Cаха гимназиятыгар уолаттары эр киһи буоларга уһуйаллар

Ааптар: 
19.03.2017
Бөлөххө киир:

“Төлкө” диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун эр дьонун  холбоһуга уонна  Саха гимназиятын иһинэн былырыыҥҥыттан үлэлиир “Бэргэн” диэн уолаттарга аналлаах түмсүү уол оҕону иитэргэ бииргэ үлэлиэхтэрэ. Аны сайыҥҥыттан куорат оҕолоро оттуурга-мастыырга, сүөһү көрөргө үөрэниэхтэрэ. «Бэргэннэр» олоҥхону бары бииргэ хорунан толорон, төрөөбүт тылларынан ыраастык саҥарарга үөрэнэллэр. 

Варвара Попова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Саха гимназиятын иһинэн ааспыт сыл алтынньытыгар “Бэргэн” диэн уолаттарга аналлаах түмсүү тэриллибитэ. Бу түмсүү сүрүн хайысхатынан уол оҕону иитии буолар. “Бэргэҥҥэ” 1-5 кылаастартан, уопсайа, 60 оҕо дьарыктанар. Салайааччылара – алын сүһүөх учуутала Татьяна Скрябина. Татьяна Артамоновна “киһи — кэпсэтэн, ынах маҥыраһан билсэр” диэн этиинэн салайтаран, маҥнай уолаттары дорҕоон тутулуттан саҕалаан. тылы-өһү сатаан туттарга, саха баай тылыгар уһуйбут. Манна саха тылынан ыраастык, этии бэрээдэгинэн кэпсэтэргэ үөрэнэн, билигин тиэкис тутулун ырыта сылдьаллар. Ол курдук, “бэргэннэр” маҥнайгы ситиһиилэринэн “Бриллиантовые нотки” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ бастакы истиэпэннээх лауреат аатын сүкпүттэрэ буолар.

Кулун тутар 18 күнүгэр “Бэргэн” уолаттар түмсүүлэрин киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр үтүө күннэрэ үүннэ. Бу күн хас биирдии уол чахчы “Бэргэн” чилиэнэ буолбутун туоһулуур дастабырыанньаны тутта. Тэрээһиҥҥэ “Төлкө” диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун эр дьонун түмсүүтүн  кытта»бэргэннэр» бииргэ үлэлииргэ дуогабар түһэристилэр. Дуогабарга оскуола дириэктэрэ Валентина Софронеева уонна “Төлкө” түмсүү салайааччыта Иван Румянцев илии баттаатылар. Оскуола уонна эр дьон түмсүүлэрэ уол оҕону ыал эрэллээх эркинэ эр киһи гынан иитэн таһаарар соруктаахтар.

“Бэргэннэр”, 44 уол бары бииргэ тахсан “Эрчимэн Бэргэн” диэн Сергей Васильев – Бороҕоонускай олоҥхотун хорунан толордулар. Уолаттары олоҥхолуурга Татьяна Артамоновна үөрэтэр. Уопуттаах учуутал хас биирдии дьарыктанар оҕо олоҥхо тылынан саҥарарын, кэпсэтэрин, толкуйдуурун ситиһэр баҕалаах. Ол иһин оҕолорго саха  баай тылын, нэһилиэстибэтин үөрэтэр сыалтан, хор курдук барыларын биир тэҥҥэ олоҥхолотор. Сонун толорууттан “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхо саҥалыы тыыннаммыкка дылы.

“Саамай киһи кэрэхсиирэ, оҕолор бэйэлэрин баҕаларынан кэлэллэр. Баҕалаах элбэх. Сөҕүөм иһин, түргэнник ылыналлар, олус сөбүлүүллэр. Күннээҕи олоххо эмиэ олоҥхо тылынан, уу сахалыы ыраастык кэпсэтэри ирдиибин. Ситиһии биир төрүөтэ сатаан саҥарар дьоҕурга сытар. Биһиги уолаттарбыт улаатан, дьиэ кэргэн баһылыга, тэрилтэлэр бас-көс үлэһиттэрэ буолалларыгар сэмэй кылааппытын киллэрэбит”, — диэн салайааччы Татьяна Артамоновна санаатын үллэстэр.

Быйыл түмсүүгэ уолаттары бу курдук уран тыл түһүлгэтигэр уһуйуохтара. Эһиилгиттэн саҕалаан сыыйа араас хайысхалар киириэхтэрэ. Ол курдук, быйыл сайын былаан быһыытынан “Төлкө” түмсүү базатыгар баар лааҕырга сайылаан, оттуурга-мастыырга, сүөһүнү көрөргө үөрэниэхтэрэ. Инникитин куйуурдааһын, муус ылыыта курдук о.д.а. эр киһи үлэтин кытта билсиэхтэрэ. Онон “төлкөлөр” “бэргэннэри” бэйэлэрин кынаттарын анныгар ыллылар.
Варвара Попова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1