Эмтээх оттору аны булт хаһаайыстыбата хомуйуоҕа

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр билигин үс эрэ тэрилтэ эмтээх отунан эмп-томп оҥорон таһаарар. Оттон эмтээх оттору хомуйуунан, Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Охлопков этэринэн, булт хаһаайыстыбата дьарыктанара ордук.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Билигин туох да хааччаҕа суох сэппэрээги, уҥуохтаах уонна уулаах отоннору хомуйан эмп-томп оҥоруохха сөп. Онтон атын эмтээх оттору хомуйан бородуукта оҥорон таһаарарга, сүрдээх элбэх харчыны төлөөн туран көҥүл ылыахха наада. Итинтэн сылтаан, үгүс тэрилтэ  дьарыктаныан баҕарбат. Холобур, биһиэхэ таба сиир муоҕунан эмп оҥоһуллар этэ да, билигин көҥүлү ылыы  сыаната ыараан,  манан дьарыктаныы көдьүүһэ суох буолан тахсар.

Ол иһин, бэҕэһээ Ил Дархан Егор Борисов олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга ыыппыт мунньаҕар, Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Охлопков эмтээх оттору бэйэтинэн атыылыырга  эттэ уонна оттору хомуйуунан булт хаһаайыстыбалара дьарыктаналлара ордугун ыйда. “Урукку өттүгэр булт хаһаайыстыбалара эмтээх оту хомуйуунан сүрдээх үчүгэйдик дьарыктаналлар этэ. Ону сөргүтэр киһи, эмтээх оту элбэҕи хомуйан батарыа этибит”, — диэн бэлиэтиир кини.
Миниистир этиитигэр даҕатан эттэххэ, билигин биһиэхэ үс тэрилтэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы нүөмэрдээх балыыһа, Дьокуускай куораттааҕы муниципальнай аптека уонна “Сахамедпром” эми оҥорон таһаараллар. Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэҕэ кыайан барытыгар тарҕаппаттар. Холобур, Дьокуускай куораттааҕы аптека бэйэтин иһигэр атыылыырыгар эрэ оҥорон таһаарар кыахтаах. Оттон өрөспүүбүлүкэҕэ анаан эми-тому оҥорор “Сахамедпром” тэрилтэ, билиҥҥи туругунан, мөлтөһүөр туруктаах, 17 мөл. солк. иэстээх олорор. Ол иһин манна «иккис тыыны» уган, оҥорон таһаарар бородууксуйаларын элбэтэргэ эттилэр.

Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, Ил Түмэҥҥэ уопсастыбаннас этиитинэн, эмтээх оту хомуйууга туһуламмыт федеральнай сокуон оҥоһуллуутугар этиилэри киллэриигэ үлэ бара турар. Ойуур сыһыаннаһыытын департаменын салайааччыта Вячеслав Попов бэлиэтииринэн, өскөтүн сир аһын, эмтээх оту хомуйууну сокуонунан бигэргэттэххэ, олохтоох бүддьүөккэ эбии дохуот буолар. “Госдуумаҕа сир аһын, үүнээйини хомуйууну сокуонунан бигэргэтии боппуруоһа көтөҕүллэ сылдьыбыта. Билигин Ойуур хаһаайыстыбатын федеральнай агентствотыгар бу боппуруос үөрэтиллэ сылдьар. Мин санаабар, сокуон  олоххо киирэрэ буолуо. Манна муниципальнай тэриллии ылар оруола үрдүк буолуохтаах. Тоҕо диэтэргин, нэһилиэнньэттэн ураты олохтоох сири-уоту ким да билбэт. Уонна бу лицензияттан киирбит харчы хайаатар да олохтоох бүддьүөккэ түһүөхтээх. Оччотугар миэстэтигэр ойууру көрүүгэ-харайыыга эппиэтинэс үрдүө этэ”, — диэн этэр Вячеслав Попов.

Аграфена КУЗЬМИНА,»Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0