Олунньуга, кулун тутарга 1,2 мөлүйүөн устуука “ЭпиВакКорона” быһыыны оҥорон эрэгийиэннэргэ тарҕаппыттара. Сайыҥҥа диэри 5 мөлүйүөн устууканы оҥорорго былаанныыллар.
Ыам ыйын 12 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр 23 тыһыынча устуука «ЭпиВакКорона» быһыы кэлэн, дьоҥҥо бэриллэр. Киһи «Спутнигы» дуу, «ЭпиВакКоронаны» дуу таларын бэйэтэ билэр.
«ЭпиВакКорона» быһыыны ылбыт дьоҥҥо коронавирус Кытайдааҕы, Британскай уонна Соҕуруу Африкатааҕы штаммын утары антитела үөскүүр диэн вакцинаны оҥорбут “Вектор” научнай киин салайааччытын солбуйааччы Татьяна Непомнящих «Молекулярная диагностика и биобезопасность — 2021. COVID-19: эпидемиология, диагностика, профилактика» аан дойдутааҕы онлайн-конгресска иһитиннэрдэ.
Санатар буоллахха, “Вектор” — “Роспотребнадзор” иһинэн үлэлиир вирусология уонна биотехнология научнай киинэ. Бу киин үлэһиттэрэ муус устар ыйга бу үс штаммы чинчийбиттэрин, быһыыны ылбыт дьоҥҥо антитела үөскээбитин туһунан кэпсээтилэр. Чинчийиллибит бөлөххө 60 саастарын ааспыт дьон бааллар эбит.
Дьэ, бу үчүгэй сонун буолаарай? Бу быһыы түргэнник тарҕанар штаммы утары төһө көдьүүстээҕэ буолуой? “ЭпиВакКорона” хайдах оҥоһуллубутуй, киһиэхэ хайдах дьайарый? “Спутниктан” туох уратылааҕый? Бу курдук үгүс ыйытыыларга “Вектор” киин үлэһиттэрэ хоруйдууллар.
Вакцина туһунан сиһилии
— “ЭпиВакКорона” чахчы саамай куттала суох вакцина дуо?
— “Саамай куттала суох” диэн этэр сатамньыта суох буолуо. Арассыыйаҕа оҥоһуллубут үс вакцина үһүөн көдьүүстээхтэр уонна киһи доруобуйатыгар куттала суохтар. Ол эрээри, “ЭпиВакКорона” уратыта диэн, искусственнай буолан, сымнаҕастык дьайар.
Быһыыны ылбыт кэннэ, төбө, илии ыалдьыыта, кыраадыс тахсыыта, тумуулааһын сибикилэрэ суохтар. Бу быһыыга коронавирус тыыннаах эттиктэрэ суохтар, онон аллергиялаппат. Ол иһин аллергиялаах уонна олоҕурбут ыарахан ыарыылаах, сааһырбыт дьоҥҥо биэриэххэ сөп.
— Вакцина туохтан оҥоһуллубутуй?
— Организм “антитела” оҥорон таһаарарын көҕүлүүр бэссэстибэнэн коронавирус антигенын үс искусственнай эттигэ (эпитоп) буолар. Антиген – бу организм тастан киирбит “өстөөҕүнэн” билиммит эттигэ. Соруйан антигены киллэрдэххэ, организм “өстөөҕү” утары охсуһар саллааттарын — “антитела” оҥорон киирэн барар. “ЭпиВакКорона” эпитоптара – коронавирус С-белоктарын (чорбоҕордорун) чаастарын үтүктэн оҥоһуллубут белоктар. Учуонайдар геном “антитела” оҥоһулларыгар эппиэттиир учаастактарын эрэ ылан үтүктүбүттэр. Онон атын “антитела” оҥоһуллубаттар, иммуннай систиэмэни ноҕуруускалаабаттар. Ол иһин мөлтөөбүт иммунитеттаах дьоҥҥо эмиэ бэриллиэн сөп.
Бу – пептиднэй вакцина. Манна 3 пептиды таһынан көмөлөһөр бэссэстибэлэр: алюминий гидроксида, калий дигидрофосфата, калий хлорида, натрий гидрофосфатын додекагидрата, натрий хлорида, иньекция уута бааллар.
— Быһыыны ылан баран, “антитела” таһымын хайдах бэрэбиэркэлиэххэ сөбүй?
— Пептиднэй вакцина саҥа технологическай платформата туһаныллыбыт буолан, быһыы кэнниттэн иммунитет үөскээбитин быһаарарга саҥа ньыма ирдэнэр. “Вектор” киин төһө “антитела” үөскээбитин уонна килиэккэҕэ вируһу утары иммуннай эппиэти быһаарар анал тест-систиэмэлэри оҥорбута.
Пептиднэй антигеннары киллэрдэххэ, “антитела” араас көрүҥэ аҕыйах буолар. Коронавирус С-белоктарын утары эрэ охсуһар “антитела” үөскүүллэр. Үгүс коммерческай тестэр “антитела” элбэх араас көрүҥүн буларга туһуламмыттар, онон “ЭпиВакКорона” быһыы түмүгэр үөскээбит аҕыйах “антителаны” булумуохтарын сөп.
Ол иһин «SARS-CoV-2-IgG-Вектор» диэн анал ИФА тест-систиэмэлэрин туһаныахха наада. Бу анаалыс тестэрэ пептиднэй вакцина уратыларын учуоттаан оҥоһуллубуттар. Маннык тест-систиэмэлэр “ЭпиВакКорона” быһыы бэриллэр эрэгийиэннэригэр барыларыгар тарҕаналлар.
Чинчийиилэр, быһыыны утары бобуулар
— “ЭпиВакКорона” быһыыны ханнык ыарыылаах дьон ылбаттарый?
— Быһыы састаабыгар, чуолаан алюминий гидроксидыгар аллергиялаах, эбэтэр вакцина кэннэ туруктара мөлтүүр, бастакы иммунодефициттээх, искэн ыарыылаах дьон ылбаттар. Оҕону эмтэрэр уонна хат дьахталлар ылаллара көҥүллэммэт. Ону тэҥэ, оҕолорго чинчийии ыытыллыбатах буолан, 18-гар диэри саастаах оҕолорго бэриллибэт.
Тумуулуу сылдьар уонна олоҕурбут ыарыы бэргиир кэмигэр биэрэр табыллыбат. Үтүөрбүтүн кэннэ биир ый ааспытын эрэ кэннэ бэриллэр. Вакцинация иннинэ быраас пациент олоҕурбут ыарыыларын, аллергиятын туһунан ыйыталаһан эрэ баран, быһыыны биэрэргэ көҥүллүүр.
— Оҕолонорун былаанныыр дьахтар быһыыны ылыан сөп дуо? Төһө өр буолан баран, хат буолуон сөбүй?
— Быһыы дьахтар коронавируска сыстарыттан уонна ыарыы ыараханнык ааһарыттан харыстыыр. Ол эрээри тустаах чинчийии ыытыллыбатах буолан, быһыы оҕоҕо хайдах дьайара чопчу биллибэт. Онон быһыыны ылан баран, хат буолуох иннинэ хас да ый кэтэһэ түһүөххэ наада.
— Чинчийиилэр ханна ыытыллыбыттарай?
— Регистрация кэнниттэн килиниичэскэй чинчийиилэр Москваҕа, Москва уобалаһыгар, Казаньҥа, Тюменьҥэ, Калининградка, Новосибирскай уобаласка 9 мэдиссиинэ тэрилтэтигэр 3 тыһыынча киһини хабан, ыытыллыбыттара. 2020 сыл алтынньы 13 күнүгэр регистрацияламмыта.
Килииникэ иннинээҕи чинчийиилэр 4,5 ый устата кыылларга ыытыллыбыттара. Кутуйахтарга, кырыысаларга, хоруолуктарга, мартышкаларга, муора сибиинньэлэригэр биэрэн, төһө токсичнайын, аллергияны көбүтэрин, иммунногеннай, мутагеннай буоларын чинчийбиттэрэ. Ол кэнниттэн хомяктарга, хоректарга, мартышкаларга, макакаларга коронавируһу төһө кыайарын, иммунитеты үөскэтэрин, харыстыырын быһаарар бэрэбиэркэ ыытыллыбыта.
Онтон килиниичэскэй чинчийиигэ баҕалаах дьоҥҥо бэриллибитэ. Бастакы түһүмэҕэр дьон ханнык быһыыны ылалларын билэллэр этэ. Иккис түһүмэҕэр вакцина дуу, плацебо дуу буоларын билбэттэрэ. Бу дьон быһыыны үчүгэйдик аһардыбыттара.
Ол эрээри…
“Спутник V” векторнай, “КовиВак” инактивированнай быһыылар. Векторнай вакцина тыыннаах коронавирус генетическэй матырыйаалын вектор (ыарыыны көбүппэт аденовирус) көмөтүнэн, салаасканан курдук, килиэккэҕэ соһон киллэрэр. РНК-вакциналарга (инактивированнай) өлөрүллүбүт вирус генетическэй матырыйаалын сорох чааһа эрэ киллэриллэр. Кинилэртэн уратыта — “ЭпиВакКорона” вакцинаҕа вирус белогун кылгас учаастактара (пептидтэрэ) бааллар, кинилэр иммуннай эппиэти үөскэтэллэр.
“Спутник V” быһыы көдьүүһэ 91,4%, иккис укуолун кэнниттэн – 95% диэн чинчийии кэнниттэн иһитиннэрбиттэрэ. Гамалея аатынан научнай киин салайааччыта Александр Гинцбург этэринэн, быһыы икки сыл устата коронавирустан көмүскүүр.
“ЭпиВакКорона” көдьүүһэ – 94%. Көдьүүһүн маннык быһаараллар: 100 киһиттэн 94-гэр “антитела” үөскээбит буоллаҕына, 94% көдьүүстээх диэн буолар. “Вектор” киин салайааччыта Александр Семенов этэринэн, бу быһыы 1 сыл устата чуолкай харыстыыр.
“Икки сыл да диэн этиэхпитин сөп эрээри, туттунабыт, тоҕо диэтэр, кыра бириэмэ аастаҕа. Көдьүүстээх көмүскэл быһыыны ылбыт кэннэ 42 хонон баран, үөскүүр. Билигин биллэр коронавирус штаммнарын барыларын утары үлэлиир. Өскөтүн, саҥа штамм күөдьүйдэҕинэ даҕаны, түргэнник уларытан биэриэхпитин сөп”, — диэн кини этэр.
Этэр эттэҕинэ, барыта үчүгэй курдук. Дьүһүн кубулуйан, саҥа кэлэр штаммнартан да харыстыыр, киһиэхэ дьайыыта сымнаҕас, көдьүүһэ улахан… Ол эрээри, диирбитигэр тиийэбит. “ЭпиВакКорона” тула айдаан тахса сылдьыбыта. Килиниичэскэй чинчийиигэ кыттыбыт дьон “антитела” үөскээбэтэҕин, “Вектор” анал тест-систиэмэтин хантан да атыылаһар кыах суоҕун туһунан айдаабыттара уонна “Роспотребнадзорга”, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр сурук суруйбуттара. Сурукка 59 киһи илии баттаабыта.
Этиллибитин курдук, “Вектор” киин “Роспотребнадзор” иһинэн үлэлиир буолан, бу сурукка улаханнык аахайбатахтара. Оттон “Вектор” салайааччыта чинчийии кэмигэр плацебоны (кураанах ууну) ылбыт дьон айдаараллар диэн быһаабыта. Ирдэбил быһыытынан, чинчийиигэ кыттар дьон 25%-гар кураанах раствору биэрэллэр. Плацебо, эбэтэр быһыы буоларын быраастар да, ылбыт дьон да билбэттэр.
Ону тэҥэ, атын анаалыстар төһө “антитела” үөскээбитин быһаарбаттара эмиэ дьиибэ эбит. Бэйэлэрин тест-систиэмэлэрэ эрэ быһаарар дииллэр, олору баҕардыҥ да булан, атыылаһа охсоруҥ саарбах.
Дьэ, онон, баар информацияны барытын үөрэтэн көрөн баран, итэҕэйэрин-итэҕэйбэтин, ханнык быһыыны ыларын киһи бэйэтэ быһаарар.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: sakha.gov.ru rg.ru