От ыйын 1 күнүттэн сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго эппэкиин, эбэтэр попечитель буолбут биэнсийэлээхтэргэ төлөбүрдэр сыл аайы индексацияланар буолаллар. Быйыл биэнсийэлэрэ ортотунан 3,5 тыһыынча солкуобайынан эбиллиэ.
edersaas.ru
ГосДуума бу сокуону кулун тутарга ылыммыта. Урут эппэкиин буолбут аҕам саастаах дьон эбии 3-4 тыһыынча солкуобайы ылаллара, ол туһуттан үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ киирсэн хаалан, ыйдааҕы биэнсийэлэрэ индексацияламмат этэ. Бу төрөппүт бырааба быһыллыбыт ийэлээх-аҕалаах, эбэтэр төрөппүттэрэ суох буолбут сиэннэрин көрө-харайа ылбыт эһэлэр-эбэлэр ахсааннара – 30 тыһыынча кэриҥэ. Арассыыйаҕа оҕону иитэр ыал уопсай ахсаана – 111 892.
Биэнсийэ пуондата иһитиннэрбитинэн, бу төлөбүрдэргэ 720 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ. Оттон 2021 сылга – 1,83 миллиард солкуобай, 2022 сылга 2,22 миллиард солкуобай көрүллэрэ былааннанар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1