«Саха сирэ» хаһыат редакциятын туһунан
Судаарыстыбаннай сахалыы хаһыат баай историятын, умнуллубат утумун туох да мэлдьэҕэ суох аныгы «Саха сирэ» хаһыат кэлэктиибэ 21 үйэҕэ илдьэ кэллэ. Саха АССР үлүскэннээх сайдыытын, үлэһит норуот онно киллэрбит кылаатын сэбиэскэй «Кыым» сырдаппыт буоллаҕына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа саҕахтарын «Саха сирэ» аныгы балаһалара кэрэһэлииллэр.
Уодаһыннаах гражданскай сэрии кэмигэр 1921 сыллаахха ахсынньы 28 күнүгэр тахсыбыт Анемподист Софронов эрэдээктэрдээх «Манчаары» хаһыат бастакы нүөмэригэр «Саха, тоҥус бырааттар!» диэн эйэлээх олоххо ыҥырыы бэчээттэммитэ. 1922 сыл кулун тутар 19 күнүгэр Губбюро быһаарыытынан «Манчаары» РКП Губбюротун уорганын хаһыата буолбута. Сахалыы тыллаах судаарыстыбаннай бэчээт уоргана төрүттэммитэ.
Ити курдук судаарыстыбаннай «Кыым» историята саҕаламмыта. Итинтэн ыла биһиги, сахалар, сэбиэскэй Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын, автономнай өрөспүүбүлүкэбит салалтата ыытар бэлиитикэтин, уураахтарын-дьаһ
1993 сыллаахха бастакы президеммит Михаил Николаев алтынньы 13 күнүнээҕи ыйааҕынан «Саха сирэ» уонна «Кыым» хаһыаттар редакционнай кэлэктииптэрин холбоон туран, аныгы «Саха сирэ» хаһыат тэриллибитэ. Саҥа кэм, саҥа үйэ хаһыата – «Саха сирэ» күн сирин көрүөҕүттэн, судаарыстыбаннай хаһыат быһыытынан «Кыым» оруолун толорон барбыта. «Кыым» 70 сыллаах айымньылаах үлэтин 1993 сыл алтынньы 14 күнүгэр бэйэтин дьыалатын быһаччы салҕааччынан буолар «Саха сирэ» хаһыат кэлэктиибигэр үтүө алгыс тылларын анаан, чиэһин, суобаһын сырдык аатын үрдүктүк тутан сиэрдээхтик түмүктээбитэ. «Кыым» анал бэлиэлэрэ – былааҕа, Үлэ Кыһыл Знамятын уордьана, Бочуотун кинигэтэ, «Кыым» ааспыт үбүлүөйдэригэр кэлбит эҕэрдэлэр, ону ааһан 1937 сылтан 1993 сылга диэри бирикээстэрин кинигэлэрэ, араас боротокуоллар, үлэһиттэр тус бэйэлэрин (личнэй) дьыалалара «Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтигэр кичэллээхтик харалла сыталлар. Бу история ситимин туоһуларын, урукку «Кыым» үтүөлэрин бэлиэтин быһыытынан «Саха сирэ» кэриэстиир, харыстыыр. Оттон саха суруналыыстыкаты
«Саха сирэ» хаһыат тыа дьонугар-сэргэти
«Саха сирэ» хаһыат редакцията интернеккэ сайт арыйдыбыт. Ол курдук www.edersaas.ru диэн аадырыстаах сайтка редакциябыт айар кэлэктиибэ сойбот сонуннарын, уһуну-киэҥи толкуйдатар ырытыыларын угуоҕа. Сайт сахалыы тыыннаах, саха тыллаах бар дьоммутугар ананар. Биһирэммит сыһыарыыларбыт «Эдэр саас», «Саха ыала», «Дьулурҕан» эмиэ туспа рубрика быһыытынан киирдилэр. Манна туһалаах матырыйааллары, интэриэһинэй кэпсээннэри, бэртээхэй интервьюлары булан уу сахалыы ааҕыаххыт. Сырдык ыраны оҥорсор «Саха сирэ» редакциятын кытта бииргэ буол! Информация киэҥ байҕалыгар мунума! «Манчаары» – «Кыым» – «Саха сирэ» хаһыаттар утумнаһыылара, ситимнэрэ быстыбат!