Эр киһи сүрэҕэ (СЭҺЭНТЭН БЫҺА ТАРДЫЫ)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кылгас күөлү хордоруоҕуттан, Сиидэр сүөһүтэ элбээн, билигин түөрт уонча ынах сүөһүлээх, икки кыра-кыра атыыр үөрдээх, түөрт көлүллэр аттаах, үс көлүнэр оҕустаах. Өссө кыралаан эргинэр. Күһүн сыарҕа хаара түстэҕинэ, күбүөрүнэ куоратыгар сылдьан тахсар. Саас, сайын, күһүн уокурук куоратыгар киирэн наадатын толунар. Онон Сиидэри нэһилиэккэ бастаахтыын, баһа суохтуун бары ытыктыыллар.

Кини икки киһини олордор. Дьахтар — Сөдүөрэ, быйыл сүүрбэтин туолла. Кини улахан төрөл уҥуохтаах, сүрдээх сүрэхтээх, ыраас тутуулаах, кыайыылаах үлэһит. Туох да үлэни уһаппат, бүтэрэн-оһорон иһэр. Дьоно өлөн тулаайах хаалбыта. Уол — Байбал, быйыл уон аҕыһын туолла. Ортону аннынан уҥуохтаах, хачаайы көрүҥнээх, үлэһит, киһи соруйбутун баппат, утуйарын сөбүлүүр. Сарсыарда туругаһа суох. Байбалы туруорарга дьиэ иһинээҕи киһи барыта кыттан уһугуннарар.

Кини икки сыллааҕыта кумалаан барбытыгар, нэһилиэк кинээһэ Ылдьаа:

— Эн, байан эрэр киһи, ылан уол оҥоһун, — диэбитин, Сиидэр ылынан олордор.

Сиидэр Мотуруонатын кытта бэркэ олордулар. Мотуруона сымнаҕас, көрсүө дьахтар буолан, кэргэнэ эдэригэр улдьааран да хааллаҕына, биир хатыылаах тылы саҥарбакка, биирдэ кыыһырар хаанын көрдөрбөккө, дьиэ ис-тас үлэтигэр умса көлүллэн баран ити ыалдьа сытар. Куһаҕана диэн — оҕолоро суох.

Ити икки ардыгар соруктанан кэлбит ыалын буруота көһүннэ. Сиидэр атын сэргэҕэ баайан баран, дьиэҕэ киирэн үөрэммитинэн, таҥараҕа биирдэ-иккитэ кириэс охсунан, дорооболоһон, сиэбиттэн оһумуоха чэйи, биир баайыы сэбирдэх табаҕы ылан, дьиэлээх киһиэхэ биэрбитигэр, кырдьаҕас уҥуоҕа салҕалыар, хараҕыттан уу баһыар диэри үөрдэ. Эмээхсинин ыҥыран ылан чэйин туттаран кэбистэ. Табаҕын саппыйатыгар уган, илиитинэн үлтү мэлийэн, хамсатыгар толору баһан, оһохтон тымтыгынан уот аҕалтаран, биирдэ-иккитэ иҥсэлээх баҕайытык оборон баран эмээхсинигэр биэрдэ. Бэйэтэ Сиидэри кытта кэпсэтэн, ыйыталаһан барда:

— Хайа, Сиидэр, хайдах олордугут?

— Мотуруона улаханнык ыарыйда, онон Кырдьаҕаспар, эйиэхэ, кэллим.

— Ол хас күн буолла ыалдьыбыта?

— Үс хонно.

— Оо, өлүү эбит. Олоруохпут дуо? Барыахха. Эмээхсин, таҥаһы, көлөнү бэлэмнээ.

Эмээхсин хоспоххо татынньахтаан тахсан, оҕонньоро кыырарыгар кэтэр кыаһаанын, дүҥүрүн киллэрэн биэрбитин, тирии хааҕа уган илдьэ бардылар.

Сиидэр дьиэтэ чугаһаабытын кэннэ кырдьаҕас:

— Сиидэр, мин таах барсан иһэр быһыылаахпын.

— Кырдьаҕаас, туох диэн эттэххиний? Бачча чугаһаан баран…

Дьиэҕэ киирэн Сиидэр маҥнай, дьиэтэ чуумпурбутуттан муодарҕаан, тас таҥаһын устаат, быыс кэннигэр ааһан Мотуруонатын этин тутан көрбүтэ, итии эбит. Онон тыыннаах диэн, быыстан тахсан Байбалга этэн оҕонньор таҥаһын, көлөтүн киллэртэрэн, дүҥүрү куурда сэрдээнэҕэ астарда. Онуоха диэри Кырдьаҕас тас таҥаһын устан, илиитин оттуллан турар оһоххо саратан, эргитэ сылдьан сылытынна, быыс иһигэр киирэн, өлөөрү сытар киһини онон-манан таарыйда. Тыынарын-тыымматын иһиллээтэ, чарапчыланан көрдө уонна быыс кэнниттэн таҕыста. Оһох иннигэр туран, хамсатыгар табах уурунан тарта. Онтон күлүн холумтан кытыытыгар топ-топ гыннара тэбээн, ыстаанын сиэбиттэн саппыйатын таһааран суулаата уонна төттөрү уган баран эттэ:

— Сиидэр, миигиттэн хоргутума. Кэргэҥҥин ханнык да абааһы ыарытыннарбатах. Итиннэ абааһы аҥаара, чиэппэрэ да суох. Иһигэр ыарыы үөскээбит. Билигин кута баран, тыына хабаҕын түгэҕэр түспүт. Сотору, күөс быстыҥынан, тыына тахсыыһы. Онон симиэрдин курдук санаа. Итини билбэт дьон «иһинэн киирэн тутан кэбиспит» дииллэр.

Сиидэр Байбалы Баһылайдаахха ыытта.

— Биэрэ эмээхсин кэллин, — диэн соруйда.

— Сиидэр, мин дьиэбэр барыам этэ. Манна тугу гына олоруохпунуй? Хата, мэһэй-таһай буолуом.

— Кырдьаҕас, инньэ диэмэ. Эн мэһэй-таһай буоларыҥ диэн дуо? Дьиэҕэ олорон сүбэ-ама буолуоҥ этэ.

Сотору соҕус төрөл улахан саас ортолоох дьахтар киирэн:

— Тугу кэпсээтигит? — диэтэ.

— Суох. Эн кэпсээ.

— Миэхэ да туох да суох. Хайа, хайдаххытый?

— Сыгынньахтан. Быыс иһигэр киирэн көр. Ыксаан сытар.

Эмээхсин сыгынньахтанан, илиитин сылытан баран, быыс иһигэр киирэн өр буолбата, тахсан кэллэ:

— Барда…

Ити тылы истээт, Сиидэр сүнньүгэ оҕустарбыт курдук дөйөн хаалла. Онтон өйдөнөн:

— Биэрээ, Баһылайдааҕы ыҥырыахха, — диэтэ.

— Эһиги ыҥырыҥ. Миэхэ уута сылытыҥ, — диэн хоруйдаата. Онтон Сөдүөрэҕэ туһаайан эттэ: — Эн миэхэ көмөлөһүөҥ.

Сиидэр бэйэтэ баран Баһылайы уолун кытта аҕалла. Бары чэйдээн баран үлэлэрин үллэһиннилэр: Баһылай уолун кытта ийэ мас буолар маһын суора хаалыах, Сиидэр Байбаллыын кураанах мас тиэйэн, Баһылай дьонун таһыгар чараас кырыы мастаах Лампаҕа сытар сирин бэлиэтии, уот отто барыах буоллулар.

Прокопий Колтовской 

                                                                                                                                                                          * * *

Сэһэҥҥэ XIX үйэ бүтүүтэ ойууланар. Сиидэр кыра сааһыттан кыһалҕаны, эрэйи көрсүбүт буолан, олоҕун атыннык оҥостор, ыра санаатын толорорго дьулуһар…

Салгыытын Прокопий Колтовской  “Эр киһи сүрэҕэ” сэһэҥҥэ аах. Кинигэ «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0