Кырдьык туһугар
Биллиилээх литературнай кириитик, бэйиэт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Егор Петрович Шестаков — Эрчимэн быйыл төрөөбүтэ 90 сылын туолар үбүлүөйдээх сыла.
Дьөгүөссэ үөрэҕэр кыра эрдэҕиттэн үчүгэй этэ. Биир балаҕаҥҥа хас да ыал дьукаахтаһан олороллоро. Хаһыаты, кинигэни дорҕоонноохтук ааҕан биэрэн хайҕанара. Ийэтэ олох эрдэ аҥаардас хаалбыт буолан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан икки уолун ииппитэ.
Оскуола кэнниттэн Дьөгүөссэ салгыы куоракка үөрэнэн, улахан үлэһит буолуон олус баҕарара. Ол баҕа санаата тута туола охсубатаҕа… Ийэтигэр Парасковья Осиповнаҕа көмөлөһөр сыалтан, холкуоска кыладыапсыгынан үлэлээбитэ. Дьэ ол кэнниттэн куоракка Рабфакка киирбитэ. Үөрэнэ сылдьан уруһуйга дьоҕурдаах буолан, художественнай училище аһыллыбытын билэн, онно көһөн хаалбыта. Училищетын бүтэрэн, черчение уонна уруһуй учууталынан Амма орто оскуолатыгар үлэлээбитэ.
Николай Николаевич Барашков, партия Мэҥэ Хаҥаластааҕы райкомун бастакы сэкирэтээрэ, Егор Петровиһы олох эдэригэр дойдутугар, бөдөҥсүйбүт А.Матросов аатынан холкуоска бэрэссэдээтэлинэн анаабыта.
Ол дуоһунаска икки сыл үлэлээбитэ. Эдэр уонна үлэҕэ уопута суох буолан, үгүс ыарахаттары көрсүбүтэ. Куйааска буһан, тымныыга тоҥон, тыҥатын тымнытан, кылгас кэмҥэ тубсанаторийга “Хомустаахха” эмтэммитэ. Онтон үтүөрэн учууталынан төрөөбүт Мэҥэ — Хаҥалаһыгар Майа оскуолатыгар үлэлээбитэ. Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа преподавателинэн уонча сыл үлэлээбитэ. Сайын уоппускатыгар олорон, төрөөбүт алааһыгар Чүөллэрэҕэ “Аргыс тыал” диэн кэпсээннэрин кинигэтин сай устата суруйан бүтэрбитэ. Ас-үөл кэмчи кэмигэр аҥаардас балыгынан үтэлэнэн олорон суруйбутум диэн кэпсиирэ. Кинигэтин бэчээттэтэн, ол кинигэ гонорарынан, уруккуттан үөрэниэх баҕата баһыйан, дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка кыырайа көппүтэ. Киирии эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаран, устудьуон аатын сүкпүтэ. Москватааҕы М.Горькай аатынан литературнай институту туйгуннук бүтэрэн, Дьокуускайга төннөн кэлбитэ. РайОНО анааһынынан Мэҥэ Хаҥалас Өлөчөй аҕыс кылаастаах оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ.
Егор Петрович 1966 сылтан лоп курдук 20 сыл Саха судаарыстыбаннай университетыгар саха тылын уонна литературатын кафедратыгар ыстаарсай преподавателинэн үлэлээбитэ. Университекка лиэксийэ эрэ ааҕыынан муҥурдаммакка, үлэлиирин устатын тухары “Сэргэлээх уоттара” литературнай куруһуогу тахсыылаахтык салайан, элбэх эдэр ыччаты айар идэҕэ көҕүлээбитэ, ийэ тылы иҥэрэргэ дьулуспута. “Сэргэлээх уоттара” куруһуоктан силис-мутук тардынан аатырдылар-сураҕырдылар саха норуодунай суруйааччылара Сэмэн Тумат, Егор Неймохов, Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата Н.Винокуров-Урсун уо.д.а.
Эрчимэн өрүү да эдэрдэргэ эрэнэрэ, мин ааппын кинилэр ааттатыахтара диэн киэн туттара. Кини биир айымньыны ырытан суруйарыгар наһаа өр үлэлиирэ. Бастаан матырыйаалы, кинигэни ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэрэ. Онтон онно сыһыаннааҕы дьиэтээҕи улахан библиотекатыттан булан ааҕара. Кириитик үлэтэ наһаа ыарахан, икки өттүттэн барытын тэҥнээн, “Бу Эрчимэн суруйбута куһаҕан диэбэттэрин курдук үлэлиэххэ наада”, — диирэ. “Кириитикэни киэҥник тарҕатар наада. Өй-санаа сайдыытын биир туһалаах хайысхатын быһыытынан”, — диирэ. Эрчимэн улаханнык ыалдьа сытан: “Туйахпын хатарар идэтийбит кириитик үүммэтэ”, — диэн хомойорун эппитэ.
Егор Петрович уһугулаан сытан Сэмэн Туматы Урсуннааҕынан ыҥыртарбыта. “70 сааспар үбүлүөйдээх кинигэбин таһаартараар”, — диэн көрдөһөн рукопиһын биэрбитэ. Тумат сорудаҕынан ол массыыҥкаҕа бэчээттэммит матырыйаалы “Чолбоҥҥо” үлэлиир Зинаида Николаевнаҕа көмпүүтэргэ бэчээттэттэрбитим. Икки-үс томнаах халыҥ үлэ буолбута.
Соторутааҕыта, “Бичик” кинигэ кыһатыгар өр үлэлээбит Розалия Петровна Осипова ыҥыран, көтөх муҥунан таҥыллыбыт бэлэм үлэ “Бичиккэ” харалла сытарын көрдөрбүтэ. Ол үлүгэрдээх элбэх бэлэм үлэттэн былааҥҥа киллэрэн Эрчимэн төрөөбүтэ 90 сылын көрсө кинигэ бэчээттэммитэ буоллар, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй?!
Билигин литературнай кириитикэ суох. Мин кинигэтэ, хаһыата суох олох сатаммаппын. Арай биир эмэ саҥа кинигэ таҕыстаҕына, ону ырыппыт буоллахтарына, баһыттан атаҕар диэри арбааһын буолар…
Эрчимэн төһөлөөх элбэх ыччаты үөрэтэн-такайан, сүбэлээн-амалаан, олох киэҥ суолугар таһаарбыта буолуой?! Кинилэртэн биир эмэ киһи учууталын ытыктаан, сыаналаан, ол бэлэм үлэттэн кинигэ оҥорон таһаарара буоллар, диэн баҕа санаалаахпын.
Мин сааһырдым, ыалдьабын даҕаны, сүүрэр-көтөр кыах суох. Кинигэ таһаарыыта эккирэтиилээх, тыҥааһыннаах, мин доруобуйам онно кыайан эппиэттээбэт. Урут Эрчимэн төрөөбүтэ 75 сылыгар биир да кинигэтэ тахсыбатаҕын иһин, ыксаан, “Аргыс тыал” диэн кэпсээннэрин кинигэтин бэйэм харчы төлөөн “Бичиккэ” таһаартарбытым. Ол кэннэ 85 сылыгар, эмиэ бэйэм спонсор булан, 130 страницалаах ахтыы кинигэни “Сайдам” издательствоҕа таһаартарбытым.
Егор Шестаков архыыбыттан массыыҥкаҕа бэчээттэммит матырыйааллары Тумакка биэрэн, “Аһаҕас санаалар”, “Алгыс тылыттан саҕаламмыт литература” диэн кинигэлэр күн сирин көрбүттэрэ.
Эрчимэн литературнай-киритиичэскэй уонна публицистическай ыстатыйалара кини суруйар тиэмэтин үчүгэйдик билэрин, төрөөбүт литературабыт историятын тутаах боппуруостарын бүгүҥҥү литературнай бырассыаска табатык дьүөрэлээн чинчийэрин көрдөрөллөр.
Саха биллиилээх суруйааччыта, үрдүк категориялаах учуутал В.В.Скрябин-Идэлги сүүрэн-көтөн, Бырама ситэтэ суох орто оскуолатыгар Эрчимэн аатын иҥэртэрэри ситиспитэ олус махталлаах. Эрчимэн аата-суола үйэтийэригэр, Эрчимэҥҥэ аналлаах үбүлүөйдэргэ ахтыы суруйан, истиҥ тылларынан ахтан-санаан ааһалларыттан, учууталларын үрдүктүк туталларыттан Эрчимэн дьиэ кэргэнэ үөрэбит, астынабыт. Дириҥ махталбытын суруйааччыларга Сэмэн Тумакка, Ойуурга, Урсуҥҥа, Ойукуга уо.д.а. тиэрдэбит.
Кэм-кэрдии аастаҕына, кырдьык туһугар, саха тыллаах баарын тухары, Эрчимэн аата симэлийэн хаалбакка, үйэтитиллэр кэмэ кэлиэ.
Александра Кардашевская-Харыстаана, Эрчимэн кэргэнэ.
ЫСПЫРААПКА
Шестаков Егор Петрович -Эрчимэн
Бэйиэт, кэпсээнньит, биллиилээх литературнай кириитик, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
1927 сыллаахха ыам ыйын 31 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун I Холгума нэһилиэгэр Чүөллэрэ диэн алааска төрөөбүтэ.
Томтор начаалынай оскуолатын бэлэмнэнии кылааһын итиэннэ Наахара сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ.
Дьокуускайдааҕы художественнай училищены ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ.
1965 сыллаахха Москватааҕы М.Горькай аатынан литературнай институту туйгуннук бүтэрбитэ.
1966-1986 с.с. СГУ-га «Сэргэлээх уоттара» литературнай куруһуогу салайбыта.