Эр дьон биир идэлээхтэригэр эҕэрдэ бастыҥын анаатылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ кулун тутар 8 күнүнэн сибээстээн, тэрилтэлэр эр дьонноро бэйэлэрин кэллиэгэлэрин Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр. 

Биллэн турар, эр дьон тобуллаҕас өйдөөх, толкуйдаах дьон быһыытынан бэртээхэй эҕэрдэ кэнсиэрдэри тэрийэллэр.

Ол курдук, Дьокуускай куорат 3-с нүөмэрдээх балыыһатын эмчиттэрэ киһи дууһатын таарыйар ырыаны килиип оҥордулар.

Кинилэр эмчит биир идэлээхтэрин эҕэрдэлээбиттэрэ, социальнай ситимнэргэ тарҕанна.

Оттон Сунтаар улууһун Күндэйэ нэһилиэгин (батсаапка сурулларынан) орто оскуолатын учуутал эр дьоно бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэригэр анаабыт аныгы үҥкүүлэриттэн киһи хараҕын араарбат.

Ама, эр дьон бу маннык эҕэрдэлэриттэн хайа дьахтар сүргэтэ көтөҕүллүө суоҕай! Бэртээхэй эҕэрдэ.

Бырааһынньыгынан, күндү ноурот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар ситиһиилээхтик үлэлиии сылдьар, өрөспүүбүлүкэбит дьахталлара!

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Видео уонна скриншот — социальнай ситимнэртэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0