Бастакы бисиһии хаһан да умнуллубат айылгылаах. Үөһэттэн ыйаах, анал баар дииллэрэ кырдьык буоллаҕа. Мин бу күннэргэ Кардашевская Александра Николаевна-Харыстаана кэргэнин кытта билсиитин бэйэтиттэн сиһилии истэн баран, итиннэ өссө ордук итэҕэйдим. Харыстаана кэпсээниттэн быһа тардан ыллахха маннык:
—Миигин Мэҥэ Хаҥалас Быраматыгар районолар детсадка иитэччинэн анаабыттара. Бэс ыйыгар барбытым, от ыйын 5 этэ дуу, Эрчимэн уоппуската буолан, икки оҕотун илдьэ куораттан ийэтигэр сайылыы көһөн күккүрээн кэллилэр. Арай көрдөхпүнэ, оҕолор таҥастара кирдээх баҕайы, хайдах эрэ. аһына санаатым. Ол иннинэ иһиттэҕим дии, Эрчимэн ойоҕо суох диэн. Ийэтэ кырдьаҕас, киһи тугу да улаханы туһаннарыан сөбө суох курдук. “Барахсаттары, ол иһин даҕаны”,-дии санаатым. Онтон от ыйын 12 күнүгэр киэһэ ыалы кэрийэ сылдьаннар, сарсын субуотунньук буолар, турар турбат чыыста бары манна илиитэ баттааҥ уонна бары субуотунньукка кэлэҕит диэн буолла. Аан бастакынан илии баттаатаҕым дии, Эрчимэн эмиэ илии баттаабыт. Сарсыарда 9 ч эргэ кулууп таһыгар мустаҕыт диэн буолла. Мин Тоня диэн детсадка ньээньэлиир дьүөгэбин кытта кэллибит. Киһи бөҕө баар. Арай көрбүтүм, Эрчимэн олорор, барбатах балык минин курдук күп-күөх харахтаах. “Уу, дьэ, куһаҕан да харахтаах киһи,»-диэбитим. Дьүөгэм Тоня:
—Эрчимэни көрдүҥ дуу?
—Көрөн.
—Ити киһини олох көрүмэ.
—Тоҕо?
—Кини эйигин эрийэн ылыаҕа.
—Эс! Наһаа да эрийэн ылыаҕа буолан?
Массыынабыт кэллэ. Оччолорго бортовой массыына. Бары онно таҕыстыбыт. Арай, Эрчимэн мин кэннибэр (мин күөх сибиитирэлээхпин) миигин санныбыттан тутан баран турар. Туонньам: “Ыл. Бэттэх кэл!”-диир. Чэ, бээ, турар сирбэр туруум. Дьэ, ол курдук туран айаннаатыбыт. Байымаайы диэн Эрчимэн ийэтэ төрөөбүт алааһыгар тиийэн кэллибит. Ол курдук кэллибит. Ырыа-тойук бөҕөбүт. Кулууппут таһыттан ырыа бөҕөнү, араас ырыаны барытын ыллаан кэллибит. Кэллибит, сүөкэннибит. Эр дьон уу отун орооһуҥҥа, кыргыттар от мунньуутугар бараҕыт диэн буолла. Еремей Прокопьевич Попов (ЯГУ-га улэлээбитэ) кэргэнинээн иккиэн ас буһара хааллылар. Эт эҥин бөҕө аҕалбыттар. Собо илимнээн ким эрэ таһаара оҕуста. Кыратык үлэлээн бараммыт, күнүс аһылыкка кэллибит. 3 уһун да уһун остуол толору ас да ас. Өйүөбүтүн ууран кэбистибит. Наһаа үчүгэй, эмиэ ырыа-тойук буола түстүбүт. Онтон артыыстар кэллилэр, Эмистэн эмиэ Захарова Таня диэн наһаа ырыаһыт дьахтар кэллэ. Кэнсиэрдээн киирэн бардылар. Мин тураммын хоһоон аахтым. Мэҥэ Хаҥалас артыыһа, манна араадьыйаҕа ыллыыр Василий Гаврильев, эдьиий Марыына ырыа-тойук мааныта. Көрдөөх кэпсээн кэпсээтим мин. Аһаан баран хос үлэлии киирдибит. Киэһэ 7 ч үлэлээн бүтэн баран, кэлбиппит остуолбут өссө сиэдэрэй буолбут. Онно дьэ олордубут. Лаабыска (дьааһык үрдүгэр хаптаһыны ууран) кыараҕас баҕайытык олордубут. Эрчимэн мин аттыбар кэлэн олорунан кэбистэ. Чэ, ол курдук олордун. Мин саҥарбаппын. Оттон ол курдук аһаатыбыт, ырыа-тойук бөҕө, онтон оһуокайдаатыбыт. Эрчимэним эмиэ мин таспар баар. Туонньам: “Ити Эрчимэн туох ааттааҕын эн аттыгыттан арахпата? Атын сиргэ барыахха,”—диэтэ. Мин: “Чэ, бээ, култуурунайа суох. Хайдах оруо маһы ортотунан ыллыбыт да, атын сиргэ барыахпытый?”— диибин. Ол курдук кэпсэтэн, ыллаан-туойан, көр-күлүү бөҕө буоллубут, футболлаан да ыллылар. Онтон 10 ч дуу, ханнык дуу айаммытыгар туруннубут. Эмиэ грузовойбутугар хатаастан тахсан олордубут. Эбии дьоннор кэлбиттэр быһыылаах, дьон элбээн хаалбыт. Миэстэ диэн суох. Баппатыбыт. Эрчимэн олорор. Миэстэ суоҕунан түбэһиннэрэн, ылла да миигин көтөҕөн кэбистэ. Хайыахпыный?
Онтон мин көтөхтөрдөҕүм дии, киһи турар да сирэ суох. Мин аллараа олоробун, детсад таһыгар, онно тиийэн кэллибит. “Мин манна түһэбин,”—диэтим. Эрчимэн: “Түһүмэ-түһүмэ. Үөһээ дэриэбинэни тахсан көр. Мин үөһээ олоробун.” Туонньам эмиэ үөһээ Эрчимэннээҕи кытта кэккэлэһэ олороллор. “Чэ, бээ, Туонньаҕа хонор инибин,”-диэн тахсыстым. Онтон бары саамыланнылар, түһэр дьон түстэ. Мин Туонньаны кытта барыах буолбуппун Эрчимэн олох илиибиттэн тарда сылдьар: “Барыма да, барыма,”-диир. Туонньам: “Кэл да кэл!”-диир. Икки өттүбүттэн тардаллар. Онтон Эрчимэн: “Ээ, чэ, бээ, кыратык аллара киирэн хаамса түһүөххэ,”-диэтэ. Мин Эрчимэни билбэт буоллаҕым, айымньынан эрэ билэбин. Онтон дьэ, хаамыстыбыт. Есенин, Евтушенко, Маяковскай, Пушкин хоһооннорун аахтыбыт. Аны сахалыы хоҺооннорго көстүбүт. Мин “Өрүөл кэриэһэ” диэни аахтым. Онтон “Барыта оҕолор иһин!”-диэни аахтым. Эрчимэн истэн баран: “Хоһоону үчүгэйдик да ааҕаҕын. “Барыта оҕолор иһин!” Сергей Васильев хоһоонун өссө биирдэ аах эрэ, тоойуом. Мин “тоойуом” диэбитин, хайдах эрэ, сөбүлээбэтим. Күнү быһа хоһоон аахтарыан баҕарар курдук, мин хайдах тохтоло суох чоргуйуохпунуй? Онтон эттэ: “Мин манна үөһэ олоробун. Тахсан мин дьиэбин көрөҕүн дуо?” Мин соһуйдум: “Эс, наһаа да эн дьиэҕин көрбөт инибин. Туонньам ити олорор, Туонньабар бардым.” бараары гынабын, киһим олох эккирэтэ сылдьар. Онтон хайыахпыный? Киирдим кини дьиэтигэр. Кыра баҕайы дьиэ, суруйар хоһо буоллаҕа. Суруйар остуола, ороно, аһыырын дьонугар аһыыр буоллаҕа. Кинигэлэри эҥин көрдөрдө. Билэрэ-көрөрө элбэҕэ, хааһахтан хостуур кэриэтэ кэпсиир. Мин 24 эрэ, кини 44 саастаах. Кинини кытта тэҥнэһэр өйүм суох буоллаҕа. Ити курдук ону-маны кэпсэтэ түһэн баран, дьоммор тахсан эрдэхпинэ: “Сарсын көрсүөхпүт,-” диэҥҥэ мин соһуйуом иһин ханна көрсөрбүтүн ыйыта оҕустум. Эрчимэн аллара моой оттуурун эттэ:
—Кэлэн, хата, отто мунньуһаар. Кини аймахтарыгар оттуур, оттон мин кини аймахтарыгар олорор эбиппин.
Бу курдук икки саастарынан улахан араастаах да буоллар, сүрдээҕин уопсай тылы булан, ис сүрэхтэриттэн таптаһан сүүрбэ биэс сыл эн-мин дэһэн, оҕо төрөтөн, иитэн ыал буолан олорбут толору дьоллоохтор. Егор Петрович кэргэнин суруйар эйгэҕэ киллэрбит эмиэ уратылаах.
Эрчимэн биһигини үөрэппитэ. Мин аан бастаан кинини “Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүүгэ көрбүтүм. Ол иннинэ мин 10 кылааска үөрэнэр кэммэр Мэҥэ Хаҥалас хаһыатыгар хоһоонум бэчээттэммитэ, онтон үөрэххэ туттарсар кэммэр үс хоһоонум “Эдэр коммунист” хаһыакка бэчээттэммитэ. Киирэн баран миигин баар ду, суох ду диэн ыйытта. Баарбын истэн баран, тахсан хоһооммун ааҕан иһитиннэрэрбэр көрдөстө, хаһыаты илдьэ кэлбит эбит этэ. Мин кыбыстарым да сүрдээх, долгуйа-долгуйа нэһиилэ ааҕа турдахпына тохтотто уонна хоһоону итинник ааҕыллыбат диэтэ. Федорова Света диэн кыыһы таһааран аахтарда, дьэ, дьон хоһоону ааҕар да буолар эбиттэр! Истэ олорон, атын киһи иэйиитигэр дьон түргэнник да киирэр, ылынар эбиттэр дии санаабытым. Андрей Борисов наһаа да үчүгэйдик мин хоһооммун онно ырыппыта. Ити курдук устудьуоннуур сылларбыт олус түргэнник ааһан хаалбыта. Билигин, син добуочча олох олорбучча, санаан ыллахха, Сэргэлээх оҕото бары даҕаны, хоһоон-ырыа аргыстаах эбиппит. Билигин, наһаа тэнийэ барбакка, Эрчимэн туһунан үөрэппит оҕолорун ахтыыларын билсиэҕиҥ.
Егор Петрович туһунан
Күн-дьыл устара түргэнэ сүрдээх. Устудьуон буолан Сэргэлээх 14-с уопсайын аанын аан бастаан аспытым хайыы үйэҕэ 39 сылын туолан эрэр эбит.
Егор Петровиһы абитуриенныы сылдьан аан бастаан көрбүтүм. Оччолорго экзаменнар бүппүттэрин кэннэ устуодьуон буолуохтаах оҕолору кытта сирэй кэпсэтии (собеседование) буолар этэ. Онно биир хоско хас да киһи олороругар киирэн барыларын кэрийэн ыйытыыларга эппиэттээн тахсарбыт. Хас да киһини ааһан биир эриличчи көрбүт, хара бараан сирэйдээх, бөдөҥ кэчигирэспит тиистээх саастаах киһи иннигэр олорунан кэбиһэбин. Киһим миигин сыаналыырдыы эриличчи көрөн баран: “Син суруйуох курдук эбиккин, ойуулааһыныҥ куһаҕана суох”, -диир. Бу иннигэр барыбытыгар сорудах биэрэн көҥүл тиэмэҕэ айар үлэ толотторбуттара. Онно мин сайыҥҥы айылҕаны хоһуйан, туох баар уус тылбын барытын туттан, суруйан бооччойбутум. Киһим хайҕаабытыттан үөрдүм. Уонна эриличчи көрбүт сырдык хараҕын дьиктиргээбиппин өйдүүбүн. “Үөрэх саҕаланнаҕына “Сэргэлээх уоттара” диэн устудьуоннар литературнай куруһуоктарыгар сылдьыа этиҥ,”-диир. Мин туран, “Сэргэлээх уоттара” диэни эрдэттэн истэр, онно сылдьар баҕалаах киһи тутатына: “Сылдьыаҕым”,-диэн тылбын биэрэн тахсабын. Ол курдук үөрэнэр сылларым устата “Сэргэлээх уоттара” куруһуокка көтүппэккэ кэриэтэ сылдьыбытым. “Сэргэлээх уоттара”куруһуок оҕолорун айымньылара “Якутский университет”, “Эдэр коммунист” хаһыаттарыгар бэчээттэнэ сылдьыбыттара. Онно мин биир, икки хоһоонум эмиэ кыбыллан турардаах.
Егор Петрович куруһуогу салайарыгар “маннык буолуохтаах, маннык суруйуохтааххыт, маннык ньымалары туттуохтааххыт” диэн хаһан даҕаны быһаччы сүбэлээччитэ суох. Ол оннугар биһигини саҥардан, санаабытын, этиниибитин истээччи. Биһиги оччотооҕу устудьуоннар бэйэбит суруйбут айымньыларбытын ырытан сорох ардыгар аһара үлүһүйэн тиритиэх-хорутуох курдук буоллахпытына уоскуталаан, ким туох диэбитин, кини санаатыгар хайдах буолара ордугун аа-дьуо ыксаабакка быһааран биэрээччи. Бэйэтэ литературнай критик буолан айымньыны сүрдээх дириҥник ырытааччы. Критика оруннаах, кырдьыктаах, ааҕааччыга айымньыны өйдүүрүгэр көмөлөһөр буолуохтаах диэн санаанан салайтарааччы. Уонна: “Норуокка чугас, норуокка өйдөнөр буолуохтаах”, — диэччи. Биирдэ литературнай критика мөккүөрүн туһунан кэпсииригэр бэйэтин туһунан манныгы быктаран турардаах. Критика туһунан биир киһини кытта мөккүспүттэр, анарааҥҥыта кинини кириитик быһыытынан туора сотон таһаарбыт уонна дуоскаҕа миэлинэн булгунньах курдук уруһуйдаан баран Егор Петровиһы ол үөһэ туруоран баран силлии турар гына көрдөрбүт: “Норуотуҥ үрдүгэр тураҥҥын, норуоккар силлиигин”,-диэбит. Онуоха Егор Петрович уруһуйдаммыт киһини сотон баран, миэли ылан булгунньах аллараа өттүгэр аан курдук уруһуйдаан баран, онтон ол киһитин таһаарбыт уонна “Мин норуоттан тахсыбытым, миигин норуот төрөппүтэ”,-диэн хардарбыт. Тылын тамаҕыттан иһиттэххэ, оччотооҕу саха литературатыгар сытыы киирсиилэр буолаллар быһыылааҕа. Кини биһигини литература диэн тугун, суруйааччылар диэн кимнээҕин, мөккүөр хайдах барарын биллэрэр сыаллаах үлэни ыытаачы. Ол туһуттан Саха сирин суруйааччыларын мунньахтара, сийиэстэрэ, кэмпэриэнсийэлэрэ буоллахтарына биһигини батыһыннаран тиийээччи. Биир оннук түмсүүгэ Суорун Омоллоон Амма Аччыгыйын саха литературатын туһунан Сойуус суруйааччыларын бастакы сийиэһигэр оҥорбут дакылаатынан сирэйдээн кириитикэлээбитэ. Уонна ол хараардыбыт дьонуҥ сырдык ааттарын көннөрөр туһугар, сыыһа дакылааты оҥорбуппун диэн билиниэх тустааххын эҥин диир быһыылааҕа. Амма Аччыгыйа таһыттан көрдөххө ымыр да гыммакка истибитэ. Кини бастакы суруйааччылары ытыктыырын, сүгүрэйэрин, кинилэрдиин бииргэ үлэлээн ааспытынан киэн туттарын, кинилэр сырдык ааттарын үйэтитэр туһугар ахтыылары суруйан хайыы үйэҕэ тус сыһыанын көрдөрбүтүн уонна онно эбии этэрэ туох даҕаны суоҕун туһунан тыл эппитэ. Суруйааччылар өрөгөйдөрүгэр буолар тэрээһиннэргэ, “Хомус” диэн эдэр суруйааччылар айымньыларын ырытыыларга хаста да сылдьыбыппыт. Ону таһынан кэмиттэн кэмигэр суруйааччылары кытта көрсүһүүлэри тэрийээччи, оччотооҕу суруйааччылары кытта барыларын кэриэтэ көрсүбүппүт. Онон Еор Петрович биһигини саха литературатын ис эйгэтигэр сыһыарбытын таһынан, литература туһунан өйдөбүлбүт кэҥииригэр көмөлөспүтэ.
Литературнай кириитик быһыытынан саха литературата сайдарыгар тирэх буолбута ситэ сыаналаммакка сылдьар. Кириитик быһыытынан туспа суоллаах буолуутугар, арааһа, худуоһунньук идэлээҕэ улаханнык сабыдыаллаабыт быһыылаах. Суруйааччы айымньытыттан худуоһунньук мындыр хараҕынан көннөрү киһи өйдөөн көрбөтүн таба көрөн, онно олоҕуран сүрдээх үчүгэй түмүктээһиннэри оҥорон, сонун санаалары этэн бэрт ылыннарыылаахтык ырытар. Үөрэхпин бүтэрэн, оскуолаҕа тиийэн, учуутал буолан ууга-уокка түһэн, түүннэри уруоктарбар бэлмнэнэрбэр Егор Петрович ыстатыйаларын лаппа туһаммытым, көмө-тирэх оҥостубутум. Ордук “Өрүөл кэриэһэ” диэн 1972 с.тахсыбыт кугас өҥнөөх чараас тастаах кинигэтин туттубутум. Кэнники “Алгыс тылынан саҕаламмыт литература” диэн 2007 с. тахсыбыт кинигэтин сөбүлээн туһаммытым. Бэл диэтэр, саха лиитературатын туһунан уруогум тиэмэтин “Алгыс тылынан саҕаламмыт литература” диэн ааттаабытым.
Устудьуоннуу сылдьан практикабын иккис оскуолаҕа ааспытым. Онно алтыс кылаастарга кылаас салайааччытын быһыытынан эмиэ үлэлээбитим. Кылааспар Шестаков Петя диэн уол баар этэ. Практикам быһыытынан кылаас оҕолорун дьиэлэригэр сылдьан, дьоннорун кытта билсиэхтээхпин, олохторун-дьаһахтарын үөрэтиэхтээхпин. Аҥаар кырыытыттан ыаллары кэрийэн бардым. Үксүн киэһэ тиийэбин, үлэ кэнниттэн, дьонноро баалларыгар. Киэһэ хараҥаҕа, биэс этээстээх дьиэлэр быыстарынан көрдөөн-көрдөөн соруктаах дьиэбин булан иһирдьэ киирбитим, Петя ийэтэ быһыылаах эдэрси соҕус дьахтар баар, кэпсэттибит, Петяны ыҥыран ылла. Арай, ол олордохпутуна нөҥүө хостон маҥан маайканан сылдьар Егор Петрович киирэн кэллэ. Соһуйан, өрө көрө түстүм. “Хайа, Бурхалей, кэлбиккин дуу, төһө бэркэ үлэлии сылдьаҕын? Хайдаҕый-тугуй?”-диэн ыйыталаһан, кэпсэтэн барда. Олох обургу ити курдук киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн эргитэн таһаарардаах эбит. Петям Егор Петрович уола эбит. Мин буоллаҕына, ону билэн бэрт, Петяҕа дьиэтигэр сылдьыбатаҕым буоллар билбэккэ даҕаны хаалыах эбиппин. Онон кылгас да кэмҥэ буоллар учууталым уолугар саха тылын, литературатын үөрэппитим, кылаас салайааччытын быһыытынан сылдьыбытым. Онтубуттан билигин олуһун астынабын, Егор Петрович иннигэр муҥура суох иэһим кыра хааппыла саҕатын көҕүрэппиппиттэн таҥараҕа махтанабын.
Бурхалей Макаров, саха салаата-82: Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүү 4 N-дээх орто оскуолатыгар дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы.
“Сэргэлээх уоттара”
«Сэргэлээх уоттара» диэтэххэ миэхэ тута Егор Петрович Шестаков — Эрчимэн көстөн кэлэр …
1978 с. СГУ ИФФ СС маҥнаҋгы кууруска киирээт ким ханнык куруһуокка суруҋтараҕыт диэн ыҋыталаһыы буолбутугар «Сэргэлээх уоттарын» талбытым.
Маҥнаҋгы сонуҥҥа балачча элбэх этибит, олортон 5-с кууруска, араас биричиинэлэринэн, аҕыҋаабыттара. Биһигиттэн, СС-78-н , миигин кытта; Илья Зверев, Андреҋ Борисов, Виктор Стручков толору сылдьыбыттара. Итини таһынан , атын куурустартан Толя Гоголев, Ольга Варламова, Саргы Гольдерова, Александра Григорьева, Аскалон Егоров, Борис Павлов, Евсеҋ Лугинов, Максим Ксенофонтов, Сардаана Гаврильева, Ира Иванова, Валя Пинигина, Лариса Постникова, Люда Баишева, Таня Сергеева, Соня Прокопьева уо.д.а. бааллара.
Биһиги дипломмутугар бэлэмнэ барарбытыгар уопсаҋ мунньах быһаарыытыган, өрүү көтүппэккэ сылдьар, Люда Баишева ыстаарастанан талыллыбыта.
Тус бэҋэм ,Егор Петрович куруһуогун оҕолоро, учуутал буолан тахсыыларыгар улахан болҕомтотун уурбут эбит диэн саныырым күн-дьыл аастаҕын ааҋы күүһүрэн иһэр. Олортон биир идэбилэ; улахан кинигэ ыскааптаах буолуу уонна ол ыскаапкын саҥа тахсар кинигэлэринэн толоруу итиэннэ ол кинигэлэри хаҋаатар да ааҕан, уруоктарга, күннээҕи олоххо туһаныы, кэнэҕэс оҕоттон сиэҥҥэ тииҋэ ону кэпсээһин, кинилэр кинигэни ааҕалларын ситиһии диэн буолара.
Өссө, учуутал хаҋаатар да уруоктарынан эрэ муҥурдаммакка, кылааһы таһынан ааҕыыны ирдээһинэ. Уруок бүтүүтэ ыытыллар үлэҕитигэр саха суруҋааччыларын сырдатыы уонна хаҋаатар да, аҋар дьоҕурдаах оҕолору кытта күүскэ үлэлэһии диэн этэ.Аны дьиэтигэр эмиэ ыҥыран, үлэлиир остуолун «кистэлэҥнэрин» көрдөрөрө . Хаһыат ыстатыҋаларын аннынан тардан бэлиэтии-бэлиэтии кырыҋталаан олору бэрт кичэллээхтик тутара. Бэҋэтин хоһооннорун, кэпсээннэрин, ыстатыҋаларын көрдөрөрө, арыт көрдөстөххө, аахтара биэрэрэ. Ол быыһыгар, саха суруҋааччыларын тустарынан , кинилэр аҋымньыларыгар санааларын этэрэ. Олохторун бэлиэ эбэтэр кыһалҕалаах түгэннэриттэн үгүһү кэпсиирэ.
Кини олоҕун аргыһа, кэргэнэ Александра Николаевна сылаас астаах эҋэҕэс хаһааҋка буоларын толору астаах остуола туоһулуура. Арыт, киэһэ хоҋутаан, хараҥаҕа былдьаттахха, иккиэн күүстэринэн хонноро хаалларбыт түгэннэрэ да баара. Сахалыы нус-хас, чуумпутук, холкутук, иллээхтик олорор ыал буолаллара. Оҕолоро да оннук сорох ыал оҕолорун курдук, ытаһан, аҋдаарсан баалларын биллэрбиттэрин өҋдөөбөппүн. Ити курдук сырдык түннүктэрдээх , эргиччи хос ааҋы толору кинигэлэрдээх, сылаас тыыннаах, сахалыы куттаах дьиэлээхтэрэ.
Егор Петрович историческаҋ киинэлэри наһаа сөбүлээн көрөрө уонна оннук киинэлэри көрөрбүтүгэр сүбэлиирэ. Биирдэ » Лена» киинэ тыҋаатырыгар «Тристан и Изольда» диэн киинэҕэ күнүн, чааһын ыҋан ону баран көрбүппүт. Егор Петрович эмиэ кэлэн биһиги аттыбытыгар олорбута.Итини таһынан түмсүүбүтүгэр суруҋааччылары, биллэр дьону ыҥыран көрсүһүүлэри тэриҋэрэ, арыт бэҋэбит аҋымньыларбытынан ырытыы оҥоттороро, атын тэрээһиннэргэ ыҥырыы кумааҕылары булан аҕалан түҥэтэлиирэ. Быһата, киэҥник, далааһыннаахтык, сатабыллаахтык салаҋара …
Үөрэхпин бүтэрэн, Орто Халыма Эбээх аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үлэлиир сылларбар, суругунан билсэр этибит. Балыктаах сиргэ олорор, итиэннэ үлэһит киһи буоллаҕа буолан хотуттан балык баһыылкабын тутан наһаа махтанар этэ. Мэҥэ Хаҥалас Томторугар үлэлиир кэмнэрбэр «Чолбоҥҥо» үлэлиир этэ. Онно Даланнааҕы кытта улуус бөһүөлэктэрин кэриҋбиттэрэ. Томторго таарыҋан биһиги саҥа туттан киирбит дьиэбитигэр хонон, кэпсээн-ипсээн, сүбэлээн-амалаан, кинигэтин бэлэхтээн аспыттаах…
Олоҕун тиһэх күннэригэр, үлэм быыһыгар ,Томтортон күнүнэн киирэн көрсүбүппэр, сэниэтэ суохтук илиибиттэн сыллаабыта, үҥсэргиир кэриэтэ ытамньыҋбыта итиэннэ:
— Доруобуҋабар суолта биэрбэккэ бу буолан сытабын. Үлэ үлэнэн, доруобуҋаҕытын кэмиттэн кэмигэр көрдөрүнэ сылдьар буолуҥ — диэн тиһэх сүбэтин биэрээхтээбитэ.
Учууталбыт, махталынан ахтар үтүө киһибит , Егор Петрович Шестаков — Эрчимэн салаҋан үлэлэппит «Сэргэлээх уоттара» түмсүүтэ күн бүгүнүгэр диэри тигинэччи үлэлии, аҋар ыччаты кэрэҕэ кынаттыы турара саныахха олус үөрүүлээх. Талааннаах, дьоҕурдаах салаҋааччы, уһуҋааччы Матрена Петровна Попова саҥалыы тыын уган илдьэ сылдьара хаҋҕаллаах.
Егор Петрович үгүс ыччат дьоҥҥо үтүө холобур буолан кэллэҕэ!
Кини үөрэнээччилэриттэн үксүлэрэ даҕаны, баҕа санаатын толорбуттуу, төрөөбүт Сахаларын сирэ, иҋэ тыллара саҋдарын туһугар аҋа-тута, олох хаамыытынан
туспа суолу-ииһи хаалларар соруктаах үлэлии-хамсыы, кэлэр кэнчээрилэригэр дьоһун Сүбэһит, Сирдьит буолан сылдьаллар, сылдьыахтара да буоллаҕа!
Августина Хабарова.
СГУ ИФФ СС-78 устудьуона.»Сэргэлээх уоттара» литературнаҋ түмсүүттэн иитиллэн тахсыбыт билигин Мэҥэ Хаҥалас улууһун » Таммахтар» литературнаҋ холбоһук салаҋааччыта. СӨ суруҋааччыларын, Россия суруналыыстарын соҋууһун чилиэнэ. СӨ үөрэҕириитин туҋгуна.
«Литературнай критик,суруйааччы, убаастыыр учууталбыт Е.П. Шестаков салайар»Сэргэлээх уоттара» литературнай куруһуокка бастакы куурустан сөбүлээн сылдьыбытым. Интэриэһинэйэ диэн суруйааччылары, артыыстары кытта көрсүһүүлэри күүтэрбит. Сана холонон көрөөччүлэргэ олус туһалаах түмсүү этэ. Хоһооннору ырытыьыы, суруйааччылар дьылҕалара, суруйааччылар олохторун кэпсиирин олус да сэргээн истэрбит. О5олор бастакы айымньыларын ааҕандьүүлгэ таһаараллара. Бастакы кынаттаныы эбит аны санаатахха. Гавриил Колесовы кытта көрсүһүүнү олох умнубаппын, бу аттыгар чугастан кере олорон истии, биһиэхэ улахан үөрүү этэ. Олоҥхону өйүттэн аахпытын сөхпүппүт даҕаны! Аны бары төгүрүччү оһуохайдаабыппыт.»-диэн сэмэйдик ахтар Уус-Алдан улууһугар, Уһун-Күөл орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан улэлиир Пинигина-Стрекаловская Валентина Васильевна . Валентина билигин кыралаан суруйуунан дьарыктанан эрэр диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.
«Эрчимэн элбэхтик эрчийэн»
Егор Петрович Шестаков – Эрчимэн критическэй ыстатыйаларын оскуолаҕа улахан кылаастарга үөрэнэр сылларбар билсибитим. Ылыннарыылаахтык, ыраас уус-уран тылынан, суруйааччы айар үлэтин, айымньыларын объективнайдык сыаналыыр дьулуурдаахтык суруллубут ыстатыйалар ис-испиттэн умсугуйан ааҕарым.
Университекка киирэн баран, саха литературатын историятыгар аатырбыт литературнай критик, суруйааччы, кэрэхсээн аахпыт критическэй үлэлэрим автордара Эрчимэн үөрэтэр буолбутуттан олус үөрбүтүм.
Онтон Егор Петрович салайар «Сэргэлээх уоттара» куруһуогугар сылдьар буолбутум.
Биирдэ куруһуокка Николай Лугинову, оччолорго эдэр прозаигы, ыҥыран сырытыннарбыта. Онно Лугинов: «Бу эһиги, филологтар, литература теориятын олус ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэр буолаҥҥыт, айаары, суруйаары гыннаххытына, теория ирдэбилигэр эппиэттиир гына сатаан, олус кылааккайдаан, сымсах айымньыны оҥорон кэбиһэҕит. Холобур, мин математикпын, ол быраабылаларгытын билбэппин. Онон көҥүллүк суруйабын», — диэбитэ. Биһиги ону дьиктиргии, «ама?» диэбиттии, истибиппит.
Егор Петрович хас саҥа суруйан эрэр студент айымньытын олус харыстабыллаахтык ырытара. Тосту сирэн, кими эмэ хомоппута диэн суоҕа. Эдэрдэр айымньыларыгар туох сонун, үчүгэй баарын бэлиэтээн ыйара. Итэҕэстэрин куруһуок чилиэннэрэ, бэйэбит, булан, ону туоратар суоллары этэрбит.
Куруһуок биир занятиетыгар Егор Тарбахов кыһыҥҥы айылҕаны ойуулаабыт хоһоонун хайҕаабыта. Ол онно:
Чэпчээбит дууһалыы лабаа
Тииҥ кулгааҕыныы чэрэйэр
диэн устуруокалар бааллара. Эрчимэн: «Бу биир этиигэ икки тэҥнэбили киллэрбит. Гоша тэҥнэбили табыгастаахтык туттара киһини үөрдэр. Тэҥнэбиллэрэ букатын Вениамин Миронов киэнин курдуктар, сонуннар», — диэн бэлиэтээбитэ. Егор килбиктик мичийэн ылбыта.
Евсей Лугинов, Саша Львов, Антонина Лыткина оччоттон да ураты стиллээх хоһооннору суруйар этилэр. Августина Хабарованы сиппит суруйааччы курдук ылынарбыт.
1983 сыллаахха, куруһуок биир түмсүүтүгэр Эрчимэн ким ханнык поэты ордук сөбүлээн ааҕарын ыйыппыта. Оҕолор биир-биир этиннилэр.
Мин: «Пётр Тобуруокабы ордоробун. Киниэхэ норуодунай ааты биэриэххэ наада. Кинини билбэт киһи суох. Хоһоонноро, поэмалара олус үчүгэйдэр. Ырыа буолбут хоһоонун ахсаанынан тэҥнээҕэ суох. Дьиҥнээх норуот поэта», — диэбитим быһыылааҕа.
Онуоха Эрчимэн: «Мин эмиэ оруобуна итинник саныыбын. Ол эрэн, суруйааччылар Союзтарын иһигэр киниэхэ ити улахан ааты биэрэри утарсааччылар бааллар», — диэбитэ.
Биир түмсүүгэ хоһооннору ырыппыппыт. Онно биир айымньыга: «Эрчимэн элбэхтик эрчийэн…» диэн строка баара. Арааһа, Евсей Лугинов хоһоонугар этэ. Сонно тута ити строка баар строфатын үгүстэр нойосуус өйдүү охсубуттара. Эрчимэн киэҥ, дириҥ билиититтэн дэлэйдик үллэстэрэ, суруйар, айар үлэ ис куукунатын кэрэхсэбиллээхтик кэпсиирэ.
Ардыгар салайааччыбыт кэпсээннэрин ааҕан кэлэрбит уонна олор айыллыбыт историяларын, персонажтарын, проблематикаларын ыйыталаһарбыт. Оччоҕо куруһуок биһиги айымньыларбытын буолбакка, Егор Шестаков кэпсээннэрин, новеллаларын ырытыыга кубулуйара.
«Сэргэлээх уоттарыгар» дьарыктаммыппын, бөдөҥ литературоведка, кириитиккэ, суруйааччыга үөрэммиппин киэн тутта, үөрэ ахтабын, сылаастык саныыбын.
Максим Ксенофонтов «Дети Саха Азии» стипендиата, методист-учуутал, СӨ Президенин Гранын хаһаайына, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ
Бу курдук Егор Петрович Шестаков үөрэппит оҕолоро олоххо эмиэ бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрэ сылдьалларыттан үөрэбит. Олох хаһан баҕарар слҕанар, оттон ол салҕаныыта ханнык өрүттээҕин салҕааччылар олохторо туоһулуур.
Харайданова И. И., РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна уонна ыччат политикатын туйгуна,
СӨ Бэрэсидьиэнин Гранын хаһаайына, ”Дьиэ кэргэн политикатын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлээх, учуутал
Хаартыскаҕа: Е.П.Шестаков аймаҕа Соловьева Вераны кытта (архыып)