Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!

10.07.2023
Бөлөххө киир:
Хаартысканы Владимир Орлосов тиксэрдэ.
Сэргэлээххэ Саха сирин бары муннуктарыттан үөрэххэ, сырдыкка, кэрэҕэ таласпыт сэргэх ыччаттар мусталлар. Оо, Сэргэлээх - ыччат ыллыыр ымыыта, талаһар ырата, таптал уйата, куорсун анньынар сирэ. 

«Ол көмүс сардаҥа утаҕа Таммахха чаҕылла оонньоото, Куотуо диэн ааттаһан, сэрэнэн Нарыннык, уһуннук уураата. Симиин тыал наҕыллык сипсийэн…» диэн уол ылбаҕай ырыата уопсайга ой дуораана буолан иһиллэр… Бу кимий? Куолаһынан сирдэтэн ыччат ким ыллыырын харахтыы, истэ, дуоһуйа барар. 

Киирии

Эһиги болҕомтоҕутугар: М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу — Илиҥҥи федеральнай университет быйылгы выпускнига — Владимир Орлосов. Эдэр сүрэх тэбэрэ күүһүрэр, санаата көнньүөрэр, Сэргэлээх сирин — уотун биир бастыҥ ырыаһыта. Кинини өссө «Сэргэлээх романтига» диэн ааттыыллар. Ол гынан баран, дьоруойбут бу сайын үөрэҕин бүтэрэн, кынат кыырайан көччөх көттө.

Дьэ, үөһэ этиллибитин курдук, гитара кылыстарын тардыалаан, ураты дорҕооннору таһааран ырыа ыллаатаҕына, кини тула ыччат муста түһэр, тэҥҥэ ыллаһар. Санатан эттэххэ, Владимир өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сулустар» ырыа куонкуруһун кыттыылааҕа.

Былырыын аҕай ыллыыр кырылас кумахтаах Бүлүү улууһун Чинэкэ нэһилиэгэр айар командировкаҕа бара сылдьан улахан дьиэ тутулла турарын көрбүтүм. Массыынаҕа хайаларай диэн кэпсэтэллэр. Ону: «Орлосов уолаттарын кытта тута сылдьар», — диэтилэр. Ээ, онно олорон ол уолаттарыттан биирдэстэрэ ким буоларын өйдөөтөҕүм дии.

Володя араспаанньата сахалыы диэхпин сөп. Ол курдук, Орулуос диэн куһугурас сытыы тыастаах кынаттаах үрүҥ ала дьүһүннээх орто үөл кус эбээт. Өссө  Орулуос диэн аат олоҥхолорго кытта көстөн ааһар.

«Куппар — сүрбэр чугас үөрэх»

«Геологоразведочнай бакылтыаты ситиһиилээхтик бүтэрдим. Хара маҥнайгыттан бу үөрэххэ киириэхтээхпин диэн сыаллаах этим. Айылҕаҕа, техинньикэҕэ чугас буоламмын, миэхэ бары өттүнэн барсар үөрэх курдуга. Бастакы кууруска үөрэнэр оҕолорбун көрөөт даҕаны, улаханнык сөхпүтүм.
Тоҕо диэтэххэ, бары улахан, үрдүк быһыылаах — таһаалаах дьон буолан биэрдилэр, бэйэбин туох ааттах кырабыный дии санаабытым(күлэр).
Үөрэххэ эппиэтинэстээхтик, боччумнаахтык сыһыаннаһан, маҥнайгы куурус бэртээхэйдик ааспыта. Саҥа билсиһиилэр, көрсүһүүлэр, алтыһыылар арыаллаабыттара. Быраактыкабытын Табаҕа мыыһыгар уонна Хаҥаласка ааспыппыт.
Иккис кууруска бастакы зачетнай срез кэнниттэн, ытык иэспин эрдэ төлөөн кэлиэххэ диэн быһаарыммытым. Этэҥҥэ сулууспалаан, саҥа үөрэнэн, оннубун булан истэхпинэ, аны туран дьаҥ ыарыыта саҕаланна. Ол кэмҥэ үөрэхпэр мөлтөөбүтүм.
Кэтэхтэн, ол эбэтэр, ыраахтан үөрэҕи сөбүлээбэтэҕим. Дьиэҕэ сытан үөрэнэ сатыыбын  да, туох да сатаммат курдук этэ. Аны тыа сиригэр, эбиитин хаһаайыстыбабыт улахан буолан, үлэ хаһан даҕаны бүппэт. Оннук курдук төттөрү сирэй көрсөн үөрэниигэ дэлби кутуруктанан кэллим. Чэ, оннук курдук үөрэх баран истэ.
4 кууруска диэри кутуруктарбын соһо сырыттым. Онтон хайдах эрэ үөрэхпин бүтэрэрим бу кэллэ, бириэмэ тургэнэ да бэрт эбит диэн толкуйданан, сабан саҕалаабытым. Оннук курдук бутэһик үөрэнэр сылбар тиийэн кэллим.
Бу алта сыл иһигэр элбэҕи ситистим диэхпин сөп: тус олохпор, спорт өттүнэн, айар дьарыкпар. Быраактыкаларбын ахтыам этэ. Иркутскага — 4 ыйга, Читаҕа — 5 ыйга баран үлэлээн кэлбитим, «Алроса»,  «Якутскгеология» хампаанньаларга үлэлээн элбэх билиини, сыаналаах уопуту ылбытым. Үөрэхпин ис — тас өттүн илэ бэйэм толорутук биллим дии санаатым», — диэн кэпсээтэ Володя.

Билиҥҥи туругунан, улахан былаан суох эрээри, аҕыйах толкуйдар, үлэҕэ ыҥырыылар бааллар. Саҥа кирбиилэри, аартыктары дабайарга бэлэммин.

Айар абылаҥы кытта успуорду дьүөрэлиир

Владимир, дэгиттэр киһи барытыгар дэгиттэр дииллэринии, ырыаны кытта успуорду дьүөрэлии тутар.

Мас тардыһыыга араас өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтээһиилэр призердара. Ону таһынан, «Саха» НКИК «Кубогын» кыттыылааҕа. Ыстанар, сүүрэр. Ыалдьыппытын уу- сахалыы өйдөөҕүн-санаалааҕын, күннээҕи да кэпсэтиигэ уус — уран тыллааҕын — өстөөҕүн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Сахалыы хоһооннору суруйар.

Арба даҕаны, кини Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй — интэринээт выпускнига уонна «Түмэн» ыччат түмсүүтүн чилиэнэ буолар. Кыралаан саха эйгэтэ хаҥыырыгар бэйэтин кылаатын киллэрсэр. Билиҥҥи «Түмэннэр» убайбыт дииллэр.

Владимир Орлосовка сытыы тыастаах кынаттаах кус кэриэтэ олох устун дайарыгар, өссө да олоҥхо боотурун курдук булгуруйбат модун санаалаах, уостубат үтүө майгылаах буоларыгар баҕарабыт! Оттон эн, Сэргэлээх, ыччаккын умнумаар, өссө да эйиэхэ сибэкки дьөрбөлөөх, эйигинниин ыллаһа кэлэ туруо буоллаҕа!

+1
15
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0