“Якутскэнерго” (РусГидро) ПАУо Киин электрическэй ситимнэригэр “Майа-Чурапчы” 110 кВ линиятыгар технологическай кэһиини (саахалы) туоратыыга анал үөрэх ыыттылар. Энергетиктар үрдүк күүрүүлээх линияларга ыксалаах балаһыанньа тахсар түгэнигэр хайдах суһал миэрэлэри ылыныахтарын сөбүн торумнаатылар.
Үөрэҕи ыытыыга сөп түбэһэр үһүйээн быһыытынан 10:30 чааска “Майа-Чурапчы” 110 кВ магистральнай кабельнай салгын линиятыгар “уот тирэх баҕаната сууллубут” диэн сигнал киирбит. Хаттаан холбуу сатааһын кыаллыбатах. Ол түмүгэр Саха сирин киин өттүгэр илин эҥэр улуустарга уоту биэриитэ харгыстаммыт.
Тутатына, саппаас источниктары – дизельнэй уот ыстаансыйаларын уонна быстах схеманан туһанааччыларга уоту хааччыйыы үлэтин тэрийэрэ охсорго быһаарбыттара. Чурапчы уонна Майатааҕы РЭС энергетиктарын биригээдэлэрэ үһүйээн быһыытынан «быстыбыт» линиялары көрбүттэрин-истибиттэрин кэннэ бастайааннай схема “чөлүгэр түспүтэ”. Энергетиктар ханна быстыбытын быһааран баран, чөлүгэр түһэриини ыыппыттар. Үөрэххэ кэмигэр 5 чаас курдугунан, ол эбэтэр 16:40 чааска, уотунан хааччыйыы оннугар түспүт.
Бу эрчиллии кэмигэр үлэһиттэр ыксаллаах быһыы үөскүүр түгэнигэр бииргэ үлэлииргэ холоннулар, суһаллык быһаарса, иһитиннэриини хомуйа үөрэннилэр.
“Саахал тахсыытын утары маныаха майгынныыр эрчиллиилэри куруук ыытабыт, туһааннаах сулууспалар уонна кыттыгас тэрилтэлэр ыксаллаах кэмҥэ бииргэ үлэлииргэ үөрэнэллэрин туһугар үлэһиттэр билиилэрин чиҥэтэбит”, — диэн бэлиэтээтэ “Якутскэнерго” ПАУо Киин электрическэй ситимнэрин кылаабынай инженерэ Михаил Варейкис.
“Якутскэнерго” ПАУо Киин электрическэй ситимнэрин пресс-сулууспата
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова,
Хаартыска: тустаах пресс-сулууспаттан