Бу күннэргэ Саха сириттэн алта оҕо Бүтүн Сойуустааҕы «Артек» лааҕырга сынньана бардылар.
edersaas.ru
Алта оҕоттон биэһэ — Тымныы полюһун оҕолоро. «Артекка» барар путевка ыраах Өймөкөөн улууһун оҕолоругар хайдах тиксибитин туһунан научнай-чинчийэр экологическай «Эндемик» лааҕыр салайааччыта Маргарита Осипова кэпсиир:
— Былырыын «Эндемик лааҕыр 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ. Бу сыллар тухары лааҕыр оҕолоро Өймөкөөн айылҕатын, кыылын-көтөрүн, үүнээйитин чинчийэн кэллилэр. Биһиги ХИФУ, Москва, Казань, Санкт-Петербург университеттарын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлэлиибит.
Лааҕыр оҕолоро Арассыыйатааҕы таһымнаах научнай-практическай куонкуруска миэстэлэһэн, өрүү инники күөҥҥэ сылдьаллар. Былырыын оҕолор бөртөлүөтүнэн аатырбыт Лабыҥкыр күөл балыгын, үүнээйитин чинчийэн кэлбиттэрэ.
«Эндемик» лааҕыр ыытар үлэтин туһунан мин ахсынньыга Москваҕа буолбут коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэлэр сийиэстэригэр билиһиннэрбитим. Тымныы полюһун оҕолоро науканан оскуола саастарыттан дьарыктанар ситиһиилэрин Арассыыйатааҕы НКО бэрисидьиэнэ Александр Айгистов олус биһирээбитэ уонна «Артек» лааҕырга сынньанар путевкалары анаабыта. Онон Уус-Ньараттан — 3, Томтортон — 2 үөрэнээччи уонна Аллараа Бэстээхтэн биһиги лааҕырбытыгар дьарыктанар биир оҕо путевкаларын ылан, ааспыт нэдиэлэҕэ «Артекка» айаннаатылар. Биллэн турар, өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, дойду таһымыгар араас научнай кэмпириэнсийэлэргэ кыттар тумус оҕолорбутун анаан сынньата ыыттыбыт.
Ити курдук, коммерческайа суох тэрилтэ кэмигэр бэйэтигэр болҕомтону тардан, Москваҕа тиийэ бэйэлэрин үлэтин билиһиннэрэн, науканан дьарыктанар оҕолор -60 кыраадыс туманнаах тымныыттан күннээх итии сайын дойдутугар баар буола түстүлэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru