Былырыын кэһэйбит дьон, быйыл туоналарын букатын кыра гына хаамтылар. “Сөп буоларбытын биэриэ, этэҥҥэ эрэ таҕыстар..” – Афанасий бэйэтэ-бэйэтигэр ботугуруурун истэбин.
Дойдубар Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр муҥхалаатым. Сүүрбэччэ сыллаах тохтобул кэнниттэн. Муҥхалаах тойон – убайым Афанасий Бубякин биир өрөбүл күнү болдьообутугар, Дьокуускайтан Өлүөнэ эбэни (алаадьылаан көрдөһөн ааттаһан) биир бастакынан массыынан туораан тиийдим.
Оҕо эрдэхпинэ аҕам Петр Дмитриевич, биир да муҥханы куоттарбат балыксыт, биһигини өрүү илдьэр буолара. Улахан-кыра муҥхаларга барытыгар убайбыныын нырыыһытынан сырыттахпыт.
Эмиһи аһатан олорор эмис балыктаах улахан Хойуо Эбэ биир атаҕар уонтан тахса киһи буола муһуннубут. Чугастааҕы Бырама (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа) нэһилиэгиттэн биир УАЗ-ик массыына дьон кэлбит.
Муҥхалаах тойон Афанасий Афанасьевич (хаартыскаҕа ортоку), күөллээх киһилиин Вячеслав Гаврильевтыын (хаҥастан иккис) муҥха түһэр туонатын хаамтылар. Ол кэмҥэ биһиги түһэрэр чардааты алларбытынан бардыбыт. Кыһыҥҥы күн кылгас буоллаҕа. Тыа сирин эр дьоно ону бэркэ билэллэрэ көстөр – туттуу-хаптыы мааны. Ким да саҥа гынан таһаарбат эрээри, төбөлөрүгэр биир эрэ санаа баар “иҥнибэтэр ханнык!”. Тардар атахпыт – эмпэ сир, тиитэ баһаам. Былырыын иҥнэн эрэй бөҕөтүн көрбүттэр. Фара уотунан 02.00 чааска бүппүттэрэ үһү.
Былырыын кэһэйбит дьон, быйыл туоналарын букатын кыра гына хаамтылар. “Сөп буоларбытын биэриэ, этэҥҥэ эрэ таҕыстар..” – Афанасий бэйэтэ-бэйэтигэр ботугуруурун истэбин.
Уопуттаах муҥхаһыт Максим Чемезов үтүмэхчит буолла, эдэр киһи Данил Тимофеев маҥнай Алексей Соловьевтуун анньыыһыттаата, түмүккэ балык баһааччынан турда. Саамай саастаахпыт Дьөгүөр Чемезов букатын дархаһыйбата, эдэр уолаттары кытта тэбис-тэҥҥэ бэчимэ тардыста. Уопуттааҕын уопуттаах, халтарыйбат да, инчэйбэт да кытаайыскай бэрчээккэ кэтэ сылдьар. Эдэрдэр барахсаттар мууһурбут бэчимэ быаҕа кыһыл илиилэринэн түһээхтииллэр…
Таҥара көмөтүнэн (дьоммут сатабылларынан дуу?) муҥха төрүт иҥнибэккэ тахсан кэллэ. Муҥхаһыттар үөрүөхпүт иһин, ийэтин саҥа тиэрэн эрдэхпитинэ балык бидилийэ түстэ! Аны баһартан соло буолбатыбыт. Күөх Боллох итинник ээ, бэрсиэн баҕардаҕына, кэмэ суох биэрэр.
Муҥхабытын бэрийэн, балыкпытын кууллаан, туттар тэриллэри сааһылаан, сыарҕаҕа тиэйэн бэйэ-бэйэбитигэр махтанан сөпкө тарҕастыбыт.
P.S. Тоҥмут соболорбун сарсыарда кууллаабытым, икки куул тобус-толору буолла. Бэрээдэктээх муҥхаһыт сиэринэн, Дьокуускайга кэлэн, бииргэ үлэлиир дьоммор, аймахтарбар түҥэттим. “Эмис балыга эмис эбит, олус минньигэс этэ” диэн махтал тылларын иһиттим.
Прокопий БУБЯКИН. Ааптар хаартыскалара, видеоҕа устуута.