнигы, ойуур харыстабылын 53 үлэһитин, олохтоох нэһилиэнньэттэн 5 киһини киллэрэн туран) 8 тиэхиньикэ үлэлииллэр.
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баһаар кутталлаах кэмэ саҕаланыаҕыттан 518 463,01 га уопсай иэннээх 515 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ. Былырыын баччаҕа 6 018 946,47 га уопсай иэннээх 1 430 ойуур баһаара тахсыбыта.
Саха сиригэр ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ бэс ыйын 28 күнүттэн киллэриллибитэ -– бу күнтэн ыла ойуур баһаарын ахсаана элбээбитэ. Бэс ыйын 18 күнүгэр федеральнай суолталаах ойуурдарга ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ.
Бурятияттан, Красноярскай кыраайтан, Хакасия өрөспүүбүлүкэтиттэн, Иркутскай, Чита уонна Амур уобаластарыттан ойуур баһаарын отделениеларын үлэһиттэрэ Саха сирин үлэһиттэрин кытары өрөспүүбүлүкэ ойуурдарыгар бииргэ үлэлээтилэр.
Федеральнай суолталаах ыксаллаах быһыыны-майгыны суох оҥорорго эбии икки Бе-200, икки Ми-8 бөртөлүөтү уонна Арассыыйа Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин МИ-26 бөртөлүөтүн туһанарга эбии хантараактар түһэрсиллибиттэрэ. Федеральнай «Авиалесоохрана» икки Ми-8 МТВ ыыппыта.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru (СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалыттан)
Мария ВАСИЛЬЕВА түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0