Уһун, тымныы кыһыны туораабыт хамсыыр харамай барыта сааһыары мөлтүөн-ахсыан сөп. Ол иһигэр киһи этэ-сиинэ битэмиинэ тиийбэккэ, иммунитета мөлтүүр, ыарытыйар. Маныаха айылҕа бу кыһалҕаны туоруурга бэлэмнээбит бэлэҕэ – сайын тэлгэһэҕэ тэпсэ сылдьыбыт сыыс отторбут, атын да эмтээх үүнээйибит организмҥа улахан туһалаахтар.
Араас хиимийэлээх, ыарахан сыаналаах эмтэри атыылаһар оннугар, бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар үүнэр, олус уохтаах, күүстээх, эмтээх үүнээйибит туһатын билэр, быһаарсар, туһанар буоларбыт уолдьаста. Бу үүнээйилэр саас киһиэхэ күүс-уох эбиэхтэрэ, ыраастыахтара, доруобуйатын бөҕөргөтүөхтэрэ.
Эбиэс
Эбиэһи ис уорганы, быары, хааны ыраастыырга тутталлар. Сылга 3-4-тэ ыраастаныахха сөп. Киһи иһэ араас шлактарынан бүрүлүннэҕинэ, араас ыарыы үөскүүр.
— 1 ост.нь. эбиэскэ 0.2 лиитирэ оргуйбут ууну кутан, тиэрмэскэ хоннороҕут. Сарсыарда тураат, аччык искэ уутун иһэҕит, бурдугун өр ыстаан сиигит.
— 1 чааскы эбиэһи сууйан баран, 1 чаас курдук оргутаҕыт, ол кэннэ сылааска, сойботун курдук суулаан, 2 чаас устата туруораҕыт. Эмиэ биир күҥҥэ үллэрэн, аһыах иннинэ иһэҕит.
Моонньоҕон сэбирдэҕэ
Атах ыалдьарын биир сүрүн биричиинэтэ — киһи хааныгар холестерин элбиириттэн,“мочевая кислота” үөскүүрүттэн эбит. Дьэ, бу кислота уҥуоххун барытын сиир. Норуот эмтэнэр ньыматынан, “мочевой кислотаны” моонньоҕон уга суурайан таһаарар эбит.
Моонньоҕон угун сэбирдэхтиин оргутан, уотун аччатан 2 мүнүүтэ тэптэрэ түһэн баран, арааран кэбиһэҕин. 20 мүнүүтэнэн сиидэлиигин. Дьэ, ону ыстакаанынан истэххэ, кулгаах ыалдьара, ириҥэрбитэ аҕыйах күнүнэн ааһар.
Мөлтүү, ыалдьа сылдьар кэмҥэ моонньоҕон сэбирдэҕин хойуутук уган, тиэрмэскэ көөнньөрүллэр. Көннөрү да тумууга олус көмөлөһөр. Ис күүскүн уһугуннарар. Иммунитеты олус бөҕөргөтөр.
Үөрэ от
Саха сиригэр үөрэ от хас да көрүҥэ үүнэр, атыннык кыа уга диэн ааттыыллар.
Оһоҕос үлэтэ мөлтүүрүттэн, киһи кырдьан, мөлтөөн барар. Оһоҕоско баар араас үөнү, инфекцияны (хламидия, кандида, лямблия, эхинококковай инфекция, о.д.а.) үөрэ от таһаарар, утуйбат буолууну, иһиини, хойуу хаайтарыытын, ньиэрбэ, хабах, быар-бүөр, ноор, үөс, куртах, тирии ыарыыларын эмтиир. Бэссэстибэлэр атастаһыыларын үлэтин тупсарар, онон киһи ырыан сөп. Үүнээйи силиһин күһүн үөһээ өттө хардарыйбытын кэннэ хостонор.
10-15 силиһи бытаан уокка, кыра ууга оргутан, сойбутун кэннэ сиидэлээн баран, уура сылдьан, аһыах 20-25 мүнүүтэ иннинэ икки остолобуой ньуосканан күҥҥэ үстэ иһиллэр. 15 күн иһэҕин, онтон 15 күн сынньанан баран хатылыыгын.
Ыалдьар сүһүөххэ үөрэ отун суоракка булкуйан, лэппиэскэ курдук оҥорон, уурунан, салаппаанынан баанан хоноллор.
Иһи-үөһү ыраастыырга хатаран, ныһыйан, сиидэлээн баран, соннук хаппытынан сиигин. Бастакы 3 күн иккилии-үстүү чаас буола-буола (түүн эмиэ) чаайынай ньуоска аҥаарынан сиигин, силгинэн илитэн, ыстаан баран, ууну кытары ыйыстаҕын. Кэлэр 4 күн устата күҥҥэ биэстэ-алтата ылан сиигин. Бу 7 күн устата диетаны тутуһаҕын: эти, үүтү, балыгы, сымыыты, бурдук аһы сиэбэккин. Арыгыны испэккин, табахтаабаккын. Оҕуруот аһын, куруппалары, эриэхэлэри, үүнээйи арыытын, килиэби хатаран баран, сиэххэ сөп. Оччоҕо оһоҕоһуҥ, организмыҥ толору ыраастанар.
Үөрэ уонна тимэх от (пижма) оһоҕоско баар бактыарыйалараы, вирустары барыларын эмтииллэр.
Билигин кириип элбиир кэмигэр кыа угун уматан, буруолатан, дьиэ иһин араас вирустартан ыраастыахха сөп.
Харыйа лабаата
Харыйа 2-3 лабаатын тоһутан ылан, быһыта тутан 5 лиитирэлээх көстүрүүлэҕэ угаҕын. Уута оргуйбутун кэннэ, өссө 30 мүнүүтэ оргутаҕын, уолбутун кэннэ, толорон биэрэҕин. Уонча мүнүүтэнэн эмиэ оргуйаатын кытта ылан, хаппахтаан баран, муостаҕа ууран кэбиһэҕин. Сарсыарда тураат, биир ыстакааны иһэҕин. Онтон 4 хос маарыланан сиидэлээн баран, күҥҥэ иккитэ: сарсыарда тураат уонна киэһэ утуйаары сылдьан иһэҕин.
Бу харыйа уута киһи хаанын ыраастыыр, убатар, онон инсуллаабыт, хаан баттааһына үрдээбит дьоҥҥо туһалаах. Харыйа, бэс иннэтэ, тиит мутукчата сөтөлү, тыынар уорганнар ыарыыларын эмтииллэр. Киһи этигэр-сиинигэр араас ыарыылар, вирустар киирэллэрин утарсар кыахтаахтар.
Хатыҥ сэбирдэҕэ
Хатыҥ сэбирдэҕэ балык тылын саҕа буолбутун хомуйан ылан, хатаран баран, иhэ сырыттахха, ноор, куртах ыарыыларыттан босхолонуохха сөп. Сыстаҥнас сэбирдэхтэри ыалдьар сүһүөххэ сыһыаран, кэмпириэстээн, угуттаан эмтииллэр, ыарыыны оборон, тардан ылар.
Сэбирдэх саахардаах курдук, сыстаҥнас буолбут кэмигэр үргээн, бэс иннэтин кытары булкуйан настой оҥорон куруук иhэ сылдьар буоллахха, саас сылаарҕаабыт кэмҥэ сэниэ биэрэр. Хатыҥ ытарҕата бүөргэ олус туhалаах.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: polzaivred.ru, green.info.ru