Эндирдээх олохтоох Оһуохай Уйбаан

04.12.2016
Бөлөххө киир:

Редакцияҕа биллэр общественнигы Иван Егоровы-Оһуохай Уйбааны ыҥырдыбыт, «Итии чэй» рубрикаҕа.

Барытыгар бэлэм

Куолутунан, тугун барытын илдьэ сылдьар: видеокамератын, онтугар тыаһын улаатыннарар колонкатын, урукуттан туруорсар боппуруостарыгар туоһу докумуоннарын, хаартыскаларын, суруктарын, сэбиэскэй кэминээҕи авиабилиэтиэрин куоппуйаларын… Аҕыйах тылынан эттэххэ, күн устата барытыгар бэлэм. Итии чэй кутаары гыммыппар аккаастанна, итии кофе кутарга көрдөстө. “Сүрэҕим тэбиитин күүһүрдэр” диэтэ. 80 сааһын аастар да, кырдьаҕаһыҥ олох тэп курдук, дьахталлар билигин да киниэхэ 50-60 саастан ордугу биэрбэттэр үһү.

  • Эн Оһуохай Уйбаан диэн ааттааххын, сааһыҥ тухары саха оһуохайын туруулаһан кэллиҥ. Ол эрэн оһуохайы сатаан эппэккин. Тоҕо?

  • 1934 сыллаахха төрөөбүтүм. Аҕа үс ыйдаахпар өлбүтэ. Оччолорго сут дьыллар кэлбиттэрэ. Ийэм миигин икки убайбын кытта салааскаҕа соһо сылдьан кумалааннаан аһаппыта. Дьоҥҥо тирии имитэрэ, туос иһит тигэрэ, этэрбэстэрин абырахтыыра, ол оннугар аһаталлара. Оһуохай – тот киһи дьарыга. Ол иһин да буолуо, оҕо эрдэхпинэ оһуохайы толорууга сыстыбакка хаалбыппын. Кэлин улаатан баран академическай үөрэҕи батыспытым. Ол да буоллар, оһуохайга тапталы иҥэрбит, дириҥ философиятыгар сыһыарбыт киһим — ийэм Парасковья Васильевна Егорова эбит. Түҥ тайҕаҕа балаҕан иһигэр олорон кыһыны быһа оһуохайын этэн тахсара. Мин ону истэн улааппытым. Оһуохайы сатаан таһаарар, ыһыахтарга өрүү сахалыы таҥаһынан сылдьар, дьиҥ сахалыы куттаах дьахтар этэ. Оһуохайынан күүскэ ылсан үлэлээһиним – саха дьоно оһуохайдыылларын тэрийии, “Оһуохай” обществоны төрүттээһиним, барыта кинилиин сибээстээх.
  • Сэбиэскэй саҕана КГБ, ИДьМ курдук ведомстволарга үлэлээбит эбиккин. Тоҕо уурайбыккыный?

  • Юридическай үөрэхпинэн Государство куттала суох буолуутун комитетыгар (КГБ) да, Ис дьыала министерствотыгар (ИДьМ) да үлэлээбитим. КГБ үлэһиттэрэ оччолорго олус улахан боломуочуйалаах дьон этилэр. Наада буоллаҕына, коммунистары да, милиционердары да хаайталаан кэбиһэр кыахтаахтара. Кургар бэстилиэти илдьэ сылдьаҕын. Биирдэ миигин Намҥа сорудахтаан ыыппыттара. Намтан национальнай боппуруоска үҥсүү киирбит этэ. Оччолорго республика үрдүнэн икки эрэ “Волга” массыына баара. Биир – обком сэкэрэтээригэр, иккис – КГБ управлениетын бэрэссэдээтэлигэр. КГБ массыынатынан Намҥа тиийээт, райком дьиэтигэр “хорус” гыннаран райком сэкэрэтээрин хоһугар кэллим. Аатын өйдөөбөппүн, “миигин тута кэллэ” диэн салҕалас буола куттаммыт саастаах киһи миигин көрүдүөргэ тахсан көрсүбүтэ. Хоһун, остуолун туран биэрбитэ, бэйэтэ тахсан барбыта. Мин кини остуолугар олорон үҥсүүлэри көрөттөөбүтүм, наадабын бэлиэтэнэн баран тахсан барбытым. Хор, дьон оннук куттанар уоргана этэ. Миигин, атыттары баһыйар тыллаахпын-өстөөхпүн иһин буолуо, КГБ комсомольскай тэрилтэ сэкэрэтээринэн талбыттара. Ол дуоһунаспынан КГБ мунньаҕар кыттар этим. Биир конференцияҕа эмиэ национальнай буоппуруоһунан күүстээх тыл эппиппэр үлэбиттэн устубуттара. Ол кэнниттэн аны ИДьМ ОБХСС-гар (отдел по борьбе с хищениями социалистической собственности – авт.) силиэдэбэтэлинэн үлэлии киирбитим. Элбэх дьыаланы арыйбытым. Биир улахан учуонай “Сир былдьаһыга” диэн миигин хараардар ыстатыйаны (ОБХСС үлэһитэ дуоһунаһын туһанна диэн ис хоһоонноох) хаһыакка таһаарбыта. Ону республика суруналыыстарын партийнай тэрилтэлэрин сэкэрэтээригэр Сибиряковка үҥсэн кинини чилиэниттэн уһултарбытым. Сууттаһан кыайбытым. Кырдьыкпын булуохпар диэри миигин үлэбиттэн уста охсон кэбиспиттэр этэ.
  • Уорганнары утары киирсии

  • КГБ, ИДьМ курдук ведостмволарга үлэлииргэр ылбыт уопуккун оһуохайы туруулаһар үлэҕэр төһө туһанныҥ?
  • Кумааҕыны кыайа тутар буолан көмүскэнэн кэллим. Юриспын. Ким да куттанан туоһу буолуон баҕарбат. Билбэтэҕэ-көрбөтөҕө буолар этилэр. Итини таһынан уорганнар үлэлиир ньымаларын билэбин. Этэр фактарбын докумуонунан, ыспыраапканан, видеоматырыйаалынан бигэргэтэн испэтэҕим буоллар, хайа талбыт кум-хам тутуо этилэр. Докумуоннарга эрэ тирэҕирэн үлэлиир буолан, саралыыр ыстатыйаларбар, этиилэрбэр биирдэ да сууттаһа, утары этэ иликтэр.  1980-с сыллар бүтүүлэригэр, техника сайдан барбытыгар видеокамера атыыласпытым. Сыаната 15 тыһ. солк. этэ. Ону ылаары үс массыынабын биэстии тыһыынчаҕа атыылаан турабын. Онон, оһуохайы, миитиннэри, мин тула буолар наадалаах диэбит быһыыбын-майгыбын барытын устабын. Миигин ол эрэ быыһыыр диэххэ сөп. Чахчы, уорганнарга үлэлиирбэр иҥэриммит билиим туһалыыр.
  • Оһуохайы сөргүппүт ситиһиибин атыттар былдьаһаллар диэбитиҥ…
  • Үтүөбүн иҥэринэ сатаабыттара баар суол. Тэрийбит “Оһуохай” обществобар хаста да “переворот” оҥорбуттара (1988, 1991 сс). Миигин ууратан баран истигэн коммунистары талларбыттара. Тэрийбит обществом салалтатыттан уурайар ыарыылаах этэ. Мин саҕалааһыннарым, ол иһигэр Доҕордоһуу болуоссатыгар өрүү ыытыллар оһуохайы ыытыы, барыта тохтообута. 1989 сыллаахха общество чилиэннэрэ ыгылыйан төттөрү миигин талбыттара. Оһуохай бөҕөнү эмиэ тэрийэн барбытым. 1990 сыллаахха онтон сэдиптээн, Туймаада Ыһыаҕа (Дьокускайдааҕы ипподромҥа) национальнай бырааһынньык быһыытынан үөскээбитэ. 1991 сыллаахха Новосибирскайга уонна Красноярскай сахаларыгар, долганнарга оһуохай тэрийэ барбыппар, Дьокуускайга суһал мунньах ыҥыран иккис “переворот” оҥорбуттар этэ. Чэ, ити курдук киирсэн үйэбин моҥоон эрэбин. Куруук киирсии, куруук туруулаһыы. Уһун уустук олоҕу олорбут киһибин. Эндирдээх, элбэх бутуурдаах, түһүүлээх-тахсыылаах олох. Интэриэһинэй олоҕу олордум дии саныыбын.
  • Эн түөртэ ойохтоммут эбиккин. Таптал өттүгэр бааттаах киһи этэ дииллэрэ кырдьык дуо?

  • Маннык эппиэттиэм этэ. Олоххо сөптөөх үлэни төһө баҕарар булуохха, төһө баҕарар көһүөххэ, үлэлиэххэ сөп. Сөпкө ойох ылыы, ойох тахсыы — саамай уустук дии саныыбын. Сыыһа ойох ылан эрэйи көрбүт дьону, оннооҕор улахан салайааччылары, элбэҕи билэбин (ааҕыталыыр). Ааттарын бэчээттээбэккэр көрдөһөбүн. Мин маҥнайгыбын 1962 сыллаахха Кисловодскай куоракка тиийэ сылдьан чечен омук кыыһын таптаан ойох ылбытым. Сокуонунан холбоспуппут. «Саха сиригэр барсабын!» — диэбитэ. Манна аҕалбыппар, урут сылаас дойдуга, толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорбут кыыс, мас дьиэ уустук усулуобуйатын тулуйбатаҕа. Ол иһин дойдутугар төттөрү ыыппытым. Кини кэнниттэн иккитэ кэргэннэммитим. Пааспарга штамп туһалаабатын өйдөөн, аны докумуоннаспатаҕым. Дьылҕа-хаан кыыһыран дуу, анал уорганнар “көмөлөһөн” дуу — эмиэ табыллыбатаҕым. Кэлин сааһыран иһэн төрдүһүн, бүтэһиктээҕин ойох ылан күн бүгүҥҥэ диэри дьоллонон, оҕолонон-урууланан, уһаан-тэнийэн олоробун. Кэргэмминиин Людмила Иннокентьевналыын иккиэн да эрэйи көрбүт оҕо саастаахпыт. Ол иһин уу-нуһараҥ олоҕу сыаналыыр дьоммут. Тугун кистиэмий, эдэрбэр кэрэ аҥардарга сөбүлэтэр этим. Олохпор таптаабытым, да таптаппытым да элбэх. Онон, дьоллоох оҕонньорбун. Хаһан да баттаппакка, санаам хоту олордум. Кырдьыгы этэн, ол туһугар киирсэн кэллим. Онон, туох да кэтэх санаам суох.

Олоҕун кэрчиктэрэ

1934 сыллаахха Ньурба улууһун Харыйалаах үрэҕэр сылгыһыт дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

1954 сыллаахха 20 сааһыгар Ньурба оскуолатын бүтэрбитэ.

1954 сыллаахха Маалыкай оскуолатыгар история, физкультура, байыаннай үөрэх учууталынан үлэлээбитэ. Маны сэргэ интернакка иитээччи.

1955 сыллаахха Пединститукка үөрэнэ киирэр (1956 сыллаахха пединсититут университекка кубулуйар).

1959 сыллаахха Саха государственнай университетын (СГУ) «нуучча тылын учуутала» идэлээх бүтэрбитэ.

1959 с. Саха АССР Үөрэҕин министерствотын фильмотекатын дириэктэрэ.

1961 сыллаахха КГБ-га үлэлии киирбитэ. Тута ССРС КГБ-тын  кистэлэҥ үөрэҕин кыһатыгар үөрэммитэ. Бүтэрэн кэлэн 1962-1964 сс КГБ-га үлэлээбитэ,

1964-1965 Саха АССР ИДьМ силиэдэбэтэлэ.

1983 сылга диэри араас салайар үлэҕэ үлэлээбитэ.

1983 сылтан улахан үлэттэн уурайан кыра (харабыл, остуорас) үлэҕэ көспүтэ. Туруулаһар үлэтигэр бириэмэ ордорунар сыаллаах. Пенсионер.

Сэмсэ тыл

Павел Харитонов, тыыл бэтэрээнэ:

  • Иван Егоров — Легендарнай киһи. Наһаа хорсун. Нуучча тылын учуутала. Сүрдээх уустук кэмҥэ Дьокуускай куоракка саха ыччатын ортотугар оһуохайы сөргүппүт үтүөлээх. Орджоникидзе болуоссатыгар дьонтон кырбана-кырбана, милицияларынан үүрүллэ-үүрүллэ, санаатын күүһүнэн син биир салгыы тэрийбитэ. Бэйэм оһуохайдаабаппын эрээри, ити быһыы-майгы мин хараҕым ортотугар ааспыта. Кини үлэтин улахан учуонайдар намтата сатаабыттарыттан хомойобун. Саха саарына диэн кыбыстыбакка ааттыахпын сөп.

Прокопий БУБЯКИН кэпсэттэ.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1