Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын суумата үрдээтэ

Бөлөххө киир:

Олунньу 1 күнүттэн иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) бэриллэр эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын суумата үрдээтэ.

Оҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри төрөөбүт буоллаҕына, Ийэ хапытаалын суумата 157 358 солкуобайга, 2020 сылтан кэлин төрөөбүт буоллаҕына – 207 943 солкуобайга тэҥнэстэ. 2021 сылга бу суума 145 464 солкуобайга уонна 191 829 солкуобайга тэҥнэһэр этэ. Ол эбэтэр, инфляция туругунан, 8,4% үрдээтэ.

РФ бырабыыталысытабата 2022 сыл тохсунньу 27 күнүгэр “Об утверждении коэффициента индексации выплат, пособий, компенсаций в 2022 году” диэн 57 №-дээх уурааҕа тахсыбыта. Ону тэҥэ, Ил Дархан 2019 сыл олунньу 14 күнүнээҕи 367 №-дээх ыйааҕын 1-кы пууна үлэлиир.

Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын үбүн дьиэ кэргэн олорор усулуобуйаны тупсарыыга, оҕо үөрэнэригэр, о.д.а. туһаныан сөп. Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаала 2019 сылтан Саха сиригэр 3 сылтан кырата суох кэм устата олорор, федеральнай Ийэ хапытаалын сэртипикээтин ылбыт РФ гражданнарыгар бэриллэр. Бу төлөбүр “Демография” национальнай бырайыак “Финансовая поддержка семей с детьми” диэн эрэгийиэннээҕи бырайыагын чэрчитинэн төлөнөр.

Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын суумата федеральнай Ийэ хапытаалын 30%-гар тэҥнэһэр. Санатар буоллахха, федеральнай Ийэ хапытаала 2022 сыл олунньутуттан эмиэ 8,4% үрдээбитэ: бастакы оҕоҕо – 524,5 тыһыынча солкуобайга, хапытаалы ыла илик дьиэ кэргэн иккис оҕотугар – 693,1 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ.

Былырыын иккис оҕоҕо эрэгийиэннээҕи бэриллэр “Ийэ хапытаалын” 1,5 тыһыынча кэриҥэ дьиэ кэргэн туһаммыт. Онтон үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо көрүллэр өрөспүүбүлүкэтээҕи “Дьиэ кэргэн” ийэ хапытаалын 3000 кэриҥэ ыал туһаммыт.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0