Күһүн халлаан тымныйыыта, сөтөл, тумуу, күөмэй ыарыыта элбиир. Маныаха норуот эмчиттэрэ: “Эмтээх окко болҕомтоҕутун ууруҥ”, – диэн сүбэлииллэр. Бүгүн кинилэр сүбэлэрин-амаларын, саха ыалын халандаарыгар, интэриниэккэ суруйуулары түмэн билиһиннэрэбит.
ДОРУОБУЙАНЫ АТЫЫЛАҺАН ЫЛБАККЫН
Бастатан туран, сөптөөх хамсаныыны-имсэниини оҥоро сылдьарга сүбэлииллэр. Иккиһинэн, аһы-үөлү көрүнүөхтээхпит. Фастфудтан, минньигэстэн аккаастанарга, ол оннугар сир уонна оҕуруот астарын сиир туһалааҕын этэллэр. Үсүһүнэн, сөпкө утуйуу, туран-олорон иһии, бириэмэни аттарыы эмиэ сабыдыаллааҕын бэлиэтииллэр.
“Доруобуйаны атыылаһан ылбаккын. Бэйэни көрүнэн сырыттаххына эрэ чэгиэн буолуоҕуҥ. Оттон эмтээх от туһатыттан үөрүөҥ”, – дииллэр.
ТУМУУНУ АҺАРАБЫТ
Тыалга-кууска үрдэрэн, ардахха баттатан, дэлби тоҥон, тумуулаан туруохха сөп. *Сүбүөкүлэ эбэтэр моркуоп сүмэһинин тэҥ өлүүскэ ууну кытары булкуйан баран, муннугар
2-3 хааппыланы кут.
*Каланхоэ сүмэһининэн күҥҥэ 2-3 төгүл муннуҥ иһин сотун эбэтэр 3-5 хааппыланы кутун.
*Чеснок биир өлүүскэтигэр биир остолобуой ньуоска мас арыытын кутан хоннор. Сарсыҥҥытыттан биирдии хааппыланы күҥҥэ 3-4-тэ кутун.
ТЫМНЫЙЫЫНЫ УТАРАБЫТ
*Үс улахан ньуоска моонньоҕон отонугар ыстакаан оргуйбутунан ууну кутан көөнньөрөҕүн. Аһыыр баҕаны көбүтэргэ, сөтөлгө, тымныйыыга ыстакаан аҥаардыытынан күҥҥэ
үстэ иһэҕин.
*Дөлүһүөн тымныйыыга туһатын туһунан Клара, Петр Токумовтар “Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээ йилэрэ” кинигэлэригэр суруйбуттар. 20 г хаппыт дөлүһүөнү биир ыстакаан ууга 10 мүнүүтэ устата оргутан баран, дьиэ температуратыгар суукка устата туруораллар. Сиидэлээн баран, саахар эбэтэр сироп эбэллэр. Ыстакаан чиэппэрин күҥҥэ иккитэ доруобуйаны бөҕөргөтөргө, тымныйыыны аһарарга иһэллэр.
*Интэриниэккэ малинаттан чэй абыраллааҕын туһунан суруйаллар. 100 г малинаҕа, 2 ост. ньуоска малина барыанньатыгар уонна сэбирдэҕэр биир ыстакаан оргуйбутунан ууну кутан, 15-25 мүнүүтэ туруора түһүҥ. Чэй курдук иһэҕит.
КЫРААДЫҺЫ ТҮҺЭРЭБИТ
Киһи ыалдьан, кыраадыһа 38,5 үөһэ тахсыбыт буоллаҕына, кыраадыһы түһэрэргэ сүбэлииллэр.
* 3-6 бырыһыаннаах остолобуой уксуһу тэҥ өлүүскэ сылаас ууну кытары булкуйаҕын. Таҥаһы онно илитэн баран, эти-сиини сотоҕун.
*Моонньоҕонтон, ромашкаттан чэйдэ ис.
*Хаптаҕас кыраадыһы түһэрэргэ олус үчүгэй диэн бэлиэтииллэр. Хаптаҕастан морс кыраадыс үрдээбитин түһэрэр ааттаах абыраллаах утах буоларынан сыаналанар.
КҮӨМЭЙИ ЧӨЛЛӨРҮТЭБИТ
*Биэс тымырдаах от сэбирдэҕин, сытыган эрбэһини, календуланы тэҥ өлүүскэлэрин булкуйан баран, биир остолобуой ньуос ка окко 200 мл оргуйбутунан ууну кутаҕын. Кыра уокка 15
мүнүүтэ туруораҕын, сойутаҕын, сиидэлиигин. Күөмэйгин сайҕана сылдьаҕын.
*Биир улахан ньуоска сугун сэбирдэҕин биир ыстакаан оргуйбутунан ууга көөнньөрөҕүн. Сиидэлээн, күөмэйи сайҕанаҕын.
*Алоэ туһатын туһунан Айыы ойууна Владимир Кондаков “Аар айылҕа эмтиир күүһэ” кинигэтигэр маннык бэлиэтээбититтэн көрүөҕүҥ. 100 г ынах арыытын 100 г мүөтү кытта булкуйа туран, орто уокка ууллараҕын. Барыта тэҥҥэ ууллубутун кэннэ, 50 г какао бороһуогун бытааннык кутаҕын. Барыта тэҥҥэ холбоһорун, хомуоктамматын
курдук сэрэнэн булкуйаҕын. Саамай бүтэһигэр 50 г алоэ сүмэһинин эбэҕин. «Күөмэй олоҕурбут ыарыыларын эмтииргэ, бронхикка олус туһалаах», — диэбит.
СӨТӨЛҮ ЭМТИИБИТ
*2-3 улахан ньуоска биэс тымырдаах бытарытыллыбыт окко 500 мл оргуйбутунан ууну кутаҕын. 2-2,5 чаас хаппахтаан туруораҕын. Сиидэлээн баран, күҥҥэ үстэ ыстакаан аҥаардыытынан иһэҕин.
*Луугу уонна чесногу бытархай гына кырбастыыгын, үүт кутан баран, 30 мүнүүтэ кыра уокка туруораҕын. Лууктаах чеснок сымныылларын кытта, уоттан ылаҕын уонна биир улахан ньуоск а мүөтү эбэҕин. Хас чаас ахсын биирдии ньуосканан иһэҕин.
*Лууктаах мүөтүнэн эмтээн, сөтөлү түргэнник аһарыахха сөп. Тэҥ өлүүскэ мүөттээх луукка уу кутан баран, духуопкаҕа (100С кыраадыс) икки чаас устата туруораҕын. Күҥҥэ иккитэ биирдии остолобуой ньуосканан иһэҕин.
СЭНИЭ КИЛЛЭРИНЭБИТ
*Сирень (үчүгэй сыттаах сибэккилээх ыарҕа үүнээйи), малина, ромашка, зверобой сэбирдэхтэрин, липа сибэккитин биирдии остоло буой ньуосканы ылаҕын, оргуйбутунан ууну кутан баран, 15-20 мүнүүтэ көөнньөрөҕүн. Күҥҥэ үстэ иһэҕин.
*Эбиэһи, нэчимиэни, сэлиэһинэйи бурдук курдук буо луор диэри илдьиритэҕит. Биир остолобуой ньуоска үлтүрүтүллүбүт холбоһукка биир ыстакаан оргуйбутунан ууну кутан, 2 чаас устатыгар көөнньөрөҕүт. Сиидэлээн баран иһэ сылдьаҕыт. Сөбүлүүр буоллаххытына, кыратык мүөт эбиэххитин сөп.
Ботаник, отоһут Любовь Слепцова үөрэ отун туһатын туһунан кэпсээн турар. Үөрэ отун иһэн, киһи сэниэлэнэрин, нус-хас утуйар буоларын, о.д.а. туһатын бэлиэтээбитэ. Лиитэрэ аҥаара сылаас ууга ыстакаан аҥаара бытарытыллыбыт оту кутан көөнньөрөҕүн. Күн устатыгар иһэҕин.
Бэлэмнээтэ Сардаана БАСНАЕВА.
Хаартыскалар: интэриниэттэн