Бүгүн Дьокуускай киин болуоссатыгар «Урааҥхай» түмсүү тэрийиитинэн үтүө үгэскэ кубулуйбут эр дьон оһуохайа буолла.
Тэрээһин кыттыылаахтарын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов эҕэрдэлээтэ. «1922 сыллаахтан ыла, кылгас кэмҥэ, оччотооҕу үөрэҕэ суох саха норуотуттан бүгүн аан дойду дьонун кытта тэҥҥэ хаамсар кыахтаах норуокка тэҥнэһэн сайдан кэллибит. Ол эбэтэр саах балаҕаннаах, сүөһү кутуругун эрийэ олорбут норуот сэбиэскэй былаас олохтонуоҕуттан ыла, оччотооҕу интеллигенциябыт, ыччаттарбыт Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков, о.д.а., билиҥҥи ыччат курдук эдэр саастаах уолаттар, норуоттарын кэскилин толкуйдаан, ону сайыннарыы ньыматын тобулан, өрөспүүбүлүкэни тэрийэннэр, бу тухары балысханнаах сайдыыны аастыбыт. Промышленность диэни билбэтэх дьон, көмүс, чөх, алмаас баараҕай промышленнай территориятыгар кубулуйдубут. Билигин биһиги ыччаттарбыт аан дойду үрдүк таһымнаах учуонайдарын, култуура, экономика эйгэтин бастыҥнарын кытта самнайдаһан, информационнай технологияны баһылаабыт дьонноох-сэргэлээх өрөспүүбүлүкэҕэ кубулуйдубут» — диэтэ Ил Дархан норуотугар.
Видео: «Кэм видео»,
Хаартыска: Интернеттэн.