Өскөтүн оскуолаҕа кэлин эр дьон учуутал балачча элбээн эрэр эбит буоллаҕына, уһуйааҥҥа күүстээх аҥаары, буолаары буолан сэбиэдиссэйи көрөр ахсааннаах. Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – Ньурба улууһун Антоновка сэлиэнньэтин “Ромашка” уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Егор Егоров.
Олоҕун олуга
— Егор Кириллович, хантан төрүттээххин? Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.
— Ньурба олохтооҕобун. Оскуоланы бүтэрээт, Бүлүү педагогическай кэллиэһигэр алын кылаас учуутала идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Сэбиэдиссэйдиэм иннинэ успуорт саала дириэктэринэн, уһуйааҥҥа успуорт инструкторынан үлэлээбитим. Кэргэннээхпин, үс кыыс оҕолоохпут. Улахаммыт устудьуон, эмиэ иитээччи идэтин баһылаары сылдьар.
Төрөөбүт нэһилиэкпэр Антоновкаҕа көһөн кэлэн баран уһуйааҥҥа успуорт инструкторынан үлэлии киирбитим. Икки сыл иһигэр “Алыптаах хонуу” диэн ааптарыскай бырайыакпынан методическай үлэ оҥоһуллан, оҕону сахалыы оонньууларынан эт-хаан өттүнэн эрчийиигэ, сайыннарыыга хото үлэлэспитим. Бу сахалыы атах оонньууларынан дьарыктааһын буолар. Тустаах үлэбинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи эр дьон пуорумугар, улуустааҕы “Сыл иитээччитэ” күрэхтэргэ кыттыбытым, миэстэлэспитим, лауреат үрдүк аатын ылбытым.
— Эр дьон сэбиэдиссэй билигин даҕаны аҕыйах эбээт. Төһө уһуннук толкуйдаабыккыный?
— Ити курдук үлэлии сырыттахпына, 2016 сыллаахха сэбиэдиссэйдээ диэн этии киллэрбиттэригэр, толкуйдуу түһэн баран сөпсөспүтүм. Үгүс сылларга сэбиэдиссэйдээбит Эльвира Семенова сөбүлэҥин биэрэн, старшай мэтэдиис, үгүс уопуттаах Любовь Михайлова миигин сэбиэдиссэйгэ мэктиэлээн, нэһилиэк баһылыга сөбүлэһэн, үөрэх управлениета илии баттаабыта. Оччолорго Ньурба улууһугар Чаппанда нэһилиэгэр эрэ эр киһи сэбиэдиссэй баара. Билигин номнуо төрдүөбүт диэн үөрэбин – Ньурба куоракка, Мархаҕа уонна Маалыкайга.
Кэтэхтэн үөрэнэн, быйыл Педагогическай институт оскуола иннинээҕи үөрэхтээһинин салаатын бүтэрэн эрэбин. Биэс сыл үөрэнним. Дьупулуомум үлэтэ оҕону сахалыы оонньууларынан эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга ананар.
— Эр дьон бааллар дуу?
— Кууруспар соҕотохпун.
Улууска соҕотох бөлөх
— Эйигин улахан уһуйаан сэбиэдиссэйэ диэн истибитим.
— Антоновка нэһилиэнньэтин ахсаана быһа холуйан 3 000. Икки уһуйаан үлэлиир. Биһиги “Ромашка” уһуйааммыт Ньурба улууһугар улахан уһуйааннар ахсааннарыгар киирсэр. Тоҕус бөлөҕүнэн 158 иитиллээччилээхпит, 64 үлэһиттээхпит. Туох баар тэрээһиннэргэ барытыгар кыттабыт, бастыыбыт. Икки суолталаах бырайыак үлэлиир. Ол курдук, 2014 сыллаахха улууска аан бастакынан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах туспа бөлөҕү тэрийбиппит.
Ити сыл Майаҕа (Мэҥэ Хаҥалас улууһа) ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа “Крылья надежды” диэн бырайыагы көмүскээбиппит. Маҥнай күн аҥаара үлэлиирэ. Сыыйа төрөппүттэр биһирээн, итэҕэйэн, 2017 сылтан оҕолор сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри сылдьаллар. Ыарыһах оҕолор буолан бэйэтэ туспа ирдэбиллэрдээх, онон бөлөххө аҕыйах оҕо сылдьар. Манна харахтарынан мөлтөхтүк көрөр, дьүлэй, аутизмнаах оҕолор дьарыктаналлар.
— Бука, үгүс сыраны, болҕомтону эрэйэр бөлөх буолуо. Төһө уустугуй?
— Уопуттаах иитээччилээхпит – Рея Андреева. Уһуйааҥҥа миэдик штата көрүллүбэт, гигиена инструктора диэн баар. Онон миэдик штата сытыы боппуруостартан биирдэстэринэн буолар.
Уолаттар бөлөхтөрө
— Оттон иккис бырайыаккыт ханныгый?
— Уолаттар бөлөхтөрө үлэлиир. Манна 2013 сыллаахха төрөөбүт уолаттар сылдьаллар, быйыл оскуола боруогун атыллыыллар. Ити сылга элбэх уол төрөөбүтэ. Кинилэр уһуйааҥҥа киирэллэригэр үс бэлэмнэнии бөлөҕө баара, уопсайа, 60 оҕону ылыахтаах этибит.
Биир бөлөххө аҥаардас уолаттар мустубуттара. Иккис, үһүс бөлөхтөргө аҕыйах кыыс баара. Онон Бэрдьигэстээххэ (Горнай улууһа) буолан ааспыт педагогическай дьаарбаҥкаҕа “Уол оҕо — эрэлбит, инники кэскилбит” диэн үлэни суруйан илдьэн, иккис бырайыакпытын көмүскээн, грант ылбыппыт. Ньурбатааҕы үөрэх управлениета сүбэлээн-амалаан, 2013-2014 сыллаахха төрөөбүт оҕолору хомуйан, 2016 сылтан гендернэй бөлөҕү аһан үлэлэтэбит. Оҕону кыратыттан төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, дурда-хахха буолар, күүстээх санаалаах эр киһилии, аҕа оруолун өрө тутарга иитиэхтээхпит диэн санаанан салайтарбыппыт. Ол курдук, Владислав Егоров уонна үрдүк категориялаах, уопуттаах Лена Иванова иитээччинэн үлэлииллэр.
— Уолаттар эрэ үөрэнэр кылаастара, оскуолалара баарын билэбин. Оттон уһуйааҥҥа туспа бөлөх баарын саҥа иһиттим. Дьэ, уол оҕону туспа иитии хайдах эбитий?
— Биллэн турар, үлэлиэххэ сөп. Ол эрээри, ымпыга-чымпыга элбэх. Эр киһи иитээччи тарбахха баттанар буолан, балачча уһуннук көрдөөбүппүт. Уһуйааҥҥа үлэлиир кыахтаах, анал идэлээх эр киһи исписэлиис аҕыйаҕа уустуктардаах эбит. Холобур, эти-хааны эрчийиигэ, робототехникаҕа, уруһуйга эр киһи педагогтары булар ылбычча кыаллыбат. Иитээччи идэтигэр үксүн дьахтар аймах үөрэнэр.
Иитээччилэр, уол оҕолор бөлөхтөрүгэр үлэлиир судургу диэн этэллэр. Биһиги уһуйааммыт сүрүннээн “Открытие” бырагырааманан үлэлиир. Ол эбэтэр, оҕо тугунан дьарыктаныан баҕарарын бэйэтэ талар. Уопсайа, тоҕус сайыннарар кииннээхпит – тутуу, конструирование, робототехника, эти-хааны эрчийии, тыл, ахсаан, киэҥ эйгэ, кэрэ эйгэ, чинчийии. Оҕо сарсыарда кэлэн сүрэҕин баҕатынан онтон бэйэтэ талан дьарыктанар. Уолаттар бэйэлэригэр чугас дьарыктарга хото сысталлар.
Урукку уонна аныгы оҕолор
— Урукку уонна билиҥҥи оҕолор туох уратылаахтарын бэлиэтии көрөҕүн?
— Тустаах ыйытыыга сэрэнэн соҕус хоруйдуур ирдэнэр дии саныыбын. Тус бэйэм көрдөхпүнэ, сүрүннээн эт-хаан өттүнэн мөлтөхтөр. Бу төрүөтэ элбэх. Сүрүннээн күннээҕи олохпут-дьаһахпыт майгыта, сабыдыала дьайар. Иҥэмтиэлээх аһылык, хамсаммакка олоруу, гаджет… Аныгы оҕо бириэмэтин үксүн олорон атаарар. Удьуорунан бэриллибит сымса, сылбырҕа, күүстээх оҕо сэдэхтик көстөн ааһар. Бүлүүтээҕи кэллиэскэ дьупулуомум үлэтэ оҕо этин-хаанын эрчийиигэ аналлаах этэ. Онтон ыла үлэм сүрүннээн оҕону дьарыктыырга туһаайыллыбыта.
— Тыа сиригэр оҕолор кыра саастарыттан нууччалыы эрэ саҥарар буоллулар дииллэр. Эһиэхэ хайдаҕый?
— Ол баҕас баар. Ол гынан баран, кэлин саха тылын, култууратын күүскэ сайыннаран эрэллэр диэн көрөбүн. Ойуу киинэ (мультфильм), интэриниэт оҕолоро ханна барыахтарай, бааллар. Уһуйааҥҥа киирэллэригэр нууччалыы тыллара баһыйар буолар. Сыыйа оҕолору кытта алтыһан, бодоруһан бардахтарына сахатыйаллар. Оҕо-оҕо курдук түргэнник ылыналлар. Биһиги уһуйааммытыгар барыта сахалыы бөлөх. Сэрэдэ – сахалыы күн. Бу үгэс олохсуйбута быданнаата. Оҕоттон саҕалаан сэбиэдиссэйгэ тиийэ бары сахалыы таҥнабыт, саха тылыгар, култууратыгар аналлаах дьарыктары ыытабыт, сахалыы аһылыгынан аһатабыт. Атын оҕо уһуйааннарыттан биир уратыбыт ити буолар.
Кыратыттан патриот
— Кыратыттан дойдутугар бэриниилээх, хаһаайынныы көрүүлээх оҕону хайдах иитэн таһаарыахха сөп дии саныыгын?
— Оҕо пластилин кэриэтэ, хайдах иитэҕин – оннук улаатар. Кыра оҕону араас оонньуу, тэрээһин нөҥүө иитэр быдан тиийимтиэ. Биһиги тустаах салааҕа үлэлэспиппит быданнаата. Аны быйыл үһүс сылын улуустааҕы “Уоланнар ааҕыыларын” ыытабыт. Манна уолаттар эрэ кытталлар. Тиэмэтэ булгуччу патриотическай тыыннаах эрээри, сыллата уларыйа турар. Бастакы сылга “Мин дойдум” диэн Ньурба туһунан хоһооннору булан аахпыттара. Былырыын кыайыыга анаммыт хоһооннор этэ. Быйылгы күрэхтэһиибит ыраахтан олорон ыытыллыбыт буолан, кыттааччытын ахсаана арыый даҕаны аҕыйах – 62 оҕо. Дьаҥ суох кэмигэр 140-ча оҕоҕо тиийэрэ. Анал идэлээх дьон кэлэн дьүүллүүр сүбэҕэ олороллор.
Итиэннэ былырыыҥҥыттан үгэскэ кубулутан, бэнидиэнньикэ Арассыыйа, сэрэдэҕэ Саха сирин гимнин истэбит. Бэлэмнэнии, улахан бөлөх оҕолоро тэҥҥэ ыллаһаллар.
Улуустааҕы үөрэх управлениета, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын уопуттаах салайааччыта Лена Котоконова барытын үллэртээн, аттаран үлэлэтэр. Холобур, Ньурбачаан нэһилиэгин уһуйаана сыллата Байанай, “Биһик” оҕо саада робототехника күрэхтэһиитин, биһиги үһүс сылбытын “Уоланнар ааҕыыларын” ыытабыт.
Сүүстэн тахса эр дьон иитээччи баар
— Эн санааҕар, эр дьон иитээччи тоҕо аҕыйаҕый?
— СӨ Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт баазатыгар 2012 сыллаахха эр дьон педагогтар пуорумнара тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан тустаах институт оскуола иннинээҕи үөрэхтээһинин кафедратын дассыана Лена Троева–Лугинова буолар. Пуорум маҥнай тэриллэригэр 16 эр дьон педагог баар эбит буоллаҕына, билигин сүүстэн тахсабыт. Ол эбэтэр, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕону иитии эйгэтигэр эр дьон сыллата эбиллэ турар. Онон уһуйааҥҥа үлэлии кэлэр эр дьон ахсаана үксүүр. Кинилэр сүрүннээн эти-хааны эрчийэр инструкторынан, робототехника, муусука салайааччытынан үлэлииллэр. Бэйэбит туспа былаахтаахпыт, өрөгөй ырыалаахпыт. Сыллата уопут атастаһан, күрэхтэһэн кэлэбит. Эр дьон иитээччилэргэ аналлаах “Я – педагог” күрэхтэһии ыытыллар. Манна кыайбыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл иитээччитэ” куонкуруска кыттар быраабы ылаллар.
Үс дьиэнэн
— Бука, бачча элбэх иитиллээччилээх, таһаарыылаах үлэлээх уһуйаан таас тутуулааҕа буолуо.
— Үс мас дьиэнэн үлэлии олоробут. Хас биирдиитигэр үстүү бөлөх баар. Билигин үлэлии турар дьиэлэрбит 1967, 1974, 1978 сыллаах тутуулар. Сыл ахсын өрөмүөн ыытабыт. Саҥа уһуйааны туруорсубуппут быданнаата. Ол эрээри, эргэ дьиэлээхпит диэн санаабытын түһэрбэппит, үлэбит-хамнаспыт оргуйан олорор. Быйыл “Арассыыйа 100 бастыҥ уһуйаанын” кэккэтигэр киирдибит, өрөспүүбүлүкэҕэ өрүү миэстэлэһэбит.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru