Эрдэһит оҕуруотчут Өндүрэй Дыдаев эрэдиискэтэ ситтэ

Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка Покровскайдыыр айан суолун кытыытыгар «Кыайыы 40 сыла» саад-оҕуруот табаарыстыбатыгар олорор Андрей Дыдаев эрэдиискэтин, петрушкатын, укробун бастакы үүнүүтүн, бэлиэр, хомуйда. Андрей Евсеевич этэринэн, баанньыгын үрдүнээҕи сылаас тэпилииссэтигэр үүнээйитин сиэмэтин кулун тутар ортотугар олордубута ити ас биэрэ охсубут.

Василий НИКИФОРОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru


«Быйыл сааспыт олус тымныы. Күнүһүн сылыйбыт курдук буолар эрээри, түүн улаханнык тоҥорор. Ол иһин хортуоппуйбун хойутаан, ыам ыйын 10 күнүгэр олортум», – диир оҕуруотчут. Кини ити мас көөбүлүгэр сытыаран, уунан сиигирдэн, силис тартаран баран, таһырдьа атахтаах дьааһыктарга олордор хортуоппуйун этэр. Урут ыам ыйын 1 күнүгэр олортоҕуна, бэс ыйын бүтүүтүгэр, от ыйын саҥатыгар оҕолорун, сиэннэрин бэйэ сибиэһэй хортуоппуйунан күндүлээччи. Онон, быйыл эрдэтээҥи хортуоппуйу Бөтүрүөп саҕана амсатар буолла быһыылаах.

Василий НИКИФОРОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0