Эмтээх үүнээйи: билэргин эрэ хомуй!

28.11.2018
Бөлөххө киир:

Кэнники кэмҥэ эмтээх үүнээйилэри ыарыыны сэрэтэргэ, эмтииргэ уонна организм туругун тупсарарга туһаныы элбээтэ. Эмтээх препараттар үксүгэр атын (побочнай) эмиэ дьайыылаах буолаллар, ардыгар хаачыстыбалара мөлтөх буолан, араас аллергияны үөскэтэллэр. Ол курдук, ырыынакка сымыйа эмтэр эмиэ түбэһэллэр.

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит Лена Кривошапкина – Саха сирин эмтээх үүнээйилэрин химическэй састааптарын үөрэтэр, эмп оҥорор науканан дьарыктанар. Кинини кытары кэпсэтиибититтэн уонна кини “Иллюстрированный определитель лекарственных растений Якутии” диэн быйыл тахсыбыт сүҥкэн кинигэтин кылгастык билиһиннэрэбит.

Дьааттаах оттор

Сахалар былыр былыргыттан уһун уонна тымныы кыһыҥҥа туттаары, э쬬тээх үүнээйилэри хомуйаллара уонна хатараллара. Киһи төрөөбүт сиригэр-¬уотугар үүнэр отунан-маһынан э쬬тэнэрэ ордук туһалааҕын уонна иҥэм¬тиэлээҕин суруйаллар да, үөрэтэллэр даҕаны. Ол эрээри, ардыгар алҕаһаан, эмтээх үүнээйигэ майгынныыр көрүҥнээх эрээри, атын үүнээйилэри эбэтэр дьаат¬таах оттору хомуйуу баар буолла. Холобур:

Кытыан (можжевельник) Саха сиригэр 3 көрүҥэ үүнэр, олортон Көннөрү кытыаны эрэ эмкэ туһаныы көҥүллэнэр; Даурия кытыана (Можжевельник даурский) Кыһыл кинигэҕэ киирбит;
Валериана тас көрүҥүнэн атын олус дьааттаах үүнээйилэргэ майгынныыр;
Ромашка аптечная дии санааннар, олох атын үүнээйилэри – Көннөрү бастыҥа отун (Нивяник обыкновенный) эбэтэр Сибиир астратын (Астра сибирская), Альпийскай астраны (Астра альпийская) хомуйаллар. Эмтээх ромашка (Ромашка аптечная) Саха сиригэр үүммэт;
Бөрө ото диэннэр, щитовник араас көрүҥнэрин хомуйаллар. Саха сиригэр щитовник 4 көрүҥэ үүнэр, бу дьаат¬таах үүнээйилэр. Кинилэри иһии кэннит¬тэн быар уонна бүөр үлэтэ кэһиллиэн, хотуолатыан, анемиялатыан, күүһү-уоҕу эһиэн сөп.
РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ хаарыйар (Крапива) 6 көрүҥүттэн биир эрэ көрүҥү – Икки дьиэлээх хаарыйары (Крапива двудомная) туһанары көҥүллүүр, атын көрүҥнэри норуот медицинатыгар тутталлар;
Үс хайытыылаах чэрээдэ (Череда трехраздельная) Сардаҥалаах чэрээдэҕэ (Череда лучистая) майгынныыр. Сардаҥалаах чэрээдэни норуот медицинатыгар да туһаныы бобуллар.

Норуот медицинатыгар

Норуот медицинатыгар туһаныллар эмтээх үүнээйилэри итинник ким да үөрэппэтэх. Биир өттүнэн ыллахха, норуот бэйэтэ элбэх сыл устата туһанан, оттор дьайыыларын билэр. Иккис өттүнэн, ити оттор атын (побочнай) дьайыыларын, атын көрүҥ оттору уонна эмтэри кытта хардарыта дьайсыыларын ким да толору билбэт.
Үгүс эмтээх үүнээйилэри, холобур сытыган эрбэһини (полынь) БАД сас¬таабыгар киллэрэр көҥүллэммэт, эмп эрэ быһыытынан туһаныллыахтарын сөп. Доруобуйа харыстабылын тэрил¬тэлэригэр эмтэр хаачыстыбаларыгар, көдьүүстэригэр уонна куттала суох буолууларыгар экспертиза ыыталлар. Эмп эбэтэр эмтээх үүнээйи “хаачыстыбалаах, куттала суох уонна көдьүүстээх” диэн үс суолга эппиэттиир эрэ буоллахтарына, туһанааччыга тириэрдиллэллэр. Тоҕо диэтэххэ, түмүк сорук – киһи доруобуйатыгар буортулаабакка эрэ көмөлөһүү.

Кимнээххэ, туох көҥүллэммэтий?

Валериана силистэрдээх препараттарбыар ыарыылаахтарга уонна 3-гэр диэри саастаах оҕолорго;
Кытыан (можжевельник) отоно – оҕо күүтэр, итиэннэ лактация кэмнэригэр, бүөр ыарыытыгар, итиэннэ быраас хонтуруола суох 4 нэдиэлэттэн ордук кэмҥэ иһиллибэт;
Уҥуохтаах отон (толокнянка) сэбирдэҕэ бүөр уонна хабах сытыы көрүҥнэригэр, хотуолатыан сөп;
Көннөрү суорат ото (тысячелистник) бүөр ыарыытын бэргэтиэн уонна аллергияны көбүтүөн сөп. Гипотензивнай уонна тимирдээх препараттары кытары бииргэ иһиллибэт;
Пустырник пятилопастной намыһах дабылыанньа5а уонна оҕо күүтэр дьахтарга, 12-гэр диэри саастаах оҕолорго;
Бадараан сэппэрээгэ, сугун абаҕата (Багульник болотный) куртах-оһоҕос трагын күүрдүөн, хотуолатыан, сыптарытыан сөп. Былчыҥнар уонна сүһүөх¬тэр ыалдьыахтарын, ньиэрбэ систиэмэтэ күүрүөн, баралыыс буолуон сөп.

“Иллюстрированный определитель лекарственных растений Якутии” кинигэ бастакы туома улахан форматтаах, 640 сирэйдээх. Кинигэҕэ үүнээйи 385 көрүҥэ киирбит, кинилэртэн 34 көрүҥ – научнай медицинаҕа, 251 көрүҥ – норуот медицинатыгар, 151 көрүҥ саха норуотун медицинатыгар туһаныллаллар. Онтон 112 көрүҥ – эмтиир хаачыстыбалара cуох уонна дьааттаах буолуохтарын сөптөөх булкаастар. Бу сүҥкэн кинигэҕэ 20-чэ киһи үлэлээтэ.

ЛЕНА КРИВОШАПКИНАпровизор, фармация наукатын хандьыдаата, Саха сирин эмтээх үүнээйилэринэн 20-тэн тахса сыл дьарыктанар.
Москваҕа эмтэри оҥоруу уонна регистрациялааһын эйгэтигэр үлэлиир. Билигин Арассыыйатааҕы Норуоттар доҕордоһууларын университетыгар устудьуоннары үөрэтэр.

Надежда Егорова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0