Үс сылтан бэттэх дьылдьыт Андрей Варламов күнү-дьылы билгэлээһинин биэрэрбин дьон сэҥээрэр, кэтэһэр. Кини билгэтэ сүнньүнэн сөп түбэһээччи, букатын кыра сыысхаллаах буолааччы. Бу сырыыга Андрей Алексеевичтыын быйыл сааспыт, сайыммыт хайдах буолуон туһунан кэпсэппиппитин билиһиннэрэбин.
Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Күтэр сүттэ. Куобах тэнийбэт
— Күн-дьыл хаамыытын туохха олоҕуран билгэлиигин?
— Ыйынан, хонугунан сирдэтинэбин. Ыйдар алтыһыыларын, кыыл-сүөл үөскүүрүн, көтөр-сүүрэр хамсааһынын кэтээн көрөбүн. Урут күтэр диэн уу кутуйаҕа хороонун үөһэ эбэтэр аллара хастарыттан көрөн, курааны-угуту киһи эндэппэккэ билэр буолара. Сыыстарбат этим. Ол кыылбыт кэлин таһыччы сүтэн хаалла. Күтэр андаатар курдук, уулаах сиргэ олохсуйан үөскүүр, от-мас аһылыктаах, үүнээйини сөбүлүүр. Дэлэҕэ, хортуоппуйдаах бааһынаны буулуо дуо. Сэрэйдэххэ, андаатары “харчыта кыра” диэн аанньа бултаабат буолуохтарыттан ыла күөл-көлүйэ ахсын олус тэнийэн-тарҕанан хаалан, төрүт олохтоох харамайбыт үтүрүйтэрдэ быһыылаах.
Мас көтөрө дойду сиргэ тохтообот буолла. Туртас хамсыырынан эмиэ билиэххэ син. Куобах – кураан эҥээрдээх. Куорат ырыынагар “Кэбээйи куобаҕа” диэн 1,5-2 тыһыынчаҕа кыһыны быһа атыылыыллар. Ол аата син үөскээн эрэр чинчитэ буоллаҕа. Бүлүү умнаһыгар сорох сиринэн үөскээбит диэн кэпсииллэр. Оттон урукку дьылларга идэһэ этин солбуйар илин эҥээригэр биллэ илик. Тыабыт сииктээх, аһылыга аҕыйах буолан, сискэ үөскээбэт дии саныыбын. Аҕыйах төрүүрүн киис, саһыл итигэстээн сииллэр.
Норуокка тарҕаммыт ньыма: сааскы кус түөһүн ойуутунан хайдах халлаан буолуоҕун билгэлииллэр. Түөс улахан өттө иннитэ буолар. Саҕаланыыта өһөх хара хааннаах буоллаҕына – сааскыта ардахтаах. Таас чыккымайын (хаачыгырас, хаачыгырыар) тыһытын түөһэ ордук чуолкайдык билэр диэччилэр.
Сааспыт тыаллаах, тымныы
– Сааспыт эмиэ эрдэлээтэ. Былырыыҥҥытын батыа суоҕа дуо?
– Кырдьык, сааспыт ааспыт кэлиҥҥи икки сыл сааһын хайа эрэ өттүнэн майгынныыр. Тымныы буолуо. Хотугу улуустарга хаар халыҥ буолан, ууга барыахтарын сөп. Быйыл эмиэ хаарбыт эрдэ ууллан, сир эрдэ хараарыа. Дойду сиргэ даҕаны хаарбыт былырыыҥҥытааҕар халыҥ курдук, чиҥ. Хаартан уу кэлэрин биир-икки күннээх ириэрии быһаарар. Ириэһин саҕана хаар халыҥнык саба түстэҕинэ, уу эмискэ кэлэр. Ол гынан баран, быйыл даҕаны хаартан улахан уу кэлиэ суоҕа. Түүнүн тоҥоро-тоҥоро, күнүһүн тыалыран сиигин көтүтэн кэбиһэр, ол аата хатаан куурдар быһыыта.
Ааспыт күһүн хайдах этэй? Алтынньы 3 күнүгэр Алдаҥҥа тыалыран-кууһуран, хаардаан, айан хааһа хайаны кыайан туораабакка, өрүскэ хаайтаран сытарын мотуордаах оҥочонон сылдьан кыдыйбыттар этэ. Өлүөнэ өрүскэ эмиэ Покровскайтан өрө хаас бөҕө мустубута. Үгүс күөллэр алтынньы ортотугар диэри сиикэй сыппыттара. Быйыл кыһын Сунтаарга киһини тобугунан хаар түспүт буоллаҕына, Ньурба эҥээр хаардаабатаҕа…
Ыам ыйын 13, 17 күннэрин эргин ардыыра күүтүллэр. Сылаас күннэр ыам ыйын 20-тэн ый бүтүөр диэри туруохтара. Халлаан анды көҥүлүн кэнниттэн, бэс ыйын 7-8 күннэриттэн, лаппа итийиэ.
Халаан уута таһымныа суоҕа
– Уу-хаар төһө-хачча буолуой, халаан уута хайдах ааһыай?
— Өлүөнэ мууһа халыҥ эрээри, уута элбэх буолан уонна мууһу хараардыы, эрбэтии үлэтэ былаан быһыытынан ыытыллан, сааскы халаан уута этэҥҥэ ааһыа. Кумах арыылар дириҥэтиллибэт буоланнар, сыл аайы уларыйа сылдьан тахсаллар. Итинник үөскээбит кумахтар сэрэхтээхтэр: аахайбатахха, улахан харыыны оҥоруохтарын сөп. Дьокуускай таһыгар хардаҕына, элбэх бөһүөлэк ууга барар кутталлаах. Быйыл төһө даҕаны эрдэлээбитин иһин, улуу эбэ эстэр кэмигэр эстиэҕэ.
Кураайы сирдээх-уоттаах илин эҥээрдээҕи улуустарга уу тыын суолталанар кэмэ дьэ кэлэн эрэр. Өлүөнэ уутун Чурапчыга тириэрдибиттэрэ сүүрбэччэ сыл буолла. Угут сыллар буоланнар, бу баараҕай тутуу туһаныллыбакка турда. Өҥ-быйаҥ үйэ тухары барбат. Эрдэ бэлиэтээбитим курдук, быйыл даҕаны уу кэмчи буолуо. Ол гынан баран, өҥ дьыллар сабыдыалларынан дулҕалаах, маар сир, ойуур уунан туолбут өттө сииги туталлар. Өссө сорох дьүөдэлэр, алаастар муустара ирэн, туолан сыталлар. Бэл диэтэр, саҥа көлүйэлэр үөскээтилэр. Айылҕабыт итинник уларыйыыларын кэтээн көрдөххө, кураан буолуо суохха дылы…
Орто баайыы от үүнүө
– Тыа дьоно оттууругар-мастыырыгар төһө тоҕоостоох сайын буолуох курдугуй?
— Сайыммыт сииктээх буолар чинчилээх. Бэс ыйыгар сорох сирдэри хабан, быстахтык ардыа. От ыйыгар халлааммыт сөрүүн соҕус, быстах ардахтар түһүөхтэрэ. Үүнээйи олордооччулары, сир астааччылары сэрэтиэхпин баҕарабын. От ыйын бүтэһигэр, атырдьах ыйын саҥатыгар Бүлүү умнаһыгар, Дьокуускай таһыгар, сорох киин уонна илин эҥээрдээҕи улуустарга хаһыҥ түһэн, хортуоппуйу хаарыйыа уонна хаарыан моонньоҕону ситэ буһарбакка, тоҥороро буолуо.
Быйыл сайын орто баайыылаах от үүнүөн сөп. Атырдьах ыйыгар оттуурга анаабыт курдук сылаас, кураан күннэр сатыылыахтара. Онон дьону-сэргэни дуоһуйа оттотуо. Ходуһаҕа олус ыксаабакка, от сиэмэтэ түһэрин кэтэһэн, от ыйын 20-тин кэнниттэн киирэргитигэр сүбэлиэм этэ. Аныгы тиэхиньикэ үйэтигэр уонча-сүүрбэччэ күнүнэн ыаллар кыстыыр отторун булуналлар.
Халлааммыт күһүнэ үтүө буолар тосхоллоох. Балаҕан ыйыгар дьогдьооттуо. Ааспыт күһүҥҥэ майгынныыр. Сир аһыттан дьэдьэн, отон үргэтэр сыла. Арай, хаптаҕас, моонньоҕон боппуруостара уустук соҕус. Тэллэйтэн масленок уонна грузди үүнэллэрин кэтэһэбин. Кыстык хаарбыт алтынньы ортотугар Бокуруопка түһүө.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа: Андрей Варламов дойдутугар, Чурапчы Мугудайын Буоратай күөлүгэр, туутуттан собо ороору турар түгэнэ.