Лена Кривошапкина — Саха сирин эмтээх үүнээйилэрин химическэй састааптарын үөрэтэр, эмп оҥорор науканан дьарыктанар, “Иллюстрированный определитель лекарственных растений Якутии” кинигэ ааптара, провизор, фармация наукатын хандьыдаата, Саха сирин эмтээх үүнээйилэринэн 20-тэн тахса сыл дьарыктанар.
edersaas.ru
Москваҕа эмтэри оҥоруу уонна регистрациялааһын эйгэтигэр үлэлиир. Билигин Арассыыйатааҕы Норуоттар доҕордоһууларын университетыгар устудьуоннары үөрэтэр.
Бүгүн Лена Кривошапкина эмтээх үүнээйини хайдах хомуйар туһунан сүбэлиир:
— Саха сиригэр үүнэр эмтээх оттору хаһан хомуйарга икки көрүү баар.
Бастатан туран, Айыы үөрэҕэ этэринэн, эмтээх үүнээйилэри сибэккилиир кэмигэр сарсыарда эрдэ, күн саҥа тахсар кэмигэр – сиик көтө илигинэ саҕалыыллар. Сиик үүнээйигэ куурарын курдук, үүнээйини хатарыах иннинэ сахсыйбаттар. Хомуллубут үүнээйини сүүмэхтээн баран, дьиэҕэ эбэтэр сиигэ суох ампаарга хатара уураллар.
Иккиһинэн, наука этэринэн, холобур, Вероника седаяны кураан уонна чаҕылхай күн, сарсыарда сиик сарахадыйбытын кэннэ хомуйуллар. Күн үөһээ тахсыыта эфирдээх арыылара көтөллөр.
— Өскөтүн эһиги Айыы үөрэҕэ этэринэн хомуйар буоллаххытына, хатарыы хаачыстыбалаах уонна түргэн буолуохтаах. Үүнээйигэ түүнүк үөскээбэтин уонна үүнээйи өҥүн сүтэрбэтин туһугар.
— Хас биирдии үүнээйи Ийэ сир эрчимин уонна Үрдүк Үрүҥ Аар Тойон күүһүн илдьэ сылдьар. Онон, эмтээх үүнээйини хомуйарга айылҕаҕа үтүө, ыраас санаалаах эрэ барыллар.
— Хомуйарга айылҕаттан көҥүллэтиллэр уонна хомуйбут үүнээйилэриҥ эмтиир хаачыстыбаларын сүтэрбэттэригэр көрдөһүллэр.
— Хас биирдии үүнээйи махталга, харыстабылга уонна тапталга наадыйар. Элбэҕи буолбакка, бэйэҕэр төһө наадатын эрэ хомуйуллар.
— Хомуйар кэмҥэ хары чаһытын, бэрчээккэни уонна атах таҥаһын устар ордук. Айылҕаны кытары бииргэ алтыһар, сир ийэ биэрэр күүһүн атаххынан билэр, айылҕаны кытары кэпсэтэр туһугар.
— Үүнээйилэри нэһилиэнньэлээх пууннартан, уот линияларыттан, суолтан уонна уоҕурдуулар туһаныллыбыт хонууларыттан тэйиччи сиртэн хомуйуллар.
— Үүнээйини быһарга сытыы секаторы, саадка туттуллар кыптыыйы эбэтэр эмтэриттэҕэстэрдээх биилээх быһаҕы туттуллар. Үүнээйини барытын утуу-субуу быһыллыбат, иһиригэ чөлүгэр түһэригэр сороҕун хаалларыллар. Тоҕо диэтэххэ, кэлиҥҥи да сылларга манна төннүөҥ турдаҕа.
— Үүнээйини туох да сыала-соруга суох, мээнэ үргэниллибэт уонна силистэри тоҕо тардыллыбат.
— Куура хаппыт уонна буорту буолбут, ону сэргэ үөн-көйүүр уонна кэрбээччи сиэбит үүнээйилэрин ылыллыбат.
— Хомуйбуккун ыраас, кураанах корзинаҕа эбэтэр таҥас мөһөөччүккэ угар ордук. Мөһөөччүккүн таптайыма, тоҕо диэтэххэ, үүнээйилэр кумаланан хаалан, суоктарын таһаарыахтарын сөп.
— Үүнээйини хомуйуоххуттан куурдуоххар диэри, 2 чаастан ордук кэм ааһыа суохтаах.
— Куурдуоҥ иннинэ уонна кэннинэ алдьаммыт эбэтэр өҥүн сүтэрбит сэбирдэхтэрин ылан бырах.
— Харайарга анаабыт сырьеҕун үлтүрүтүмэ, бэйэтинэн уур.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru