Бэйиэт, прозаик, Арассыыйа Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Валерий Васильевич Васильев-Муттуххай Бороҥ сырдык кэриэһигэр кэтэхтэн ыытыллыбыт «Эн талааҥҥар сүгүрүйэн…» уус-уран куонкурус түмүгэ таһаарыллар үөрүүлээх түгэнэ от ыйын 10 күнүгэр буолан ааста.
edersaas.ru
Бу күн, кырдьыга да, Муттуххай Бороҥ талааныгар сүгүрүйээччилэр, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар литература тэрээһиннэригэр куруук кыттар айар дьон, түмсүүлэр түмүстүлэр. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, үгүстэрэ Муттуххай Бороҥ үтүө сүбэтинэн поэзия толоонугар киирбиттэр киниэхэ сүгүрүйэ, махталларын этэ кэлбиттэр. Ол курдук, тэрээһин саҕаланыытыгар бэйиэт хомоҕой хоһооннорунан «Айар кут» хоһоонньуттар уонна кэпсээнньиттэр түмсүүлэрэ композиция оҥорон көрдөрбүтэ улаханнык долгутта. Кини оҕо сааһыттан саҕалаан олорбут олоҕо барыта бу композицияҕа сатабыллаахтык киирбит, киһини уйадытар да, уоскутар да… Бэл, оҕочоос Валерий остуолга олорон, хоһоон бастакы сүһүөхтэрин суруйар хартыыната сүрэҕи долгутта…
ххх
Куонкуруска 24 улуустан, 30 түмсүүттэн 212 айымньы, ол иһигэр 141 хоһоон, 71 кэпсээн киирбит.
Күрэххэ сааһыттан уонна сойууһуттан тутулуга суох, ким баҕалаах холоммут. Көҥүл тиэмэҕэ хоһоон уонна кэпсээн айыллыбыт. Сүрүн ирдэбилинэн, киирбит айымньы ханна да бэчээттэнэ илик буолуохтааҕа.
Поэзияны сыаналыыр дүүллүүр сүбэҕэ СӨ норуодунай суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа, поэтесса Саргылана Гольдерова-Саргы-Куо, «Көмүөл» кинигэ кыһатын салайааччыта, суруйааччы Борис Павлов, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Нам улууһун «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччыта Алексей Татаринов-Удьурҕай, бэйиэт Виктор Хон-Нохтохоон (Омук Уола) үлэлээтилэр.
Онтон кэпсээннэри прозаик Александр Амбросьев-Сайылык Уола, тыл үөрэхтээҕэ, учуутал Туйаара Леонтьева, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ольга Софронова-Суһум, анал дьарыгырар ааҕааччы Роман Стручков сыаналаатылар.
Доҕоттор, биир дойдулаахтар — куонкурус спонсордара
«Ойуурдаах куобах охтубат» диэн саха өс хоһооно баар. Киэҥ дууһалаах, аһаҕас майгылаах, олоххо үчүгэйи эрэ булан көрөр Муттуххай Бороҥу билбэт уонна кинилиин кыратык да алтыһан ааспатах киһи литература эйгэтигэр аҕыйаҕа буолуо.
Спонсордар: «Долун» типография (салайааччы Егор Федоров-Долун) кэпсээн хайысхатын сүрүн бириистэригэр (1, 2, 3 үрдэллэр бириистэрин), Муттуххай Бороҥ уола Игорь Сортолов аймахтар ааттарыттан 35000 солкуобайынан, Валерий Васильевич бииргэ үөрэммит үөлээннэхтэрэ 21000 солкуобайынан көмөлөстүлэр. Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Альберт Юрьевич Иванов) туруорбут ноутбугун — сүрүн бирииһи «Кэрэ эйгэ» түмсүү салайааччыта Зоя Егоровна Аржакова үөрүүлээх быһыыга-майгыга тутта.
Ону таһынан уонтан тахса спонсор, ол иһигэр Муттуххай Бороҥ бииргэ алтыспыт доҕотторо, үрдүк үөрэххэ бииргэ үөрэнэ сылдьыбыт үөлээннээхтэрэ, кинигэлэрэ тахсарыгар Валерий Васильевич илэ бэйэтэ сүүрэн-көтөн таһаартарбыт ааптардара бааллар.
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит бибилэтиэкэ «Үөһээ Бүлүү — Олоҥхо ыһыаҕа» диэн биэс кинигэттэн турар икки кинигэ-нобуору бэлэх ууннулар.
Кыайыылаахтар ааттаннылар
Хоһоон уонна кэпсээн жанрдарыгар алталыы биһирэбил (номинация) уонна I, II, III үрдэллэр ананнылар.
Ол курдук, хоһооҥҥо биһирэбил бириистэр Зоя Данилова–Кэкэрдэҕэ, Евдокия Антонова-Самаана Хотуҥҥа, Илья Васильев-Ылдьаа Хоточчуга, Евдокия Попова-Айыынаҕа, Вячеслав Хоҥҥа, Ирина Колодезникова-Ымыыга (аҕыйах хонуктааҕыта олохтон туораабыта) ананнылар.
Үрдэллэр:
I үрдэл — Иннокентий Васильев-Тэгэ (бирииһэ 10000 солк);
II үрдэл — Василий Еремеев-Василь (бирииһэ 8000 солк);
III үрдэл — Саргын кыыһа Уран Күннэй (бирииһэ 5000 солк) буоллулар. Кинилэргэ дьүүллүүр сүбэттэн Борис Павлов биэс бэйэтин кинигэтин туттарда.
Кэпсээҥҥэ биһирэбил бириистэри ыллылар: Сюзанна Кондакова, Сергей Семенов-Сэгэй, Анатолий Габышев-Урут, Ираида Коркина-Чугдаара, Бурхалей Макаров, Мария Андреева.
Үрдэллэр:
I үрдэл — Мария Поскачина (10000 солк).
II үрдэл — Вилюрия Сергучева-Вилюрия (8000 солк);
III үрдэл — Александра Жулева-Суһума (5000 солк).
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын уонна улуус кииннэммит бибилэтиэкэтин бириистэрэ тэрээһин салайааччыта Анатолий Кириллиҥҥэ-Дьолу Кууска уонна кэскиллээх, ылбаҕай тыллаах хоһоонньут Саргын кыыһа Уран Күннэйгэ туттарылыннылар.
Түмүгү таһаарыы долгутуулаах күнүгэр «Ника» эрэстэрээҥҥэ оонньуу арааһа оройуттан тутулунна, ол иһигэр тута хоһуйууга күрэх ыытылынна. Үс кыайыылаахха бириис бэриллэн, айар дьон сүргэлэрэ өссө көтөҕүлүннэ.
«Эн талааҥҥар сүгүрүйэн…» куонкурус түмүктэрин таһаарыы үөрүүлээх күнүгэр Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева, поэтесса Саргылана Гольдерова-Саргы Куо, «Көмүөл» кинигэ кыһатын салайааччы, суруйааччы Борис Павлов, Саха гимназия-лиссиэй дириэктэрэ, Ил Түмэн хас да ыҥырыылаах дьокутаата Иван Шамаев, Үөһээ Бүлүү улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтин салайааччыта Наталья Петрова, Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын Дьокуускай куоракка бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Анатолий Иванов, Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов, «Айар Кут» кэпсээнньиттэр уонна хоһоонньуттар сойуустарын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ Валерий Никифоров-Суор Уола, СӨ үтүөлээх суруналыыһа Надежда Егорова-Намылы, Муттуххай Бороҥ бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ уо.д.а. ыалдьыттаатылар.
Муттуххай Бороҥ хоһоонноругар суруллубут ырыалары эстрада тыйаатырын артыыстара уонна чугас доҕотторо толорон, бэйиэт айымньылара ырыа буолар аналлаахтарын кэрэһилээтилэр.
«Саарбахтаабыт санаам сайҕаммыта…»
Биир дойдулааҕа, өрөспүүбүлүкэтээҕи лисиэй дириэктэрэ, математика, физика наукатын доктора Иван Шамаев Валерий Васильев, кини аҕатын, аҕа ууһун, дойдуларын туһунан истиҥник аҕынна:
«Валерий Багдарыын Сүлбэҕэ аспиранныы сылдьыбыта. Ол сылдьан уонна кэлин даҕаны үчүгэй репортажтары суруйбута. Ордук Үөһээ Бүлүү уҥуор гааһы тардар туһунан туруорсуулаах ыстатыйатын үчүгэйдик өйдүүбүн.
Хоһооннору сурдурҕаччы суруйара. Бастаан улаханнык аахайбатах бэйэм ааҕан билбитим, тыл маастара эбит этэ. Киһи «сык» гынар айымньылары, дириҥ ис хоһоонноох, философскай хоһооннору айбыта. Мин кинини сорох түгэннэргэ ылыммат этим, ол эрэн, кэлин хоһооннорунан үчүгэйдик өйдүүр буолбутум. Олус сэмэй киһи этэ. Биһиги бары кинини суруналыыс, суруйааччы быһыытынан билиммиппит. Онтон киһибит баһылык буолабын диэн турбута эрээри, мин кинини хайдах да баһылык быһыытынан кыайан көрбөт этим. Муттуххай Бороҥ Үөдэй баһылыгар харса суох түһүнэн кэбиспитэ. Иккис быыбарыгар хотон, дьэ үлэлээн куугунаппыта. Биһиги баһылык диэн хоһоон суруйан аралдьыйбат, сокуону үчүгэйдик билэр, ырааҕынан ааҕар-суоттуур, дьоһун киһи буолуохтаах диэн толкуйдуур этибит буоллаҕа. Оттон Муттуххай Бороҥтон сиэттэрэн ол өйдөбүлбүт уларыйбыта: баһылыгы кини тас көрүҥэ, дуоспуруннаахтык туттара-хаптара быһаарбат, кини ис дууһата, сүрэҕин баҕата, дьоҥҥо көмөлөһүөн баҕарара улахан суолталаах. Биһиги Валерий Васильевпытын-Муттуххай Бороҥмутун чахчы дьон туһугар олорбут, дьоҥҥо үчүгэйи эрэ оҥоро сатаабыт киһи диэн мэлдьи өйдүү-саныы сылдьыахпытыгар бигэ эрэллээхпин».
ххх
«Бу куонкуруспут сүрүн соругун толордубут – убайбыт, доҕорбут, бары да киэн туттар киһибит Валерий Васильевич Васильев-Муттуххай Бороҥ аата ааттанна, кини сырдык кэриэһигэр ыытыллыбыт куонкуруспутугар элбэх үчүгэй айымньы үөскээн таҕыста. Бу тэрээһиммитин үгэскэ кубулутан, инникитин эмиэ тэрийэр санаалаахпыт. Буолбут куонкуруспутугар көрсүбүт итэҕэстэрбитин эрдэттэн туоратан, өссө киэҥ далааһыннаах уонна үрдүк таһымнаах күрэҕи тэрийиэхпитин баҕарабыт», -– диэн бэйиэт, прозаик сырдык кэриэһигэр анаммыт куонкуруһу тэрийээччилэр санааларын үллэһиннилэр.
ххх
Бырайыак ааптардара: «Долун» ХЭО дириэктэрэ Егор Федоров-Долун, РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Валерий Никифоров-Суор Уола.
Тэрийээччилэр: «Айар кут» хоһоонньуттар уонна кэпсээнньиттэр эрэгийиэннээҕи түмсүүлэрэ (бэрэссэдээтэл Анатолий Кириллин, солбуйааччы Зоя Данилова-Кэкэрдэ, салайар сүбэ чилиэнэ Анна Григорьева уо.д.а.)
Дьүһүйүүнү туруордулар -– Олимпиада Спиридонова, Сергей Семенов-Сэгэй
Ыытааччылар: СӨ култууратын туйгуннара: Эльвира Семенова-Сэргэ кыыһа Тускулаана уонна Петр Кычкин.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru