«Эмтэнэртэн куотумаҥ» (эмчит сүбэтэ)

22.11.2019
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуга искэн ыарыыта элбээн иһэр.
СӨ онкологическай диспансерын кылаабынай бырааһын тэрийэр-методическай үлэҕэ солбуйааччыта Валентина Дмитриевна Сметанинаттан искэн ыарыытын туһунан кылгастык кэпсииригэр көрдөстүм.

edersaas.ru

“Искэн ырыыта элбээһинин сүрүн төрүөтэ биллэр. Төһөнөн киһи олоҕо тупсар даҕаны, бырамыысыланнас эмиэ күүскэ сайдар. Түмүгэр искэн ыарыыта эмиэ тэнийэр. Ону бопсор кыах суох. Ылан көрүөҕүҥ, сайдыылаах судаарыстыбалары Японияны уонна Эмиэрикэни. Кинилэргэ искэн ыарыыта олус элбэҕин статистика бигэргэтэр. Оттон киһи өлүүтүн ахсаана аҕыйах. Тоҕо? Бу дойдуларга диспансеризация олус кичэллээхтик ыытыллар. Куһаҕан ыарыы саҥардыы үөскээһинигэр 80% булаллар. Ыарыһах искэнин эппэрээссийэлээн ылан быраҕан кэбиһэллэр эбэтэр эминэн эмтээн үтүөрдэллэр, а.э. киһини өлүүгэ тириэрдибэккэ үйэлэрин уһаталлар.
Саха сиригэр балаһыанньа чыҥха атын. Ордук тыа сиригэр олохтоох кырдьаҕас көлүөнэ дьонугар туһаайан этэбин. Кинилэр уруккулуу сэбиэскэй кэмнээҕи үгэстэринэн салайтараллар. Кинилэр саныылларынан, быраас кэлэн дьиэлэригэр көрүөхтээх, тиэйэн илдьэн балыыһаҕа киллэриэхтээх, эмтэтиэхтээх.
Аныгы үйэҕэ мэдиссиинэ ирдэбилэ уларыйбыта. Хас биирдии киһи доруобуйатын туһугар бэйэтэ охсуһуохтаах. Балыыһаҕа бэйэтэ кэлэн көрдөрүөхтээх, диспансеризацияны, профилактическай көрүүлэри ааһыахтаах.
Искэн – уодаһыннаах ыарыы. Араак үөскээн эрэрин мээнэ биллэрбэт, сибикилэрэ (симптомнара) суох, сыыла сылдьан киһи доруобуйатын айгыратар. Сүрүн сорукпут диэн искэни саҥа үөдүйэн эрдэҕинэ булааһын, эмтээһин, ыарыһах үйэтин уһатыы.
Эмтээһин билигин үс көрүҥнээх: эминэн-томунан (химиотерапия), сардаҥанан (лучевая терапия), эппэрээсийэлээһин (хирургическай). Наада буоллаҕына, «анал эмтэнии» квотатынан Москваҕа, Санкт-Петербурга, Томскайга буор босхо эмтэтэ ыытабыт.
Искэн ыарыытын булбуппут кэннэ саха дьоно эмтэнииттэн куота сатыыллар. Ол курдук, “мин оттуу барыахпын наада”, “суолбут сабыллан эрэр” уо.д.а. сүүс биричиинэни булаллар. Дьиҥинэн, ыарыһах суһаллык эмтэнэ сатыахтаах, тоҕо диэтэххэ, искэн түргэнник эккэ-хааҥҥа тарҕанар куһаҕан дьайыылаах.
Үс куттаах саха дьоно, бэйэҕит менталитеккытын уларытан, доруобуйаҕытын көрүнэн, харыстанан, дьиҥнээх сибиэһэй аһынан аһаан, уһун үйэлээхтэр кэккэлэригэр киирэргэ охсуһуҥ диэн ыҥырабын”.

“Саха сирэ”, edersaas.ru cайтка анаан Григорий МИХАЙЛОВ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0