Эмтээх үүнээйилэр

24.07.2018
Бөлөххө киир:

Ньээм, алтан төбө. Ньээм киэҥник үүнэр, сайыны быһа си­­бэккилэнэр. Эмтэнэргэ үксүн силиһэ туттуллар. Силиһин күһүн эбэтэр саас сибэккилэниэн иннинэ хостоон хомуйуллар.

edersaas.ru


Сибэккитин ыраас күн сарсыарда аҕыс чаастан тоҕус чааска диэри хомуйар табыгастаах.

Эмчит Куома Чааскын куртахтара баастаах (язвалаах) дьону бороҥ лоһуорга ньээм от силиһин эбэн, оргутан иһэрдэн үтүөрдэрэ биллэр.

Ити курдук, ньээм от силиһин:

аһыыр баҕаны көбүтэргэ,

— ас буһарар уорган үлэтин тупсарарга,

— ыарыыны мүлүрүтэн оһорорго,

— үөс туолбутун таһаарарга,

— сөтөлгө,

— хойуу хаайтарыытыгар туттуллар.

1 ч. ньуоска кырбаммыт силиһи 200 г ууга 15 мүнүүтэ оргутан эбэтэр 30 мүнүүтэ көөнньөрөн, ыстакаан чиэппэринэн күҥҥэ үстэ аһыах иннинэ иһэллэр.

Маннык бэлэмнэммит эми хаан барарын тохтоторго, холестерины суох оҥорорго, атеросклерозка эмиэ тутталлар.

Харас (черника обыкновенная)

Сир кырсын батыһа сыыллан үүнэр. 10-25 см үрдүктээх. Сэбирдэҕэ сытыы уһуктаах, кылгас тууралаах, эрбиилии кырыылаах, ньолбоҕор. Бэс ыйыгар сибэккилиир. Күһүн хагдары­йан түһэр.

Отоно хараҥа хал­лаан күөҕэ өҥнөөх, элбэх бытархай сиэмэлээх. Сиэтэххэ, киһи уоһа-тииһэ маҥнай көҕөрөр, онтон хараарар. Саха сирин соҕуруу улуустарыгар өрүс хочотугар, хайа эниэтигэр тыаҕа үүнэр.

Сибиэһэйдии сииллэр. Сэбирдэҕин оргутан, бүөр ыарыытыгар иһэллэр. Отонун ныһыйан экземэни, ­итиигэ буһууну, төбүрүөнү сотоллор. Хаан бөлүөхсүүтүн утарар дьайыы­лаах, тромбоһу үөскэппэккэ инфаркт ыарыыны сэрэтэр анал­лаах. Харах сытыытык көрөрүн хааччыйар. Оҕо үөһүрүүтүгэр, түүнүн кыайан туппат буолуутугар тутталлар. Сэбирдэҕин куртах аһыыта элбээтэҕинэ оргутан иһэллэр, саахардаахтар туһаналлар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0